Бэйи, “Судаарыстыбаннай дуумаҕа Тумууһаба суох хайдах олороохтуубут” диэн үгэ-хоһоон кэритэ этэр дьон бааллар.
Отой долгуйумаҥ, туонна көмүс харчыта “салааһыннаах” буолуо. Баартыйа испииһэгэр дьокутаат миэстэтэ баара-суоҕа биир мөлүйүөн дуоллар диэн буолар. Эбиллибит да буоллаҕына, хата, Сөдүөт ону “уйар” баҕайыта ини диэххэ.
Былыргыны саныахха буоллаҕа – ким бобуоҕай. Дьэ, оччотооҕуну түөстэххэ маннык.
Сөдүөт Тумууһап, туох да омуна суох, Бүлүү улуустарын иэдээннэриттэн “ас таһаарыммыт” киһи буолар. Кирдээх, феноллаах ууттан,сатамматах сир аннынааҕы дэлби тэптэрии радиациятын содулуттан рак ыарыыга сутуллубут, бодоҥ буолбут алдьархайдарыттан. Бүлүү өрүстэн туох эрэ бөгдьөгөрдөөх, сырҕан баастаах баллыгынайдары элбэхтик хаптарбыт киһибин.
Саамай сөпкө этэллэр: дьиҥнээх патриоттар “тиитин охтороллор”, ханнык эрэ туора тоотойдор “тииҥин ичигэстииллэр”.
“Барыта бүтэһик Үрдүкү Сэбиэт дьокутаата Е.С. Секов РФ Бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцин ”Арассыыйа алмаастара” аахсыйалаах хампаанньаны тэрийэр туһунан” кистэлэҥ ыйааҕын туһунан билбититтэн саҕаламмыта” — диэн суруйар “Бүлүү” экология кэмитиэтин биир түсчүтэ Никита Архипов “Четверть века борьбы за природу седого Вилюя” кинигэтигэр. Бу 1992 сыл тохсунньу 19 күнүгэр тахсыбыт ыйаах быһыытынан “Якуталмаз” ПНО туох баар баайдары-дуоллары приватизацияланыахтааҕа, онно экология алдьархайыттан эмсэҕэлээбит Бүлүү умнаһын улуустарыгар тугу эмэ өлүүлүүр туһунан, этэргэ дылы, сыта да суоҕа.
Кистэлэҥ бирикээс диэ! Бу кэмҥэ сыл устата үлэлээбит бастакы бэрэсидэьиэммит бу ыйаах туһунан дьонугар-сэргэтигэр “мыык” диэбэтэҕэ дьикти дуо? Алмаас таастыы ыраас уонна кытаанах санаалаах Дьөгүөр Сүөкэп ол иһин даҕаны кинини ис иһиттэн утарар буоллаҕа.
Сүөкэп үйэтин тухары кырдьыгы турууласпыт киһи. ССРС атомнай бырамыысыланнаска миниистирэ тыл этэ турдаҕына: “Не надо нам врать!” диэн хаһыытаабыта, оннун булларбыта… Бэйэтэ МГУну бүтэрбит физик буолан, бу боппуруоска иннин-кэннин лаппа быһаарсара.
Оччолорго Үөһээ Бүлүү баһылыгынан үлэлиир саха биир чулуу уола, астаапкаҕа сылдьар полковник Анатолий Чомчоев байыаннайдыы дьаһаллары ылыммытын туһунан суруллар. Арҕааҥы Саха сирин дьаһалталарын баһылыктарын аатыттан РФ бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцин, РФ Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Р.И. Хасбулатов, СӨ бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев, СӨ Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ К.Е. Иванов уонна “Якуталмаз” холбоһук генеральнай дириэктэрэ Л.А. Сафонов ааттарыгар аһаҕас сурук суруллар. Ол иннинэ, 1992 сыл тохсунньутугар Үөһээ Бүлүүгэ экология кэмпириэнсийэтэ буолбута, онно Бүлүү оччотооҕу баһылыга Юрий Михайлов эрэ кэлэр. Мииринэй, Сунтаар, Ньурба уонна Кэбээйи баһылыктара Петр Кириллин, Александр Петров, Валентин Никифоров, Савва Кобяков бэйэлэрин оннуларыгар солбуйааччыларын эбэтэр уопсастыбанньыктары ыыталлар. Манна көрсүспүттэрэ, өр сыллаах түмүктээх үлэлэрин саҕалаабыттара аатырбыт эколог-уопсастыбанньыктар П.Н. Мартынов, И.В. Степанов, Е.С. Секов, Н.Д. Архипов, А.В. Корнилов, И.С. Бурцев, Э. Соколов уонна да атыттар.
Бу кэмипириэнсийэ түмүгүнэн бэрэсидьиэн М.Е. Николаевка суруллубут, салгыы туох да миэрэ ылыллыбатаҕына “экология дружиналарын” тэринэргэ күһэллиэхпит диэн дьоҕус сааныылаах сурукка соҕотох Үөһээ Бүлүү баһылыга А.И. Чомчоев эрэ илии баттаабыта. Атыттар аккаастаммыттара.
Дьэ, бу эколог-уопсастыбанньыктар үөһэнэн-аллараанан туруорсуулаах харса суох үлэлэрин түмүгэр “алмаастаах түөлбэ” аҕыс улууһа АЛРОСА хампаанньа тэрийээччилэрин ахсааныгар киирбитин таһынан, СӨ бырабыыталыстыбата сэбиэскэй былаас сылларыгар тутуллубут “Якуталмаз” холбоһук баайын-дуолун алмаастаах хампаанньаҕа биэс сылга арендалыырын туһунан дуогабар ылыллыбыта. Бу дуогабар 3.12 пуунугар маннык баара: “Алмаастаах түөлбэ аҕыс улууһа социальнай-экэнэмиичэскэй хаалыыларын, экологияҕа эмсэҕэлээһиннэрин туоратар туһуттан хампаанньа анал пуондаҕа (“Сахаалмазпроинвест”) алмаас атыытыттан киирэр үп 2 %-нын түһэриэхтээх”.
Н.Д. Архипов суруйарынан, АЛРОСА хампаанньа 1993-1999 сылларга “САПИ” пуонданы 100 мӨл. дуоллартан ордук суумаҕа үбүлээбит. Маны солкуобайга таһаардахха төһө үп буоларын сабаҕалыыр туһуттан дуоллар оччотооҕуга төһөҕө турарын көрүөххэ наада.
Ол саҕана инфляция хайдаҕын санатар буоллахха, сыана эбиэт иннигэр биир буоллаҕына, киэһээҥҥэ диэри биэс төгүл улаатар этэ. Ол курдук, 1992 сыл ахсынньытыгар дуоллар 414 солкуобайга тэҥнэһэр буоллаҕына, 1993 сыл ахсынньы 29 күнүгэр 1247 солкуобай буолбут. Салгыы эбиллэн эбиллэн, холобур, 1996 сыл устата 4661 солкуобайтан 5660 солкуобайга тиийбитэ.
Өйдүүргүт курдук, 1998 сыллаахха 1000 солкуобайы 1 солкуобайга тэҥнээбиттэрэ. Онон биир дуоллар 5,96 солкуобай буолбут буоллаҕына, дефолт кэнниттэн, ол эбэтэр сыл бүтэһигэр 20,65 солкуобайга тиийбитэ.
Бу үлүгэрдээх миллиардынан охсор харчыттан “Сиэрдээх Арассыыйа” тумус киһитэ Федот Тумусов салайааччылаах “САПИ” пуонда аҕыс улуустан биирдэригэр эмэ биир уу ыраастыыр тэриэбэни туруорбута, биир холуодьаһы хастарбыта, туттарбыта буолуо дии саныыгыт дуо? Суох. Биир атаһым этэригэр дылы: “Мылгы һуох!”
Саха сирин саамай “сиэрдээх” киһитэ Федот Тумусов билигин кэлэн Бүлүү экологиятын туһугар сүрэҕэ маккыраччы ытыы сылдьар киһиэхэ дылы көстөр. Баатыгырын, кырдьан эрдэҕэ дуу?
Тимир уонна Сөдүөт холуодьаһа
Ааспыт үйэ 70-с сылларын саҥатыгар Үөһээ Бүлүү Оҥхойун бэртээхэй сурах толорон кэбиспитэ баара: холуодьас хаһаллар үһү, мантан инньэ холуодьас уутун иһиэхпит! Кырдьыга, күөл уутун далаһанан киирэн ууланар дьоҥҥо үчүгэй сонун этэ. Холуодьастара диэни киинэҕэ эрэ көрөр дьон санаабытыгар, судургу соҕус дьыала курдуга.
Оннук буолбатах эбит. Хайдах-туох этэрээт эбитэ буолла, ол саҕана барыта биир тылынан быһаарыллара: нууччалар. Дьэ, ол нууччалар бэрт түргэнник кэлэн хаһан эрэллэр үһү диэбиттэрэ да, барбыт аатырбыттара. Уончалаах бэдик анаан-минээн баран көрө сылдьыбытым уонна соҕотох турба чоройон турарын көрөн, пахай, ситэ хаспатахтар эбит дии санаабыппын өйдүүбүн. Онтум баара, хайы-үйэҕэ боруоба ылан Москваҕа ыыппыттар үһү диэн буолбута, сыл кэриҥэ кэтэһиннэрэн баран, сир аннынааҕы уубутугар “тимирэ элбэх буолан киһи иһэригэр сөбө суох, онон холуодьас хаһыллыбат үһү” диэн “бириигэбэр” кэлбитэ.
Онтон ыла өйдөөбүтүм, биһиги дойду уутугар ханнык эрэ киһи хараҕар көстүбэт “тимир” хааламмытын. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ үйэтигэр ууланан олорбут Мээнэкээн үрэҕин уута төрүкү кытархай өҥнөөх буоларын эмиэ: “Ээ, тимирэ элбэх үһү” – дииллэрин истэ улааппытым.
Ол эбэтэр, Арҕааҥы Саха сиригэр айылҕабыт оннук. Сир баайдаах дойду буолан. Араас бэйэлээх туһалаах да, туһата да суох баайы иҥэринэ сытар сир аннынааҕы араҥа, бырамыысыланньыктар ааттыылларынан, “хайа боруодата” араас минералларынан баай, оттон ону суурайар сир аннынааҕы да, сир аннынан сырыылаах уу даҕаны “тимиринэн” байан тахсан күөллэргэ сөҥөр, үрэхтэргэ суураллар.
Дойдулаах дьон хайыахпытый, “тимириҥ элбэх” диэн сириэхпит баара дуо, олордохпут дии. Этэргэ дылы, үчүгэй куһаҕана, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат.
Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, Федот Тумусов салайар САПИ пуондата Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр эмиэ “холуодьас хастарар үһү” аатыра сылдьыбыттаах. Буоһах диэн хас эмэ көлүөнэ бокуонньук көмүллэ сытар сиригэр ыт уйатын саҕа (улахан боруода ыт батара саарбах) дьиэ холлоҕоһун туттарбыта, онуоха диэри сүүсчэкэ миэтэрэ усталаах, чугастаааҕы былыргы бааһынаны хаҕылаан хара буорунан суол омоонун куттарбыта. Ол онон хаалбыта диэтэххэ, киһи дьиктиргиэҕэ баар дуо?
Һэ-һэ, кими албыннаары, дьон хараҕын баайыы буолара хара маҥнайгыттан да биллэр этэ — муҥар, уонунан сылларга дьон хараллыбыт кылабыыһатын анныгар буола буола. Онно тимирдээҕэр буолуох сөҥөн сытар ини.
Хата, онтон син туһаммыппыт — ол “суол” хара буорун дьон оҕуруокка таһыммыта. Онон “тиэргэн экологията” абыраммыта диэххэ дуу. Ол кэннэ экологияны тупсарарга анаан-минээн тэриллибит САПИ пуондаттан Бүлүү умнаһын айылҕата туһаммыта суох буолуо. Баар диир киһи, бука баһаалыста, миэхэ тарбаҕынан ыйан көрдөрдүн. Хаһыакка таһаарыам, аатырдыам, арбыам диэн эрэннэрэбин.
Онон, доҕоттор, олох долгуйумаҥ. Итиччэ харчыны эргитэ сылдьыбыт САПИ пуонданы бэйэтин кэтэх тэрилтэтигэр кубулуппут киһи дьокутаат сулуутун төлүө суоҕа дуо! Бука, үттүөбэйдээх соҕус кырдьаҕас буолуо. Аны кэлэн Сөдүөтү Госдума дьиэтиттэн тыраахтырынан да состорон таһаарыаҥ суоҕа. Борокуруор хайыа эбитэ буолла? Эс, аны кэлэн кини даҕаны тугу булуой! Сөдүөт эппитэ эбээт: докумуоннар бары Бүлүү өрүскэ тимирбиттэрэ! Тимирбиттэрэ!
Эбэбит сылга кырата үс-түөрт киһини хайаан да “харайар” буоллаҕына, үп-харчы докумуонун сылга төһөнү тимирдэрэ буолуой? Билэр урааҥхай баар дуо?
Сөҕөн-махтайан туран – СУР.
Похожие новости
Строительная Якутия-2: ДЕРИБАН “ЯКУТИИ”. БА, ЗНАКОМЫЕ ВСЕ ЛИЦА !
Саха сирин былааһа VS Арассыыйа: “подпольщиктар” дуо?
Строительная Якутия-1: Поздравляю вас, Ил Дархан, соврамши!