Арассыыйа тула араллааннар, анаабыт курдук, бииртэн биир төрүү тураллар. Украина “майдаана” өтөр-наар умуллубат көрдүгэҥҥэ кубулуйбута ыраатта. Аны туран, Европа хайысхатынан баар-суох сойуустуу судаарыстыбабыт Белоруссия буолан-хаалан турда. Ол эрэн Александр Лукашенко Украина салайааччыларынааҕар быдан кытаанах эр буолан биэрдэ, онон, быһата, “өҥнөөх өрөбөлүүссүйэ” сатаммата. Ол сатамматаҕа биллээтин кытта, тутатына Армения уонна Азербайджан икки ардыларынааҕы Хайалаах Карабах көймөстө сыппыт көрдүгэнэ күөдьүйэн таҕыста.
Бу сэриигэ ким буруйдааҕын хасыһа сатыыр наадата суох, бука, бу икки норуот өтөрүнэн иллэспэттэрэ буолуо. Карабах былдьаһыга буолбатаҕына, атын туохтан эрэ тымтан туруохтара сэрэйиллэр суол. Туораттан “абырҕал” эрэ быраҕан биэриэххэ наада.
Арассыыйа сайдыытын, инникигэ дьулуурун судаарыстыбаннай идеология суоҕа улаханнык атахтыыр диэн буолар. Кырдьыга да оннук. Биир сыала-соруга суох норуот үрүө-тараа дьулуурдаах буоллаҕа. Били, “рак, сордоҥ уонна куба” тустарынан Крылов кырдьаҕас үгэтигэр этиллэринии, уҥа-хаҥас “һайдыы” сатаан баран, үрэллэр эрэ аналлаах.
Хата, кэнники сылларга “Евразия идиэйэтэ” күөрэйдэ. Судургутук уонна былыргы быһыыга былаан эттэххэ, “Алтан ордуу” идиэйэтэ. “Кыһыл көмүс ордуу” диэххэ табыгаһа суох. Былыр былыргыттан “көмүс” (түүрдүү “кумуш”) диэн үрүҥ көмүс киэргэли этэр буоллахтарына, “Кыһыл киэргэл ордуута” диэн сатамньыта суохха дылы.
Бу тускулу тутуһуу чэрчитинэн бастаан Таможня сойууһа (2010 с.), онтон Евразиятааҕы экэнэмиичэскэй сойуус (2015 с.) тэриллэн үлэлиир. Бу сойуус сайдан, хаһан эрэ, Арассыыйа күнэ көтөр, күөнэҕэ көбөр түгэнигэр Евразия сойууһа тэриллиэн сөп диэн буолар.
Бу сабаҕаланар сойуус биир саамай толуу-мааны чилиэнинэн Украина буолуохтааҕа даҕаны, бэйэҕит билэргит курдук, арҕаа диэки хаанньайда. Ол хаанньайан, биллэн турар, “уһун сонноммото” чуолкай. Экэниэмикэ өттүнэн дьыалата-куолута хаахтыйда диэххэ наада. Дьиҥэ, акаары да киһи өйдүүр быһыыта — бырамыысыланнаһа суох судаарыстыба, урут сэбиэскэй саҕана история уруогар үөрэтэллэрин курдук, “хаалыылаах аграрнай дойду” буолара саарбахтаммат. Тоҕо диэтэххэ, Украина бырамыысыланнаһын бородууксуйата урукку сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэлэргэ, чуолаан, Арассыыйаҕа эрэ наада. Европа кинилэр оҥоһуктарыгар, бырастыы гыныҥ, силлиэн да баҕарбата биллэн турар. Ону тылларын минньитэн “улуу аграрнай держава” буолуохпут дэһээхтииллэр. Ону баара, аграрнай дойду улуу буолбута диэн суох — буолаары буолан аныгы үйэҕэ.
Итинтэн сэдиптээн эттэххэ, славяннар, түүрдэр, биир хааннаахтар, атылыы тыллаахтар диэн улаханнык сомоҕолообот төрүөт, бадаҕа. Холобур, хорват икки, серб икки курдук славяннар бэйэ бэйэлэригэр кыр өстөөхтөр. Бука, иллэспэккэ сир үрдүттэн симэлийэр буолуохтаахтар.
Армения уонна Азербайджан атааннаһыыларыгар Турция кыттыһыыта мээнэҕэ буолбатах. Турция эмиэ “сатамматах империя” буоларын быһыытынан, ол бааһын оһоруна сатыыр айдааннаах. “Пантюркизм” идиэйэтин тутуһар. Азербайджан, Казахстан, Кыргыстан, Туркменистан, Узбекистан, Арассыыйа иһинээҕи Татарстан, Башкортостан, Дагестан түүрдэрэ, балкардар, карачайдар… Бу барыта ислам итэҕэллээхтэр түмсүүлэрэ. “Османскай империя” былааҕын аннынан. Онуоха тывалары, сахалары, алтаайдары, хакастары аҥаардас “тылбыт майгыннаһар”, “хаһан эрэ хаан аймахтыы этибит” диэн куоһурунан төһө тардыахха сөп эбитэ буолла?
Манна диэн эттэххэ, аармыйаҕа сылдьан көрдөххө, казахтар уонна азербайджаннар саараама сатаһааччылара суох. Бэйэ бэйэлэрин көрдүлэр да, ыыстаһан киирэн барар идэлээх буолааччылар. Аны туран, кыргыстар уонна узбектар атааннарын көр. Татаардар уонна башкирдар да кыраттан иҥнэн сылдьар омуктар, манна диэн эттэххэ.
Аны туран, бэйэбитин ылан көрүөххэ. Манна баар кэлии омуктартан саамай бэрт былдьаһааччыларбыт кимнээҕий? Кыргыстар. Ону ааспыт араллаан, “Өрөгөй” спорт киинигэр буолбут өрөппөөннөһүү чаҕылхайдык көрдөрбүтэ диэххэ наада.
Манна киһи сөҕөрө-махтайара суох. Судургутук эттэххэ, “мэччирэҥ былдьаһыга”. Майгыннаһар сиэрдээх-сигилилээх, дьарыктаах-дьаныардаах дьон икки ардыларыгар тахсар күрэстэһии көстүүтэ. Кыргыстар бэйэбитигэр дылы атыыһыттаабыта буолаллар, бэйэбитигэр дылы, таксистыыллар, дьахталлара баттах кырыйаллар. Ол айдааннаах араллаан кэнниттэн бу эйгэлэргэ букатыннаахтык хоттордубут дуу, син баарбыт дуу? Чэ, мин көрөрбүнэн, баттах кырыйыытыгар баҕас олорчу кыргыстар буоллулар, таксига да баһыйар өттө кинилэр быһыылаах. Эгэ, фруктаны, оҕуруот аһын атыылааһыҥҥа дуо?
Дьиҥэ, туспа-туора омуктары, холобур, армяннары утары туруохпутун сөп этэ. Суох, тутуу ырыынагар оччо-бачча суохпут, онон туохпутун эрэ былдьаппыт курдук санаабаппыт. Манна диэн эттэххэ, кинилэр быдан баайдар эбээт — харчыбытын эһиги халаан олороҕут диэхпитин сөп этэ.
Оттон таджиктар кумах таһаллар. Саха таһаҕас тиэйэр массыынаҕа сыстыбыта ыраатта даҕаны, бу лаппа харчылаах ырыынагы былдьаһа сатаабата дьикти. Ол эбэтэр, омук бэйэтигэр майгыннааччыны эрэ кытта сатаспат үлүгэрэ дуу, хайдах дуу? Эн кыччаҕаргын, мин кыччаҕарбын диэбиттии?
Быһата, түүрдэр бэйэ-бэйэлэрин кытта хаһан да сатаспатах маҥай аллаахтар. Ол туһунан Мурад Аджи бэри диэн бэркиһээн суруйбута баара.
Мин биир бэйэм саха омук туроктар анныларыгар киирэн “үрүҥ хараҕын дьэ өрө көрүө этэ” дии санаабаппын. Үгүс киһи миигин кытта сөбүлэһиэҕэ. “Туроктыы шовинизм” диэн уос номоҕор киирбит өйдөбүл буоллаҕа. Санаан көрүҥ, Турция иһигэр 20-25 мөл. ахсааннаах курд омукка автономия баҕалаах. Аны туран, ити диэки омуктарга эйигиттэн бастакы ыйытыктара: “Муслим?” – диэн буолар. “Суох, мусульманин буолбатахпын”, – диэтиҥ да, интэриэстэрэ сүтэр.
Ислам диэн күннэри-түүннэри эбиллэ турар аан дойдутааҕы религия буолар. Эбиллэр, тэнийэр, сир-дойду бары хонноҕор-быттыгар бүрүүкүүр, кимэн киирэ турар итэҕэл. Ону: “Төрүт итэҕэллэригэр тенгрианствоҕа төннөн эрэллэр” — диэн бэйэни албыннанар сатаммат. Сүүстэ төннүөхтэрэ — ону кэтэһиҥ!
Ол эбэтэр, пантюркизм диэн, туох-ханнык иннинэ, “Осман импиэрийэтин” сөргүтэ сатааһын буолар. Онно Арассыыйа “Кыһыл көмүс ордуу” идиэйэтин утары туруордаҕына сатанар. Евразия идиэйэтин.
Оттон Турция “Түүр импиэрийэтин” сөргүтэр кыахтаах дуо диэн туспа боппуруос. Бука, суох буолуо. Сэриитин сэбинэн да, экэниэмикэтинэн да. Кинилэр бииргэ эрэнэллэр — ислам экспансиятыгар. Быһата, төрүөхтэрэ хойуутугар эрэнэллэр. Төрүөхтэрэ хара баһаам, ол эбэтэр оччонон элбэх эдэр ыччаттаахтар. Оччонон “пассионарнай” дьон араҥата халыҥ буолар. Тугу барытын тоҕу тыытар, уларыта тутар, барытын самнарар, бас бэриннэрэр дьулуурдаах, уохтаах дьон араҥата. Омуктарыттан тутулуга суох “ислам буойуттара”.
Арассыыйа Карабах сэриитигэр, билиҥҥитэ, кыттыһар былаана суох. Арҕаа дойдулар Арассыыйа Украина сэриитигэр быһаччы орооһорун ситиһэ сатаатылар да, табыллыбата — Афганистан кэнниттэн акаарытыйар туох аатай! Бу да сырыыга сатаммат буолуохтаах. Оччотугар АХШ да, Европа да бу сэриини улаханнык үбүлүү сатаабаттар ини. Турция дьайар сирэ-уота кэҥииригэр кинилэр эмиэ улаханнык умсугуйбаттара сэрэйиллэр. Онон наһаа тэнийэр кыаҕа суох. Хата, Карабахха Арассыыйа эйэни кэтиир сэриилэрэ киириэхтэрин сөп.
Онон саха пантюркистарыгар, ол иһигэр оннук санаалаах атастарбар-доҕотторбор санаабын этэн кэбиһиим: биһиги үйэбитигэр “Түүр импиэрийэтэ” сириэдийиэ суоҕа. Ол оннугар, хата, “Осман импиэрийэтэ” туран кэлиэн сөп. Арассыыйаҕа бобуулаах “Ислам судаарыстыбата” (ИГИЛ) бүтүн аан дойдуну аймаан быгыалыы сырытта дии. Оччотугар тугуй? Эһиги саханы ислам итэҕэлин ылынарга ыҥырар буолан тахсаҕыт дуо? Һэ-һэ, хата, арыгыттан тэйиэ, дьахталларбытын хаппахчыга хаайыа этибит диэ!
СУР.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
История Государевой дороги в современных проектах, или Мост между двумя регионами
Кто отменяет прямые выборы в Якутске: смотрим имена депутатов