Yakutians.com

Новости Якутии

Саха кэриэйдэрэ: биһиги дьоммут Улуу Кыайыыны уһансыбыттара!

Валерия Теменхон

Улуу Кыайыы 78 сылын бэлиэтиир улууканнаах күҥҥэ “Саха кэриэйдэрэ” общественнай түмсүү кыттыылаахтара “Өлүүнү кыайбыттар” бүтүн аан дойдутааҕы хамсааһыҥҥа кыттан, тыылга утуйар ууларын умнан туран үлэлээбит аҕаларын, эһэлэрин, тыыл бэтэрээннэрэ дьоннорун саһарбыт хаартыскаларын куйаар ситимигэр таһаардылар.

Кэриэйдэр Аҕа дойду улуу сэриитин аас-туор сылларыгар Саха сирин холкуостарынан тарҕанан, оҕуруот аһын дэлэйдик олордон, элбэх киһини өлөр өлүүттэн быыһаабыттара дьон-норуот өйүттэн-санаатыттан сүтэ илик. “Үрүҥ тыыммытын өллөйдөөбүттэрэ” диэн кэпсииллэрэ үһү кырдьаҕастар.

Кэриэй омук өбүгэлэрин мүссүөнүн ханнык баҕарар бэлиэ түгэннэргэ ыччаттара күөн туттан илдьэ сылдьыахтара. Күөн туттар, холобур оҥостор дьонноох киһи бу Орто дойдуга бигэ тирэхтээх, инникигэ эрэллээх буоллаҕа.

Цой Иван Сергеевич (1908-1961), Уус Алдан оройуона, Бороҕон с.
Хе Ди Гу Семен. Төрөөбүт сирэ, сыла: Корея, Кирчу к., 1890 с.т. Ньурба оройуона

Пак Ун Бой Василий. Төрөөбүт сирэ, сыла: Корея, Кен Сан Гук, 1902 с.т. Үөһээ Бүлүү оройуона
Ким Ен Тхо Ги, Үөһээ Бүлүү
Тэ Мен Хон. Төрөөбүт сирэ, сыла: Корея, Мен Чен уезд, 1882 с.т. Сунтаар оройуона
Ли Хон Ди Василий. Төрөөбүт сирэ: Корея, Кирчу к. Мэҥэ-Хаҥалас оройуона
О Елена Мунгиевна, Сунтаар
Сэрии тулаайахтара, Энчи Сидор уолаттара, Ньурба
Тыыл, үлэ ветераннара Иван Энчи, Эхмэ Энчи, Ньурба оройуона
Тыыл, үлэ ветерана Ким Николай, Үөһээ Бүлүү

Аныгы кэм геройдара – Аҕа дойду патриоттара

Валерий Никифоров – Суор Уола, Мин Ен-Сеп сиэнэ, саха биир биллэр прозаик суруйааччыта, Украинаҕа аналлаах байыаннай операция (СВО) кыттыылааҕа. Уоттаах сэроиигэ иккитэ төхтүрүйэн киирэ сылдьыбыт доброволец-буойун.
Ким-Дьячковскай Михаил Владимирович, “Саха кэриэйдэрэ” НКО бэрэссэдээтэлэ, Карбышевскай хамсааһын куратора, Феодосия, Волгоград уо.д.а. герой-куораттарынан үүнэр көлүөнэ ыччакка Эр санаа уруоктарын ыыта сылдьар.
Поделиться
%d такие блоггеры, как: