Yakutians.com

Новости Якутии

Үөһээ Бүлүү эдэр ыаллара дьиэ тутталларыгар анаан

Улууспут 18 эдэр ыала дьиэ туттарга көмө харчы ылла

Саха дьоно эдэр ыалы өрө тутар үтүө үгэстээх. Кэскилбит буоллаҕа. Ол быһыытынан, муус устар 16 күнүгэр улуус аҕа баһылыга Владимир  Поскачин  дьиэ туттарга эбэтэр дьиэ атыылаһарга ороскуот 35 %-нын уйунар социальнай төлөбүр туоһу суругун улуус эдэр ыалларыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Фото страницы


⠀⠀Ол курдук быйыл  18 ыал, ол иһигэр 11  элбэх оҕолоох ыал «2020-2024 сс. тупсаҕай дьиэнэн хааччыйыы уонна ДьУоКХ өҥөлөрүн хаачыстыбатын тупсарыы» судаарыстыбаннай бырагыраамма иһинэн үлэлиир «Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы» хос бырагырааммаҕа хапсан, кырачаан оҕолорун илдьэ кэлэннэр, үөрэн-көтөн тураннар туоһу суругу ыллылар.

Фото страницы


⠀⠀Бу эдэр ыалларга улахан көмөлөөх хос бырагыраамма биһиги улууспутугар 2008 сылтан биир да сыл тохтообокко улуус бюджетыттан үбүлэнэн, судаарыстыбаннай бюджеттан үп ылан үлэлиир. Ол кэмтэн ыла элбэх эдэр ыал бу көмөнөн  туһанна, алаһа дьиэ тэриннэ. Кэлиҥҥи  сылга  былаан, ортотунан, 20-лии ыалга тиийэн турар.
⠀⠀

Сигэ: https://mr-verhneviljujskij.sakha.gov.ru/

Поделиться
%d такие блоггеры, как: