“Тыгын Дархан” киинэ… “Миигинниин биэс хааһах” диэбиккэ дылы, бу саха култууратыгар биир көһөҥө көстүү туһунан “аллараа сыҥаах” буоллахпына сатанар. Оҕо эрдэхтэн умсугуйа көрөр, холобур, “Даки”, “300 спартанцев”, “Александр Невский”, ”Война и мир”, о.д.а. курдук “сэриилээх” киинэлэри Саха сиригэр кимтэн да итэҕэһэ суох устар буолуохтара диэн аҕыйах сыллааҕыта ким итэҕэйиэ этэй!
Үчүгэй киинэ уһуллубут диэн быһа этиэххэ наада. Ол эрэн, үчүгэйи даҕаны бары өттүттэн эргийэ сылдьан тургуттахха сатанар.
Бастатан туран, саха киинэтин хаачыстыбата уус-уран дьүһүйүү да өттүнэн, техническэй да өттүнэн күннэтэ тупсар. Маастарыстыба үрдүүр. Көрүү-истии далааһыннанар.
Бу туһунан “килиэптээн сиир” кириитиктэр тылларын-өстөрүн этэллэр, этиэхтэрэ да турдаҕа. Оттон мин, этэргэ дылы, бэйэм “мутукпуттан” эрэ сыаналыыр кыахтаахпын. Көрөрбүн туойабын.
Туох-ханнык иннинэ, таҥас-сап, куйах-бөҕөх, оҕуруо-оһуор симэхтэр, кылдьыылар киинэни ураты киэргэтэллэр. Хартыына хаһан баҕарар худуоһунньуктан тутулуктаах – режиссертан, сценаристан эрэ буолбатах, көстүүмнэр худуоһунньуктарыттан эмиэ. Хартыынаны көрөн олорон саха омук оччоҕо даҕаны сырыылаах, ыраах-чугас сибээстээх эбит дии саныыгын. Дойдубут төһө да чиэски курдугун иһин, аан дойду историята “суруллар” биир кииниттэн, холобур, Кытайтан олус ыраах буолбатах эбээт. Хоһуун дьон холугар, этэргэ дылы, “киһи иигэ халыйан тиийэр сирэ” буоллаҕа. Ол курдук, археолог учуонайдар бигэргэтэллэринэн, былыргы хаһыыларга оччотооҕу дьон араас бэйэлээх оҕуруо симэхтээхтэрэ, солко таҥастаахтара биллэр. Киинэҕэ ол кыайа-хото көрдөрүллүбүт. Оҕуруо киэргэл дьахталларга да, эр дьоҥҥо да баар, Тыгыҥҥа куйаҕын аннынан солко ырбаахы кэтэрдэллэрэ көстөр.
Быһата, бу киинэҕэ худуоһунньук Дария Дмитриева талаана таһынан таһымнаабыт, сырата-сылбата ким баҕарар хараҕын сымната сыдьаайбыт. Кини туох ааттааҕын-сололооҕун билбэппин эрээри, бу үлэтинэн кини саха омук култууратын лаппа үөһэ таһаарда. Манна диэн эттэххэ, саха таҥаһын билигин сири-сибиири сиксигинэн аатырдар модельердар баар эбит буоллахтарына, дьиҥинэн, ону Арассыыйа таһымыгар бастакынан Саха тыйаатыра таһаарбытын умнар сатаммат.
Маассабай сыаналар, кыргыһыы хонуулара олус бэркэ оҥоһуллубуттар, дойдубут кэрэ айылҕата тыыннаах курдук көрдөрүллүбүт.
Киинэ ис хоһооно туспа политикалаах.
Судаарыстыбаннас диэн ханнык баҕарар кыра омук “ыарыылаах боппуруоһа”. “Ил” диибит, судаарыстыбаннаһы саныыбыт. Судаарыстыбаннас диибит, “или” саныыбыт.
Ил эбэтэр судаарыстыбаннас үйэлэр тухары барар олох, өй-санаа сайдыытын (эволюция) түмүгэ. Онно саамай күүстээх төһүүнэн тастан дьайыы буолар. Субу-субу саба түһэр, халыыр-талыыр өстөөхтөр. Аҕа-ийэ уустарынан, оттон түөлбэлэринэн бииргэлэһии (территориальнай, “соседскай” общиналар). Туох-ханнык иннинэ өстөөхтөр саба түһүүлэриттэн көмүскэнээри бииргэлэһии. Тыын былдьаһан. Ону кытта, өскөтүн, ыраах баран талыыр, “экэниэмикэни тупсарар” соруктаах куомуннаһыы. Ыраах баран эргинэргэ үлэ, булт бородууксуйатынан кыттыһыы.
Ол эбэтэр, ил үөскүүр биир саамай төһүү төрүөтүнэн көмүскэнии буолар. Тыыннаах хаалар туһуттан. Саха сирэ түрүлүөннээх дойдулартан ыраах бүгэн сытар буолан оннук кыһалҕа бэрт уһун кэмнэргэ суоһаабатах, оттон бэйэ иһигэр “былаас былдьаһыыта” мэлдьи баара. Кыргыс үйэтэ. Хаҥаластар уонна Дьуорту Бороҕоттор. Киинэҕэ этэн аһарбыттарыныы, Улуу Омоҕой уонна Улуу Эллэй сыдьааннарын икки ардыларыгар.
Бу кэмҥэ “уоттаах ураҕас” сэбилэниилээх “туора урдустар” иһэллэрин киэҥ сырыылаах тоҥустартан истибит кэмнэрэ. Онон ил тэрээһинэ, этэргэ дылы, классика быһыытынан барар — Тыгын ол урдустартан көмүскэнэр туһугар кини тула сомоҕолоһууну туруулаһар. Тоҕо Лөгөй тула буолбатаҕый? Күрэстэһии мэлдьи баар. Ону омнуолуур сатаммат.
Бу өттүнэн уус-уран киинэттэн тугу ирдиэххиний? Барыта баар.
Ол эрэн, хм, эдэр Чыҥыс хаан, ол эбэтэр Темучин дьылҕатыгар сыһыара сатааһын баара көстөр. Темучин Бөртөнү быыһаабытын курдук, Тыгын Ньурбачааны өстөөхтөрүгэр саба түһэн өрүһүйэр.
Чэ, бу үтүгүннэрии туох түмүктээх буолбутун бэйэҕит көрдөххүт буолуо — Темучин, кырдьык, элбэх эрэйи-муҥу көрбүтэ, бэл, холуоккалаах кулут тириитин кэтэ сылдьыбытын туһунан билэбит. Оттон Тыгын, бырастыы гыныҥ, “сатамматах саарын” курдук буолан хаалла. Патологический неудачник. Барыта сатаммат. Кыыһын көрдөрөн туран саакка-суукка угаллар, илдьэ бараллар. Уолаттара өстөөҕүн илиитигэр сор-муҥ бөҕөтүн көрөллөр, улахан уола таҥнарар. Аны туран, тоҕо да Дьааҥыга баран өлө оонньоото? Чороҥ соҕотох тиийээри, чороҥ соҕотох төннөөрү дуо? Арай киинэ бүтэһигэр көрөбүт — бука, Үрдүк Айыылар быыһаатылар. Ап-алып күүһүнэн буоллаҕа. Быһата, үһүйээн өрөгөйдөөтө!
Бука, киинэҕэ көрдөрүллүбүт эрэйи-муҥу көрүү, халтай кутугунайыы, сииккэ сиэлии, хаарга хаамыы саха интэигиэнсийэтэ саха судаарыстыбаннаһын туруулаһыыга толук буолбутун көрдөрүөхтээҕэ эбитэ буолуо. Буолуон сөп. Өйдөөн көрүҥ-истиҥ эрэ, киинэ дьоруойдара, ордук Тыгын тойон 20-21 үйэтээҕи саха интэлигиэннэрин курдук саҥараллар. Һэ-һэ, үүт-үкчү Уйбаан Шамаев курдук. Оттон Тыгын ойоҕо өлө өһүргэммит интэлигиэннии тыллаах буолар эбит: сахалар эйигин син биир өйдүөхтэрэ суоҕа. Оччотугар Тыгын – “сатамматах интэлигиэн” буолан тахсар дуо?
Гипербола буоллун. Ол эрэн, өйбүтүн үүйэ туппут “ыарыыбыт” провинциализм, “аласизм” барахсан нөҥүө ырылаччы “атан тахсыбыт” диэххэ наада.
Чэ, буоллун даҕаны. Киинэни буортулаабат.
Ол эрээри, Тыгын уонна Лөгөй күөнтэһиилэрин көрдөрүүнү мин тус бэйэм букатын сөбүлээбэтим. Сахалары улуу ил тула түмүөхтээх, сомоҕолуохтаах киинэбит төттөрүтүн хайытар суолталамматах дуо? Биллэн турар, уус-уран киинэ аайы атааннаһыы тахсыа диир кэрэгэй буолуо эрээри, дьон санаата, этэргэ дылы, “сыарҕалаах оҕустаах буолбатах”. Туох барыта кыра кыралаан, биирдии “хааппыланан” үөскүүр баҕайыта. Биллэн турар, бу барыта уус-алданнар, Лөгөй тойон удьуордарыгар ыараханнык киирэрэ биллэр буоллаҕа. Бу ханнык эрэ үһү-таамах дьон буолбатахтар эбээт, дьиҥ-чахчы олорон ааспыт, саха омук историятыгар бигэтик олохсуйбут, дьон-сэргэ төрдө буолбут дьон буоллахтара.
Утарсыыны арыый атыннык көрдөрүөххэ сөп этэ. Онуоха өй-санаа дьулуура эрэ наада. Сахалары биир санаалыыр, сомоҕолуур, түмэр дьулуур. Онуоха эбии, Тыгын уонна Лөгөй тойон икки ардыларыгар маннык үлүгэр хааннаах-сииннээх күөнтэһии буола сылдьыбыта дуо? Мин, биллэн турар, анаан-минээн хаһыспатаҕым эрээри, оннукка түбэһэ иликпин. Суох буоллаҕына, хайдыһыыны соруйан дириҥэтии, мөккүөрү сэтэритии курдук буолан тахсар. Өйтөн булан.
Аны туран, дьон бука бары умса түһэн бокулуоннуу сытара хайдах эрэ саха киһитин өйүгэр баппат. Ити өттүнэн Саха сирэ кулуттааһын тутула олоҕурбут судаарыстыбатын курдук көстөр. Аҕа-ийэ ууһунан олорор дьоҥҥо итинник умса-төннө түһүү баара буолуо дуо? Суох буолуо, бука.
Биир өттүнэн Тыгын община тутулунан олорор баһылык курдук көстөр эбээт. От охсор, өрүһү туоратыыга сылгыһыттаһа сылдьар. Оннук киһиэхэ ким умса түһэ сытыаҕай! Сылгыһыттар “биригэдьиирдэригэр”, оттуур звено салайааччытыгар?
Итинник түгэннэри аахпатахха, киинэ табыллыбыт. Арассыыйаҕа аныгы кэмҥэ (!) уһуллар киинэлэртэн итэҕэһэ суох.
Манна диэн эттэххэ, Тыгын дуу, Лөгөй дуу, хайалара сөпкө дьаһаммыта биллибэт диир сатаммат. Тыаһааны удаҕан арҕааттан да этин сааһа атыйар, илинтэн да иэнэ кэдэҥниир буоллаҕына, биһиги аан дойду ааспыт историятын көрөн олорор дьон быһыытынан билэбит. Арай туора урдустар илинтэн кэлбит буоллуннар? Ол 17 үйэҕэ илинтэн кытайдар эбэтэр дьоппуоннар эрэ кэлиэхтэрин сөбө. АХШ “сыта эрэ баара” — тэриллэ илигэ. Кытайдар бэйэлэригэр иҥэринэр кыахтара — ассимиляция. Дьоппуоннар кыргалларын оҕото — дьиҥнээх хаан иһээччилэр уонна каннибаллар. Билигин саха омук суох буолуо этэ — мин ону саарбахтаабаппын.
Ол эбэтэр, историяҕа “оннук эбитэ буоллар” (сослагательное наколонение) диэн суох — онон “Лөгөй таҥнарыахсыт этэ” диэн халы-мааргы эрэ дьоннор этэр кыахтаахтар. Ол кырыктаах үйэҕэ саха омук чөл хаалбыта, баччаҕа тиийбитэ, баҕар, Лөгөй Тойон өҥөтө буолуо.
ТВ ханнык эрэ ханаалыгар Виктор Гюго “Отверженные” кинигэтинэн туруоруллубут киинэ буолан ааста. Онно 18 үйэҕэ Париж полициятын тойоно негр буолан соһутта. Виктор Гюго хоруобугар эргичиҥнии сатаан баран хороччу олорор буолуохтаах. Историяны итинник токурутар киинэлэр төһө наадаларый? Англичаннар “наада” дииллэр эбит. Биһиги ону батыһыах бэйэбит дуо? Улаханнаах эбит диэ! Ол эрэн, историяны токурутуу долгунугар фашизм үөһэ тахсыаҕа. Фашизм дьиҥнээх биһигэ Великобритания этэ дииллэр. Гитлер англичаннары арбаан тахсара, ньиэмэстэри “биһиги кинилэр курдук буолуохтаахпыт” диэн ыҥырара. Историяны токурутааһынтан фашизм эрэ тахсар – атын туох да буолбатах. Бастакы холобурдар бааллар. Онон искусство маассабай көрүҥнэрин сайыннарыыга историяҕа олус сэрэнэн сыһыаннаһар сөп этэ. Туора омуктар албастарыгар элэ-мээнэ киирэн биэрбэккэ.
Түмүктээн эттэххэ, “Тыгын Дархан” историяны кэрэһилиир, политиканы, геополитиканы торумнуур киинэ буолбатах, бу “экшн”, ол эбэтэр, “боевик” жанрга уһуллубут умсугутуулаах киинэ. Уонна бэйэтин “экшн” сыалын сиппит. Оттон маннык киинэлэр туох-ханнык иннинэ дьон санаатын өрө көтөҕөргө, бэйэлэрин омук, нация быһыытынан билинэллэригэр аналлаахтар.
Баары баарынан, суоҕу суоҕунан – СУР.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…