Yakutians.com

Новости Якутии

Поскачин парадигмата. Тыа сирэ уонна саха кэскилэ.

Суруйда СУР.

Капитализм тутуллаах судаарыстыбаҕа олоробут. “Ырыынак экономиката” диэн сымнатан ааттыыллар да, дьиҥэ, ырыынага суох экономика баар үһү дуо!

Капитализм - что это такое и его суть простыми словами — Тюлягин

Капитализм сыала-соруга биир – барыс сырсыыта. Онтон атын соруга суох. Таҥарата – “кыһыл көмүс тарбыйах”.

Баар быһыы-майгы

Күн бүгүн Саха сиригэр капитализм кыаҕын толору ыла илик. Ол курдук, капитализмҥа эппиэттээбэт түгэннэр элбэхтэр. Тыа сирин, ордук хотугу улуустары, нэһилиэктэри дотациялааһын, кирэдьииккэ киирэн туран “северный завоз” тиэйээһин, кыһыннары-сайыннары электростанциялары уонна котельнайдары үлэлэтээри үрдүк сыаналаах сэлээркэни уматан күпсүтүү.

Харчыга үүт тутааһына, сүөһү төбөтүгэр төлөбүр олохтооһун. Маннык социальнай өйөбүл атын регионнарга ханна да суох – Саха сиригэр эрэ баар. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи туругунан Саха сиригэр капитализм толору киирэр кыаҕа суох. Квадратнай килэмиэтиргэ киһи үс гыммыт биирэ баар сиригэр ханнык ырыынак кэлиэ баарай!

Онон социализм салгыыта дуу, ол ойун дуораана дуу, Конституцияҕа “социальнай судаарыстыба” диэн киирэн сылдьар.

Ол эрэн, капитализм айылҕатын ханна гыныаҕай: дьону аа-дьуо тыа сириттэн – 3 млн кв. км иэннээх, сир баайдаах территорияттан бытааннык, аа-дьуо, улахан айдаана суох көһөрө турар. “Не мытьем, так катаньем” – “социальная разгрузка территорий” барар.

Ити “территория” биһиги төрөөбүт төрүт сирбит – Саха сирин тыата буолар. Саха эрэ буолбатах, Саха сирин төрүт омуктарын барыларын дойдута.

Бастаан кэлии дьону суох гыммыттара. Өйдүүр инигит – промышленнай бөһүөлэктэри ликвидациялааһыны? “Материкка” олорор дьиэ сертификаттарын биэрэн туран көһөртөөбүттэрэ.

Ол кэнниттэн олохтоох омуктары көһөрөр туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ. Сахалары баара-суоҕа биир улахан дьиэҕэ олордуохха сөбүн туһунан моргуордар буолаллар этэ. Билигин чопчу өйдөөбөппүн – бүтэһик Үрдүкү Сэбиэккэ дуу, саҥа тэриллибит Судаарыстыбаннай дуумаҕа этэ дуу? “Үс сүүс тыһыынча киһи, улаханнаах эбит, биир-икки улахан улахан дьиэҕэ батыа эбиттэр”, – дэһэллэрэ.

Билигин халы-мааргы курдугун иһин, оннук кэпсэтиилэр бараллара. Экономика “тобуктаабатаҕа” буоллар, бука, сахалары биир кыбартаалга симээһини боруобалыа эбиттэрэ буолуо.

Ол умнуллубут эрээри, капитализм дьону барытын атыы-эргиэн инфраструктуралаах сиргэ мунньар, сир баайдаах территориялары дьонтон босхолуур политиката син биир олоххо киирэр.

Арассыыйа үрдүкү политиката соҕотох Путинтан, соҕотох Ил Дархантан тутулуктаах буолбатах. Утарсыбат буоллахха, сайдыы барыта капитализм айылҕатынан барар.

Хаһан эрэ Медведев президеннии олорон Арассыыйаҕа сүүрбэччэ бөдөҥ куораттар агломерациялара – “центры экономического роста” – баар буолуохтаахтар диэн аһарбыта.

Агломерация диэн, судургута, ханнык эрэ улахан куорат тула бөлөхтөспүт нэһилиэнньэлээх пууннар.

Соторутааҕыта президент Путин ол тосхол сыыйа олоххо киирэрин чопчу эттэ – сайдыы Дьокуускайдааҕы агломерация тула барыаҕа диэн буолла. Салгыы Магаданнааҕы, онтон Анаадырдааҕы агломерациялар. Оттон дьон “экономика сайдар киинигэр” дьулуспакка ханна барыахтарай?

Манна диэн эттэххэ, агломерация биир сүрүн ирдэбилин толордубут – республика мөлүйүөн нэһилиэнньэлэннэ диэн буолла.

Магадан, Чукотка ону ситиһиэхтэрэ ыраах буолуо эрээри, дьыала онно эрэ сытар буолбатах. Кэлэ-бара турар промышленнай вахта бөһүөлэктэрэ ол дойдулары иччитэхситиэхтэрэ суоҕа.

Дьону тыа сириттэн “Дьокуускайдааҕы агломерацияҕа” ыган көһөрүү син биир барар.

Холобур, хаһан эрэ балыыһалары олохтоох салайыныыттан судаарыстыба дьаһалыгар ылбыттара уонна “оптимизация” ыытан хачыгыраппыттара. Бу – дьону киин сирдэргэ ыган көһөрүү албаһа.

Аны оскуолалары судаарыстыба дьаһалыгар биэрии былааннанар. Биллэн турар, ону даҕыһыннаран “оптимизация” барыаҕа. Бу – дьону киин сирдэргэ ыган көһөрүү албаһа. 

Тоҕо диэтэххэ, капитализм ирдэбилинэн, сир баайдаах сирдэргэ вахта эрэ бөһүөлэктэрэ баар буолуохтаахтар.

Бу капитализм сиэмэх кыыллыы айылҕатыгар бас бэриммит судаарыстыба политиката буолар.

Население Канады в 2023 году: состав и численность

Онон Россия субъектара, ордук хотугу регионнар утарсыбат буоллахтарына, бэрт сотору Канадаҕа курдук буолуоҕа. Онно дьон-сэргэ барыта акыйаан биэрэгин кыйа олороллор, оттон дойду үөс өттүгэр – туундараҕа, хайаҕа, тайҕаҕа – сир баайын хостуур вахтовай бөһүөлэктэр эрэ бааллар.

Россия субъегын интэриэһин олохтоох парламент туруулаһыахтаах. Саха республикатыгар – Ил Түмэн. Ол биһиэхэ кыаллыбакка турар.

Тоҕо диэтэххэ, Ил Түмэҥҥэ баһылыыр күүс – “Биир ньыгыл Россия” партия, туох да омуна суох, “вертикаль власти” салгыыта буолар. Кремль уонна Госдума тугу этэр да, эҥкилэ суох толорор аакка барар.

Субу талыллыбыт Ил Түмэҥҥэ улахан уларыйыы тахсыбата. Ааспыт Ил Түмэҥҥэ “Биир ньыгыл Арассыыйа” 47 депутаттаах эбит буоллаҕына, бу болдьоххо 55 (33 биир мандааттаах уокуруктартан, 22 партия республикатааҕы испииһэгинэн) мандааттанна. “Саҥа дьон” партия – 5, КПРФ – 4, “Сиэрдээх Россия” – 3, ЛДПР – 1 куоластаахтар.

Бу биричиинэтэ биллэр: Госдума быыбарыгар “ньыгыллар” хомуньуустарга хотторбут буоллахтарына, бу сырыыга кинилэри СВО быыһаата. Ханнык баҕарар “хааннаах хапсыһыыга” байыастар “хамандыыр” тула мусталларыныы, СВО буоллун, сэрии буоллун, норуот былаас тула сомоҕолоһор айылгылаах.    

Поскачин парадигмата

Россия глобальнай политиканы сүрүннээччи ахсааныгар киирэр. Биллэн турар, Саха сирэ Россия арахсыспат сорҕото буоларын мэлдьэһиллибэт эрээри, баары баарынан этиэххэ наада: саха омук тыын былдьаһар күнэ-дьыла кэллэ – 21 үйэни мүччү түһэр-түспэт боппуруоспут турда.

Якутия попала в список самых развитых регионов России — ЯСИА

Владимир Поскачин этэр: “Тыа сирэ эһиннэ да, саха омук эстэр. Оннооҕор улуу нуучча омуга 20-с үйэ устата күүскэ барбыт урбанизация түмүгэр киһи сөҕүөн курдук мөлтөөтө. Ол олус түргэнник, биһиги харахпыт ортотугар барда. Расул Гамзатов үүт-үкчү да эппит эбит: “Норуот тыа сиригэр олорор, куораттарга – нэһилиэнньэ” диэн.

Сахалыы-махалыы ылан көрдөххө, нуучча норуота кырдьык мөлтөөбүт курдук. Сүрүннээн, урбанизация түмүгэр куорат дьахталлара оҕолоноллоро быдан аҕыйаатаҕа. Ол аата, “оту-маһы тардан көрөр” эдэр дьон ахсаана аҕыйааһыныттан, били, Гумилев этэр пассионарноһа намтыыр. Оттон пассионарность үчүгэй да, куһаҕан да өттүгэр дьайар. Айар-тутар даҕаны, алдьатар да өттүгэр.  

Улуу нуучча норуота айар-тутар өттүгэр төһө тупсубутун этэр уустук буоллаҕына, маннык баар. Отучча-түөрт уонча сыллааҕыта нууччалар көҥүл тустууга лаппа күүстээхтэрэ, классическай (греко-римскэй) тустууга, боксаҕа үксэ нууччалар этэ. Билигин күөн көрсүү көрүҥнэригэр букатын сүтэн эрэллэр. Оттон нуучча куораттарыгар миграннар “былааһы ылаллар”, уулуссаҕа нууччаны кырбыылларын көрө-көрө көмөлөспөттөр, көрбөтөҕө буолаллар.

Оттон аҕыйах сыллааҕыта Дьокуускай уулуссаларыгар хайдах этэй? Биир эмэ нууччаны кытта бочооттостоххуна уулусса дьоно барыта сырсан кэлэрэ, таксистар рациянан сибээстэһэн “төгүрүйэн” кэбиһэллэрэ.

Онон урбанизация дьон мөлтөөһүнүгэр тиэрдэрэ, сахалыы-махалыы эттэххэ, сыыйа “тыһытыйыыга” тиэрдэрэ кыларыйан турар кырдьык диэххэ наада.     

Норуот тыа сиригэр олорор – бу чахчы. Оттон норуот туһугар Россия эрэгийиэннэрин парламеннара, ол иһигэр Ил Түмэн эрэ туруулаһар кыахтаахтар. Сайдыы капитализм айылҕатынан эрэ буолбакка, дьон-сэргэ, тыа сирин, саха дьонун интэриэстэрин батан барарын туһугар. Сорох федеральнай сокуоннар барылларын “концептуально”, ол аата төрдүттэн утарыыга тиийэ утарсыахха наада. Отой сатаммат буоллаҕына, Саха сиригэр уонна атылыы регионнарга туспа сокуоннар оҥоһуллан үлэлииллэрин курдук.

якутское село - Якутия.Инфо
Сиэннэрэ ыраахтар

Маннык дьайыыны Саха сиригэр Үөһээ Бүлүү Оройуоннааҕы Сэбиэтэ көрдөрбүтэ – олохтоох салайыныыны уларыта тутар “КлиКра сокуонун барылын” төрдүттэн утаран.

Ону күлүү гынар дьон бааллар: “Баҕарбыккыт бэрт дии, Арассыыйаны хаһан кыайаары!” – дэһэллэр.

***

Саха сирин сайдыыта “Дьокуускайдааҕы агломерация” тула буолбакка, тыа сирин нөҥүө барыахтаах.

Владимир Поскачин тыа хаһаайыстыбатыгар туһуланар үп муҥ саатар аҥаара нэһилиэктэргэ, ол эбэтэр, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга быһа тиийиэхтээх диэн этиитин үгүс киһи биһириир.

Ол наадатыгар нэһилиэктэр дьаһалталарыгар уонна депутаттарын сэбиэтигэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналларыгар боломуочуйа биэриэххэ наада.

Сахалыы да толкуйдаан көрдөххө, тыа нэһилиэгин баһылыга нэһилиэнньэ төрүт дьарыгын – тыа хаһаайыстыбатын сүрүннээбэккэ тугунан дьарыктаныахтааҕый?

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбү-харчыны үллэрээччинэн буолара коррупцияны эрэ күөртүүр курдук. Бюджет уоҕар төлөһүйбүт тэрилтэлэр (холобур, “Туймаада-нефть” курдук “амтаннаах” хампаанньа) чааһынайга баран хаалаллара биир суох, миниистир солбуйааччыта (соҕотоҕун эбитэ буолуо дуо?) бэрик ылан сууттанара биир суох…

“Нэһилиэктэр биир да кэппиэйкэни туора “хаамтарыахтара” суоҕа, – диир Владимир Поскачин. – Туһааннаах нэһилиэккэ харчыны ханна ыытары кинилэртэн ордук ким билиэй!

Кырдьыга оннук. Бүтүн нэһилиэк үрдүттэн манаан олорор буоллаҕа. Бу буолуо этэ – дэмэкирээтийэ саамай чаҕылхай көстүүтэ.

Тыа хаһаайыстыбатын, ол эбэтэр саха төрүт дьарыгын сайыннарыыттан саҥаттан саҥа тосхоллор тахсан иһэллэр.

Тыа сирэ – саха силиһэ. Манна барыта сөҥөн сытар – төрүт тыл, төрүт сиэр-майгы, төрүт өй-санаа. Бу глобализация үйэтигэр саха төрүт сиригэр – тыа сиригэр олордоҕуна, төрүт дьарыгын сүтэрбэтэҕинэ эрэ тулуктаһыаҕа. Тылбыт эйгэтэ, сиэрбит-майгыбыт, үйэлээх үгэстэрбит тыа сирин эрэ кытта ситимнээхтэр эбээт!

***

Барыта үлэни-хамнаһы сөпкө аттаран тэрийииттэн тутулуктаах.

Бастатан туран, Саха сиригэр тастан кэлии бородууксуйаны кытта конкуренциялаһар инниттэн хайаан да коооперациялаһыы барыахтаах. Бородууксуйа бэйэтигэр турар сыанатын чэпчэтэр туһуттан. Холобур, билигин хас биирдии ыал кыстыыр отун оттоноругар тыраахтырдаах буолуохтаах, онно уматыгы, саппаас чааһы хааччыныахтаах. Бу барыта харчы! Оттон кооперативка туттарыллыбыт нэһилиэк сүөһүтэ сиир отун, кырдьыгынан эттэххэ, биир-икки тыраахтыр бэлэмниир, кыһын кыбыыга тиэйэр кыахтаах. Дьон үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө үлэтин туһунан этэ да барыллыбат. Кооператив сүөһүтүн дьиҥнээхтик идэтийбит дьон үчүгэй хамнаска көрүөхтээхтэр.

Дьиҥнээх кооперациялаһыыны тэрийиигэ, ол ис хоһоонун, суолтатын дьоҥҥо өйдөтүүгэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оччо-бачча интэриэһэ суоҕа көһүннэ диэххэ сөп. Хайа муҥун!

Сүрүн сыал-сорук: саха киһитэ барыта сүөһүлэнэрин, сылгыланарын ситиһии. Тыа дьоно буоллун, куорат дьоно буоллун, бары дойдуларыгар кооперативка туттаран көрдөрөр сүөһүлээх буолуохтаахтар.

Ону кытта сүөһүлэрин кооперативка туттарбакка бэйэлэрэ көрөр кыахтаах дьону хайа да өттүнэн күөмчүлүүр сатаммат. Үүт харчыта кинилэргэ тиийэн тоҕо кыччаан хаалыахтааҕый?

Ол эрэн, биири өйдүөххэ наада. Аан дойдутааҕы, Таможня сойууһун ирдэбиллэрэ (технический регламент) диэн баар. Ол ирдэбиллэргэ кыттыгас кооперативтар ордук түргэнник уонна быдан чэпчэкитик сөп түбэһэр гына оҥостуохтара, оттон кэтэх киһиэхэ ыарахан буолуо. Ол ирдэбиллэри, холобур, үүт молокопровод уонна сабыылаах иһиттэр эрэ устуларынан сылдьыахтаах (киһи илиитэ сыстыа суохтаах) диэни, биирдиилээн ыал толороро уустук буолан иһиэҕэ.  

***

Оччотугар тыа сиригэр элбэх үлэһит илии босхолонор. Ол дьон дойдуларыттан силистэрин сиирбэккэ эрэ промышленноска вахтовай ньыманан үлэлиир суоллара тобуллуохтаах. Тыа сиригэр туораттан харчы тардар курдук, тэрээһиннээхтик.

Сүрүн сыал-сорук маннык: тыа дьоно Саха сирин баайын туһаҕа таһаарыыга быһаччы кыттыахтаахтар, онтон харчыланыахтаахтар – дойдуларыттан көһөн хаалбакка эрэ!  

Бу уустук эрээри, судаарыстыба холугар (өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыба ааттааҕын умнумаҥ!) кыаллар дьыала. 

*** 

“Элитнай оскуолалар” тыа сиригэр арыллыахтаахтар. Нуучча эйгэлээх Дьокуускай куоракка хайдах “саха элиитэтин” үөскэтэн таһаараары гынаҕыт?

Куоракка сүүс даҕаны сахалыы оскуоланы арыйыҥ, оҕолор син биир нууччалыы саҥарыахтара. Тоҕо диэтэххэ, саха тыла куоракка үлэлээбэт, саха тыла үлэлиир эйгэтэ – тыа хаһаайыстыбата, тыа сирэ.

***

Демография тыа сиригэр эрэ үчүгэй көрдөрүүлэнэр кыахтаах. Дьахталлар үйэлээх үгэс, сиэр-туом, төрүт майгы тыыннаах сиригэр эрэ элбэхтик төрүүллэр – харчы туһугар буолбатах. Мусульманнары көрүҥ.

Куоракка, бэл, оҕону оскуолаҕа, детсадка таһыы кыаллыбата сыттаҕа. Элбэх оҕону маныы сылдьар хайдах да кыаллыбат. Оннооҕор ыты иитэр ыарахан курдук.

Ыал буолуу сиэрэ, элбэх оҕолонуу майгыта – бу барыта саха омук төрүт дойдутуттан, ол аата тыа сириттэн эрэ силистээх. “НаРОД” – төрүөх тахсыыта. Төрүөҕүҥ тахсыбат буолла да, НОРУОТ буолан бүтэҕин. Норуот тыа сиригэр олорор, куоракка – нэһилиэнньэ.

Туох барыта силис тардыбыт сиригэр эрэ силигириир айылҕалаах буоллаҕына, саха омук – тыа сиригэр.

***

Тыа сирин, тыа дьонун сэнии, үөһэттэн көрө үөрэммит дьон “Поскачин парадигматын” ретроградство, ол эбэтэр төннүү курдук көрдөрө сатыыллара баар суол. “Биһиги ай-ти технологияларга, инновационнай сайдыыга, креативнай экономика үрдэллэригэр дьулуһуох тустаахпыт” диэн буолар.

Ону баара, ким даҕаны олортон аккаастаммат. Ол эрэн, бу хайысхаларга оҕо барыта үрдүк көрдөрүүлэммэт.

Эдэр ыччаты глобализм угаайытыгар, космополитизмҥа угуйуу биир саамай көдьүүстээх көрүҥүнэн “ай-ти албаһа” буолар. Кэскилбит – ай-ти, үрдүк хамнас – ай-ти, үрдүк үктэл – ай-ти, омук сирэ – ай-ти…

Идэ аата идэ, олох оҥкула буолбатах. Дьоҕурдаах оҕо бу хайысхаҕа ситиһиилэнэрэ кыра боппуруос, бу эдэр киһи дойдутугар туһалаах киһи буолара – бу буолар, дьиҥнээх кыһалҕа.

Ай-ти – билиҥҥитэ глобализм үнүстүрүмүөнэ буолар. Билиҥҥитэ ай-тишниктарбыт бары кэриэтэ, этэргэ дылы, төрдө-ууһа суох космополит буолан хомоттулар – эрдэттэн сэрэйиллэр этэ да буоллар. Аҕыйах ситиһиилээх соҕус дьоммут дойдубут ыарахан кэмигэр сыалбас гынан хааллылар уонна омук дойдуларын экономикатын хаҥатыыга үлэлииллэр.

Сайдыы биир сиргэ турбат. Киһи киһини төрөтөрүн кэриэтэ, компьютер программата компьютер программатын төрөтөр кэмэ кэллэ диэххэ сөп. Искусственнай интеллект (ИИ) дьон үлэлиир эйгэлэрин маассабайдык былдьыыра чугаһаата. Ол саамай күүскэ ай-ти эйгэтигэр киирэрэ саарбахтаммат. Арассыыйаҕа бастакы ИИ суруйбут программата регистрацияламмытын туһунан этэллэр. Хаһан этэй, киһи барыта экономист уонна юрист буола сатыыра? Сотору ай-ти эйгэтигэр уруһуйдуур, суруйар, лабысхалыыр дьон эрэ буолбакка, программистар эмиэ үлэтэ суох тула холоруктаан хаалыахтара дии санаабаккыт дуо?

Онон саха омугу глобализация албаҕатыгар киллэрэн куораттарга симиигэ, “ай-ти” диэн баран силиһи сиириигэ киирэн биэриэ суохха наада.  

***

“Элиитинэй оскуолаларынан” наһаа үлүһүйбэт бэрт этэ. Сэбиэскэй кэмҥэ уопсай, ол аата маассабай үөрэхтээһин баар буолан чыып-чаап диэн олоробут. Аҕыйах ахсааннаах омук онтон аккаастаммаппыт буоллар үчүгэй буолуо этэ.

Кырдьык, саха оҕото аныгылыы үөрэх хайысхаларын баһылыахтаах эрээри, сахатын умнуо суохтаах. Ол эбэтэр, кини сахалыы эйгэҕэ иитиллэн, сахалыы төрүт дьарыкка миккиллэн улаатыахтаах. Силиһэ-мутуга суох оҕо “саха элиитэтэ” буолбат. Бэркэлээтэҕинэ “Казахстан хамначчыта” буолуоҕа.

“Тааһы киэр тамныыр кэм, тааһы төттөрү хомуйар кэм” баар баҕайыта. Саха омук аан дойдунан, “мигрант быттыгынан” бытанан бүппэтин туһугар төттөрү хомуллуох тустаахпыт. Тыа сиригэр, төрүт дойдубутугар, бэйэлээх бэйэбит “национальнай идентичность” диэн ааттанар киэппитигэр төннөн.

Эбэтэр сүүс сыл иһигэр “тыал буолабыт”. Ону толкуйдааҥ!

Суолласта, сурукка тистэ – СУР.

Тас хаартыскаҕа 2021 с. Саха сиригэр тыа сирин бастыҥ ыала аатын ылбыт Быккасовтар дьиэ кэргэттэрэ (Үөһээ Бүлүү, Ороһу с.)

Поделиться
%d такие блоггеры, как: