Yakutians.com

Новости Якутии

Таптал уонна кэскил

Автор: Виталий СУР.

Саха омук демографияҕа кэскилин туһунан Эллэй эһэбит кэс тыла баарын билэбит. Кини Омоҕой баай мааны кыыһыттан тоҕо аккаастаммытай, тоҕо мара кыыһы ойох ылбытай? Төрүөхтээх, элбэх оҕолоох буолсук диэн! Кыргыттар төһө күүгэннээхтик бырылаччы ииктииллэрин кэтээн көрөн баран. Мааны кыыс быста-быста барбах тыккыратар буоллаҕына, көйгө кыыс барахсан күүгэннээхтик күүгүнэччи ииктиирин биһирии көрөн…

Быһата, саха омук демографиятын туһунан бэйээмэ. Эллэй эһэбит кэриэс-хомуруос тылларын үтүгүннэрэн…

Поэма

Ийэлээх аҕабар Поскачина Е.Ф., Иванов Г.М. аныыбын

Аан тыл

Үөһ´энэн сырыылаах үөр дьону үөрдэргэ

Саһарҕа, хайыаҕай, сыгынньах сырдыахтаах.

Ол дьоҥҥо уоҕурдар утаҕы уунарга

Бэйэтэ сүлүһүн кэриэтэ буолуохтаах…

Аан дойду аргыардаах а´һаҕас аанынан

Сыбыытыыр сырыылаах кэхтибэт күлүктэр,

Үрүҥ күн, тунал ый уоттарын аннынан

Дьиктитик көстөөччү былыргы сүтүктэр:

Аанынан тахсааччы үксүгэр төннөөччү,

Төннөөччү үһү дуо хас биирдии киирээччи?

I

Айыылар - Исторический

Дьэ эрэ, уолаттар-кыргыттар,

Уоланнар, дьа´һаллаах дьахталлар,

Тойоттор, хотоҥнос хотуттар,

Бу орто дойдуга сахалыы тыллаахтар —

Истиэххит буолуо дуо, этитэр тылларбын,

Ааспыт кэм саҕаҕын хаҕылыы тардарбын!

Кэм-кэрдии аастыйбыт күлүгүн

Көрүнэр Сайсары күөлүгэр,

Былыргы бы´һылаан ис дьиҥин

Сөҥөрдөр хараҥа түгэҕэр:

Бар дьоҥҥо ананар кырдьыга –

Номоххо иҥэрбит сырдыга.

Дьулайдаах санаата салгынтан

Үһүйээн үтүөтүн ыймахтыыр,

Сарсыҥҥы кэскилин номохтон

Булаары ааспыты сыымайдыыр:

Салгын кут – өй-санаа силигэ,

Ааспыт кэм – сиэр-майгы силиһэ.

***

И´һиллиэм салгына дьиктитик

Ырыанан ыанньыйбыт саас тыынын,

Кыыс оҕо сүрэҕэр симиктик

Кэскилэ сипсийэр тылларын:

Таптал диэн кэм-кэрдии кэрэҕэ,

Дьылҕа хаан үйэлээх бэлэҕэ.

Ол эрэн эһиги-биһиги

Барыбыт билэбит — биир киһи,

Үйэлээх удьуорун биһигин,

Сууллубат ыйааҕын силигин

Тапталын киэр илгэн сиппитин,

Тапталын толукка кээспитин…

Ол ону чопчулаан эппэттэр,

Би´һиэхэ өбүгэ дьоннорбут,

Бадаҕа, эстииттэн сэрэтэр

Тыллара таабырын хоннорбут:

Дьоллооххо кэскилэ таайыаҕа,

Ол аата, буруота у´һуоҕа.

Ол кимин бы´һаара сатыырга

Кыһ´ыл тыл кыырыыта кэрэгэй,

Этиэххэ айылаах бу сиргэ

Этиллэн бүппүтэ, итэҕэй.

Сотору кэминэн өйдүөххүт,

Ол кэннэ бэйэҕит сөҕүөххүт.

***

Айыылар - Исторический

Үрүҥ күн ардаҕын угута

Үөскэппит үтүөтэ буоллаҕа,

Ийэ сир иччилээх илгэтэ

Иэппитэ киниэхэ иҥнэҕэ:

Истиҥник сыдьаайа, сандаара,

И´һиттэн сылаастык сырдыыра!

Кэрэтин ким кэпсиэй, тыл булан,

Килбигэ тупсарар бэйэтин,

Үрүҥ түүн үрүмэ сабыынан

Кистэммит кэриэтэ эбитин:

Туҥуй кыыс кэрэтэ сөҕүмэр,

Күннэтэ тупсара эбиллэр! 

Сиккиэр тыал сипсийэр: “Ньыкаа дии!”,

Бэс чагда иҥиэттэр: “Кини!” — диир…

***

Сындыыс курдук оноҕос,

Көтөр-дайар соноҕос!

Ойон-тэбэн иһ´эрэ –

Сиртэн-буортан тэйбиттии!

И´һит, аттаах эр бэрдэ

Ырыа ыллыыр эбит дии:

Тойук туойар дорҕооно –

Тэйэр ойдуо дуораана!

Эдэр ки´һи ыллаамына –

Кэҕэ этэр, улар охсор,

Мохсоҕол батымына,

Холоруктуун эрийсэр:

Сааскы ырыа тыла биллэр,

Тутатына сэрэйиллэр.

сокол рисунок - Поиск в Google | Wild birds, Birds of prey, Pet birds

“Далбарайбын, чыычаахпын,

Тахсар күҥҥэ холуубун,

Дьылҕа хаантан аналбын

Куппар-сүрбэр суулуубун:

Сулус курдук соргубун,

Кэхтиэ суохтаах кэскилбин!

Күлүм күммүт арҕаалыыта

Тахсаар били чараҥҥа.

Луҥку[1] киэһэ сатыылыыта

Истээр чараас тумаҥҥа:

Лоокуут[2] чугас дойҕохтуо,

Мин и´һэрбин хобулуо”.

Дьикти дойду, дьикти салгын,

Тула алып, хомуһ´ун —

Оттуун-мастыын, харамайдыын

Дьуохар тэбэр курдугун!

Халлаан күөнэ ууттан тэйэр,

Күөлтэн уута күҥҥэ ойор,

Күлүмүрдүүр, күлэр-үөрэр…

Кулунчук сүүрэр-көтөр!

***

Омоҕой ордуута үүт-тураан

Олохтоох дьон-сэргэ түмсүүтэ,

Сыһ´ыынан-хонуунан мөҥүрээн

Кыыл барбыт муҥ элбэх сүөһүтэ:

Баайыттан сорох сыл киэр кыйдыыр,

Ол онтон кыыл омук ыан аһ´ыыр.

Ойоҕо Байыма Эбэлэй —

Омоҕой олоҕор тулаһ´а. 

Айхаллаах аҕас кыыс Аан Эмчэй,

Ньыкаа Куо — киниттэн балыһ´а.

Байыма Эбэлэй барахсан,

Амарах аас күрүҥ тойтохо[3],

Аймахха-биллэххэ харысхан,

Удьуор хаан аартыгын нохтото[4].

Минньигэс мичээрдээх Аан Эмчэй

Төрүкү майгыта элэккэй.

Туппута туораахтыы тобуллар

Тарбаҕар талааннаах кини баар,

Тыыппыта тараанныы тарҕанар

Туттуулаах үтүөтэ кини баар!

Ол кэннээ!

Сардаҥалаах харахтаах кэрэ кыыс

Ньыкаа Куоҕа тэҥнэһ´иэх ким баарый?

Туналҕаннаах ньууругар сандал саас

Сырдык уотун умуоруох туох баарый?

Ырыата-тойуга эйээркэй

Күөрэгэй ах барар кэрэтэ,

Тулата — үҥкүүлүүр дьиэрэҥкэй

Күөх нуоҕай күөгэҥниир бэйэтэ —

Үмүрүс гынаатын кэҥээччи,

Дьиримнии түһ´ээтин сырдааччы!

Уруй-айхал, тускуо буоллун,

Саргы-дьаалы сабары туоллун!

Айыылар - Исторический

Дьэ, уонна!

Кулукка-чаҕарга дьаһ´абыл

Эллэй эр буолбута биир сайын,

Ол онтон ылата эрэбил

Үксэтэр тойоҥҥо байымын –

Сиэллээҕи сыһ´ыынан ыһ´арга,

Муостааҕы муҥутуур тутарга.

Сээгэй-сэбири сэниэ ситтин,

Күрдьүө күүстээх күдэх күүрдүн!


[1] Луҥку — былыттаах, ардаҕа суох сылаас халлаан.

[2] Лоокуут — чөкчөҥөө арааһ´а.

[3] Күрүҥ тойтохо — сааһ´ырбыт дьахтар (эмээхсин)

[4] Нохто — сүрэхтэн тахсар суон тымыр (аорта).

/Салгыыта тахсыаҕа/

Поделиться
%d такие блоггеры, как: