Автор: Виталий СУР.
Саха омук демографияҕа кэскилин туһунан Эллэй эһэбит кэс тыла баарын билэбит. Кини Омоҕой баай мааны кыыһыттан тоҕо аккаастаммытай, тоҕо мара кыыһы ойох ылбытай? Төрүөхтээх, элбэх оҕолоох буолсук диэн! Кыргыттар төһө күүгэннээхтик бырылаччы ииктииллэрин кэтээн көрөн баран. Мааны кыыс быста-быста барбах тыккыратар буоллаҕына, көйгө кыыс барахсан күүгэннээхтик күүгүнэччи ииктиирин биһирии көрөн…
Быһата, саха омук демографиятын туһунан бэйээмэ. Эллэй эһэбит кэриэс-хомуруос тылларын үтүгүннэрэн…
Поэма
IX
Бэрт дьикти!
Барыта сэтиилээх, сиэтиилээх.
Үс Хатыҥ чараҥар отууга
Охсуллан ааһаллар бөтөстөр,
Санааҕа ылларбыт Эллэйгэ
Бэрт дьикти сонуннаах эбиттэр:
Аан Эмчэй эмискэ мэлийбит,
Омоҕой ордуута оргуйбут!
***
Аан Эмчэй эмискэ сүтүүтэ
Бар дьону олустук аймаата.
Эдэр кыыс халлааннаан көтүүтэ,
Сирдээн дуу, тыыннаахтыы умсуута —
Былыр да, быйыл да, быһыыта,
Киһиэхэ өйдөммөт сырыыта.
Баатылы өлүүгэ ылларда.
Өйүкэй-төйүкэй турукка
Бадаҕа биллибэт бадыкка
Үстүү күн, үстүү түүн сыппыта,
Ол сытан, бадаҕа, кыырбыта.
Баараҕай Баатылы, ол туран,
Эллэйгэ арбайан кэлбитэ,
Арааннаах дойдуну арҕаран
Билбитин ньаҥсыйа турбута:
– Бар дьаҕыл сүөһүлээх иччитэ
Кылааннаах Кыыс хотун таҥара
Эмчэйи дьылҕатын этитэ
Тургутар тускулун таллара!
***
Үтүө күн Аан Эмчэй титииккэ
Сарсыарда этэрэ сылдьара
Күннээҕи түбүлүүр түбүккэ
Сөбүлүүр дьарыга буолара…
Бэрт да бэрт! күн көрөр, күлүмнүүр,
Хас ньирэй оҕолуу ойуолуур.
Кыыс ону аһаталыыр,
Томторуктаан ыыталыыр…
Арай онно куочай кугас
Туҥуй баара сүгүннээбэт —
Тарбыйаҕын отой чугас
Көрбөт уонна этэрбэт!
Бүгүйэхтиир кэриэтэ
Уҥа-хаҥас бугуйар,
Субу чычаас бэйэтэ
Туура куота буруйар:
Ону баара тула күрүө —
Өртүк устун быыралас!
Бүтэһигэр титиик нөҥүө
Хайдах буолла? маҥырас..!
Эмчэй сүүрэн тиийбитэ
Күөйэ тутан ылаары…
Ирибиниир-дьирибиниир
Салгын нөҥүө ааспыта,
Салыбырыыр-илибириир
Үктэл устун хаампыта.
Уонна биирдэ өйдүөбүтэ
Атын сиргэ кэлбитин…
Дойду кэмниин сөрүөспүтэ
Манна сытар эбитин.
Уйаар-куйаар холоонноох
Улуу сыһыы ортотугар
Хайыр таастан томтордоох
Буолар эбит томоонугар.
Ол булгунньах оройугар
Турар эбит дьэс олгуй,
Таллан таастан таманыгар
Сыыллар эбит сырҕан моҕой —
Хайа хаппыт хайырҕаҕа
Тугу сиэри сыылаҥхайдыыр,
Таралыйар тараҕайга
Тугу көҥөөн сырдьыгыныыр?
Онуоха,
Аҕыс Дэлбэр айыыһыт дуу,
Сэттэ Эдьээн иэйэхсит дуу —
Көтө сылдьан туойаллар,
Көстүбэккэ этэллэр:
– Дьэс олгуй иһиттэн оргуйан,
Үрүҥ ас үрүлүү туруохтаах,
Хайаттан харылыы халыйан,
Илгэлээх үрүйэ үксүөхтээх!
Эдэр кыыс соргутун дьолуота
Биллиэҕэ бу муҥур түгэҥҥэ,
Кэскилин кэҕэйэ[1], ол аата,
Илгэнэн туолуохтаах этэҥҥэ —
Сатыаҕа — саҕахха “һайдыаҕа”,
Табыаҕа — номоххо туойуоҕа!
Хор, оннук! Оннук, дьэ, оҕурдук!
Омун буолуо, хотуй, — оннук!
Көрөҕүөн, ол сыыллар моҕойу,
Тунахтаах олгуйга урутаан
Тиийээри тиэтэйэр маҥайы?
Ол тиийэн илгэттэн омурдан
Оһоҕос ороҕор сүөктээри,
Уллурук[2] дьуоҕаттан уоҕурдан
Олгуйга төттөрү сүөккээри —
Үрүҥ ас өллөйүн өлбөөрдөн
Өлүүнү үксэтэр дьүккүөрдээх,
Тахта үөн талаанын тарҕатан
Төлкөнү төннөрөр дьаллыктаах!
Кыргыттар кыталык кэриэтэ
Томтору кыйыалыы көтөллөр,
Хоҥкунас тойугу кэритэ
Саҕахха эмиэ да сүтэллэр —
Ардыгар чугаһаан кэлэллэр,
Аттыгар лыҥкынаан ааһаллар:
Сандыа-сардьа сарыабыйа!
Чаҕыл-тоҕул тоҕуоруйа!
Хор, оннук! Оннук, оннуок!
Дьылҕаҥ буолуо, хотуй, оннуок!
***
Аан Эмчэй күрүөйэх ынаҕын
Олороот, ыан киирэн барбыта,
Үрүҥ ас аллыахтаах олгуйун
Толорор соругу туппута:
Саарбахтыыр санааҕа ылларбат,
Кыайтарыа суоҕа диэн саллыбат.
Уу туҥуй төһөнү иэтиэҕэй,
Биир ынах төһөнү биэриэҕэй!
Аан Эмчэй түүннэри-күннэри
Киэҥ сири кэрийэн мэччитэр,
Ыабытын хайаҕа бүтүннүү
Таһааран соругун чээрэтэр.
“Сил саҕа силбиктэн эбиллэн,
Дьэ, олгуй чугаһыыр туолуоҕа.
Биир таммах энчириэ, дьэ, сэрэн!,
Иһитиҥ төттөрү уолуоҕа! —
Үөһэттэн сипсийэр, бука, дьэ,
Кылааннаах Кыыс Хотун таҥара:
– Моҕой кыыл обургу бу кэллэ,
Иһити өҥөйүөх бу буолла!”
– Тыый! Тыый! Тыый!
Туруук-туук, туук-тугуой!
Кыргыттар кыталык кэриэтэ
Томтору кыйыалыы көтөллөр,
Хоҥкунас тойугу кэритэ
Саҕахха букатын сүтэллэр.
Тоҕус күн, тоҕус түүн устата
Айаҕар сиик диэни билбэтэ,
Аччыктаан, утатан буорайда,
Көрүөхтэн түктэри дьүдэйдэ —
Үүтүттэн биир омурт испэтэ,
“Соргубут туһугар” — туой диэтэ!
Кугастай ынаҕа салбыйда,
Кытарыыр аатыгар да барда.
Бүтэһик ыамнарын чоллурдаан,
Иэҕэҥнии-буоҕаҥныы турдулар,
Ыаҕайа түгэҕэр сүүдүйдээн
Иэстэрин толуйа бардылар…
Ол тиийэн Аан Эмчэй көрбүтэ —
Хараҕым иирэр дуу диэбитэ:
Таас хайа татырхай тэллэҕэр
Туртайар туох эрэ сэллэҕэр
Туллайбыт уол оҕо эбитэ,
Тустаахха соһумар да этэ!
Ааһыран хараҕа биилэммит,
Күкээрэр төбөтө тааҕырбыт,
Дьүдэйэн көрүҥэ дьүүкээрбит,
Уй буолбут дээдэҕэр истэммит —
От илии, от атах бэйэтэ
Оҥойук-соҥойук көрбүтэ,
Лыах курдук ытыһын нэлэтэн,
“Ийэкээ, үүттэ дуу” — диэбитэ…
Кыыс оҕо үөһэттэн анала
Сүрэҕэр тиргиллэ мөхпүтэ,
Уйаҕас санаатын сырала
Сор хаанын умата тыкпыта —
Иһиллэр кулгааҕар сэрэтии:
“Биир таммах энчириэ, дьэ сэрэн,
Оҥоруоҥ кэскилиҥ кэхтэрин!
Моҕой кыыл обургу бу кэллэ,
Илгэттэн омурдуох бу буолла..!”
Истэрин иһиттэ даҕаны
Уһуну толкуйдуу барбата,
Олорор буорайбыт оҕону
Дьылҕатын утары туппата:
Ыаҕастаах үүтүттэн ытыһан
Хатырбыт айаҕар куппута…
Ынахтыын баҕастыын ытаһан
Туох буолар эбит диэн турбута…
Эмискэ… сир-халлаан ньирилээн,
Таас хайа харылыы түспүтэ,
Олгуйтан күүгэннээх бидилгэн
Оргуйан өрүтэ тэппитэ!
Дьэ, доҕоор, илгэлээх үрүйэ
Ахсаана биллибэт сүүрбүтэ,
Хайыр таас быыһынан эрийэ
Кэм-кэрдии сүүрүгэр тиийбитэ!
Уруй диэ, уруй-айхал!
Саргы диэ, дьолбут — байҕал!
***
Тоҕус күн, тоҕус түүн ааспыта,
Аан Эмчэй мэлийбит күнүттэн…
Эмискэ баар буолан хаалбыта
Тахсардыы барыйар күлүктэн:
“Тыый, тугун дьиктитэй-дьээбэтэй,
Түүл эбит, тугуй дуу… үчүгэй!
Аҕыс Дэлбэр айыыһыт дуу,
Сэттэ Эдьээн иэйэхсит дуу —
Дьэ, буолла кыталык үҥкүүтэ,
Дьэ, буолла туруйа туккуута!
Күөх тунаар сир-дойду уоскуйда,
Дьон-сэргэ үөрүүттэн долгуйда!
Үчүгэй, үчүгэй, күн тыгар,
Аан Эмчэй эмиэ да санньыйар:
Кугастай ынаҕын да ахтар,
Түүл буолбут оҕону сайыһар…
***
Баараҕай Баатылы этиитэ
Үөрбэлии өтөрү-батары:
– Эрийэн-эргитэн өйдүүргэ
Төрүөт суох, бэрт дьэҥкэ барыта,
Дьылҕа хаан анала буолуохтаах,
Дьурантай суруга туолуохтаах!
Эйиэхэ аналыҥ — Аан Эмчэй,
Ыччатыҥ кэскилэ бэрт дэлэй!
Үс саха төрүөҕүн төрдүгэр
Эһиги Эмчэйдиин туруоххут,
Түөрт саха төрүүрүн туһугар
Дьылҕа хаан таҥхатын аастаххыт…
Ньыкаа Куо туһунан санаама,
Ааспыттан куруйар буолума.
Омоҕой оҕонньор ол дойду
Дьонунуун уруургуур баҕата
Ньыкаа кыыс кэскилин сарбыйда,
Айыыһыт Хотуну кэлэттэ:
Төннөр суол аны суох,
Инники кэскили тутуһуох.
Салгыы, дьэ, туох буолар,
Үрдүкү Айыылар туох дииллэр…
[1] Кэҕэй — дьахтар да, сүөһү да оҕото кэлиэн иннинэ кэлэр хабах (плодный пузырь).
[2] Уллурук — атыыр харамай буоһатар убаҕаһа.
Похожие новости
Блуждающий призрак „японского городового“
Сэнэбил сэттээх, оттон нэһилиэк бюджеттаах буолуохтаах!
Строительная Якутия-2: ДЕРИБАН “ЯКУТИИ”. БА, ЗНАКОМЫЕ ВСЕ ЛИЦА !