Yakutians.com

Новости Якутии

Таптал уонна кэскил-VII

 Автор: Виталий СУР.

Саха омук демографияҕа кэскилин туһунан Эллэй эһэбит кэс тыла баарын билэбит. Кини Омоҕой баай мааны кыыһыттан тоҕо аккаастаммытай, тоҕо мара кыыһы ойох ылбытай? Төрүөхтээх, элбэх оҕолоох буолсук диэн! Кыргыттар төһө күүгэннээхтик бырылаччы ииктииллэрин кэтээн көрөн баран. Мааны кыыс быста-быста барбах тыккыратар буоллаҕына, көйгө кыыс барахсан күүгэннээхтик күүгүнэччи ииктиирин биһирии көрөн…

Быһата, саха омук демографиятын туһунан бэйээмэ. Эллэй эһэбит кэриэс-хомуруос тылларын үтүгүннэрэн…

Поэма

VIII

Айыылар - Исторический

Оһуор-мандар ураһаҕа,

Хатааһыннаах хаппахчыга

Ньыкаа Куо санааргыыр,

Нохтолоох сүрэҕэ ытыыр.

– Аанай-туонай да эбит!

Буруйдаахпын, буруйдааахпын,

Албын тылга кииринэммин

Сулустарга аналлаахпын

Итэҕэйэ сыспыппын!

Мэлдьи күннээх, мэлдьи көрдөөх

Дойду баарын билэммин,

Кимэр кэмтэн көмүскүөхтээх

Алып баарын ылынаммын —

Үйэлэри өтөрү

Кэрэ киэппин киэргэтээри,

Күнү-дьылы курдары

Улам тупсан иһээри,

Кырдьар диэни кыайаары,

Тапталынан сайаары —

Ыый-ыый, аай-аай!

Хаарыаннаахай доҕоччукпун

Хомоппуттаах эбиппин!

Киҥир-хаҥыр саҥарсан,

Кыһайан туран кыҥкыйдаан,

Куттаан туран куйбаҥнааан —

Ыый-ыый, аай-аай!

Санаан ылбыт эбиппин:

Суойар сулус хотуҥҥа

Тэҥнээччилэр элбэхтэр,

Хаҥыл хайҕал халлааҥҥа

Ыҥырааччы дьон бэртэр!

Ыый-ыый, аай-аай!

Хайа, албын буолаарай,

Дьэргэлгэн мэлдьэһээрэй?

Халлааан тымныы түһэҕиттэн

Кимнээх буолан быыһаныамый,

Улуу куйаар түгэҕиттэн

Аны хаһан кэлиэмий —

Орто дойдум киэлитигэр,

Дьонум-сэргэм кэккэтигэр?

Эллэй боотур быыһыа дуо,

Муҥ сатаатар, саныа дуо?

***

Дьэ, нохолоор, билбэппин

Кийиит кыыс кыһалҕатын,

Кырдьыгын да сирбэппин,

Дьоҕойонун да сиилээбэппин.    

Оттон Эллэй иэдэйдэ,

Букатын да буорайда!

Хабырынар, хаһыытыыр,

Халлаан диэки халаатыыр!

Эр киһиэхэ маннык быһыы

Төһө сөптөөх диигитий,

Былдьаппыттан тахсар кыһыы

Эри хайдах сииһиний?

Эчикийэ суох, истиҥ,

Сипсийээччи баар миэхэ,

Баары баарынан истэн

Кэпсиир быһыым эһиэхэ.

Ол да буоллар толкуйа

Ырааҕынан бадахтаах,

Ытаан-соҥоон сымыйа

Суолу баппат туруктаах.

Түүн буолла.

Түгэн кэллэ.

Эллэй турда, куйах кэттэ,

Кылыс биитин сытыылаата,

Соноҕоһун баран тутта,

Чараҥ устун сатыылаата —

Тыаһаабакка, күлүк курдук,

Көстүбэккэ, күдэн курдук.   

***

Омоҕой ордуутун чугаһа.

Соноҕос оноҕос курдуга.

Уол оҕо өрөгөйө,

Уйана-хатана, өргөһө

Ыппыт охтуу суолугар,

Кылыс сойбут уотугар!

Ол эрэн, доҕоттоор, ол эрэн!

Киһи муҥнаах сабаҕалыыр,

Дьылҕа хаан дьаарыстыыр!

Уй салгын ханнык хаттыгыттан,

Кэм-кэрдии ханнык кэриититтэн

Тахсыбыта биллибэтэ,

Күөрэйбитэ көстүбэтэ —

Аарыма бэйэлээх сур бөрө

Соноҕос суолун күөйэ көттө,

Сэҥийэтин сыыһа-халты

Хабыалаан туора бурайта!

Эллэй Боотур миҥэтин

Холоруктуу эргитэр,

Ойуу-мандар туос сириэһин

Ура´аҕа салайар —

Кылыс сойбут уота тиллэр

Сур бөрөҕө күөтэһэр[1].

Ону баара, салгын ханнык

Хаттыгынан хаадьыйара,

Түһүмэх түгэн оннук-маннык

Түһэҕинэн халыйара —

Биллибэт, көстүбэт,

Соноҕоһу да ыыппат.

Эллэй сиргэ силлээтэ,

Сатыылыырга турунна.

Күлүк курдук күлүкүйдэ,

Күдэн курдук күдээрийдэ —

Хатыҥ чараҥ ону сабар,

Бөлкөй талах бүрүйэр…

Ол эрэн, доҕоттоор, ол эрэн!

Киһи муҥнаах сабаҕалыыр,

Дьылҕа хаан дьаарыстыыр.

Айыылар - Исторический

Оок-сиэ! Тугуй бу!

Туох ааттаахха кэтилинним,

Тымныы салгын эркин курдук

Тыылбытыгар иҥинним!

Эллэй иннигэр турара

Баараҕай Баатылы кырдьаҕас:

– Уоскуй эрэ, уохта хараа,   

Барар сириҥ кыараҕас —

Бата сатыах иннинэ

Толкуйдуохха баар этэ,

Ханна баарый кэскил иннэ?

Көрүнүөххэ бэрт этэ.

Харах-көс тардыыта далаҥҥа

Кистэлэҥ буолбатах бар дьоҥҥо

Омоҕой тойоҥҥо күтүөттүөх,

Соргутун кыстыгын күөдьүтүөх, —

Эн бааргын бу Орто Дойдуга,

Саханы үксэтэр соргуга!

Умнума!

Халлааҥҥа суруллар кэс тылы

Үөһэттэн этитэр — ол дьоллоох,

Иннигэр кэтэһэр кэскили

Эн бэйэҥ тутарыҥ хайҕаллаах.

Ол эрэн, баҕардар, айыылар,

Дьон төрдө буолуохтаах диэтэллэр,

Үс саха удьуордаан айыллар

Аалайын тосхойон биэрдэллэр!

Хоруйдаах хомуһун хомунан

Албастаах алгыһы алкынар,

Туҥаттыыр сарыалга сандааран

Хоп тылы халлааҥҥа таһаарар, —

Айхаллаах Сайсары эбэбит

Оһох сир буоларын билэбит:

Тоҕус түүн, тоҕус күн буолуоҕа,

Эйиэхэ сүбэ тыл түһүөҕэ —

Кэтэһээр-манаһаар, тыл этээр,

Болҕойон салгыны иһиллээр.

Баҕардар, айыылар түстүннэр,

Баҕардар, дьаһаллаах буоллуннар…

***

Айыылар - Исторический

Кэм-кэрдии аастыйбыт күлүгүн

Көрүнэр Сайсары күөлүгэр,

Былыргы быһылаан ис дьиҥин

Сөҥөрдөр хараҥа түгэҕэр:

Бар дьоҥҥо ананар кырдьыга –

Номоххо иҥэрэр сырдыга.

Алтан ый сөп-сөрүүн силигэ,

Үрүҥ түүн үп-үрүҥ үллүгэ

Үрүмэ былыттыы түспүтэ,

Күдээрэр күүгэннии көппүтэ.

Хоп-хойуу тунал дуу,

Үүт-сүөгэй илгэ дуу…

Сып-сылаас күөгэҥнэс биһиккэ

Нуктуурун кэриэтэ аан дойду,

Олохпут өлүүлүүн тиһигэ

Манныга эбитэ үһү дуу, —

Хараҥа да диэбэт бүдүгүҥ,

Сырдык да диэбэт күлүгүҥ.

Ол оннук дьиктилээх намыыҥҥа

Көрбүтэ Эллэй эр кинини,

Былыттыы устаҥныыр салгыҥҥа

Тыаһа суох долгуйар көстүүнү:

Ый сойбут сиэлиттэн тутуһан

Айыыһыт айгыстан түспүтүн.

Арыалдьыт кыталык кыргыттар

Кырдалы кыйыалыы көппөттөр,

Хоҥкунас тойугу тарпаттар,

Туккуулуу хонууга түспэттэр, —

Тапталы тарҕатар Айыыһыт,

Ардыгар кистэлэҥ кэлээччи,

Тапталым эбит диэн талыыгыт

Кинини долгуппат буолааччы.

– Эллэй эр, — сипсийэр Айыыһыт, —

Бэйэҕит билэҕит, хайыыгыт?

Мин биири бигэтик билэбин,

Ол ону эйиэхэ этэбин.

Таптал диэн кур ойуур умайар

Туохтан да иҥнибэт күдэҕэ,

Ол диэки бардын диэн салайар

Ардыгар кыаллыбат буоллаҕа…

Ол эрэн,

Уот турбут сиригэр күөх ойуур

Курунньук оннугар туруохтаах,

Куруҥу күөҕүнэн солбуйуу

Айыыгыт анала буолуохтаах.

Ол эрэн, доҕоччуок, ол эрэн,

Санньыарбын эйиэхэ тиэрдэбин:

Ньыкаа кыыс хараҕын мин көрөн

Күлүкпүн көрбөппүн этэбин!

Айыыһыт этэрин эттэ да

Тунаарар тумаҥҥа умуста.

Соҕотох туруйа хаһыыта

Саҕахха лоҥкунуу ыраатта…

***

Ардыгар, киһи хараҕа арыллар
Ардыгар, өйө тобуллар,

Ардыгар, өтө көрөр, сэрэйэр,

Ол аата туох эрэ имнэнэр:

   – Айыыһыт хотунум, тылларыҥ

Сүрэхпэр тоһоҕо буоллулар,

Тапталым сыгынньах умнаһын

Хаарыйар хаһыҥныы суойдулар, —

Мин өйбөр-санаабар, сүрэхпэр,

Дьон төрдө буолуохтаах күрэхпэр.

Бу орто дойдуга дьон-сэргэ

Быстыбат дьылҕатын тиһигэ, —

Кыыс-аймах хараҕын сырдыга

Буоллаҕа Айыыһыт күлүгэ.

Тырымнас харахтар уоттара,

Эбэтэр тэбэнэт кыымнара,

Килбик кыыс ис киирбэх мичилэ,

Эбэтэр санньыарын кистэлэ, —

Барыта Айыыһыт аатыттан,

Барыта Айыыһыт баарыттан!

Ол кини күлүгүн көрбөтөх!

Ол аата, Ньыкаа кыыс сардаҥа

Сыдьаайдаах кэриэтин сырдыга

Удьуорун уоттара буолбатах.

Удьуорун уоттара буолбатах, —

Айыыһыт күлүгүн көрбөтөх…

/Салгыыта тахсыаҕа/


[1] Күөтэһэр — охсуһарга сорунар, оҥостор.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: