Yakutians.com

Новости Якутии

Судаарыстыбаннай тылы судаарыстыба сайыннарыахтаах!

Ийэ тыл күнэ, этэргэ дылы, этэҥҥэ ааста. Сыллата буоларын курдук. Өрө көтөҕүллүүлээхтик уонна сүөм түһүүлээхтик. Өрөйөн-чөрөйөн туран хоһоон аахтыбыт, эттибит-тыынныбыт, “оннук буолуохтаах” дэстибит, күө-дьаа буоллубут. Ону кытта туох да уларыйбатын өссө төгүл өйдөөтүбүт уонна “төрүт эйгэбитигэр”, ол эбэтэр нууччалыы тыллаах эйгэҕэ төттөрү түстүбүт. Тэлэбиисэргэ, интернеккэ, дьыла-куолу суругар-бичигэр.

В Якутии появятся пять лабораторий искусственного интеллекта и виртуальной  реальности

Тыл тыыннаах сылдьар биир эрэ усулуобуйалаах – олоххо-дьаһахха ирдэниллэр буолуохтаах. Нууччаттан сахатыйбыт “наада” диэн тылы туттар буоллахха, наадалаах эрэ буоллаҕына. Бырастыы гыныҥ, наадата суох тыл туохха наадалаах буолуоҕай!

Былыр аайдаан-айаатаан ааспыт Рим империятын тыла – өлүктүйбүт латынь. Күннээҕи олоххо туттуллубат, “романныы” тыллаахтар майгынныыр эрэ тылларынан саҥараллар. Билиҥҥи итальянецтар, биһиги билэр молдаваннарбыт…

Ол да буоллар, бу өлүктүйбүт тыл наадалаах эйгэтигэр билигин да тыыннааҕын билэбит. Холобур, медицинаҕа. Наадалаах, ол иһин туттуллар, ол иһин тыыннаах.

Учите латынь... | Пикабу

Ону кытта Сибэтиэй бөрөстүөлгэ – Рим паапатын тулатыгар. Таҥара үөрэҕинэн эрэ дьарыктанар дьоҥҥо наадалаах тыл. Ватикан судаарыстыбаннай тыла. Быһата, эйгэлэрэ оннук.

Былыргы славян тыла. Славян сыаркыбатын тыла. Сорохтор старославянскай уонна церковнославянскай тыллары тус туһунан тыллар дииллэр эрээри, ити өттүнэн анал үөрэхтээх дьон “көрүлээтиннэр” – биһиэхэ хайата да биир. Кылаабынайа, билигин да тыыннаах. Тоҕо диэтэххэ, православие диэн ааттанар таҥара үөрэҕэр наадалаах.

Иврит. Бу иудаизм үөрэҕэр эрэ ордон хаалбыт, эмиэ өлүктүйбүт түҥ былыргы еврей тылын аныгы олоххо-дьаһахха сөп түбэһиннэрии түмүгэр таҥыллыбыт тыл. Эмиэ таҥара үөрэҕэр (Ветхий Завет – Танах) наадалаах буолан баччаҕа кэлбит.

Онон тыл күннээҕи олоххо эбэтэр туһааннаах эйгэтигэр наадалаах эрэ буоллаҕына тыыннаах ордор, ону таһынан сайдар кыахтаах.

Күн бүгүн биһиэхэ тылбыт сайдарыгар уопсастыбаннас эрэ баҕатыйар курдук. Кимнээх эрэ түмсэн тиэрминнэри толкуйдуу сатыыллар. Биһиги толкуйдаабыппыт дьон саҥара үөрэннэҕинэ олоххо киириэ диэн буолар. Ол эрэн, ол олоххо киириэр диэри “сүүс тыһыынча” саҥа тиэрмин киириэ эбээт! Аныгы олох тэтимэ оннук.

Умнумаҥ, буржуазия диктатуратыгар олоробут. Арай сэбиэскэй былаас саҕана наадалаах буоллун, наадата суох буоллун, тылы барытын сайыннара сатыыллар этэ. Молдаван дьахтара эппитигэр дылы, биһиги суруйааччыларбытын, киинэлэрбитин аан дойду үрдүнэн билэллэрэ, оттон билигин ким билэрий? Дагестантан тыһыынча кэриҥэ киһи саҥарар норуотуттан бэйээт үөскэтээри Литературнай институкка үөрэтэллэрэ, кинигэтин араас тылга тылбаастыыллара. Саха олоҥхотун нууччалыы тылбаастаан аудио-пластинкалаах аарыма кинигэ таһаарбыттара. Билигин суох – конкуренция! Наадата суох тыл – өлөр.

Дьиҥэ, бу хайысханы судаарыстыба сүрүннүөхтээх. Уопсастыбаны алы гынар тэрээһиннэринэн эрэ буолбатах. Онуоха “үнүстүрүмүөнэ” элбэх, холобур, судаарыстыбаннай “тыл үнүстүтүүтэ” баар буолбатах дуо? Ойуунускай төрүттэспит “үнүстүтүүтэ”.

Тылбыт судаарыстыбаннай. Тахсар ыйаахтары, уураахтары  сахалыы тылбаастыыллар. Онон судаарыстыбаннайын “кырааската” бүтэр

Аныгы киһи күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын эйгэтэ докумуоннарга олоҕурар. Ол эбэтэр, судаарыстыбаннай дьыала-куолу эйгэтэ. Ол киһиэхэ наадалаах дуо? Наадалаах эрээри, биһиэхэ суох.

Соруйан суох гынар курдукпут – сахалыы дьыаланы-куолуну оҥорбоппут. (Дьыала-куолу тылын туһунан манна ааҕыҥ: http://yakutians.com/ije-tylbyt-ichchileehtik-i%d2%bbillerin-tu%d2%bbugar/)

Эмиэ да сөп курдук. Холобур, соҕуруунан эргийэр докумуон нууччалыы буолара наада, ону тылбаастыыр, ону төттөрү-таары илии баттатар тайылҕана бэрт курдук. Ороскуота да улаатар. Аны туран, хайдах тылбаастаныа биллибэт – олоҕурбут, судаарыстыбанан бигэргэммит истиил суох быһыылаах.

Якутск | В «Мои Документы» работает искусственный интеллект. Он изучает якутский  язык - БезФормата

Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, барыта Ил Түмэнтэн саҕаланыахтаах этэ. Тоҕо? Дьон-сэргэ ыра санаатын норуот дьокутааттара олоххо киллэрэргэ дьулуспат буоллахтарына, ким онуоха дьулуһуой!

Ил Түмэн хара маҥнайгыттан сахалыыны уонна нууччалыыны тэҥҥэ тутан саҕалаабыта буоллар, сахалыы дьыала-куолу билигин олоххо киирбит буолуон сөп этэ. Саха дьокутааттара сахалыы, нуучча дьокутааттара нууччалыы тыл этэн саҕалаабыт буоллуннар… Ону баара, биир да дьокутаат сахалыы тыл эппэт буоллаҕына, ким наадыйыаҕай?

Биллэн турар, ыарахан буолуо этэ эрээри, ийэ тылбыт кэскилэ диэн мэнэрийбэт эрэ буоллахпытына, дьиҥэ, кыаллар суол. Ол курдук, бэл, университекка тылбаасчыттары бэлэмниир буолбуттарын курдук өйдүүбүн. Син ыраатта эрээри, тыл этээччини кытта тэҥҥэ тылбаастыыр (синхронный перевод) кыахтаах ыччат дьон олоҥхоһут омуктан төрөөн-үөскээн тахсыбатахтара хомолтолоох. Ол аата улаханнык наадыйбат буоллахпыт.

Докумуоннар сурукка тылбаастаммыттара даҕаны киһи дэбигис өйдөөбөтүн курдук ыарахан дуу, бүтэй дуу буолар. Дьону да баалаан, докумуон тылын стилистиката суох. Литэрэтиирэ тыла баар, кэпсэтии тыла баар, оттон докумуон тыла – суох. Учуонайдарбыт үлэлээбэтэх буолан тахсаллар.

Онон судаарыстыбаннай тылбыт сайдарыгар судаарыстыбаннай былаас, хомойуох иһин, улаханы оҥорбото диирбитигэр тиийэбит.

Уопсастыбаннас, биллэн турар, куолулуурга уонна куолуурга хаһан баҕарар бэлэм. Туһата кыра.

Бүтэһик суол баар – саха тылын эйгэтин үөскэтэргэ.

Леонид Владимиров саамай сөпкө этэр: “Таба баар сиригэр эбэҥки тыла баар, суох сиригэр суох. Ол курдук, сылгы баар буоллаҕына, саха тыла баар буолуоҕа”. (http://yakutians.com/leonid-vladimirov-tymnyylyyn-alty%d2%bbyy-uonna-naczionalnaj-toshol/)

Саха барыта куоракка симилиннэҕинэ, сылгыбыт куорат бөҕүн “хаһан аһыыр” буоллаҕына, саха тыла саараама сайдыа суоҕа!

Биллэн турар, куоракка сахалыы оскуоланы туруорсуу хайаан да наадалаах. Ол эрэн, көнөтүнэн этиэххэ наада – куоракка саха эйгэтэ суох. Онон саха тыла кэхтэр эрэ кэскиллээх. Бэл, улуустар кииннэригэр оннук буолан эрэр.

narod4 - YakutskHistory

Саха тылын сайыннарыыга киһи барыта бэйэтин “үрдэлиттэн” дьарыктаныах кэриҥнээх. Судаарыстыба судаарыстыбаннай тылы дьыала-куолу, дакылаат тылыгар киллэриэхтээх, учуонайдар сахалыы дьыала-куолу орфографиятын уонна стилистикатын сайыннарыыга, тиэрминнэри оҥорууга үлэлиэхтээхтэр. Оттон хас биирдии киһи бэйэтин дьиэтигэр-уотугар сахалыы эйгэ үөскүүрүн ситиһэ сатыахтаах.

Ыччаты иитии инники күөҥҥэ тахсыах тустаах. Ону эмиэ судаарыстыба сүрүннүүрэ наада. Ол курдук, “элиитэ оскуолаларын” куоракка буолбакка, тыа улуустарыгар арыйыахха баара. Бэйэҕит санаан көрүҥ, саха эйгэтэ суох сиригэр “саха элиитэтин” үөскэтиэххэ сөп дуо?

Ийэ тыл күнэ этэҥҥэ ааста. Саха тылын саргытын туһугар этии-тыыныы, бука, эһиилгэ диэри уҕарыйара буолуо. Онон биир-икки хоһоону үөрэтэргэ болдьох баар. Сааһырбыт дьоҥҥо туһалаах дииллэр – түҥ хааһах буола түөһэйэн хаалбат туһугар…

Суҥхарда, сурукка тистэ – СУР.  

Поделиться
%d такие блоггеры, как: