Yakutians.com

Новости Якутии

Судаарыстыба жоқ эбит…

Сэбиэскэй сойуус тобоҕуттан үөскээбит республикалар бука бары төттөрү түспүттэрэ чахчы. Хапытаал тутулун көтөн быһалыы социализмҥа тиийбит норуоттар ССРС сууллубутун кэнниттэн ханна төннүөхтэрэй? Биллэн турар, төрөөбүт-үөскээбит феодализмнарыгар.

Килэйбит-халайбыт киин куораттары, сайдыылаах, харчы эргийэр уобаластарын көрөр наадата суох.

Аҕыйах сыллааҕыта күн сириттэн күрэммит үөлээннээҕим Казахстан соҕуруу өттүгэр баар Туркестан куорат университетын кытта үлэлэһэрэ. Николай Васильев – саха саҥалаах үксэ билэр учуонайа Дьаргыстай бииргэ төрөөбүт инитэ. Эмиэ хамсатыылаах сырыылаах, билиилээх-көрүүлээх, туһунан өйдөөх-санаалаах киһи этэ…

Казахстаны хайгыырын хайгыыр этэ даҕаны, биирдэ кыра-хара дьон хайдах олорорун ыйыппыппар эппитэ: “Кырдьыга баара, олус дьадаҥытык олороллор. “Средневековье” буоллаҕа” – диэн эгилитэ-бугулута суох эппитэ.

Кыргыстаны этэр этибит – судаарыстыбаннастарын кыайан тутумаары гыннылар диэн. “Хас сарсыарда аайы” былааһы суулларар буоллахтарына судаарыстыба үһү дуо, санаан да көрдөххө!

Субу буолан ааспыт айдаан-майдаан Казахстаҥҥа даҕаны судаарыстыба суоҕун кэриэтэ эбитин көрдөрдө.

Санаан көрүҥ, ханна судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин ый-хай дьон халыырый? Полиция дьиэлэрин? Аэропорт курдук стратегическай суолталаах тэрилтэлэри?

Биллэн турар, судаарыстыба сыта да суох сиригэр!

“Куһаҕантан ас таһаарыммыт” диэбиккэ дылы президент Токаев түгэнинэн туһанан Назарбаевтан букатыннаахтык босхолонно. Ол кырдьаҕас кыргыттарын кытта кыраныысса таһыгар күрэннэ диэн суруйаллар. Ханна барбыттарын чопчулаабаттар. Эмиэ да Белоруссия президенэ Лукашенконы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэппит диэн баар. Онон тыыннаах ини диэххэ.

Дьон-сэргэ мээнэҕэ уулуссаҕа тахсыбат. Биллэн турар, сыанан-арыынан аҕаабат олох кыһайар диэххэ сөп эрээри, Ливия диэн “хомуньууһум” кэриэтэ олохтоох судаарыстыбаны санааҥ… Киһи кыраттан ыттыйар айылгытын. Ливиецтар аччыктаан Муаммар Каддафи курдук баһылыктарын күрүлүүр күнүс күүһүлээн өлөрбүттэр үһү дуо? Суох, аһары тотон, үлэлээбэккэ эрэ “эбисийээнэҕэ кубулуйан”. Ол дойдуга миграннар эрэ үлэлииллэр диэн этэ.  

Эбисийээнэ үлэлээн киһигэ кубулуйбутун билбэппин эрээри, үлэтэ суох киһи бэрт түргэнник “төннөрө” чуолкай.

Кылаабынайа, дьон уулуссаҕа тахсыан наада. Онтон атына – үгүстэ үөрэтиллибит, элбэхтэ эрчийиллибит технология. Бу да сырыыга оннук буолла – гаас сыаната сарсыныгар умнулунна. Инники күөҥҥэ букатын атын ирдэбиллэр таҕыстылар. “Политическай” диэн ааттанар ирдэбиллэр. Холобур, Сэбиэскэй сойуус састаабыгар олорбут кэммитин “оккупация” курдук сыаналыырга диэн… Боростуой бараан кутуругун эрийээччигэ бу наада дуо?

Мээнэҕэ буолбатах. Санаан көрүҥ, интернет ситимигэр сорох казахтар, холобур, Алия Молдагулованы “казах норуотун таҥнарыахсыта” диир буолбуттара ыраатта. “Сорос учуобунньуктарын” содула. Назарбаев бэйэтэ ииппит айата бэйэтин умсарда.

Факты, которые вы могли не знать об Алие Молдагуловой
Бу мэҥэ таас суулларыллыбыт буолуо этэ…

Өйдүүр инигит, Лукашенко, билигин эмэһэтигэр бүк түспүтүн аайы, Казахстаҥҥа тиийэн туох диэтэ этэй? “Аҕа дойду сэриитэ биһиги сэриибит буолбатах этэ”. Белорустар, казахтар муҥнаахтар нууччалар уонна ньиэмэстэр сэриилэригэр иэдэйбиппит диир быһыыта. Тоҕо инньэ диирий? Биллэн турар, казахтарга, бастатан туран Назарбаевка сөбүлэтээри!

Онон “хойгур хомуньуус” Назарбаев үтүө аатын, үлэлээбит үйэтин бэйэтэ сотон таһаарда. Баһаалыста дыраастый, илиигин баттаа!

Кимнээххэ албыннаһан сордоммутай? “Многовекторнай сайдыыбыт” туохха тириэртэ? Кытайтан тарҕаммыт коронавирус, баҕар, АХШ Казахстаҥҥа үлэлиир икки биологическай лабораторияларыттан биирдэстэригэр оҥоһуллубута буолуо – хантан билэҕин? “Янкиларга” далай акаары эрэ албыннаһар баҕайыта, кинитээҕэр буолуоҕу үрдүнэн үктээн ааспыттара.

Участники беспорядков в Казахстане поставили силовиков на колени | Новости  | Известия | 07.01.2022
“Буойуттар” тобуктаан тураллар. Кими көмүскүөх дьонуй…
В Казахстане протестующие захватили полицейских и поставили на колени | ИА  Красная Весна

Биллэн турар, Казахстан айдааныгар американецтар чопчу буруйдаахтар диир сатаммат. Яков Кедми этэринии, бу араллааны туһана сатаабыт күүс элбэх.

Биир чопчу биллэр: Казахстан былаастара тугунан да сууллубат буруйдаахтар!

Тоҕо диэтэххэ, судаарыстыба биир эрэ аналлаах – норуотун ис уонна тас өстөөхтөн, хоргуйууттан, ыарыыттан-дьаҥтан көмүскээһин. Онтон атына сүрүн сорукка сыһыарыы эрэ буолар.

Араллаан Казахстан дьоно туох да көмүскэлэ суоҕун көрдөрдө. Биир эдэр дьахтар ытыы турара баара: акаарыбар уулуссаҕа тахсыбыт дьоҥҥо көмөлөспүтүм, аһылыгынан, уунан хааччыйбытым да, тугу да ордорбокко халаатылар диэн. Урбаанын саҥаттан тэринэригэр көмө көрүллүө дуо?

Эмсэҕэлээбит кини эрэ буолбатаҕа өйдөнөр. Оттон алҕас, туох да туһата суох киирэн биэрэн суорума суолламмыттар тустарынан этэ да барыллыбат.

Оттон куһаҕанын талан эттэххэ, арай, Путин ИГИЛ (Арассыыйаҕа бобуулаах) сэриилэрин ыраах Сирияҕа “муостарын-туйахтарын тонооботох” буоллун, арай, Сирияны бас билбит, күүһүрбүт-уоҕурбут буоллуннар? Онно хам-бааччы олоруо этилэр дуо? Бука, Казахстан, Кыргыстан курдук “көҥдөй көҕүс” судаарыстыбалары “хаардыы хаамыа”, “халифаттарыгар” холбуо этилэр. Дьэ, көөчөөн көрө саҕаланыахтааҕа…

Даҕатан эттэххэ, Назарбаев түөкүн өйүн өйдөөх, хаһан эрэ маннык буолуоҕун билэр буолан Евразия сойууһун, ону көмүскүүр ОДКБ (Организация Договора о коллективной безопасности) тэрийэри туруорустаҕа. Ол суоҕа буоллар, бука, Казахстан судаарыстыбата лаппа айгырыыра хаалла.

Манна диэн эттэххэ, Орто Азия судаарыстыбалара бары даҕаны маннык кутталга олороллор. Онон Казахстан көрдөһүүтүн, этэргэ дылы, үөрүүнэн толордулар. Сарсын бэйэлэрэ көрдөһөр күннэрэ үүнүөн сөп эбээт.

Суолласта – СУР.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: