Тен Дианна хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олохтоох кэриэй омук дьоно Илиҥҥи Саҥа дьылы бэлиэтээтилэр.
Биллэр общественник Владимир Ю көҕүлээһининэн, “Саха кэриэйдэрэ” түмсүү бу тэрээһиҥҥэ аан бастаан кытынна. Сонун, сэргэх тэрээһини сүрэхпитигэр чугастык ылынан кытынныбыт. Өбүгэ үгэһэ хайа баҕарар омук дьонугар суоруллубат сокуон, кэһиллибэт кэриэс буолан эрдэҕэ.
Кэриэй сиригэр бу бэлиэ түгэни хас эмэ сүүһүнэн сыллар усталарыгар бэлиэтииллэр. Ол үгэс өбүгэ дьоҥҥо сүгүрүйүүнү, аҕа саастаах дьоҥҥо ытыктабылы, ыччат дьоҥҥо тапталы түстүүр. Сиэрдээх үгэс хайа да түгэҥҥэ, хайа да кэмҥэ олох ирдэбилэ.
Арҕааттан аргыйар аргыар сиэри-майгыны алдьатар, түктэри быһыыны-майгыны соҥнуур буоллаҕына, ИЛИН диэкиттэн илгийэр ичигэс салгын эҕэрдэтэ эйэлээх буоллун, өбүгэ үгэһэ үйэлэргэ туругурдун!
Похожие новости
Политолог объяснил отмену второго «саммита мира» по Украине
Пошли последние сутки Космической недели…
В Якутске после капремонта выпучился и потрескался многоквартирный дом