Чурапчы улууһун Одьулуунуттан төрүттээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна Семен Никитич Яковлев бүлүүлэр күтүөттэрэ. Семен Яковлев 1987 сыллаахха Благовещенскайдааҕы мединституту бүтэрэн Бүлүүгэ ананан кэлиэҕиттэн медицинскэй социальнай экспертнэй хамыыһыйаҕа (МСЭК) үлэлээбитэ.
Бэйэтэ сэрии кыттыылааҕын оҕото МСЭК кылаабынай бырааһынан үлэлиир кэмигэр Бүлүүгэ сэрии бэтэрээннэрэ инбэлииккэ тахсан чэпчэтиилэринэн туһаналларыгар элбэх үтүөнү оҥорбут киһинэн буолар. Кини сэрии бэтэрээннэрин тыыннаахтарыгар элбэх махтал тылларын истибитэ.
МСЭК үлэтин ис хоһооно диэн ыараханнык ыалдьар дьону экспертизаҕа олоҕуран хамыыһыйанан инбэлииккэ таһаарыы буолар. Семен Яковлев ити үлэтиттэн ордон сэрии кыттыылааҕын оҕотун быһыытынан бэтэрээннэргэ улахан болҕомтотун уурара.
Ол саҕана хаан тохтуулаах кыргыһыыларга бааһырбыт бэтэрээннэр ортолоругар сэрии инбэлиитэ суоҕун кэриэтэ этэ. Семен Яковвлев сэрии бэтэрээннэрин сирэй көрсөн олорон ханна бааһырбыттарын, ханнык байыаннай чааска сулууспалаабыттарын, госпиталларга эмтэммиттэрин сураһан сурунан иһэрэ.
Бэтэрээннэри инбэлииккэ таһаараары ССКП райкома, Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ, военкомат ыйытыыларыгар уу чуумпу, эппиэт кэлбэт этэ. МСЭК кылаабынай бырааһа Ленинградка үөрэҕин үрдэтинэ таарыйа, Байыанннай-медицинскэй музейга сэттэ төгүл баран архыыбы хасыһан наадалаах докумуоннары булбут. ССРС-ка соҕотох музейга мээнэ киллэрбэт этилэр, бэрт уһун кэпсэтии, сөбүлэһии кэннэ киирэрэ. Сэрии кыттыылаахтара ханнык госпитальга сыппыттарын, бааһырбыттарын туһунан докумуоннар бүтүн Сойуус үрдүнэн ити эрэ музейга бааллара.
Кини Москубаҕа кииннээх элбэх тэрилтэлэри кытта суруйсара, сылдьара. Подольскайга баар сэрии архыыбыгар тиийэн үлэлиирэ. Архыыптартан сэрии кыттыылаахтара бааһырбыт эбэтэр босуобуйа ылбыт докумуоннарын булааттаан үөрэрэ.
Арҕаа фроҥҥа, Японияны кытта сэриигэ, билиэҥҥэ сылдьыбыт 19 сэрии бэтэрээннэрин архыыпка бааһырбыттарын туоһулуур докумуоннарын булан, сэрии инбэлииттэригэр таһаартаабыта.
Итиниик үлэ түмүгэр сэрии бэтэрээннэрэ икки бүк үрдүк биэнсийэни ылар буолбуттар, дьиэ ылбыттар, араас чэпчэтиилэринэн туһаммыттар, кинилэргэ уонна инбэлииттэргэ 22 “Ока” массыына ананара ситиһиллибит. Булуллубут докумуоннарга олоҕуран сэрии инбэлииттэрин огдооболоро эмиэ чэпчэтиилэринэн туһаммыттар, бары таас дьиэлэммиттэр.
– Сэрии бэтэрээннэрэ барахсаттар махталлара элбэҕэ. Сэбиэскэй Сойуус Геройа Николай Саввич Степанов биһиэхэ махтанан киһи өйүгэр-санаатыгар хаалар гына суруйбут этэ.
Докумуоннары көрдүүргэ, инбэлииккэ таһаарыыга Бүлүү оройуонун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Иннокентьевич Николаев, Биэнсийэ пуондатын Бүлүүтээҕи управлениетын салайааччыта Василий Егорович Николаев, үлэһиттэрэ Светлана Васильевна Чиряева, Людмила Николаевна Никифорова күүс-көмө буолбуттара.
Саппаас полковнига Афанасий Иннокентьевич Николаев Саха сирин бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр, Өлүөнэ остуолбаларыгар сырыы кэннэ, атын улуустарга итинник үлэ барбатаҕын, сэрии бэтэрээннэрэ тыыннаахтарыгар инбэлииккэ тахсыбакка чэпчэтиилэринэн туһамматахтарын курутуйан кэпсиирэ, – диэн ахтар Семен Яковлев.
Бүлүү оройуонугар МСЭК бырааһынан үлэлээбит, сэрии бэтэрээнин оҕото Семен Никитич Яковлев билигин Бүлүү куоратыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кини бэйэтин баҕатынан, дьаныһан туран докумуоннары булан элбэх сэрии кыттыылаахтарын олохторун тиһэх сылларын чэпчэппитэ.
Николай КУПРИЯНОВ.
Похожие новости
Пробирался с ранением по минному полю: житель Якутии Родимир Максимов стал Героем России
Саха судаарыстыбаннаһа уонна кэриэйдэр
В России решили проверить жертв советских политических репрессий