Суруйда: СУР.
Быыбардар тигинээн аастылар, барыта этэҥҥэ. “Биир ньыгыл Арассыыйа” ылыахтааҕын холкутук ылла.
Холобур, социальнай ситимнэри “таҥнары мииммит” “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа бэрэстэбиитэллэрэ: “Единая Россия – полный провал” – диэн дьону итэҕэтэ сатаатылар да, хайдах да эргит, былаас баартыйата баар мандаат 75,2 %-нын ылла. Оттон “Сиэрдээх Арассыыйа” өлүүтэ – 1,96 %. Дьэ, хата, бу буолаарай, “провал” курдук “провал”? КПРФ 2,3 %-нын ытыра сытар. ЛДПР уонна “Родина” бырыһыан кэриҥэ мандааттаахтар. Сүүрбэччэ бырыһыаны баартыйата суохтар ыллылар. Бу дьон үксэ былаас баартыйатыгар сысталлара саарбахтаммат.
Талыллыбыт баһылыктары “ынахтыы” ааҕар буоллахха, тоҕус улуус баһылыгыттан алтата “Биир ньыгыл Арассыыйа” саллааттара, иккитэ “Биир ныьыгыл Арассыыйаны” өйөөччүлэр, биир “сиэрдээх”.
Легитимность диэн өйдөбүл баар – норуот былааһы (баһылыгы, баартыйаны, сокуону) кытта сөпсөһүүтэ. Ол эбэтэр, төһөнөн элбэх дьон куолаһын (итэҕэлин) ылаҕын да, оччонон легитимнэй буолаҕын.
Дьэ, легитимность өттүнэн баартыйалар хайдах эбиттэрий?
“Сиэрдээхтэр” да биир баһылыктаахтар (Орто Халыма), лдпр-дар да биир баһылыктаахтар (Нерюнгри куората). Онон Саха сиригэр ЛДПР уонна СР тэҥ баайыылаах баартыйалар диэххэ сөп. Биирдэрэ сахаларга, биирдэрэ нууччаларга биир-икки бырыһыан куоластаахтар.
Киһи соһуйуоҕа-өмүрүөҕэ биир эрэ түгэн баар: Үөһээ Бүлүү улууһугар “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бэрэстэбиитэлэ Владимир Поскачин куоластааччы 94 %-нын ылла.
Дьэ, бу үйэҕэ дьон-сэргэ итэҕэлин ылар баһылык баар эбит, бу орто дойдуга! Ол эбэтэр, Владимир Поскачин Саха сиригэр саамай легитимнэй баһылык буолар.
Итинник үрдүк итэҕэли ылбыт баһылык муниципальнай тэриллиилэргэ бүтүн Арассыыйа үрдүнэн баара биллибэт. Арай субъектар баһылыктарын ортотугар Рамзан Кадыров баар. Чеченнэр түмсүүлээхтэрэ уруккуттан биллэр.
Дьэ, үөһээ бүлүүлэр баһылыктарын тоҕо итинник өрө туталларый? Тоҕо Орто Халыма хайа охсубут аҥаарынан арахсарый, оттон Үөһээ Бүлүү тоҕо биир ньыгыл түмсүүлээҕий? Үөһээ Бүлүү, дьиҥэ баара, “сиэрдээх” баартыйа атыырдаатар атыыра Федот Тумусов дойдута эбээт.
Тоҕо диэтэххэ, Владимир Поскачин хара маҥнайгыттан дьону түмэргэ үлэлиир. Хара талыллыаҕыттан дьаһалтатын “эн миигин утарбытыҥ”, “эн атын баартыйа киһитэҕин”, “эн сиэрэйгин”, “эн буурайгын” диэн киэр тибиирбэккэ-тыбыырбакка, дьону аҥаардас үлэлиир дьоҕурунан, атыннык эттэххэ, профессиональнай хаачыстыбатынан эрэ көрөн таҥмыта бигэ укулаат буолла.
Олохтоох салайыныы идиэйэтин, ис иһигэр киирдэххэ, биһиги дойдубутугар хомуньуустар сиргэ-буорга тэпсибиттэрэ, бэлиитикэ хонуутугар кубулуппуттара. Сэбиэскэй былаас диэн туох этэй? Сэбиэт, ол аата “биир сүбэнэн” былаас. “Былааһы сэбиэккэ” диэн тугуй? Дьон-сэргэ талбыт “сүбэтин” былааһа. Олохтоох сэбиэттэр, олохтоох салайыныы былааһа.
Ону баара, былаас бары таһымын бэлитиичэскэй баартыйа сабардаан олобута – Сэбиэскэй сойуус коммунистическай партията (ССКП). Билигин да ол утаатыгар сылдьабыт – дьиҥэ, олохтоох салайыныыга бэлитиичэскэй баартыйалар туох сыһыаннаах буолуохтарай! Хайытарга эрэ аналлаахтар.
Өйдүүр инигит, туох да үбэ-харчыта, ол аата былааһа суох олохтоох сэбиэттэри? Ону кытта үптээх-харчылаах, хамсыыр-хамсаабат баайдаах сопхуостары? Сопхуостары ким салайар этэй? Райком, партком уонна комсомол.
Владимир Поскачин быыбар иннинээҕи программатыгар сурулла сылдьар: “Үөһээ Бүлүү ууннары тардыллыбыт уулуссалаах биир куорат кэриэтэ. Саамай хотугу кыбартаал – Сургуулук, саамай соҕурууҥу – Туобуйа, саамай илиҥҥи – Харбалаах, саамай арҕааҥы – Кэнтик”.
Түмсүүгэ дьулуурдаах баһылык эрэ маннык санаанан салайтарар. Дьэ, ону сатыыр киһи сатыыр – нэһилиэктэр баһылыктарын, дьокутааттарын кытта биир сомоҕо хамаанданы тэрийиини, дьону-сэргэни тардыыны.
Көнөтүнэн эттэххэ, салайааччыттан биир эрэ хаачыстыба ирдэнэр – дьону түмэр дьоҕур. Бэйэтин идиэйэлэрин, туруоруллубут сыал-сорук тула. Ону сатыыр буоллаҕына бэрт, суох буоллаҕына суох.
Олохтоох салайыныы – бэлиитикэ хонуута буолбатах, бу – дьон-сэргэ түмсүүтэ. Олохтоох дьон.
Туох барыта түмсүүттэн тахсар. Түмсүү баар буоллаҕына нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир санааланыы сабардыыр – коллективнай өй-санаа үөскүүр. Дьон көҕө, айар-тутар айылгыта уһуктар.
Биир санааҕа түмсүбүт дьону күһэйэн дуу, харчынан хатаҕалаан дуу хамсаппаккын, дьон бэйэтэ үлэҕэ дьулуһар. Күн өйүнэн сылдьар дьон тоҕо сайдыыга, үтүөҕэ-кэрэҕэ дьулуһуохтара суоҕай.
Оттон хайдыспыт, ол иһигэр “баартыйанан”, аймаҕынан, аҕа-ийэ ууһунан, “хаан өстөөҕүнэн” арахсыбыт дьон өйө-санаата уон аҥыы сылдьар буоллаҕа. Онуоха эбии өстөһүү хара хаймыыта эҥээрдэстэҕинэ букатын да буорайаллар.
Онон балаҕан ыйынааҕы быыбардар син биир былыргы быһыыны көрдөрдүлэр:
- ким түмсүүнү түстүүр, ол кыайыылаах тахсар;
- бэлиитикэ сыстыбыт сиригэр хайдыһыы үлүгэр.
Ону кытта биир сонун түгэн: Сахалар да түмсүөхпүтүн сөп эбит!
Похожие новости
Саха судаарыстыбаннаһа уонна кэриэйдэр
В России решили проверить жертв советских политических репрессий
Глобализатордар үлэлэрэ: Саха омук төрүөҕэ төннө турар…