Yakutians.com

Новости Якутии

Саха сирин историятыгар кэриэйдэр ааттара суруллуо дуо?

Долгуйар Дьокуускай куорат биир кэрэ-бэлиэ түөлбэтигэр саха кэриэйдэрэ аан бастаан көрсөн бэйэ-бэйэлэрин билистилэр, өбүгэлэрин ахтан сүгүрүйүү тэрээһинин ыыттылар. Урукку өттүгэр маннык тэрээһин аакка-суолга да суоҕа.

Кинилэр кимнээҕий — саха кэриэйдэрэ? Сүрүннээн ааспыт үйэ 1910-20-30-с сылларыгар Кореяттан Саха сиригэр кэлэн үлэлээбит, олохсуйбут кэриэй омук дьонун ыччаттара — оҕолоро, сиэннэрэ. Омуктарынан сахалар, кэриэйдэр, сахалыы тыллаахтар, олохторо-дьаһахтара сахалыы, сүгүрүйэр таҥаралара — өбүгэлэрэ.

Кинилэр бу көрсүһүүлэринэн ”саха кэриэйдэрэ” диэн түмсүүлээх дьон баалларын биллэрдилэр, биир хааннаах аймахтыы буолалларын эттилэр. Сеул университетыттан сылдьар биһиги биир дойдулаахпыт, этнограф-учуонай Сардаана Цой-Румянцева ону бигэргэттэ уонна түмсүүнү алҕаан эттэ: “Дириҥ ис хоһоонноох, үтүө-мааны дьонноох тэрээһиҥҥэ сылдьыбыппыттан олус үөрдүм. Инникитин да үлэ, былаан элбэх эбит, өссө да сайда-чэчирии туруҥ!” Онон историяҕа киирэр түгэн ити курдук саҕаланна.

Сүргэни көтөҕөр, бу маннык бэртээхэй тэрээһини иилээн-саҕалаан түмсүү бэрэссэдээтэлэ Михаил Ким-Дьячковскай (Чурапчы), Сунтаар улууһун Культурнай киинин директора Юрий Очосов-О-Че-Си, Алевтина Хван-Ткаченко (Дьокуускай к.), Валерия Теменхон (Дьокуускай к.) ыыттылар.

Саха кэриэйдэрин түмпүт саҕалааһынынан 2020 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар (ген. директор Август Васильевич Чой-Егоров) тахсыбыт “Саха кэриэйдэрэ — утум тардыыта” диэн кинигэ буолбута. Суруналыыс Валерия Теменхон-Егорова идеятынан хомуллан бу кинигэ кэриэйдэр ыччаттарын ахтыыларын түмпүтэ. Саха сирин улуустарыттан кэриэй омук ыччата бэрт кылгас кэм иһигэр хомулла охсон, архивтарга үлэлээн, кырдьаҕастар кэпсээннэрин болҕойон, аҕа дьоннорун тустарынан кыһаллан-мүһэллэн ахтыыларын суруйбуттара.

Кэм-кэрдии барар, олох биир сиргэ турбат… Киһи кырдьар, эдэр көлүөнэ кэлэр.Урукку буолбуту барытын өйгө тута сылдьыбыппыт кэм-кэрдии аастаҕын аайытын сыыйа суураллан иһэр. Эдэр көлүөнэ барытын билэр буолбатах. Дьэ ол иһин тутуу былдьаһан, бу кинигэни хайаан даҕаны суруйан таһаардахпытына сатанар диэн санаанан салайтарбыппыт. Кэпсээнтэн кэпсээн түмүллэн кинигэ буолан таҕыстын диэн.

Онон бу кинигэ суруллан күн сирин көрбүтэ төрүөттээх: хайаатар да кэриэйдэр суолларын торумнуур, ирдиир, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын, олохторун-дьаһахтарын саха дьонугар кэпсиир, сырдатар соруктаах тахсыбыта.

Оттон өскүөрүтүн түмсүү тэриллибит буоллаҕына, ааттаах-суоллаах тэрилтэ эбит буоллаҕына, бу тэрилтэни ханнык эрэ улахан суолталаах идея хамсатыахтаах. Оннук идеянан, ол эбэтэр соругунан Саха сиригэр кэлэн үлэлээбит, олохсуйбут кэриэйдэр саха историятыгар хаалларбыт суолларын официальнайдык билиннэрии буолуо. Күн бүгүнүгэр диэри кэриэйдэр үтүөлэрэ ааттаммат, сурукка тиһиллибэт, үрдүк трибунаттан иһиллибэт, Саха сирин академическай историятыгар көстүбэт. Оттон, дьиҥэ норуот ортотугар кэриэйдэр тустарынан олус истиҥ уонна махталлаах сыһыан баар эбээт. Ону болҕойуохха баара. Алҕаһы көннөрөр сөп. Тоҕо диэтэххэ, кэриэйдэр хаалларбыт үтүөлэрэ үгүс. Ону барытын ааттаталыах да кэриҥнээхпит. Улуу нуучча омугун кэннэ саха норуотун дьылҕатыгар күүстээх сабыдыалы оҥорбут кэриэй омук баар.

Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутугар кэриэйдэр Нестор Каландарашвили интернациональнай этэрээтин кытта кэлбиттэрэ. Сэбиэскэй былаас иһин олохторун толук уурбуттара, саҥа былааһы уруйдаспыттара. Оттон сэбиэскэй былаас саха дьонугар үчүгэйтэн атыны аҕалбатаҕа. Ону мэлдьэһиэхтэрин баҕарааччылар бааллар, ол гынан баран ол кырдьыктан ыраах. Бартыһаан этэрээтигэр кэлсибит кэриэйдэр ыччаттара билигин биһиги ортобутугар бааллар.

Аҕа дойду улуу сэриитин аас-туор, аччык сылларыгар кэриэйдэр саха дьонугар улуу абырал, улахан өрүһүлтэ буолбуттара мэлдьэх буолбатах. Кэриэй киһитэ үлэлээбит холкуоһугар хоргуйуу тахсыбатаҕа. Ону, саха дьоно харах уулаах махтал тыллары этэллэрин — биһиги, кэриэйдэр ыччаттара, билбит-истибит аҕай дьоммут. “Кэриэйдэргэ өйдөбүнньүк-пааматынньык туруоруохха баара”, — дэһэллэрин истэрбит. Чахчы ис сүрэхтэн тахсар тыллар… Норуот, дьон-сэргэ сүрэҕэр-быарыгар иҥэринэ, тута сылдьар истиҥ санаата.

Ол да курдук, Хаҥаласка Тойон Арыыга олохтоохтор — махталлаах сахалар “По стопам Октября” холкуос биллиилээх оҕуруотчутугар Ким Кын Хо диэн кэриэй киһитигэр өйдөбүнньүк туруорбуттара. Сэрии сут сылларыгар Ким Кын Хо элбэх киһини өлөр өлүүттэн быыһаабыта.

Кэриэй дьоно олохтоох саха дьахталларын кэргэн ылан, ыал буолан оҕо-уруу тэниппиттэрэ, саха ахсаанын элбэппиттэрэ. Онон, туох да диэбит иһин, саха омук демографиятыгар сүҥкэннээх оруоллаахтар. Кинилэр ыччаттара тэнийэн Саха сирин бары улуустарыгар олороллор, сахатааҕар саха буолан уруу-аймах буолбуттара, сахалыы сиэрдээхтэр, сахалыы олохтоохтор, аҕа дьоннорун туйахтарын хатаран — бастыҥ үлэһит дьон, үтүө-мааны майгылаахтар.

Уонна дьэ, биллэн турар, кэриэйдэр Саха сиригэр кэлэн төрүт идэлэрин — оҕуруот аһын олордуутунан күүскэ дьарыгыран, бу культураны кинилэр маҥнайгынан саха дьонун ортотугар тэниппиттэрэ. Кинилэр, дьиҥэ, Саха сирин өссө өрөбөлүүссүйэ быдан инниттэн булбуттара, инньэ гынан эрдэттэн оҕуруот аһын олордоллоро биллэрэ.

Оттон Алдаҥҥа көмүс арыллыбытыгар Илин диэкиттэн кэриэй, кытай омук тоҕуоруһар. Көмүс үлүскэнэ илинтэн-арҕааттан, соҕурууттан кими-кими муспатаҕай? Алдан бириискэтэ 1923 сыл сэтинньитигэр тэриллэр. Ити сыл онно 350 киһи баар буоллаҕына, 1924 сыл алтынньытыгар 3700 киһи буолар, 1925 сыллаахха Алдан нэһилиэнньэтин ахсаана 13387 киһиэхэ тиийэ улаатар. Олортон 4000 киһи көмүс сууйуутугар үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ хостонор көмүс 60 бырыһыана көмүһү сууйааччылар артыалларынан оҥоһуллара. Бастакы икки сылга көмүһү илиинэн эрэ сууйан хостууллара. Оттон көмүһү сууйааччылар сүрүннээн кэриэй, кытай омуктар этилэр, старателлар 64 бырыһыаннара кинилэр буолаллара. Старатель көмүс хостооһунугар оччолорго сүрүн үлэһит. 1923 сылтан 1949 сылга диэри көмүс 81,5 бырыһыана илиинэн хостоноро. Саамай ыарахан үлэни кэриэйдэр, кытайдар толороллоро, күҥҥэ 12-13 чаас үлэлииллэрэ. Бу барахсаттар хайдахтаах да бэйэлээх ыарахан үлэттэн чаҕыйан турбаттара. Сүрдээх түмсүүлээхтик үлэлииллэрэ, бу идэни үчүгэйдик баһылаабыт дьонунан биллэллэрэ. Бары билинэллэрэ, старатель үлэтигэр кэриэй, кытай дьоно ордук күүстээхтэрин, ордук сатабыллаахтарын. Инньэ гынан, илиҥҥи оробуочай Алдан көмүһүн үлэтигэр бастакы сүүрбэччэҕэ чугаһыыр сылга сүрүн күүс буолара.

Дьэ, инньэ гынан, Саха сирин историятыгар, сайдыытыгар кэлии кэриэй дьоно, көнөтүнэн да, ханарытан да эппит иһин, бэйэлэрин көмүс кылааттарын киллэрдэхтэрэ!

Оттон ыччаттара — саха кэриэйдэрэ кинилэр ааттарын, үлэлэрин-хамнастарын тилиннэрэр соруктаахтар. Онуоха кинилэргэ ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!

Валерия ТЕМЕНХОН, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

Хаартыскаҕа түһэрдилэр: Роксана Оконешникова, Петр Оконешников

Поделиться
%d такие блоггеры, как: