«Саха кэриэйдэрэ» түмсүү хаһан тэриллиэҕиттэн кэриэй омук аҕаларын-эһэлэрин ааттарын-суолларын тилиннэриигэ утумнаахтык үлэлиир. Ол курдук, кинигэ суруйан таһаарыыга, архивтарга көрдүүр үлэни ыытан, балачча ситиһиилээхтик саҕалаан тураллар. Үлэ күн бүгүнүгэр диэри салҕанан бара турар.
Бу күннэргэ биир сонун түгэн буолла. М.Н. Габышева-Кван көҕүлээһининэн, Дальнай Востоктааҕы федеральнай уокурукка Саха Республикатын бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин кытта биһиги түмсүүбүт сибээс олохтууру саҕалаата. Ол курдук, Ким Александрович Борисовка “Саха кэриэйдэрэ — утум тардыыта” кинигэ түмсүү аатыттан өйдөбүнньүк бэлэх быһыытынан барда.
Бу кинигэ ыраах Кэриэй сириттэн тыйыс тымныы кыһыннаах Сахабыт сиригэр кэлэн сэбиэскэй былаас иһин олохторун толук уурбут, көмүс промышленноһа атаҕар туруутугар, ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар оҕуруот аһын олордуута тарҕанарыгар төһүү күүс буолбут, Аҕа дойду улуу сэриитин аас-туор сылларыгар саха дьонугар абырал-көмө буолбут аҕаларбыт, эһэлэрбит тустарынан кэпсиир. Кинигэ Сахабыт сирин историятын сырдатыыга өссө биир страница буолуоҕар түмсүү дьоно улахан эрэллээхпит.
Биһиги өссө биир улахан соруктаахпыт. Кэриэй сиригэр хаалбыт дьоммутун, аймахтарбытын булан билсэр баҕалаахпыт. Онуоха ДВФУо Саха сиринээҕи бэрэстэбиитэлистибэтин кытта сибээс үтүө саҕахтары арыйыа диэн билгэлиибит.
Валерия ТЕМЕНХОН, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Похожие новости
В приюте животных Якутска рассказали, как нападение собак на ребенка в Чульмане отразилось на работе организации
Последнее еврейское предупреждение: почему Израиль медлит с ответным ударом по Ирану
Пал смертью храбрых. На СВО его звали “Монгол”