Валерия ТЕМЕНХОН
Аныгы глобализация ааҥныыр үйэтигэр омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта сомоҕолоһуулара күүһүрэрэ баар суол. Биһиги, сахалар да, онтон туора турбаппыт буолуо.
Оттон бүгүн кэпсиир дьонум омуктарынан — кэриэйдэр, чуолкайдыыр буоллахха, корё сарам. Кинилэр үгүстэрэ Узбекистантан сылдьаллар. Бизнес эйгэтигэр үлэлиир дьон. Ташкент-Бишкек-Иркутскай-Дьокуускай-Магадан-Дьокуускай-Мурманскай маршрутунан айаннаан иһэллэр.
Оттон бэрт кылгастык историяҕа төннөн ылар буоллахха, маннык. Дьалхааннаах 30-с сыллар… Сэбиэскэй судаарыстыба атаҕар тура сатыыр кэмнэрэ. Бу кэмҥэ кыаҕырбыт империалистическай Япония Китайтан хотугулуу-илиҥҥи чааһын — Маньчжурияны сэриилээн ылар. Инньэ гынан бу территория Японияҕа бас бэринэр буолар, Маньчжоу-го диэн ааттаах туспа судаарыстыба курдук тэрээһин үөскүүр. Марионеточнай судаарыстыба. Территорияны өссө кэҥэттэр курдук быһыы-майгы саҕаланар. Сэбиэскэй судаарыстыбаҕа куттал суоһаабыта биллэр, Япония саба түһүө диэн ыксал буолар. Ону бары билэр Хасаннааҕы событиеларбыт туоһулууллар. Онон суһал бэрээдэгинэн сэрэтэр дьаһаллар ылыллаллар.
Дальнай Востокка олохсуйан олорбут кэриэй омук историятыгар ити дьаһал улахан суостаах буолбута. Быһа холоон 15-30, сороҕор 50-ча да килэмиэтирдээх сиринэн тайаан кыраныысса устатын тухары олохсуйан олорор нэһилиэнньэни судаарыстыба территориятын ис сирдэригэр көһөрөргө быһаарбыттара. Инньэ гынан ити кыраныысса устатынан олохсуйан олорбут кэриэйдэри күүс өттүнэн ис территорияларга бырахпыттара, ол курдук, Узбекистаҥҥа, Казахстаҥҥа 36442 дьиэ кэргэн, 171781 киһи утаарыллыбыта. Ити 1937 сыл күһүнэ этэ.
Кэриэйдэр саҥа сиргэ олохтоохтук оҥостон барбыттара, үксүн тыа сирдэринэн олохсуйбуттара. Холобур, Узбекистаҥҥа Самарканд, Ташкент уобаластарынан, Фергана хочолорунан, Каракалпакстанынан тарҕаммыттара.
Үлэһит омук буолан ханна да тиийбиттэрин иһин сирдэрбэттэр. Орто Азияҕа да бэйэлэрин дьиэлэригэр курдук үлэлээн-хамсаан барбыттара. Социалистическай үлэ геройдарын ахсаанынан кэриэйдэр сойууска бастакы буолбуттара. Инньэ гынан, норуот хаһаайыстыбатыгар, наукаҕа уонна культураҕа бэйэлэрин биллэр-көстөр кылааттарын киллэрбиттэрэ.
Кэриэйдэр бэйэлэрин омук быһыытынан идентичностарын тута сылдьар омук. Культураларын, үгэстэрин, астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын, майгыларын илдьэ сылдьаллар. Ол эрэн, дьэ, тыллара постсэбиэскэй территорияларга умнулларга барбыт. Тылларын сөргүтэ сатыыллар, быһыыта.
Дьэ, бу дьон ыччата, биһиги кимнээхпитий, хантан-кимтэн кииннээхпитий диэн ыйыппыттара сиэрдээх буоллаҕа. ОКБК диэн кэриэйдэр бизнес-кулууптарын сир-сир аайы арыйар былааннаахтар. Үлэлээбиттэрэ син балай эмэ буолбут, 5-6 сыл кэриҥэ. Билиҥҥитэ маннык кулууптар Узбекистаҥҥа, Казахстаҥҥа, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Приморьеҕа, Киргизияҕа, Соҕуруу Кореяҕа үлэлии тураллар. Өссө да кэҥиир былаан баар. Саамай бастакы сыаллара-соруктара — билсиһии, бэйэ-бэйэни кытта алтыһыы, опыты үллэстии, дьыалабыай информациянан атастаһыы, бииргэ үлэлэһии, саҥа бырайыактары тэрийии. Устааптаахтар, салайар уорганнаахтар, бэл гимннээхтэр. ОКБК чилиэннэрэ, саастарыттан, статустарыттан, финансовай балаһыанньаларыттан тутулуга суох, бары биир тэҥ бырааптаахтар. Биир өттүнэн бу тэрилтэ кэриэйдэр общественнай түмсүүлэрин өйүүр соруктаах. Политикаҕа, итэҕэлгэ орооспоттор.
Оттон Дьокуускайга тиийэ кэлбит айанньыттар бастакы сырыыларыгар республика салайар эргимтэтин кытта көрсүһэн ирэ-хоро кэпсэппиттэр. Александр Николаевич Жирков кинилэгэ үтүө дьыалаларыгар ситиһиилэри баҕарбыт. Бастакы да, иккис да сырыыларыгар республикаҕа олохтоох кэриэйдэри уонна кэриэй төрүттээх сахалары кытта көрсүһэн былааннарын, үлэлэрин ис хоһоонун кэпсээтилэр. Бэҕэһээ, ол эбэтэр от ыйын 31 күнүгэр, Дьокуускайга Эм хаһаайыстыбатыгар ыалдьыттаатылар. Хаһаайыстыбаны билигин эдэр, эрчимнээх Артур Эм салайар. Ыалдьыттар Саха сирин тыйыс кыһыннаах усулуобуйатыгар узбектар үүннэрэллэриттэн итэҕэһэ суох (баҕар өссө ордук да буолуо, хайа эрэ өттүнэн) үүнүүнү ылалларын көрөн улаханнык сөхтүлэр. Буолумуна, Москва курдук киин куоракка олорор тойоттор арбуһу, дыняны Эм эрэ хаһаайыстыбатыттан сакаастаан ылаллара кэпсэлгэ сылдьар. Оттон клубникалара атыыга тахсаат бүтэрин туһунан эмиэ уос номоҕо баар, оннук минньигэс, оннук күндү үһү эбээт. Буолуо, хоту дойду отоно ордук иҥэмтэлээх, ордук битэмииннээх диэн билинэллэр.
Оттон биһиги айанньыттарбытыгар сахалыы алгыстаах айаны баҕарыаҕыҥ. Үтүө дьыала туруктаах буоллун, сайдан истин!
Похожие новости
Пошли последние сутки Космической недели…
Саха судаарыстыбаннаһа уонна кэриэйдэр
В России решили проверить жертв советских политических репрессий