Улууспут хас биирдии олохтооҕо сиригэр-уотугар, айылҕатыгар, өбүгэ саҕаттан салҕанан кэлбит төрүт дьарыгар олоҕуран сөбүлүүр үлэлээх буолуохтаах. Үлэтин көрдөрүүтүнэн, таһаарыытынан, көдьүүһүнэн дохуот аахсыахтаах.
Онон дьиэ кэргэнэ нус-хас, этэҥҥэ олорорун хааччыйыахтаах. Тыа сирин уонна тыа хаһаайыстыбатын салаатын тэҥҥэ тутан бииргэ сайдыахтаахпыт. Төрүт дьарыкпытыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы бырагыраамалар үлэлииллэр. Улууспутугар нэһилиэктэрбит экономическэй, географическай балаһыанньаларын көрөн, үөрэтэн оҕуруот аһыгар, сылгы иитиитигэр, бурдукка, үүккэ уонна эккэ анаан идэтийии хайысхатын тутуһабыт. Дьиэ кэргэн – дохуоттаах, дьарыктаах буоллаҕына онтон сиэттэрэн бүттүүн тыа сирин инникитэ, кэскилэ тутулуктаах. Тыа хаһаайыстыбата ‒ төрүт дьарыкпыт, салгыы сайдарыгар, бастатан туран оҥорон таһаарыы, бородууксуйаны тарҕатыы күүһүрүөхтээх, диэн сорук туруорунан үлэлиибит. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета итини барытын учуоттаан туран, көмө мэхэньиисимнэр көдьүүстээх буолалларыгар күүскэ үлэлэһэр.
Бу күннэргэ Приморскай кыраайтан, Спасскай оройуонтан Кислицыннар бааһынай хаһаайыстыбаларын тигээйилэрин, БХ баһылыга Роман Кислицын бэйэтэ тиэйэн аҕалла. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Семен Потапов тигээйилэри аҕалбыт Роман Кислицынныын уонна улууспутугар тигээйинэн дьарыктанар БХ салайааччытынаан Павел Филипповтыын көрсөн кэпсэттэ. Павел Филиппов улууспутугар тигээйи иитиитин биир бастакынан саҕалаабыт киһибитинэн буолар. Быйыл улууспутугар 130 тигээйи дьиэ кэргэнин (анал уйаларыныын) аҕаллылар. Эрдэ сайаапка оҥорбут 30 дьиэ кэргэҥҥэ түҥэтилиннэ.
Тигээйи иитиитэ улууспутугар саҥа салаа. Саҥа аата саҥа. Онон үөрэтиэхпит, көдьүүстээх буоллаҕына эһиилгэттэн өссө далааһыннаахтык дьаһаныахпыт.
Сигэ: https://mr-megino-kangalasskij.sakha.gov.ru/
Похожие новости
Продолжается реализация мероприятий по реконструкции аэропортового комплекса в Усть-Нере
“Фу, ты на русскую похожа”: Власть экономит на русских пенсиях, чтобы баловать мигрантов. А они придумали отмазку от СВО
В ГАИ публично отчитали олекминского водителя за езду по берегу, хотя обещали не выкладывать видео. Теперь Сергей Тахватулин хочет обратиться в суд