Yakutians.com

Новости Якутии

Либерализм – садизм салгыыта

Маркиз де Сад диэн киһи баар буола сылдьыбытын билэбит. Киниттэн “садизм” диэн бөрүкүтэ суох өйдөбүллээх тыл үөскээн хаалбыт.

Дьэ, бу киһи “Европа сыаннастара”, бэл, “киһи-аймах сыаннастара” диэни бастакынан сурукка тиспит, ол эбэтэр дьиҥнээх либэрээл бөлүһүөк буоларын дьон улаханнык билбэт. Ону араатардыы да сатаабаттар — “садизм бөлүһүөпүйэтин” тутуһабыт диэхтэрэ дуо.

Ол курдук, Маркиз де Сад киһи-аймахха икки эрэ кылаас баар диирэ — “властелиннар” уонна кулуттар. Уорууну көҥүллүөххэ диирэ — билигин “властелиннар” төһө баҕарар уорар кыахтаахтар, оттон кулуттарга ол сатаммат. Туох баар “сексуальнай извращениелары” көҥүллүөххэ диирэ — бастакы уочарат гомосексуализмы. Ол билигин гуманизм саамай үрдүкү ирдэбилигэр кубулуйда. Таҥара, сиэр-майгы диэн суох буолуохтаах диирэ эмиэ этэҥҥэ олоххо киирэр.

Маркиз ле Сад биир саамай сүрүн идиэйэтэ — “өлөрүү киһи-аймахха үтүө³ дьыала” диэн. Ол суох буоллаҕына киһи наһаа элбээн аһыыр аһа суох хаалыан сөп. Маны Томас Мальтус диэн Аангылыйа учуонайа өрө тутан улахан үөрэх оҥорбута умнууга хаалбат — “нэһилиэнньэ ахсаанын хонтуруоллуохха наада” диэн сүрүннээх идеология соҥнонор. Мальтузианство билигин “дьиэ кэргэни былааннааһын”, абортар, эр киһи эр киһини, дьахтар дьахтары кытта “ыал буолар” институттарын тарҕатыынан Арҕаа дойдуларга  олоххо киирэ турар.

Ол эбэтэр, күн бүгүн “Европа сыаанастара”, “киһи аймах сыаннастара” диэн ааттаан “садизм бэрээдэгин” олоххо киллэрэ сатааһын барар. Ону утарсар дойду буолла да, “тоталитаризм”, “диктатура” уйата диэн буруйданар.

Маркиз де Сад “Философия в будуаре” кинигэтигэр киһи бары өттүнэн көҥүл буолуохтааҕын туһунан суруйар – “киһи бырааба” диэн, дьэ, манна баар. Абсолютная свобода личности.

Сүрүн түгэннэрин хат чопчулуубут:

  • Уорааһын көҥүллэниэхтээх. Билигин бу хапытаал төрдө-төбөтө буолан турар. Биһиги “олигархтарбыт” баайдара туохха олоҕурарый? Бэйэҕит билэҕит.
  • Туох баар “секс дьаабыта” – кыдьараҥ өлүү көҥүл буолуохтаах. Чуолаан, гомосексуализм. Көҥүллэниэхтээҕэр, Европа дойдуларыгар “сексменьшинстволар” холобурга сылдьар дьон буоллулар.
  • Хайдахтаах да ынырык буруй иһин өлөрөр бириигэбэр суох буолуохтаах. Билигин “цивилизованнай” дойду аатырыаххын баҕарар буоллаххына, төһөлөөх да хаан олбохтоох бөрөстүүпүнньүгү өлөрөр бириигэбэргэ мораторий биллэриэхтээххин.
  • Үүнэр көлүөнэ акаары төрөппүттэрин уонна кырдьаҕас дьону истиэ суохтаах, барытыгар бэйэтэ билэринэн сылдьыахтаах диэн ыҥырара. Ол  олоххо киирбэтэ диэн ким этэр кыахтааҕый? Күн бүгүн учууталлары, төрөппүттэри эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуну “ахта анныгар” утааран баран сылдьыахха сөп.

Онон либэрээл дэмэкирээтийэ уонна гуманизм идиэйэлэрин олохтообут киһинэн Донасьен Алдьфонс Франсуа де Сад, судургутук эттэххэ, Маркиз де Сад буолар диэн чопчу этиэххэ сөп. Биир силистээх-мутуктаах өйдөбүллэр: либерализм- фашизм-садизм.

Эҕэрдэлиибин, табаарыстар, Европаны батыһан иһиҥ!

Суолласта, сулласта – СУР.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: