Yakutians.com

Новости Якутии

КӨҤҮЛ ТУСТУУ тчк МАЛЫЙДЫБЫТ тчк АБАККАЛААХ тчк

Наро-Фоминскай куоракка буолан ааспыт Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии өссө төгүл бигэргэттэ: саха көҥүл тустуута олус бэрдэ суох туруктаах.

Ураҕас икки уһуктааҕын кэриэтэ буоллаҕа – биһиги тустууктарбыт мөлтөхтөр дуу, Кавказ, Бурятия, Тыва тустууктара күүстэрэ бэрт дуу?

Буруй эрэ Моттойоҕо

Социальнай ситимнэргэ спорт форумнарын кэтээн көрөр буоллахха, ыалдьааччылар, хаһан баҕарар буоларын курдук, тренердэри “ыкка биэрэллэр”. Сорохтор этэллэринэн, сүүмэрдэммит хамаанданы ууну-уоту ортотунан ааспыт, ааттаах-суоллаах тустууктар эрчийдэхтэринэ эрэ үлэ түмүктээх буолуохтаах үһү.

Оттон сорохтор улуу Коркин улахан тустуук буолбатаҕын ыйаллар — тренер туох-ханнык иннинэ учуутал. Хайаан даҕаны улахан маастар буолара ирдэммэт.

Оттон мин санаабар, биһиэхэ былыр былыргыттан учууталы буруйдуур омсолоох көстүү баар. Оҕо үөрэҕэр куһаҕаныгар, оҕо очурга оҕустарыытыгар учуутал буруйдаах диэн буолара. Сорох-сорохтор: “Оччоҕо туох иһин хамнас ылалларый” — диэн буолаааччы.

Өрөспүүбүлүкэҕэ “бастакы нүөмэрдээх” спорт көрүҥэ бюджеттан лаппа өйөбүллээх буоларын быһыытынан, дьон-сэргэ үлэ түмүктээх буоларын ирдиирэ сиэрдээх. Оннук буолуохтаах буоллаҕа. Хамаанда аҥаара утарсааччыларыттан муҥ саатар биир баалы ылбакка төннөрө хайдаҕый?

Мин анал идэлээхтэргэ сыһыаннаах боппуруостарга тугу да куолулуур санаам суох. Ханнык да тренер “кыайтардарбыт ханнык” диэн үлэлээбэтэ биллэр. Туох да саарбахтааһына суох, оһол-төрүөт төрдө быдан дириҥ, киэҥ уонна бэрт элбэх түгэннэртэн турар.

Уодаһыннаах бэлиитикэ

Көҥүл тустуу кэнники сылларга туох да сүрдээх балысханнык сайынна. Отой акробатика аҥаардаах хапсыһыылар буолаллар. Албас эгэлгэтэ элбээбитэ, тустууктар “физикалара” сүрдэммитэ тустууга сыһыана да суох киһи хараҕар быраҕыллар.

Саха да тустууктара ол тэҥинэн сайдан иһэллэр диэххэ сөп эрээри, айылҕаны утары барбаккын диэри гынабын.

Тустуу сайдыыта, чуолаан, быраабыла уларыйыыта, тупсуута хайа диэки хайыһынна?

Бэйэҕит да билэр буолуохтааххыт, көҥүл тустууну олимпийскай көрүҥнэр кэккэлэриттэн таһаара сатыыр күүстэр бааллар. Көрөөччүнү умсугуппат диэн матыыптаан.

Дьэ, бу иһэ истээх киирсии. Туох-ханнык иннинэ Хотугу Кавказ өрөспүүбүлүкэлэрин, ол нөҥүө Арассыыйаны “саа уоһунан” кыҥааһын буолар. Тоҕо диэтэххэ, көҥүл тустуу бу өрөспүүбүлүкэлэргэ сүүһүнэн тыһыынча оҕоҕо-ыччакка биир саамай тосхоллоох “социальнай лифт” буолар. Оҕолор киһи-хара буолуохпут, ситиһиилэниэхпит уонна дьоммутугар көмө буолуохпут, бырааттарбытын-балыстарбытын атахтарыгар туруоруохпут, аймахтарбытыгар көмөлөһүөхпүт диэн санаанан салайтаран дьарыктаналлар. Бу туох да сүрдээх хамсатар күүс. Ону суох оҥордохторуна бу ыччат аҥаара буолбатаҕына үс гыммыт биирэ “ислам буойунун” суолун тутуһуон сөп. Туох да сүрдээх элбэх оту-маһы тардан көрө сылдьар уол таах хааман хаалар, иҥэ-бата сатыыр, “муҥур ханнынан сири тиэрэр” балаһыанньата үөскүүр. Ол Хотугу Кавказка быһыыны-майгыны айгыратара сэрэйиллэр быһыы.

Тустууну быыһыыр туһуттан быраабыла, биллэн турар, тупсарыллар. Сүрүн сыала – көрөөччүнү тардааһын, тустууну умсугутуулаах (зрелищный) оҥоро сатааһын.

Хаһан эрэ тустуу быраабылатын американецтар бэйэлэрин тустууктарын туһатыгар уларыталлар диэн буолара. “Качоктарга”, ол эбэтэр хара күүстэринэн барчалыыр дьоҥҥо аналлаах быраабылалары киллэрэллэр диэн. Холобур, биэс мүнүүтэлээх биир түһүмэх тустар буола сылдьыбыттара. Биллэн турар, туруору күүстээх киһи биэс мүнүүтэ харса суох барчалыан сөп буоллаҕына, былыргы курдук тоҕус мүнүүтэ оннук тиргиллэр кыаҕа суоҕа өйдөнөр.

Дьэ, саха тустууктара бу тоҕус мүнүүтэлээх үс түһүмэххэ табыллан туста сылдьыбыттара. Сындалыйбат сындааһыннарынан. Арыый даҕаны наҕыл тустуу сылларыгар.

Оттон билигин, арҕааҥы боевик киинэҕэ курдук “умсугутуулаах” тустуу ирдэнэр кэмигэр хайдахпытый?

Айылҕа уонна быраабыла

Мин санаабар, билиҥҥи тустууга эт-хаан сайдыыта, күүс-уох олус улахан оруолланна. Бириэмэ кылгас, онон кимиилээх киирсии эрэ быһаарар. Хара маҥнайгыттан тиһэх түгэҥҥэ диэри биир тыынынан тустуу.

Онно биһиги хотугу айылҕабыт, көнөтүнэн эттэххэ, хоруйдаспат. Биллэн турар, былыр былыргыттан саха омукка күүстээх дьоннор биирдиилээн бааллара биллэр. Ордук үһүйээннэргэ, сэһэҥҥэ-сэппэҥҥэ бааллар. Ону сэрэнэн, саха “эмис тылын” учуоттаан туран итэҕэйиэххэ наада.

Былыргы нуучча да, омук да айанньыттара, чинчийээччилэрэ сахалары улахан күүһэ-уоҕа суох дьон быһыытынан сыаналаабыттара онно-манна суруллан хаалбыт. Дьаһамыр соҕус уҥуохтаах-арҕастаах, онуоха эбии куйа көрүҥнээх, иринньэх эттээх-сииннээх дьон быһыытынан көрөллөр эбит. Онтон кыбыстыбыта эбэтэр ону сымыйарҕаабыта буолар наадата суох. Баары баарынан буоллаҕа — хотугу үүнээйи иинэҕэс буоларын омнуолуохха сөп дуо?

Холобур, “История Колымского края” (М.И. Колесов, 1991) кинигэни түбэһиэх арыйан көрдөххө, бэл, онно сурулла сылдьар: олохтоох эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, сахалар, нууччалар бары биир дьарыктаахтар, баай-дуол өттүнэн тэҥ балаһыанньалаахтар, бары биир тэҥ таҥастаахтар-саптаахтар, арай нууччалар быдан чиргэл көрүҥнэринэн уратылаахтар. Бу 17-18-19 үйэҕэ олоро сылдьыбыт дьон туһунан этиллэр.

Бэйэҕит да билэҕит, кэнники сылларга үчүгэй көрдөрүүлэри нуучча эбэтэр омук хааннаах уолаттарбытыттан кэтэһэбит. Хатыыппайдастахтарына кинилэр хатыыппайдаһыахтара диэн.

Ол эбэтэр, тустуу быраабылата саха тустар тэтимигэр уонна кыамтатыгар сөп түбэспэт буола уларыйбыт.

Баары баарынан…

Академик Павлов выяснил, что продукты распада алкоголя сохраняются в клетке до двух недель

Онуоха эбии “киһи фактора” ханна баҕарар, хаһан баҕарар баар.

Бастатан туран, бэрээдэги кэһии. Уора-көстө арыгылааһын, наркотиктааһын саха тустууктарын ортотугар баара кистэл буолбатах. Арыгылыыр тустуук таах муҥнанар диэн быһаччы этиэххэ наада. Арыгы сүлүһүнэ киһи хааныгар, сиһин тоноҕоһун убаҕаһыгар ый аҥаара, оттон биһиги тустууктарбыт курдук кыра маассалаах дьоҥҥо өссө уһуннук сылдьар диэн буолар. Сис тоноһоҕун “мэйиитэ” — бу киин ньиэрбинэй систиэмэ. Туох баар рефлекс-хамсаныы мантан салайтарар. Ол дьаакка баттата сылдьар буоллаҕына өрөҥкөлөспүт, чэп-чэгиэн ньиэрбинэй систиэмэлээх кавказец уолаттарга хантан утарсыаххыный! Уолаттарбыт дьик-дьах, тутуохча туппат, киириэхчэ киирбэт тусталларын сөҕө көрөрбүт суох буолбатах. Бука, манна “түүҥҥү кулууптар” дьайыылара баар буолуон сөп.

Иккиһинэн, социология фактора. Пассионарность. Кавказтар төрүөхтэрэ үрдүк буолан ыччаттара олус элбэх. Оттон төһөнөн эдэр ыччат элбэх даҕаны, ол норуот пассионарноһа үрдүүр. Туохха да баппат буолаллар, тугу барытын үрдүнэн көрөллөр, быһата, “тэпсэн ааһар” дьулуурданаллар. Оннук дьону кытта арыгыга баттата сылдьар ньиэрбинэй систиэмэлээх тустуук тэҥҥэ тардыалаһыа дуо? Тувиннар Арассыыйаҕа эмиэ биир саамай үрдүк төрүөхтээх омук. Ол быһыытынан ыччаттара эмиэ олус пассионарнайдар. Бэрт сэмэй үбүлээһиҥҥэ оҕо, ыччат тустуутун лаппа таһаардылар, ону кытта ыаллыы Красноярскай кыраай тустууга оскуолатын кытта олус тапсан үлэлииллэр. Тустууктара толлор диэни билбэттэр – пассионарность сүрүн бэлиэтэ.

Үсүһүнэн, тэрээһин. Кус көччөхтөрүн киллэрэн эрэригэр дылы саамай кыра ыйааһыҥҥа элбэх баҕайы буолан субуруһан тиийэр туохха наадалааҕый? Кыра ыйааһыҥҥа хара баһаам тустуук буоллаҕына, бу уолаттартан үчүгэй соҕустарын барыларын тустуу сайдыбыт эрэгийиэннэригэр ыыталаан кэбиһиэххэ наада. “Юноша” эрдэхтэриттэн — көҥөммөккө. Баҕар, биир эмэ уол онтон тахсан кэлиэ.

Элбэх баҕайы буолан бытарыһан тиийиэхпит ини, бары соһуллуохпут ини… Кыра киһи комплекса үөскүүр. “Кыра сахалар” туспа, бүөмнээн букунаһабыт дуо? Ханнык баҕарар күөн көрсүһүүгэ бөҕөс психологическай туруга тыын суолталаах. Улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ бөҕөстөр бары тэҥ кэриэтэ маастарыстыбалаах буолаллар дииллэр. Онон кыайыылааҕы “психология” быһаарар. Мин тус санаабар, биир ыйааһыҥҥа элбэх буолан “сууланыыттан” туох да үчүгэй тахсыбат. Баҕар алҕаһыырым буолуо эрээри, күрэхтэһиилэр түмүктэриттэн итинник эрэ санаа киирэр.        

Кыайыы-хотуу кэмчитийэн истэҕин аайы тустуунан дьарыгырыан баҕалаах оҕо аҕыйаан иһиэҕэ. Онон биир-биэс сыл иһигэр киһи “сэк” гынар кыайыыларын ситиспэтэхпитинэ оҕолор тустууттан букатын да киэр хайыһыахтарын сөп. Тустууга интэриэс кур гынан хааллаҕына, онтон өрүттэрэ, дьэ, саарбах.

Куолулаата – СУР.          

Поделиться
%d такие блоггеры, как: