Саха сиригэр даҕаны, Арассыыйа да үрдүнэн “төрүөх төннүүтүн” бэлиэтэ күнтэн күн иһиллэр.
Саха сиригэр оҕолорун этээстээх дьиэ түннүгүнэн быраҕаллар, ханна эрэ Арассыыйаҕа кыргыттарын кытта “бастакынан хоонньоһор быраабы” атыылыыллар.
Бу биирдиилээн түбэлтэлэр эбиттэрэ буоллар син да этэ. Ону баара, төрөппүт уонна оҕо икки ардыгар сыһыан улам “тымныйан” иһэрин туһунан этэллэр.
Саамай “дэмэкирээттии” судаарыстыба
Арассыыйаны “дэмэкирээтийэ” сыстыбатах дойдута диэн отой сиикэйинэн буруйдууллар. Ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыгар да, күн бүгүн даҕаны Арассыыйа курдук “атыыр дэмэкирээтийэ” аайдаабыт дойдутун, бука, күнүһүн тымтыктанан булбатыҥ буолуо. Ыал буолууга, оҕоҕо-урууга, ордук чуолаан дьахталларга сыһыаннаан биһиги саҕа либэрээл дойду суоҕа буолуо.
Холобур, оҕо түһэртэриитин курдук “дэмэкирээтийэни” ылан көрүөҕүҥ. Билэр буолуохтааххыт, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн Сэбиэскэй сойууска “сексуальнай өрөбөлүүссүйэ” саҕаламмытын. Хомуньууһум үөрэҕин быһыытынан “дьиэ кэргэн — ыал” диэн өйдөбүл сыыйа-баайа суох буолуохтаах, уопсастыба хомуунанан олорууга көһүөхтээх. “Уопсай эр-ойох” — улахан омуннааһын буолбатах.
Бу Сэбиэскэй сойууһу троцкистар салайан олорор, ол эбэтэр “Арассыыйа аан дойду өрөбөлүүссүйэтин уотугар күөдьүтүү эрэ буолуохтаах” диир кэмнэригэр. Михаил Зощенко кэпсээнинэн Леонид Гайдай “Не может быть” кэмиэдьийэтигэр көрбүт буолуохтааххыт — дьиэ кэргэн оруола хайдах курдук түһэ сылдьыбытын. Манна Зощенко көр-күлүү нөҥүө хайдах курдук алдьатыылаах быһыыны-майгыны ойуулаабытын өйдөөн көрүөххэ наада. Леонид Куравлев уонна Савелий Крамаров дьоруойдара эргийэр уопсастыбаларыгар биир эрэ киһилии киһи баар – кийиит арыгыһыт аҕата.
Дьахтар уонна эр киһи олохсуйбут сыһыаннара, арыгылааһын хартыынатын нөҥүө бу киинэҕэ чаҕылхайдык көрдөрүллэр. Талаан аата талаан.
Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ, чуолкайдаан эттэххэ, РСФСР аан дойду үрдүнэн бастакынан оҕону түһэртэриини (аборт) көҥүллээбитэ. Ханнык баҕарар дьахтар баҕатынан. Тэҥниир буоллахха, маны Великобританияҕа 1967 с., АХШ — 1973 с., Францияҕа 1975 с. көҥүллээбиттэрэ.
Сталин былааһы ылаатын кытта Киин кэмитиэт уонна Совнарком уурааҕа тахсыбыта: “Абортары бобуу туһунан…” (1936 с. бэс ыйын 27 күнэ). Уураахха төрүүр дьахталларга матырыйаалынай көмөнү оҥоруу, судаарыстыба элбэх оҕолоохторго көмөтүн, төрүүр дьиэлэр ситимнэрин олохтооһун, оҕо садтарын, оҕо дьааһылаларын тэрийии уо.д.а. курдук суолталаах боппуруостар суруллаллар.
Манна оҕону түһэртэрии дьахтар доруобуйатын көрөн (по медицинским показаниям) көҥүллэнэрин тоһоҕолоон бэлиэтиир наада.
Дьүһүн кубулуна сылдьыбыт троцкист Никита Хрущев былааска кэлээтин кытта Үрдүкү Сэбиэт ыйааҕа тахсар: “Абортары бобууну көтүрэр туһунан”. Онтон ыла дьахталлар, доруобуйаларыттан тутулуга суох, үөскээбит оҕолорун өлөрөр бырааптаналлар.
“Эгоцентризм”
Барыта кыраттан саҕаланар. Ол курдук, бэйэтин ыаматын өлөрөр толору бырааптаах дьахтар сыыйа-баайа, “быт хаамыытынан” бытааннык, сылтан сыл, күнтэн күн оҕотугар сыһыана “тымныйан” иһэр.
Сымыйа буолбатах. Күн бүгүн үгүс дьахтар отутун ааһыар диэри “для себя” олорор. Карьера оҥостор, сири-дойдуну көрөр, олох уйгутун күүһэ-кыаҕа, өйө-төйө тиийэринэн сомсумахтыыр, эр дьону сыымайдыыр, бүтэһигэр эмиэ “для себя” оҕолонор. Ол эбэтэр, “оонньуур” оҥостор. Эр дьону сыымайдаабат буолар түҥкэтэх күннэригэр саатыыр курдук.
Оттон ыал ийэлэрин ылан көрөр буоллахха, судаарыстыбаҕа “үтүөнү оҥорон” оҕолонооччу аҕыйаҕа суох. Ордук “ийэ хапытаала” үөдүйүөҕүттэн ыла оннук буолла. Судаарыстыба “сакааһын” толорор курдук. “Харчы төлүөххүт — төрүөхпүт, суох да суох” диэн. Судаарыстыба иитиэхтээх.
Аан дойду мин эрэ тула эргийэр. Инфантилизм. Оҕо уонна кыыл. Хайалара да айылҕа биэрбит инистииннэринэн салайтараллар. Инфантилизм уонна анимализм.
Барыта кыраттан саҕаланар, ол уһуга чугаһаабыт курдук.
Биллэн турар, ити судургутутуу холобурдара. Дьахтар-аймах кэлтэйдии буруйдаах диир сатаммат. Бу барыта глобализация диэн ааттанар көстүүнү үүннүүр-тэһиинниир күүстэр интэриэстэригэр оҥоһуллар быһыы. Транснациональнай корпорациялар, бааннар, быһата, үп-харчы интернационалын интэриэһэ.
Ким эрэ өйдөөҕүмсүйдэҕэ буолуо: “Бу да киһи, аан дойдутааҕы саагыбары итэҕэйэр дундуук дуу!” — диэн.
Кырдьыга баара, саагыбар хайдах да суох буолуон сатаммат диибин. Ырыынакка үс атыыһыт тиксиһиэ эрэ кэрэх, сыаналарыгар сонно тута куомуннаһыахтара. Оттон аан дойду баайын барытын хонтуруоллуур, аан дойдуну барытын “муннуттан сиэтэр” туһугар туох да куомуннаһыы, саагыбардаһыы суох диэн лаппа көнө эрэ киһи итэҕэйиэн сөп.
Ыал – судаарыстыба олуга
Ол эбэтэр, глобализатордар үөрэхтэрэ, туох баар дьайыылара биир ситимнээх.
Хомуньууһум глобализация үөрэҕэ буоларын ким даҕаны мэлдьэспэтэ буолуо. Уопсастыба сайыннаҕын аайы киһи-аймах үгэс буолбут институттара суох буолан иһиэхтээхтэр. Харчы суох буолуохтаах, национальнай судаарыстыбалар, судаарыстыбаннай кыраныыссалар сүтүөхтээхтэр. Харчы-табаар сырыытыгар туох да харгыс суох буолуохтаах. Ханнык баҕарар дойду баайа-дуола, үлэһит илиититтэн сирин, айылҕатын баайыгар диэри, аһаҕас буоларын курдук. Ол эбэтэр, биирдиилээн омуктар эмиэ симэлийиэхтээхтэр. Оттон омуктарга олоҕурар судаарыстыбаны (национальные государства) хайдах суох оҥоруохха сөбүй? Биллэн турар, судаарыстыба “бастакы ячейкатын” — ыалы суох оҥорон туран. Оттон ыалы туох ситимниирий? Оҕо! Ол аата оҕолонуу боппуруоһун быһаарыахха наада. Онуоха абортары көҥүллээһин — бастакы уонна саамай дьайыылаах хардыы. Дьахтар иһигэр илдьэ сылдьар оҕотун бөх-сыыс курдук “хаһыйан” кэбиһии күннээҕи көстүүгэ кубулуйуохтаах! Ол кэнниттэн туох да киһилии айманыы, кэмсинии-кэлэнии сүтэрин курдук.
Оннук да буолла. Мантан инньэ, бука, киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа элбиир буолуохтаах.
Ыал, дьиэ кэргэн отуора хамсаата даҕаны эр киһи, туох да омуна суох, “кыыла киирэр”. Айылҕаҕа биллэр суол — аһыҥастаах тыһы кыыл “паапаларын” суолугар киирэн биэрэртэн туохтааҕар да куттанар. Тоҕо диэтэххэ, аҕа буолуохсут оҕолорун “эбии аһылык” оҥостон кэбиһэр айылгыта баар.
Онон, табаарыстар, наһаа “айылҕа оҕолоро” буола сатаамаҥ. Киһи-аймах эволюция хаамыытын усталаах-туоратыгар “айылҕа инистиинин”, ол эбэтэр кыыллыы быһыыны кыайар туһугар охсуспута. Айылҕаттан биэриллибит инистииннэргин кыайан үүннүүр-тэһиинниир, салайар буоллаххына, ол аата киһигин. Киһи буолуоҕуҥ! Ыал уонна судаарыстыба ситимэ – оҕо!
Баары баарынан, суоҕу суоҕунан – СУР.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…