Дьэ, Дьокуускай баһылыгын быыбара ааста, “ньыгыллар” кыайдылар, куораты ыллылар. “Сиэрдээхтэр” кыайтардылар, “муннукка ытаатылар” – кыахтаахпыт буоллар кыайыа этибит, кыайбыппыт буоллар кыаҕырыа этибит дэстилэр. “Ньыгыллары” буруйдааһыннара диэхтээн, хомуньуустары да хомуруйдулар, бэл, сахалары омугумсуйууга күтүрээһиннэр иһилиннилэр. Таҥара көмөтүнэн, баартыйа салалтата онно кыттыспата ини диэххэ.
Бастатан туран, “Сиэрдээх Арассыыйа” ханнык-туох баартыйаный диэххэ. Өйдүүр буолуохтааххыт, бу баартыйаны, дьиҥэ баара, Кириэмил тэрийбитин.
Аан дойду үрдүнэн баара-суоҕа икки идеология баар – “хаҥас” уонна “уҥа”. “Хаҥастар” социализм, социальнай тэҥ бырааптаныы диэки хаанньайыылаахтар, оттон “уҥалар” тойот-хотут “социальнай бөлөхтөрө” баһылыырын туруулаһаллар. “Уҥа” эбэтэр “хаҥас” либэрээллэр диэн, мин санаабар, сымыйа дойҕох. Тоҕо диэтэххэ, “хаҥастар” мэлдьи даҕаны судаарыстыба оруолун өрө туталлар, оттон “уҥалар” судаарыстыба суолтатын суох оҥорорго туруулаһаллар.
Ол быһыытынан, Кириэмил Судаарыстыбаннай дуумаҕа “икки кынаты” тэрийэ сатыыра өйдөнөр. Биир өттүгэр “уҥалар”, иккис өттүгэр – “хаҥастар”. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ халыҥ араҥата мэлдьи “хаҥас” диэки халыйар. Хоту дойду тыйыс усулобуйатыгар (Арассыыйа сирин-уотун 60 бырыһыана ирбэт тоҥ) социализм идиэйэлэрэ, судаарыстыба көмөтө-өйөбүлэ –тыын боппуруос. Холобур, Саха сиригэр аата эрэ ырыынак усулуобуйатыгар олоробут, дьиҥэ, барытын судаарыстыба тутан диэххэ дуу, иитэн диэххэ дуу, олорор.
Былаас “икки кынаттаах” буолуохтаах – икки өттүнэн тэҥҥэ дайбанарын, биир өттүгэр кэлтэйбэтин курдук.
Дьэ, маннык балаһыанньаҕа тэриллибит “Сиэрдээх Арассыыйа” диэн “хаҥас” баартыйа Кириэмил эрэлин толорбото диэн бигэтик этиэххэ сөп.
Бастакы быыбардарыгар, ол эбэтэр 2007 сыллаахха, “сиэрдээхтэр” Судаарыстыбаннай дуумаҕа бэркэ саҕалаабыттара – 38 миэстэни ылбыттара (барыта 450 дьокутаат). Оттон билиҥҥи дуумаҕа баара-суоҕа 23 дьокутааттаахтар. Тэҥниир буоллахха, хомуньуустар 35 мандааты баартыйа испииһэгинэн ылбыттара, ону таһынан 7 дьокутаат биир мандааттаах уокуруктарга кыайбыттара.
Онон дуумаҕа хомуньуустары “сиэрдээхтэринэн” солбуйуу билиҥҥитэ табылла илик.
Хас сыллаахха этэй, Арассыыйаҕа КОБ (Концепция общественной безопасности) диэн тарҕаммыта, ону даҕаһыннаран КПЕ (Концептуальная партия “Единение”) диэн тэриллибитэ (Арассыыйаҕа бобуулаах). Бу дьон хараҕын арыйыы этэ. Биллэн турар, нууччалар санааларын уһугуннарыы.
Сүрдээх сытыы, экстремизм кытыытынан дыгыйар кэнсиэпсийэ. Бэл, православие итэҕэлин, ону сэргэ, хм, “таайдары” “ыкка биэрэр”сэһэннээх.
Бобуллубутун кэнниттэн сонно тута үүт-үкчү идиэйэлэрдээх, ол эрэн православиены киэр анньыбат, “таайдары” буруйдаабат оҥкуллаах суруйааччылар, бэлиитиктэр, байыаннайдар баар буолбуттара. Ол дьон, быһыыта, орулуур уон сыл үлэлээтилэр, тэлэбиидьэнньэҕэ, интернеккэ эргийбэхтээтилэр, кинигэ бөҕөлөөҕүнэн сири-дойдуну хааччыйдылар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник билиннилэр, биһирэннилэр.
Дьэ, ол кэнниттэн “Сиэрдээх Арассыыйа” оччо-бачча биллибэт “За правду” баартыйаны кытта холбоһор буолла.
Ол баартыйаҕа, алҕаска, үөһэ этиллэр суруйааччылар, байыаннайдар, политологтар бас-көс дьон эбиттэр. Алҕаска!
Тоҕо диэтэххэ, хара маҥнайгыттан “Сиэрдээх Арассыыйа” диэн социалистар баартыйаларыгар, этэргэ дылы, “атыыр” хапыталыыстар симиллибиттэрэ. Былааска эрэ тахсар туһугар, били, идеологияларын “умнан туран”. “ “Цинизм” диэн баар – хапытаал биир сүрүн майгыта.
Умна сылдьыахтара эбээт, бэйэҕит билэҕит, “сиэрдээхтэр” тумус дьонноро хайдах туора-маары ыстаҥалаабыттарын – АХШ посолугар “чэйдии” суксуруһаллара биир суох, Навальнай тэрийбит “Болотнай болуоссатынааҕы” бырачыастарга кыттыһан үрүҥ лиэнтэ иилинэн даллараҥнаһаллара биир суох. Оксана Дмитриева, аҕалыы-уоллуу Гудковтар, күн бүгүн Украинаҕа Бандераны уруйдуур-айхаллыыр, Арассыыйа хаһан ыһылларын кэтэһэр Пономарев.
Баартыйаҕа “За правду” социалистара кыттыһыыларыттан сорох сорохтор “уйаларыгар уу киирбит” бадахтаах. Тоҕо диэтэххэ, сотору кэминэн “Сиэрдээх Арассыыйа –Кырдьык иһин” баартыйа инники күөнүгэр Захар Прилепин, Сергей Михеев, Николай Стариков, Семен Багдасаров курдук бэлиитиктэр тахсаллара саарбахтаммат.
Дьэ, оннук балаһыанньаҕа “сиэрдээхтэр” либэрээллэрэ бэйэлэрин кэккэлэрин хаҥата сатыахтарын сөп. Холобур, Саха сириттэн баартыйа испииһэгинэн Виталий Обедин курдук либэрээллии өйдөөх-санаалаах киһи туруон сөп диэн буолла. Ону киһи дьиктиргээбэт – Федот Тумусов бэйэтэ Саха сиригэр бастакы хапыталыыс буоллаҕа. Бүлүү улуустарын иэдээнин суотугар “күнэ тахсыбыт” хапыталыыс.
Дьэ, Одессаҕа “Профсоюзтар дьиэлэригэр” дьону уокка тыыннаахтыы умаппыт бандеровецтары хайҕаабыт хаһыат салайааччыта үөһэ этиллибит патриоттары кытта биир баартыйаҕа батан үлэлииллэрин саарбахтыыбын.
Биллэн турар, ити билиҥҥитэ үһү-таамах кэриэтэ кэпсэнэр эрээри, өскөтүн Виталий Обедин Саха сирин “сиэрдээхтэрин” испииһэгинэн Судаарыстыбаннай дуумаҕа турар күннээх буоллаҕына, ол аата, баартыйа либэрээллии санаалаах дьоно баартыйаны ыһар былааннаммыттар диэххэ сөп. Бэйэлэрин курдук дьону мунньан кэккэлэрин хаҥатан, “За правду” баартыйаттан киирбит патриоттары кытта охсуһуу саҕаланыахтаах. Баартыйа иһигэр былаас былдьаһыыта.
Дьэ диэ! Мантан инньэ көрөн-истэн иһиэхпит. Биири бигэтик этиэххэ наада – “Сиэрдээх Арассыыйа” дьиҥнээхтик “хаҥас” диэки халыйарын хайгыахха эрэ сөп. Ону баара, уруккуларын курдук “икки саары икки ардынан” бэлиитикэлээх “сиэрдээхтэр”, бука диэн, си-дьүгээр миэстэлэрин туран биэрбэт санаалаахтар.
Суолласта, сулласта – СУР.
Похожие новости
Сэнэбил сэттээх, оттон нэһилиэк бюджеттаах буолуохтаах!
Строительная Якутия-2: ДЕРИБАН “ЯКУТИИ”. БА, ЗНАКОМЫЕ ВСЕ ЛИЦА !
Саха сирин былааһа VS Арассыыйа: “подпольщиктар” дуо?