Yakutians.com

Новости Якутии

Күөнтэһии билгэтэ: “Аан дойду бырабыыталыстыбата” дуу, Таҥара ыйыыта дуу?

Киһи үллэр үйэтигэр арааһы көрөр: аҕыйах сыллаахха дуоллары сууһарыахтара диэн суруйдахпына күлүү оҥостуох курдук буолаллара.

Россия против НАТО. Предпосылки конфликта

Украинаҕа буола турар НАТО дойдуларын кытта сэрии хайаан да буолуохтаах сэрии. Ким даҕаны “тоҕо тардыбыт” сэриитэ буолбатах – сиппит кутургуйа тэстэрин кэриэтэ быһыы. Арассыыйа дуу, Арҕааҥы дойдулар дуу? “Киһи буолабыт дуу, кии буолабыт дуу” диэн боппуруос хороччу турар.

Төрдүн-төбөтүн түөһэр буоллахха, үс түгэни чорботон бэлиэтиир сөп.

“Аан дойдутааҕы бырабыыталыстыба”, ол эбэтэр аан дойдутааҕы бааннар, трансконтинентальнай хампаанньалар, саамай сүрүнэ, дуоллары “бэчээттиир” АХШ федеральнай күдэҕин ситимин (ФРС США) хаһаайыттарын туһунан этилиннэ ини, этиллибэтэ ини.

Бастатан туран, “кыһыл көмүс миллиард” түөрүйэтин кытта сөпсөһөн туран, конспирология, ол эбэтэр, аан дойдутааҕы саагыбар хайысхатынан көрүөххэ.

Теории заговора: конспирология от древности до наших дней

“Аан дойдутааҕы саагыбар” диэн хойгур тойук диигит дуу? Бай, баһаарга икки эргиэмсик көрсүстэ да, дьону отоойкоҕо олордор туһугар куомуннаһа охсоллор буолбатах дуо? Оттон аан дойдуну баһылыыр туһугар кутугунаспатахтара буолуо диэн ким төбөтүгэр батарыан сөбүй?

Отой долгуйумаҥ, үөһээ эргимтэҕэ иннилэрин хайыммат дьон суохтар.

Быһата, маннык.

Арассыыйа экэниэмикэтэ “тырыта тыытыллыбытын” туһунан “хара уол” бэрт эрэллээхтик этэргэ дылыта. Онтун дорҕооно сүтэ илигинэ Арассыыйа сэриитин сэбэ, бэл, АХШ курдук дойду чарапчыламмат үрдэлигэр тиийэ сайдыбыт буолан тахсыбыта. Обама тойон оҕо тугу-тугу лахсыйбытай диэххэ айылаах!

Маны “конспирология” хайысхатынан маннык быһаарыахха сөп.

Ол аата, “аан дойду бырабыыталыстыбата” бөлүһүөк Александр Зиновьев эппитинэн “сверхобщество”, генерал Петров эппитинэн “глобальнай предиктор” (инникини тосхоллооччу), Америка арыытыттан “сир уларыйарга” быһаарыммыт буолуон сөп.

Библия диэн улуу кинигэ сымыйаны суруйбат диэн буолар. Онно этиллэр “улуу мотуок” хаста буолан ааспытын, төһө-хачча цивилизацияны имири сотон ааспытын чопчу аахпыт суох быһыылаах.

АХШ аттыгар акыйааҥҥа саһан сытар Йеллоустоун вулкан ааспыт үйэ 60-с сылларыгар баара биллибитэ. Бу хаһан баҕарар “уһуктуон”, дэлби тэбиэн, акыйааны атыйахтаах уулуу аймыан сөптөөх “илэ абааһы” арҕаҕа.

Дьэ, “аан дойдутааҕы бырабыыталыстыба” бу алдьархайтан ханна тэскилиэн сөбүй? Сайдыылаах аатырар дойдулар – “муора цивилизациятын” удьуордара, быһата, “пираттар сыдьааннара”, бука бары акыйаан кытылын бата олороллор. Онон Йеллоустоун уһуктар түгэнигэр сорох сорохторун акыйаан ыйыстар, сорохторугар киһи иилэн ылбат алдьархайын оҥорор туруктаах. Ол хаһан буолар кэмэ-кэрдиитэ эрэ биллибэт. Бэл, Кытайы эмиэ сотон ааһыахтаах. Америка, Япония, Великобритания курдук арыылар тустарынан этэ да барыллыбат.

Оччотугар “аан дойду бырабыыталыстыбата” көһүөх айылаах биир эрэ чиҥ сирэ баар – Арассыыйа.

Билэргит курдук, чиргэл сир даҕаны, акыйаан түгэҕэ да тектоническай билиитэлэргэ сүгүллэллэр. Евроазиатскай билиитэ диэн баар – саамай улахан уонна, учуонайдар сабаҕалыылларынан, алдьатыылаах сир хамсааһыныгар тулуктаһыах айылаах тирэх сир. Хартленд – сир сүрэҕэ. Орто дойду.

Дьэ, бу билиитэ иэнэгийэр иэнин тухары кэриэтэ Арассыыйа түөрт платформанан түһүүлэнэн сытар: Илиҥҥи Европа платформата, Скиф платформата, Арҕааҥы Сибиир платформата, Сибиир платформата. Манна баппакка Хотугу Америкатааҕы, Амурдааҕы, Охотскай муоратааҕы билиитэлэргэ мэҥэстэр. Бу билиитэлэр Евроазиатскай билиитэ уонна Чуумпу акыйаан аннынааҕы халбархай соҕус билиитэ икки ардыларыгар быыс буолаллар. Онон Саха сирэ эмиэ халбаҥ соҕус тирэхтээх. Бэйэҕит билэҕит, төһө да сирбит анна муус болгуо буолбутун иһин, “сейсмическай” дойду аатырабыт.

Онон Арҕааҥы Сибиир диэки көһөргө бэлэм сылдьыахха баар этэ, дьиҥэ! Оннук “суһал эвакуация” ситимэ туһааннаах биэдэмэстибэлэр уораҕайдарыгар оҥоһулла сылдьар ини диэн эрэнэрбитигэр эрэ тиийэбит.

Дьэ, Йеллоустоун суоһуура (ол эрэ буолуо дуо!) 60-с сыллардаахха биллибит буоллаҕына, “аан дойду бырабыыталыстыбата” быыһанар сири ол тухары көрдөөбөтөх үһү дуо?

Булбут буолуон сөп. Быһата, ол сахха Сэбиэскэй сойууһу кытта сэриилэһэр да, куомуннаһар да кыахтара суох буоллаҕына, билиҥҥи хапыталыыстыы Арассыыйа хантан кыаҕырбытын, хайдах саамай үрдүк технологиялаах сэрии сэбинэн хааччыммытын сэрэйиэххэ сөп.

Тоҕо АХШ уонна Европа, быһата, “муора цивилизациятын” судаарыстыбалара эстэр суолга киирбиттэрэ, тоҕо хадаардаһан туран бэйэлэригэр куһаҕаны оҥосто сатыыллара эмиэ өйдөнөр – “аан дойду бырабыыталыстыбата” тарбаҕынан ыйбыт сиринэн сылдьаллар. Бас-көс дьонноругар “эһигини күрэтиэхпит” диэтилэр да, бүттэҕэ. Ол иһигэр, табылыннаҕына, Арассыыйа сирин былдьыырга, Хартленд үрдэлигэр олохсуйарга баҕатыйыы да ханна барыай.

Маннык суол үчүгэй дуу, куһаҕан дуу? “Кыһыл көмүс миллиард” иһигэр олорботоҕум, билбэппин. Билэр дьонум иһигэр ымсыырааччы баһаам буолааччы.

Иккиһинэн, конспирологияны, ол эбэтэр, “аан дойдутааҕы саагыбары” киэр илгэн кэбиһэбит. Ханнык да “аан дойду бырабыыталыстыбата” суох, бары бэйэлэрин күүстэринэн, кыахтарынан “кырдьык иһин” киирсэллэр.

Как предотвратить уничтожение спутников. Задачи российской космической  разведки — Твой Новосибирск

Украина дьалхаана көрдөрбүтүнэн да, “төбөлөөх” соҕус экэнэмиистэр да этэллэринэн, Арҕааҥы дойдулар экэниэмикэлэрэ Арассыыйаны хас эмэ төгүл сабырыйар диэн өйдөбүл оччо-бачча олоҕо суох. Дьиҥнээх (реальнай) экэниэмикэ көрдөрүүлэрэ атын буолуон сөп. Барыйбыты барытын ааҕар баалабай бородуукта көрдөрүүлэрэ саарбахтар. Арҕааҥы ааҕыныстыбалар бэйэлэрин тустарыгар кыралаан эбэллэрин-көҕүрэтэллэрин үрдүнэн, экэниэмикэлэр көрдөрүүлэригэр, холобур, биржаҕа миллиардынан үспүкүлээссийэлээһиннэр, ол-бу уос-тиис кырааскатын, түөс-эмэһэ үлүннэриитин курдук “креативнай экэниэмикэ” сыыппаралара эбилик буолаллар. Дьиҥнээх экэниэмикэҕэ туох да сыһыана суох көрдөрүүлэр.

Чэ, Арассыыйаны баһыйа туталлара диэн, “микроэлектроника” салаатыгар эрэ диэххэ сөп. Ол-бу муодунай таҥас-сап, “порнуха индустрията” курдук салаалары аахсыбатахха. Өлөр-хаалар кэмҥэ онто да суох олоруохха сөп.  Аны туран, “микроэлектроникаҕа” туттуллар сэдэх металлар, “сапфир тэллэх” ырыынактарын бэрт улахан өлүүтүн  Арассыыйа тутан олорор эбээт. Холобур, онно туттуллар неон гаас сыаната уон төгүл өрө кыырайан тахсыбыт диэн буолла. Маны Украина тэрилтэлэрэ Арассыыйаттан ылар гаастарын ыраастаан, арааран оҥороллоро эбээт.

Кытайдар барахсаттар хааччыйаллар ини. Биири билэн кэбиһиҥ: Кытай Арассыыйаны хааччыйбаппыт диэн төһөнөн дорҕоонноохтук этэр да, хааччыйаллара оччонон улаатар эбит диэн. Восток – дело тонкое.

Аны туран, ханнык баҕарар оҥорон таһаарыы энергетиката суох сатаммат. Бу өттүнэн Арассыыйаны кытта туруулаһар дойду суох – углеводород, гидро энергетикаларын салааларыгар инники күөҥҥэ сылдьар. Атомнай энергетикаҕа тэҥнээҕэ суох.

Логистика өттүнэн, холобур, Хотугу муора суолунан Европа уонна Азия икки ардыларыгар айаннааһын соҕурууҥу силбэһиилэр нөҥүө сырыытааҕар үс нэдиэлэнэн түргэн дииллэр. Бу устар аалы наймылаһыыны (фрахт) хайдах курдук чэпчэтэрэ буолуой? Оттон бу суолу хааччыйар ледоколлар флоттара Арассыыйаҕа эрэ баар.  

НАТО дойдуларын кытта күөнтэһии уутугар-хаарыгар киирэн бардаҕына, хайыахпытый, космоска “ураҕастанарбытыгар” тиийэбит. Украинаҕа буолар спецоперация иннинэ Арассыыйа мээнэҕэ былыргы сэбиэскэй спутнигы халлаантан халбыйан көрдөрбүт үһү дуо? Сиргэ туох буоларын тэһэ көрөр спутниктары суулларыы, дьыала дириҥээтэҕинэ, “сокуоннай” дьаһаныы буолуон сөп.

Биллэн турар, арҕааҥылар биһиги спутниктарбытын эмиэ дапсыйыахтара эрээри, биһиги саҥаттан саҥа спутниктары төһө баҕарар үөһэ таһаарар кыахтаахпыт. Оттон кинилэр аатырар Starlink аргыстарын Арассыыйа көмөтө суох таһаараллара ыарахаттардаах буолуон сөп.

Эргиэмсик Илон Маск былырыын билинэн турар: Starship ракетаҕа анаан Raptor двигатели Арассыыйа РД-180 двигателин үтүгүннэрэн оҥорбуппут диэн. Онтуларын тургутан биирдэ көттүлэр быһыылаах этэ. Ол эрэн, маннык уустук хайысхаҕа сүүһүнэн көтүүлэри оҥордоххуна биирдэ “кыайа туттум” диэххэ сөп.

Таарыйа аҕыннахха, Арассыыйа космонавтикаҕа “импортозамещение” ыытыаҕыттан саахал тахсыбат буолла (тьфу-тьфу-тьфу!). Ырааҕынан сылдьыбыттара ордук быһыылаах.

Ол эрэн дьыала “халлаан сэриитигэр” тиийбэт ини. Африка, Аан Илин дойдуларыгар хоргуйуу, онтон куотар дьон Европаҕа тоҕо анньан тиийиилэрэ да сөп оҥорор буолуохтаах.

Онон НАТО дойдуларын кытта сэбилэниилээх күөнтэһии дириҥиир түгэнигэр Арассыыйа өлөн-охтон биэрэр туһа суох.

Үсүһүнэн, Таҥара, ол эбэтэр Аар Айыы. Киһи-аймах наһаалаан барда. Холобур, биологическай сэрии сэбин оҥоро таарыйа араас сүлүһүннээх үөнү-көйүүрү тарҕатарын ааһан, аны кыылга-сүөлгэ тиийдэ. Клоннааһын киһини “оҥорорго” тиийбитин-тиийбэтэҕин туһунан чуолкай этэр урааҥхай суох быһыылаах – баҕар, аттыбытыгар хаамса сылдьаллара буолуо. Оттон “6-с технологическай укулаат” диэн сайдыы түһүмэҕэр “социальнай субъектары таҥыы уонна ыһыы” буолара сабаҕаланар. Ол эбэтэр, дьон түмсүүлэрин, бүтүн норуоттары дуо?

Божья кара (Татьяна Папантонио) / Стихи.ру

Бу сымыйа буолбатаҕын ааһан, олоххо киирбитин украинецтар холобурдарыгар көрөбүт бадахтаах. Аҕыйах сыллаахха диэри бары биир нуучча омук диир дьоммут букатын атын омукка кубулуйбуттар буолбатах дуо?

Библияттан билэбит, Таҥара бастаан дьон “Вавилон башнятын” туталларын хаарчахтаабыта. Үрдүк Таҥараҕа тиийэ сатыыр дьулуурдарын тус-туһунан тыллаан үрэйбитэ, ол эбэтэр, бэйэ бэйэлэрин өйдөспөт оҥортообута. Син ол кэриэтэ аныгы “Вавилон башнятын” – глобализацияны тохтотуу салҕанан барар. Бастаан пандемия судаарыстыбалары бэйэ бэйэлэригэр бүгэргэ күһэйбитэ. Салгыы туох буола турарын бэйэҕит билэҕит.

Киһи-аймах өссө да киэбирэр, Таҥара дьаһааҕын (Божий промысел) былдьаһар буоллаҕына туох буолуоҕун үөһэ хаттаан аах. “Улуу мотуок” ыытар дуу, сири-халлааны хайытар дуу…  

Сити курдук!

Дьэ, табаарыстар уонна тойоттор, бу үс суолтан талбыккытын бэйэҕитигэр сыһыары тутуҥ. Тойоннооҥ: киһи-аймах историятын сэрии арыаллаан кэллэ; сэрии – наука уонна техника сайдыытын хамсатар күүһэ; сэрии – дьон-сэргэ, ордук эр дьон “хаачыстыбатын” тупсарар соҕотох  үнүстүрүмүөн. Оннук дуо?

Мин биир бэйэм ортотунан, ол аата иккис суолунан баран иһэбит диэн эрэнэбин.

Суолласта – СУР.  

Поделиться
%d такие блоггеры, как: