Yakutians.com

Новости Якутии

Таптал уонна кэскил-IV

   

   Автор: Виталий СУР.

Саха омук демографияҕа кэскилин туһунан Эллэй эһэбит кэс тыла баарын билэбит. Кини Омоҕой баай мааны кыыһыттан тоҕо аккаастаммытай, тоҕо мара кыыһы ойох ылбытай? Төрүөхтээх, элбэх оҕолоох буолсук диэн! Кыргыттар төһө күүгэннээхтик бырылаччы ииктииллэрин кэтээн көрөн баран. Мааны кыыс быста-быста барбах тыккыратар буоллаҕына, көйгө кыыс барахсан күүгэннээхтик күүгүнэччи ииктиирин биһирии көрөн…

Быһата, саха омук демографиятын туһунан бэйээмэ. Эллэй эһэбит кэриэс-хомуруос тылларын үтүгүннэрэн…

Поэма

V

Айыылар - Исторический

Киэҥ халлаан өҥнөрүн үгэнэ

Арыллар ардыгар саҕаҕа:

Оччоҕо көстөөччү Аал Луук мас

Арбаҕа — киэҥ куйаар тымыра,

Илгэни ибиирэр уот батас

Сир иэнин быһыта сынньара!

Чаҕылҕан, чаҕылҕан!

Биир маннык дьиктилээх күн этэ,

Турбута ардахха баттатан

Имигэс тэтиҥ мас кэриэтэ,

Этиҥтэн титирии куттанан —

Көй кута бу сиртэн арахсан, 

Бэйэтэ бүтэйгэ хам сыстан!

Бу кини, Ньыкаа кыыс бэйэтэ…

Сир-халлаан ардыгар хаайтарбыт,

Өҥүрүк куйааска эмискэ

Этиҥнээх ардахха баттаппыт —

Чаҕылҕан күлбэрэс күлүмэр,

Былытын хараҥа күлүгэр.

Батыйа биитинии сып-сытыы

Чаҕылҕан күөх уота эккириир,

Эбириэн эйгэни кырбастыы,

Сырдык да, барык да элэҥниир:

Көбүөлүүр көһөҥө этиҥэ

Өҥөйөр кинини үрдүнэн,

Оройун үүтүнэн кэриҥэ

Түһүөхтүү ыйанар кэтэһэн —

Ньирилии, ньиргийэ, сатарыы,

Сир иэнэ титириир, дьэ саллыы!

Быһыта-орута барыкка,

Тырыта тыытыллар сырдыкка,

Көрбүтэ — бай, тугуй, бу хантан,

Түстэ дуу, хайдах дуу, халлаантан:

Сэргэҕэ хантаччы бааллыбыт,

Дьөһөгөй оҕото баар буолбут!

Барылас күүгэни оргутар

Табыйар түөрт түөрэм туйаҕа,

Чаҕыллар чолбону санатар

Чанчыгар чаалыйбыт хараҕа —

Кытаанах табаҕай тэһ´иинин

Туппута бохсубут тэ´Һиитин…

Кимий диэ. Тугуй диэ. Хантан диэ!

Ким эрэ абаа´һы-таҥара

Кэлэрин-барарын “этитиэ”,

Үксүгэр албыҥҥа ыллара

Төлкөтүн түҥнэри эргитиэ:

Кубулҕат — адьарай үгэһ´э,

Дьон кутун өлөрөр өргөһө!

Тымныытыан халлаантан халыйар

Хараҥа халҕаһа халаана,

Сытыытыан сырдыгы сарбыйар

Чаҕылҕан чыгдааннаах кылаана…

Чуор тойук тохторун кэриэтэ

Кэлиэхсит тыллара иһиллэр:

– Дьэ эрэ дуо, сээгэй дуу, сээгэйбэ!

Бу Орто дойдуга мин кэллим,

Тэгилтэн силлиэни тэлэммин,

Кыыра Хаан түркүннээх тэҥсигэ

Алыстаан Харданныыр эрдьигэн —

Сэттэ уон Мэндэҥэ[1] сирдьиттээх,

Хо´һоонноох Хороттон хоп түүллээх!

Бай..! ону кытары халлааҥҥа

Былыппыт быдаҥҥа мэлийдэ,

Үс улуу хочоҕо, салгыҥҥа

Үкэр күн куйааһа налыйда.

***

Алыстаан уол оҕо, эр бэрдэ —

Манныгы этэллэр: кыыс кэрэ…

Бэрт сытыы сирэйдиин-харахтыын,

Тылынан “өтүүнү хатардыын”.

Киниттэн тымныынан хаарыйбат —

Арай баар туох эрэ бэрт тоҥуй,

Арай баар, харахха туттарбат

Былыттан — устугас уру´һуй:

Сиик курдук барытын иҥэрэр,

Сонно, дьэ, барытын мэлдьэһэр.  

Дьэ, хара сылгылаах Кыыра Хаан

Илдьитин и´һийэн истиэххэ,

Хахсааттыыр Буурайтан аат ааттаан

Кэлээччи кэпсэлин билиэххэ.

– Сандыа, саарый, саар-дьаалы!

Мин диэтэх, мин үһү — ар дьаалы!

Үөһээ дойду ирим-дьирим

Иэйэлэрин тэпсибитим,

Арҕаа халлаан аҕыл-дьаҕыл

Сулустарын суоллаабытым —

Алларааҥы дойдуга

Аллар атас ааттаахпын,

Орто туруу дойдуга

Онон-манан оҥкуллаахпын:

Көйгө дьоҥҥо көстүбэппин,

Барбах дьоҥҥо баайсыбаппын.

Баарым-суоҕум барык аанньа,

Барыым-кэлиим күлүк чаана,

Мин билэрбин — ким да билбэт,

Мин көрөрбүн — ким да көрбөт!

Оччоҕо этэрбин эн истиий,

Күн кыыһа чэчэктии сэгэйиий! 

Оо, үөһ´ээ дойдуга бэрт да бэрт,

Күн чугас, сырдыга хараабат,

Кыһалҕа кырыыһын дьон билбэт,

Көр-күлүү, көрүдьүөс ахсаабат —

Күнүһүн дьэргэлгэн дьиримэр,

Түүнүгэр дьүкээбил суһумар!

Хас дьахтар тапталга таалалыыр,

Салгынтан дьалыҥы ыймахтыыр,

Тойону-хотуну солбуйар

Иэйии баар — барыны дьаһайар:

Кыыс оҕо кэрэчээн та´һаата,

Уол оҕо айхаллыыр туойуута!

Түүннэри-күннэри — көр-күлүү,

Көй халлаан күөнүгэр дьулуһуу —

Кыргыттар — угуйар кустуктар,

Көччүйэр көҥүл лыах курдуктар:

Кынаттаахтар ньии — кы´һыл көмүс!

Сүрэхтээхтэр ньии — үрүҥ сулус!

Өндөл халлаан кэтээн көрөр

Орто дойду дьылҕатын —

Манна кэрэ өксөйөр

Сордоох олох сүүрүгүн:

Хааннаах хара көлөһүн

Халҕаһатын быыһынан

Намчы умнас өтөрүн

Сөҕөр — көрө аһынан…

Кынат, кынат бэлэхтиэм!

Сиртэн-буортан тэйэргэр,

Сулустарга көтөргөр!

Биитэр көмүс далаһа

Түһэрэммин күрэтиэм —

Көй халлааҥҥа талаһар

Куккун күҥҥэ көтөҕүөм!

Манна, манна буор сиргэ,

Бороҥ саха дьылҕатын

Кэмчи кэлэҕэй киэбигэр

Киирэн кирийэр дьаабытын —

Киэр, киэр, киэр илгиэх,

Халлаан диэки хайыһыах!

***

Айыылар - Исторический

Халлаан дьэллик тэҥсигэ

Ити курдук эппитэ —

Эдэр кыыска сүрэҕэр

Ороһуйуу үөскэтэр —

Ханна, ханнык кыыс аймах

Хайҕанары сириэҕэй,

Таптал үөһ´эр таалалыах

Оҥоһууну киэр диэҕэй!

***

Оо, дьэ, сордоох баҕайы,

Буулаатаҕа олуһун,

Улуу дьаалы күн аайы

Манастаҕа баҕаһын.

Тоҕой аайы тоһуйар,

Биир ырыаны туой туойар:

– Барыс миигин кытары —

Онно кырдьар кырыыс суох,

Дьэккин дьолтон саһыара

Хаппахчыга хаайымыах:

Дьахтар дьоло дьабыл баран

Дьиэрэҥкэйдии сылдьыахтаах,

Кэрэ киэбэ босхо сылдьан

Кимэр кэмтэн куотуохтаах.

Кэтэһэллэр эйигин

Хайҕал хаҥыл халлааныгар,

Субу турар бэйэҕин

Соргу устар талааныгар:

Көмүс күнтэн туоһахталаах

Хотун буолар аналлааххын,

Күндү симэх силиктэрдээх

Көрү батар кэскиллээххин.

Ол дойдуга сурахтыыллар

Талба-талаан бэйэҕин,

Көрүөхтэрин баҕараллар

Суойар сулус кэрэҕин!

– Суох, суох! — диирэ Ньыкаа кыыс —

Сиэрим миэнэ манна сиппит,

Дьолум миэнэ манна кырыс

Буолан хойуу силис тарпыт.

Аҕалаатар аҕабын,

Ийэлээтэр ийэбин,

Көмүс ньээкэ уйабын,

Дьо´һун дьоммун-сэргэбин —

Бүрүйэ тардыы бүтэйбин,

Сымыыт дьүлэй сабыыбын

Алдьатарым кэлиэҕэ,

Айанныырым ыгыаҕа —

Онно миигин кэтэ´һэр

Тапталлааҕым… Эллэй эр.

– Билбэккин эн билиҥҥитэ, —

Алыстаан саҥардыбат. —

Орто дойду сигилитэ

Манан эрэ бараммат.

Арай туҥуй сүрэҕиҥ

Дьулуһуутун кытары

Илэ көрөн өйдүүрүҥ

Алтыһыыта хардары:

Бырах санаа көйгө көтөр,

Кэрэх санаа сири көрөр!

Таптыыр киһиҥ туһунан,

Быһа этэр буолума,

Кинитэ суох сатаммаккын —

Кинилиин да сатаспаккын!

Бэйэҥ санаа, түннүк нөҥүө

Адаа-будаа тымныы туруо,

Үйэҥ-сааһыҥ онно бүтүө,

Хотон иигэр көбө көөнньүө.

Эмэннириэ эдэр бэйэҥ,

Эмэҕириэ сэбэрэҥ,

Көй санааҕын үлэ көмүө,

Эккин-сииҥҥин эрэй эмиэ!

Тымтык уота кылгас буолар —

Барбах, манна, бу кэмҥэ,

Сулус уота мэлдьи тыгар

Халлааҥҥа уонна бу сиргэ!


[1] Мэндэҥэ — Үс бөдөҥ, түөрт кыра сулус бөлөҕө (Орион)

Поделиться
%d такие блоггеры, как: