Валерия ТЕМЕНХОН, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Бу дьыл балаҕан ыйын 29-31 күннэригэр Москваҕа XXIV норуоттар икки ардыларынааҕы наука уонна технологиялар конференциялара (Россия-Корея-СНГ) буолан ааспыта. Тэрийээччилэр: НТО “АНТОК” (Россия), Korean Federation of Science and Technology Societies (Корея), кэриэйдэр бүтүн Россиятааҕы холбоһуктара (Россия), НТО “ТИНБО” (Узбекистан), НТО “КАХАК” (Казахстан), KORUSTEC киин (Россия, Корея). Спонсордарынан Россия тэрилтэлэрэ буоллулар. Конференция тосхоло – “Объединяя умы во имя совершенства”.
Наука уонна технологиялар сайдыылара биир хааһахха хааллыбатахтарына эрэ ситиһиилэр кэлэллэрэ чуолкай, ол иһин өйү-санааны түмүү аныгы кэмҥэ суолтата өссө үрдүүр. Биллэн турар, уустук кэмҥэ олоробут, киһи аймах көрсөр кыһалҕалара тыйыстар. Бу түгэҥҥэ наука сомоҕолуур күүһүгэр улахан суолта ууруллара сиэрдээх дьаһаныы, үтүө күүстэри инники күөҥҥэ таһаарарга наука бэлэм буолуохтааҕа өйдөнөр.
Конференция кэриэйдэр Россияҕа көһүүлэрин 160 сылын бэлиэтиир тэрээһин быһыытынан ыытыллыбыта кэрэхсэбиллээх. Геополитическай быһыы-майгы уустугунан итиэннэ Украинаҕа ыытыллар СВО-нан сибээстээн былааннаммыт бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр тохтотуллубуттар этэ. Оттон бу конференция ыытылларын булгуччулаахтык өйөөбүттэр. Ол эмиэ бэлиэ. Наука көрүүтэ, этиилэрэ болҕомтоҕо ылыллыахтара турдаҕа.
Биллэрин курдук, 160 сыл ааспыт өттүгэр кэриэйдэр бэйэлэрин көҥүл баҕаларынан аан бастаан Россия сиригэр-уотугар өтөн киирбиттэрэ. Бастаан Дальнай Восток Посьетскай оройуонугар хас даҕаны дьиэ кэргэн көһөн кэлэн олохсуйар. Аас-туор олохтон күрэнэн. Онтон сут, кураан бүрүүкээбитигэр өссө эбии дьон халҕаһата тоҕо анньан кэлэр. Ол кэннинээҕи миграция нуучча-дьоппуон сэриитин кытта сибээстээх. 1905 сыллаахха Япония Кореяҕа бэйэтин колониальнай протекторатын олохтообутугар бэрт элбэх политическай эмигрант Россия сирин булбута. 1910 сыллаахха Япония Кореяны аннексиялаабытыгар өссө элбэх киһи дойдутуттан куотар. Оттон Саха сиригэр кэриэйдэр XIX үйэ 70-c сылларыттан кэлитэлээн барбыттара биллэр. Ордук маассабайдык 1910-1930-с сылларга кэлэллэр.
Бу конференция үлэтигэр биһиги республикабытыттан аан бастаан кытынныбыт. “Саха кэриэйдэрэ” түмсүүнү тэрийбит, икки кинигэ (“Саха кэриэйдэрэ – утум тардыыта”, “Корейцы в истории Якутии”) идиэйэтин ааптара, хомуйан оҥорбут, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ В.И. Егорова-Тхэ кытынна.
Кыттыбыппыт төрүөттээх. Бу иннигэр Екатеринбург куоракка тэриллибит кэриэй омук генеалогиятыгар анаммыт форумҥа дакылааппыт үс бастыҥ дакылаат иһигэр киирэн, Москва конференциятыгар ыҥырыллыбыппыт. Кэккэ күчүмэҕэйдэри аахсыбакка, дьаныһан туран конференция үлэтигэр кытынныбыт. Тоҕо? Бастатан туран, Саха сиригэр ааспыт үйэ 1910-1930-с сылларыгар кэлэн үлэлээбит, сэбиэскэй былааһы олохтоспут кэриэй омук дьонун историятын наука эргимтэтигэр кэпсиир суолтатын өйдөөн. Холобур, Дальнай Восток, Сахалин, Орто Азия, Казахстан кэриэйдэрин туһунан наука үчүгэйдик билэр, чинчийбит буоллаҕына, Саха сирин кэриэйдэрин историята наука киэҥ эйгэтигэр тахса илик. Дьиҥэ, төһө эмэ бэлэм, чинчийиллибит үлэ баарын үрдүнэн. Тоҕото бэрт судургутук быһаарыллар. Гуманитарнай чинчийии институтун оччотооҕу научнай үлэһитин Николай Гаврильевич Иванов өссө 1996 сыллаахха институт учуонай сэбиэтигэр “Корейцы в Якутии (1917-1932)” диэн үлэтэ ааһан турар. Тоҕотун билбит суох, ол эрэн бу үлэ күн сирин көрбөккө, 26 сыл устатата республика Национальнай архыыбыгар бэрт кичэллээхтик хараллан сыппыта. Ол эрэн 2022 сыллаахха институт бу үлэни бэчээккэ таһаарда, онуоха биһиги, кэриэйдэр сыдьааннара, улахан махталлаахпыт. Кэмниэ кэнэҕэс биһиги дьоммут историятын билэр, билсэр, үөрэтэр кыахтаммыппыт! Онуоха дылы сурах эрэ быһыытынан билсэн сырыттахпыт.
Биһиги бу конференцияҕа “Кэриэйдэр Саха сирин историятыгар” диэн теманан үгүс элбэх архив матырыйаалларыгар уонна Н.Г. Иванов баай ис хоһоонноох үлэтигэр олоҕуран ситиһиилээхтик кытынныбыт. Учуонай аймах биһиги дакылааппытын олус сэҥээрдэ уонна биһирээтэ. Улахан сонун иһитиннэрии буолла кинилэргэ, тоҕо диэтэххэ Саха сирин кэриэйдэрин историятын өссө билэ, истэ иликтэрэ. Ол курдук, дакылааты олус хайҕаатылар, илии тутустулар, билсиэх буолаллар, кинигэлэрин бэлэхтээтилэр, кэриэйдэр (ордук кэриэй бартыһааннарын) историяларын үөрэтэ Саха сиригэр кэлэ сылдьыах буолаллар, дакылааппытынан өссө биир улахан түһүлгэҕэ ыҥырдылар.
Маннык конференциялар олус үрдүк таһымнаахтык ыытыллаллар эбит, кэриэй омук төрүттээх учуонайдары түмэ тардан. Биллэн турар, кинилэр ортолоругар аан дойду таһымнаах учуонайдар кытта бааллар. Конференция, пленарнай мунньахтары таһынан, хас да секцияларынан үлэлээтэ:
- Биология уонна медицина,
- Инженернай наукалар, физика, сир туһунан наука,
- Химия уонна саҥа матырыйааллар,
- Математика уонна информационнай технологиялар,
- Общественнай наукалар,
- Кэриэйдэр Россияҕа көһөн кэлиилэрин 160 сылыгар аналлаах секция.
Дойду бөдөҥ научнай институттарыттан, тэрилтэлэриттэн учуонайдар бааллар. Сколковоттан, Москва, Дубна, Санкт-Петербург, Волгоград, Воронеж, Екатеринбург, Челябинскай, Казань, Новосибирскай, Томскай, Красноярскай, Хабаровскай, Владивосток, Южно-Сахалинскай курдук куораттартан учуонайдар кытыннылар. Ону кытта Казахстан, Узбекистан, Корея научнай тэрилтэлэрэ актыыбынайдык кытталлар эбит.
Конференция түгэннэриттэн
Биллэн турар, маннык конференцияларга, форумнарга кыттыах иннинэ, биһиги өттүбүтүттэн кырата суох үлэ үлэлэммитэ. Республика архивтарыгар, ахтыылары хомуйууга, литератураны үөрэтиигэ, кинигэни оҥорон таһаарыыга, көрсүһүүлэри, конференциялары тэрийэргэ балай эмэ кэм бардаҕа. Ол иһин наука дьоһуннаах түһүлгэтигэр биһиги үлэбитигэр суолта уурбуттарын олус долгуйа, үөрэ ылынныбыт.
Саха сирин историятыгар бэйэлэрин үтүө суолларын хаалларбыт кэриэй омук дьонун туһунан биһиги, кинилэр ыччаттара, киэҥ эйгэҕэ кэпсиир, сырдатар ытык иэстээхпит. Ол иэспитин толорон үлэлии-хамсыы сырыттахпыт. Икки кинигэни таһаарыы, итиэннэ олорбут-үлэлээбит сирдэригэр мэҥэ таастары, өйдөбүнньүктэри туруоруу элбэҕи этэр. Ол аата кинилэр суоллара сойботох, батталы утары сэриигэ хааннарын тохпуттара умнуллубатах, ааттара тыыннаах!
Аныгы көлүөнэ дьон бу туһунан билбэт, билбэттэриттэн түҥ-таҥ, улахаҥҥа уурбаттык тыллаһар дьон ханна барыай, бааллар.
Ким Кын Хо сырдык кэриэһигэр Тойон Арыы (Хаҥалас) махталлаах дьонуттан
Аҕалыы уоллуу Цой Дюн Хи уонна Цой Иван Сергеевичка Уус Алдан улууһун махталлаах дьонуттан мэҥэ таас
Ол иһин бу кыракый ыстатыйаҕа, сэгэтэн да кэриэтэ буоллар, кэриэйдэр Саха сирин историятыгар туох суолу-ииһи хаалларбыттарын ахтан аһарыахпыт.
Биллэн турар, история докумуоннарыгар, наука этиитигэр (Н.Г. Иванов. Корейцы в Якутии (1917-1932), ыччаттарын ахтыыларыгар олоҕурабыт.
Манна этэн аһарыах тустаахпыт, кэриэйдэр Саха сиригэр өссө өрөбөлүүссүйэ инниттэн олохсуйбуттара биллэр. Оччотооҕу саһарбыт хаһыаттары ааҕан көрдөххө, Дьокуускайга кэриэй-кытай дьонун лааппылара, хаһаайыстыбалара, оҕуруоттара туругура сайдыбыттарын туһунан кэпсэнэр. Бэл диэтэр, маннык түгэн баар: мас дьиэлэрдээх куоракка хоруолук кыыл аһара элбэх үөскээн, олохтоохторго кутталы үөскэппит, дьиэ акылаатын кэбийэннэр дьону аймыыллар эбит. Кэриэйдэр бары улахан хаһаайыстыбалаах, оҕуруоттаах олорбуттарын туһунан билэбит. Ордук сөбүлээн сибиинньэни, хоруолугу иитэллэр эбит.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэриэйдэр үгүстэрэ өйөөбүттэрэ. Россия территориятыгар кэриэй патриоттара бартыһаан этэрээттэрин тэринэннэр, дойдуларыгар дьоппуон оккупациятын утары сэриилэспиттэрэ. Дойдулара босхолонуутун империализмы утары охсуһууну кытта быһаччы сибээстииллэрэ. Дьэ, ол иһин Дальнай Востокка, Сибииргэ, ол иһигэр Саха сиригэр, Кыһыл армия кэккэтигэр киирэннэр, сэбиэскэй былаас олохтонорун иһин охсуспуттара, олохторун толук уурбуттара. Ол да иһин, кинилэр биһиги Сахабыт сирэ судаарыстыбаннастаах буолуутугар олук уурсубуттара диэн этэрбит оруннаах буолан тахсар. Кэриэйдэр кылааттара баарын өйдүөх, бэлиэтиэх кэриҥнээхпит.
Кэриэй бартыһааннара Саха сиригэр аан бастаан 1918 с. Рыдзинскай этэрээтин кытта кэлбиттэрэ. Бу 109 киһилээх интернациональнай этэрээт этэ. Бу этэрээт Дьокуускай куоракка сэбиэскэй былааһы аан бастаан олохтообута. Ол эрэн Дьокуускайга уһаабатаҕа, Иркутскай куораты үрүҥнэр ылан эрэллэрин истэн кыһылларга көмөлөһө аттаммыта.
1920 с. сааһыгар Охотскайдааҕы бартыһаан этэрээтэ, Сахалины ылбыт дьоппуоннартан, Колчак сэриилэриттэн чугуйан, Саха сиригэр эвакуацияламмыта. Бу этэрээккэ 100-тэн тахса кэриэй бартыһаана баара. Балартан элбэх киһи Дьокуускай гарнизонугар байыаһынан киирбитэ (Н.Г. Иванов).
Кэриэй бартыһааннара
Кэриэй хомуньууһа Ким Ю Мей туруорсуутун губревком бэрэссэдээтэлэ Платон Ойуунускай өйөөн, 1920 с. кэриэйдэр обществолара тэриллибитэ. Онтон ити сыл сэтинньи 25 күнүгэр Саха сиригэр аан бастаан кэриэй хомуньуустарын партийнай ячейката тэриллибитэ.
1921 с. кулун тутар 17 күнүгэр Амурскай уобалас Красноярово сэлиэнньэтигэр Дальнай Восток кэриэйдэрин сийиэһэ ыытыллыбыта. Манна Дальнай Востогу дьоппуон оккупаннарыттан уонна үрүҥнэртэн босхолуурга анаан кэриэйдэр бартыһааннарын этэрээттэриттэн, ол иһигэр Дальнай Восток 5-с Народнай-революционнай армиятыгар баар кэриэйдэр батальоннарыттан турар туспа этэрээти тэрийэргэ быһаарыы ылыллыбыта. Бу боппуруоһу Дьокуускай кэриэйдэрэ 1921 с. алтынньы 30 күнүгэр дьүүллэспиттэрэ, Кэриэй этэрээтигэр суруттарыы барбыта. Ол эрээри, Иркутскайга барыыны тохтоторго быһаарбыттара, тоҕо диэтэххэ Дьокуускайга быһыы-майгы тыҥаабыта, куораты үрүҥнэр сэриилиир кутталлара сытыырхайбыта. Онон 339 байыастаах кэриэйдэр этэрээттэрэ бүүс-бүтүннүү Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыы хамыыһыйатын дьаһалыгар киирбитэ. Бу 1918 с. Дьокуускайы сэриилээн ылбыт Рыдзинскай этэрээтинээҕэр үс төгүл элбэх киһилээх этэрээт этэ.
Ити курдук, кэриэйдэр Дьокуускай куораты саа-саадах тутан көмүскээбиттэрэ. Аны туран, Каландаришвили этэрээтин кытта кэриэй батальона кэлбитэ, кинилэр салгыы Строд, Байкалов хамаандаларынан Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтоспуттара.
Оттон сэбиэскэй олоҕу тутуу — норуот хаһаайыстыбатын киэҥ хардыылаахтык сайыннарыыттан, ол курдук, бастатан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр көмүс промышленноһын сайыннарыыттан саҕаламмыта. Онуоха кэриэйдэр кырата суох оруоллаахтар. Кэриэй, кытай омук Алдан бириискэлэригэр көмүс хостооһунугар бастакы сүүрбэ сылга (Н.Г. Иванов) сүрүн күүһүнэн буолбуттара. Бастакы сылларга көмүһү илиинэн эрэ сууйан хостууллара. Оттон көмүһү сууйааччылар сүрүннээн кэриэйдэр, кытайдар этилэр, старателлэр 64 бырыһыаннара кинилэр буолаллара. Старатель көмүс хостооһунугар оччолорго тутаах үлэһит. 1923 сылтан 1949 сылга диэри көмүс 81,5 бырыһыана илиинэн хостоноро. Саамай ыарахан үлэни кэриэйдэр, кытайдар толороллоро, күҥҥэ 12-13 чаас үлэлииллэрэ (Н.Г. Иванов). Бу барахсаттар хайдахтаах да бэйэлээх ыарахан үлэттэн чаҕыйан турбаттара. Сүрдээх түмсүүлээхтик үлэлииллэрэ. Бу идэни үчүгэйдик баһылаабыт дьонунан биллэллэрэ, анал тэриллээхтэрэ, бэрээдэктээхтэрэ, тулуурдаахтара, аска-үөлгэ, олох усулуобуйатыгар талымаһа суохтара, чөл олоҕу тутуһаллара (А.И. Эверстов). Бары билинэллэрэ, старатель үлэтигэр кэриэй, кытай дьоно ордук күүстээхтэрин, ордук сатабыллаахтарын, ордук таһаарыылаахтык үлэлииллэрин (В.М. Назаров). Инньэ гынан, илиҥҥи оробуочай Алдан көмүһүн үлэтигэр сүрүн күүс буолбута. Ол мэлдьэх буолбатах. Ону научнай үлэлэр туоһулууллар.
Кэриэйдэр Алдан бириискэлэригэр
Дьэ, ити курдук, араас суолунан, история араас ыллыктарынан Саха сиригэр кэлбит кэриэй дьоно, Япония өттүттэн куттал суоһаан, дойдуларыгар төннөр суоллара сабыллар. Инньэ гынан Саха сирэ кинилэргэ иккис дойдуларынан буолбута. Дойдуларыгар буоларын курдук, Саха сиригэр даҕаны кинилэр сүрүн дьарыктарынан үүнээйи, оҕуруот аһын олордуута буолбута. Тыйыс килиимэттээх, томороон тымныы кыһыннаах хоту дойду сиригэр үүнээйи арааһын олордон саха дьонун улаханнык сөхтөрбүттэрэ.
Историяҕа Үөһээ Бүлүү Кэнтигин кэриэйдэрин туһунан суруллан хаалбыта баар. Артыал дьоно көмүскэ үлэлээбит уонна бартыһааннаабыт кэриэйдэртэн турара. Артыалларын 1928 сыллаахха тэриммиттэрэ. Бас-көс дьоннорунан Тимофей Ким Кино уонна Василий Чеменсон буолбуттара. Устаап ылыммыттар. Олохтоох саха дьахталларын кэргэн ылан оҕо-уруу тэниппиттэрэ. Сири үллэстии буолбутугар олохтоох былаас артыалга анаан сир биэрбит. Ону ойууру солоон 3,5 гаҕа тиийэ кэҥэппиттэр. Бу сирдэригэр кинилэр бурдугу ыһаллар, хортуосканы, араас оҕуруот аһын олордоллор эбит. Эбии үлэһит илиигэ наадыйан тастан дьону наймылаһан үлэлэтэллэрэ.
1937-1938 сыллардааҕы тутуу-хабыы кэннэ элбэх кэриэй дьоно холкуостарынан тарҕанан үлэлээбиттэрэ. Сир-сир аайы бурдук, оҕуруот аһын дэлэйдик олордон аһы-үөлү элбэппиттэрэ. Кэриэйдэр саха дьонун кытта бэрт эйэлээхтик олорбуттара. Бары да кэриэтэ сахалары кытта уруурҕаһан, ыал буолан элбэх ыччаты хаалларбыттара. Ыал буоланнар, үлэһиттэрин муҥунан, ас-таҥас өттүнэн тутайбакка бэрт сэниэлээхтик олороллоро. Кэриэй дьоно элбэх хаһаастаах, астаах-үөллээх буолалларын туһунан кэпсэл баар. Асчыттарын туһунан эмиэ ураты кэпсэл буолааччы. Оҕуруот аһын араастаан астаан, саха амсайбатах аһынан дьону күндүлүүллэрэ. Бу барахсаттар сайыҥҥы сыралҕаны аахсыбакка, сааскы-күһүҥҥү тыалы билиммэккэ, сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри буору кытта өрө мөхсөн, өлгөм үүнүүнү ылаллара (“Саха кэриэйдэрэ – утум тардыыта”).
Үөһээ Бүлүү оҕуруотчуттара Ан Та Эн уонна Кан Ви Гу
Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмыта. Кэриэйдэри, көскө сылдьалларын быһыытынан, фроҥҥа ылбаттара. Ол гынан баран, кинилэр үлэлэрэ тыылга ордук наадалаах этэ. Ол да иһин Саха сирин холкуостарыгар кэриэйдэри анаан-минээн үлэҕэ ыҥыраллара, дьиэнэн-уотунан хааччыйан туран. Дьаһахтаах, сатабыллаах, дьоннорун тустарыгар кыһамньылаах холкуос бэрэссэдээтэллэрэ ити курдук дьаһаналлара. Оннук холкуостарга сэрии саамай сут сылларыгар да хоргуйуу тахсыбатаҕа. Ол да иһин биһиги кинигэлэрбитигэр махталлаах саха дьонун ахтыылара үтүө өйдөбүнньүк буолан сурукка тиһилиннэхтэрэ. Суруллубут суоруллубат (“Саха кэриэйдэрэ – утум тардыыта”, “Корейцы в истории Якутии”). Аныгы көлүөнэҕэ санатыы буоллун.
Онтон кэлин эйэлээх олоҕу тутуу күүрээннээх сылларыгар кэриэйдэр ыччаттара үтүө үлэлэрин-хамнастарын туһунан хаһыаттартан ааҕан билэрбит, радиоҕа, телевидениеҕа кэпсииллэрэ. Бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ, үлэлии-хамсыы сылдьаллар, республика социальнай-экономическай сайдыытыгар кинилэр кылааттара кырата суох (“Корейцы в истории Якутии”).
Аатырбыт хирург Лев Андреевич Югай
СӨ Норуодунай худуоһунньуга Леонид Александрович Ким
“Главякутстрой” механизацияҕа управлениетын начальнига, ыарахан атлетикаҕа ССРС спордун маастара, чемпион, рекордсмен Гранит Алексеевич Пак
Аатырбыт травмотолог быраас, ыарахан атлетикаҕа эдэрдэргэ аан дойду чемпиона уонна рекордсмена, ССРС спордун маастара Олег Алексеевич Пак
Саха АССР араадьыйатын уонна телевидениетын киинин начальнига Петр Александрович Пак
СӨ доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин үрдүкү медицинскэй үөрэхтээһинин ветерана, СГУ анатомияҕа кафедратын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Раиса Гивеновна Соколова-Хен
Дьэ, ити курдук, кэриэйдэр Саха сирин историятыгар биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыттара. Ол туһунан учуонай Н.Г. Иванов бэйэтин чинчийиитигэр ырылыччы көрдөрөр, кэриэйдэр ыччаттара кэпсииллэр, өйдөбүнньүктэр уонна архив матырыйааллара туоһулууллар. Оттон Москваҕа ыытыллыбыт XXIV наука конференциятыгар бу туһунан элбэхтик туоһуластылар, интэриэһиргээтилэр, инникитин да билсиэх буоллулар. Оттон чинчийэр үлэ инникитин да барыаҕар улахан эрэллээхпит.
Валерия ТЕМЕНХОН, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Похожие новости
Блуждающий призрак „японского городового“
Сэнэбил сэттээх, оттон нэһилиэк бюджеттаах буолуохтаах!
Строительная Якутия-2: ДЕРИБАН “ЯКУТИИ”. БА, ЗНАКОМЫЕ ВСЕ ЛИЦА !