Аҕыйах хонугунан, 1922 с. кулун тутарыгар, саха норуотун хаанынан уһуннара сыспыт триумвират былааһын тохтоппут сабыытыйалар 100 сыллара туолар. Ити быһаарыылаах күннэргэ И.Н. Барахов оруолун үчүгэйдик билэбит. Оттон ол күннэр сүрүн дьоруойдара, саха норуотун быыһыырга уһулуччу үтүөлээх нуучча ньургун уола Сергей Юльевич Широких-Полянскай туһунан быйыл ханна да улаханнык ахтылла илик. Кини суоҕа буоллар, норуоппут ыарахан дьылҕаланыан сөп этэ.
Өрөбөлүүссүйэнэн кынаттаммыт
Кини аатын үйэтитии Саха сиригэр хайдах эрэ ситэтэ суох. Широких-Полянскай аатын Сайсары оройуонун кытыы, кылгас уулуссата эрэ сүгэр. Дьиҥинэн, кинини кэриэстээн, куорат биир киин болуоссатыгар пааматынньык да туруон сөбө.
Бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэлэнэрбит, сайдыылаах норуот буоларбыт туһугар эдэркээн олоҕун толук уурбут нуучча ньургун уолун саха норуотугар үтүөтүн туһунан бу ыстатыйаҕа сырдатан ааһыахпын баҕарабын.
Сергей Юльевич Широких-Полянскай Саха АССР төрүттэммитэ аҕыйах хоммутун кэннэ, 1922 с. ыам ыйын 5 к. баара-суоҕа 24 эрэ сааһыгар сырдык тыына быстыбыта. Сахалар судаарыстыбаннаспыт туһугар толук ууруллубута.
Кини биографиятын көрдөххө, кылгас олоҕун барытын Ыраахтааҕылаах Арассыыйа норуоттарын саба халыйан олорбут хараҥа батталтан босхолуур охсуһууга анаабыт.
Сергей Юльевич билиҥҥи Забайкалье кыраайын Догинскай станицатын Ушмунское диэн бөһүөлэгэр 1898 с. муус устар 18 күнүгэр төрөөбүт. Читаҕа учуутал семинариятын бүтэрбит. Эдэриттэн батталы утары оробуочай хамсааһыннарга кыттан барбыт. Кини олоҕун үөрэппит Бурятия кыраайы үөрэтээччитэ В.Кожевин, саха биллиилээх учуонайа В.Н. Чемезов Сергей Юльевич, төһө да эдэр буоллар, Илиҥҥи Забайкальеҕа, Монголияҕа, Бурятияҕа, Саха сиригэр сэбиэскэй былаас туругурарыгар сөҕүмэр улахан оруоллааҕын бэлиэтииллэр.
Ол курдук, кини гражданскай сэрии кэмигэр подпольщик, кыһыл бартыһааннар хамсааһыннарын актыыбынай тэрийээччи этэ. 22 сааһыгар 1920 с. тэриллибит Уһук Илиннээҕи “буфернай” дэнэр өрөспүүбүүлүкэ юстициятын миниистиринэн талыллыбыт. Саха сиригэр кэлиэн иннинэ, Монголияҕа норуот былааһын олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт. Кини сылдьыбыт сиригэр барытыгар бэйэтин оргуйа сылдьар уохтаах, чаҕылхай тэрийээччи, дьону кытта сатаан кэпсэтэр ылыннарыылаах тыллаах, өрөбөлүүссүйэ дьыалатыгар чахчы бэриниилээх чаҕылхай салайааччы быһыытынан көрдөрбүт.
Саха сиригэр комиссарынан
Сухэ Батор 1921 с. кулун тутарга Монголияҕа быстах бырабыыталыстыба тэрийбитэ.
Кини Сэбиэскэй бырабыыталыстыбаттан Монголияҕа киирэн ордуулана сыппыт үрүҥ баандалартан босхолуулларыгар байыаннай көмө көрдөһөр. Ол быһыытынан, 1921 с. балаҕан ыйыгар Арҕаа Монголияҕа К.К. Байкалов этэрээтин ыыталлар. Кини бэлитиичэскэй көмөлөһөөччүтүнэн, комиссарынан С.Ю. Широких-Полянскай ананар. Байкалов бу дьоруойдуу сырыытыгар Бакич, Кайгородов генераллары үлтүрүппүтүн иһин Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаммыта. Карл Карлович комиссарын Широких-Полянскайы сэриигэ, дьону-сэргэни, ол иһигэр монгуоллары, кытта үлэҕэ, баартыйа дьыалатыгар бэриниилээх үлэтин илэ көрөн, кэлин “Чапаев комиссара Д.Фурманов курдук үтүө киһи этэ” диэн үрдүк сыанабылы биэрбитэ.
Монголияҕа сэриилэһэ сырыттаҕына, 1921 с. ахсынньытыгар Широких-Полянскайы 5-с аармыйа Реввоенсэбиэтэ ыҥыран ылар. Кини бүрээттэри, монгуоллары кытта тапсан үлэлээбитин уонна национальнай оройуоннарга баартыйа директиваларын олоххо киллэриигэ уопутун иһин, Саха сирин сэбилэниилээх күүстэрин командующайынан анаммыт Н.А. Каландарашвилига комиссарынан анаабыттарын иһитиннэрэллэр.
Бу кэмҥэ Иркутскайга Москубаҕа автономия боппуруоһун быһаарса баран иһэр М.К. Аммосов баара. Баартыйа сорудаҕынан, Аммосов Каландарашвили айанын тэрээһинигэр күүскэ үлэлэспитэ. Онно кини Широких-Полянскайдыын көрсө сылдьыбыттара дуу, суоҕа дуу, — биллибэт.
5-с аармыйа реввоенсэбиэтин чилиэнэ, Сиббюро Киин кэмитиэтин биир салайааччыта, биллэр бассабыык Б.З. Шумяцкай Широких-Полянскайга Каландарашвили этэрээтэ Саха сиригэр тутуһуохтаах анал директиватын биэрбитэ. Айанныахтарын иннинэ Сергей Юльевич ити директива туһунан Н.А. Каландарашвилини кытта көрсөн кэпсэппит эбит. Ол туһунан тоһуурга өлбүт хамандыырын көмүүтүгэр эппитэ “Ленский коммунар” хаһыакка бэчээттэнэн хаалбыт.
Ол директива ис хоһооно:
1. Полная ликвидация дел при самом дружелюбном отношении абсолютно ко всем слоям населения.
2. Демонстрация перед местным туземным населением самого доброжелательного отношения военных сил к их самоопределению Якутской Советской Республики и защита этими силами личного имущества всех слоев населения.
3. Предостерегаю от повторения ошибок наших якутских работников, которые политикой изоляции тойонов (богачей) восстановили против нас значительные круги якутского населения, ибо при малой дифференциации за тойонами Якутского края стоит широкая масса середняков. Ваши взаимоотношения к местным властям должны быть таковы: власть управляет, а вы воюете, не вмешиваясь в их работу, указывая лишь в нужных случаях на полученные вами директивы”.
Бу директиваттан көстөрүнэн, Широких-Полянскай Сибиир бэлитиичэскэй былааһыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ олохтоноругар улахан көмө оҥорор киэҥ боломуочуйаны ылбыт эбит. Ким эрэ “ол саҕана сахаларга автономия бэриллэрэ өссө биллибэт этэ” диэн сөп. Ол эрээри, Сибиир былаастарыгар сахаларга автономия бэриллиитэ 1921 с. устата быһаарыллыбыт, кииҥҥэ бигэргэтиллэрэ эрэ хаалбыт боппуруос этэ диэххэ сөбө буолуо.
Широких-Полянскай Иркутскайтан Каландарашвили чаастара бары барбыттарын кэннэ тахсыбыт. Монголияҕа сэриигэ барарыгар бириэмэ булан дьонун көрсүбэтэх буолан, көҥүллэтэн, аҕыйах хонукка кэргэнигэр, оҕотугар бара сылдьыбыт. Кэргэнэ Евгения Александровналыын саҥа ыал буолбуттар эбит. Уоллара Сократ 1921 с. кулун тутар 20 к. төрөөбүт. Аҕата уолун бүтэһигин 1 сааһын туола илигинэ эрэ көрөн хаалбыт. Сергей Юльевич бараары туран уолун өр баҕайы одуулаан туран баран, “аккаастанан хааларым дуу, оннук бырааптаахпын ээ” диэн ылбыт. Онтон: “Суох, сатаммат, тылбын биэрбитим!” – диэн баран, дьиэтин аанын бүтэһиктээхтик сабан тахсыбыт… Хомойуох иһин, уола Сократ ыал буолбакка сылдьан, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ 1943 с. алтынньы 6 к. Днепропетровскай уобаласка дьоруойдуу охтубута.
Ленин национальнай бэлиитикэтин олохтуу
1922 с. сааһыгар Саха сиригэр сэбиэскэй былаас, сүрүннээн, куораттарга баара. Уоннааҕытын үрүҥнэр бас билэн олороллоро.
В.Е. Кожевин Широких-Полянскай туһунан кинигэтигэр “үрүҥнэр сэбиэскэй былааһы утары аҕытаассыйаҕа Саха сирин оччотооҕу салалтатын алҕастарын, мөлтөх үлэлэрин сатабыллаахтык туһаммыттара” диэн суруйар. Баартыйа губкомун сэкирэтээрэ Г.И. Лебедев, Губком чилиэннэрэ: губчека бэрэссэдээтэлэ А.В. Агеев, ревтрибунал бэрэсэдээтэлэ А.Г. Козлов уо.д.а. хаалыылаах национальнай кырыы сир уратытын өйдөөбөккө, баартыйа Х сийиэһин национальнай боппуруоска быһаарыыларын олоххо киллэрбэккэ, хаҥас халыйыылаах (ультралевацкай) улахан сыыһалары оҥорбуттара. Саха дьадаҥы уонна сэниэ дьонун маассатын түмэр, сомоҕолуур, кыраай бэлитиичэскэй уонна хаһаайыстыбаннай олоҕор кыттыһыннарар, көлөһүннүүр кылааһы утары охсуһууга түмэр оннугар, үөһэттэн аҥаардастыы дьаһайар, дьону кыыллыыр бэлиитикэни ыыппыттара. Холобур,1921 с. балаҕан ыйын 29 к. “сэбиэскэй былаас өстөөхтөрө” диэн тойоттору уонна кулаактары изоляциялыыр уурааҕы таһааран, буруйа да суох дьону суута-сокуона суох бас-баттах репрессиялыыр суолу арыйбыттара. Ол иһигэр, ас-үөл, табаар быста аҕыйаан турар кэмигэр, бааһынайдартан үүнүүлэрин, астарын туох да хааччаҕа суох былдьыыр-талыыр туһугар, НЭП киириитин тохтоппуттар. Сахалар өрө туруулара тахсыбытыгар, бу дьон охсуһуу кылаассабай ис хоһоонун өйдөөбөккө, “сэбиэскэй Арассыыйаттан арахсар национальнай-норуодунай хамсааһын” диэн дэлби үлүннэрэн айдааны таһаарбыттар. Өрө туруу саамай улааппыт кэмигэр эрэ, 1921 с. сэтинньи 15 күнүгэр НЭП-и киллэрэн, көҥүл атыыны көҥүллээбиттэр, изоляцияны тохтоппуттар. Ол эрээри, өрө туруу тохтооботох, тоҕо диэтэххэ, триумвират репрессия ньыматын син биир салгыы ыыта турбут, биирдиилээн бассабыык тойоттор наһаалыылларын тохтоппотохтор.
Саха сиригэр балаһыанньа ыараан иһэрин киин былаастар, Ленин билэ олорбуттар. РКП (Б) КК Сиббюрота 1921 с. күһүнүгэр губбюроҕа “изоляцияны көтүрүҥ” диэн дьаһал ыытар. Оттон сэтинньи 15 күнүгэр кылаастарынан араарыыны тохтотору модьуйар. Сэбиэскэй былаас бэлиитикэтин таҥнары ыыталлара тохтооботун иһин, ахсынньыга Сиббюро чилиэнэ, 5-с аармыйа Реввоенсэбиэтин чилиэнэ Б.З. Шумяцкай бастаан суругунан, онтон тэлэгирээмэнэн тас дойдулар наркомнарыгар Г.И. Чичериҥҥэ Саха сирин салалтата (Агеев, Козлов, Лебедев триумвирата) сахалары сэбиэскэй былааһы утары туруорар бэлиитикэтин туһунан үҥсэр.
1921 ахсынньы 27 к. Ленин сэкирэтээрэ Л.А. Фотиева Шумяцкай информациятын Сиббюроҕа Ем. Ярославскайга ыытар уонна “Владимир Ильич считает опасность, указанную Шумяцким, чрезвычайно опасной” диэн Ленин санаатын тиэрдэр.
Былаас толоос сыыһалара, байыаннай салалта мөлтөҕө, кырдьык, улахан кутталы үөскэппитэ. Салалта алҕаһын көннөрбөт буоллаҕына, өрө туруу төрүөтэ туоратыллыбат, кыайтарбат. Кожевин ол иһин “Ленин, баартыйа национальнай бэлиитикэтигэр тирэҕирэн, Саха сирин салайааччылара бэлитиичэскэй уонна байыаннай сыыһаларын көннөрөн, сөптөөх бэлиитикэни тутуһуннарар соруктаан Каландарашвили уонна Широких-Полянскай салайааччылаах сэриилэри ыыппыттара” диэн быһаарар.
“Каландарашвили өлбүтүн кэннэ, Широких-Полянскай соҕотоҕун да олохтоох баартыйа тэрилтэтин алҕастарын туоратар, бэлитиичэскэй лииньийэни көннөрөр, Ленин национальнай бэлиитикэтин олоххо киллэрэр кыахтаах киһи этэ” диир.
Триумвират хараҥа сабардааһына
Широких-Полянскай кэлэригэр оччотооҕу Саха сиригэр балаһыанньа хайдах этэй? Ол туһунан И.Н. Барахов “1921 с. Саха национальнай бастаанньата, биричиинэлэрэ уонна хам баттааһын” диэн ахтыытыгар, 1921 с. бэс ыйыттан 1922 с. кулун тутарыгар диэри Саха сирин үрдүнэн былааһы барытын Лебедев (РКП (б) Губбюрота), Агеев (Губчека), Козлов (ыстаап начаалынньыга, трибунал бэрэссэдээтэлэ) үс буолан ылан, диктатордаан олорбуттарын суруйар. Кими да утары көрдөрбөт эбиттэр. Кинилэргэ утарсыбыт дьону тыыннаах кэлэллэрэ биллибэт ыраах хомондьуруопкаларга ыыталлар эбит. Ол иһигэр, биллиилээх бассабыык В.Котенконы Халыматтан сыаналаах баайы аҕалтара ыыппыттарын үрүҥнэр өлөрбүттэрэ.
Лебедев хабыр майгылаах, чиэһинэйэ суох, аныгылыы эттэххэ хоруупсуйаһыт эбит. Ол курдук, 1921 с. күһүнүгэр кини ойоҕо Дьокуускайтан элбэх түүлээҕи соҕуруу илдьэ барбытын билэн, нэһилиэнньэ улаханнык кэлэйбит. Кини репрессиятыттан куттанан, ким да утары көрөн туран кириитикэлээбэккэ, бары кутуйах хороонун кэҥэтэ олорбуттар.
ЧеКа бэрэссэдээтэлэ Агеев, төһө да кырдьаҕас бассабыык буоллар, олус кырыктаах, тойомсуйарын аһара сөбүлүүр киһи эбит. Кини “хонтуоратыгар” түбэспиттэри чуумпурунан таһыйан, кырбаан, араастаан муҥнууллар-сордууллар эбит. Ол кэмтэн ыла “ЧеКа” диэн тылы норуот абааһы көрөр буолбут.
Ыстаап начаалынньыга Козлов өссө ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ этэ. Ити курдук, үс устугас, кырыктаах, бэйэмсэх дьон алҕаска былааска тахсаннар, норуоту хаанынан ытата олорбуттара.
Триумвират салалтата Толстоухов салалталаах куоппут эписиэрдэр тэрийбит өрө туруулара ким да күүппэтэҕин курдук киэҥ далааһыннанан барбытыттан аһара соһуйан дуу, куттанан дуу, хара маҥнайгыттан: “Хамсааһын национальнай-норуодунай көрүҥнэнэн, сахалар киэҥ маассаларын хапта” диэн үлүннэрэн кииҥҥэ биллэрэ олорбуттара.
(Салгыыта. Иннин “Кыым” 5 №-гэр көр)
Саха сиригэр оччолорго муҥутуур былааһы ылбыт триумвират тойоно Г.И. Лебедев туох киһи этэй? Кини 1886 с. төрүөх, Г.П. Башарин суруйарынан, сымыйанан “кырдьаҕас хомуньуус” диэн кубулуммут, инники хас да баартыйаҕа сылдьыбытын кистээбит устугас киһи эбит.
Ол эрээри, кыайбыт бассабыыктарга сыстан, 1921 с. баартыйаны кииннээһин буолбутугар бэс ыйыгар соҕурууттан ананан кэлбит. Бэс ыйын 15 к. Губбюро бүрүсүдьүүмүгэр кини, М.К Аммосов, М.Ф. Пясецкай талыллыбыттар. Хара маҥнайгыттан сүгүн сылдьыбатах, эдэр саха салайааччыларын национализмҥа буруйдаан барбыт.
Өр буолбакка, бэс ыйын 22 к. Губбюро бүрүсүдьүүмүн уларытар. Онно Лебедев бэйэтэ, ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ Козлов, Губчека тойоно Агеев киирэллэр. Итинтэн ыла Саха сирин үрдүнэн муҥура суох былаастаммыт триумвират “кыһыл террорунан” саха норуотун хаанынан уһуннарбыт хараҥа күннэрэ сабардаабыттара…
Өрө туруу саҥа саҕаланыыта, 1921 с. балаҕан ыйыгар 5-с аармыйа командующайа бандьыыттары “сокуон таһынан” биллэрбитэ. Дьиэ кэргэннэрэ тутуллар, баайдара былдьанар буолбута, оттон кинилэри кытта сибээстээх, саһыарбыт, эппэтэх дьон ытыллыахтарын сөбө. Ити бирикээс Саха сиригэр “кыһаллан-мүһэллэн” толоруллубута. Дэлэҕэ, өрө туруу салайааччылара норуокка ыҥырыыларыгар “сэбиэскэй былаас икки сылын иһигэр ыраахтааҕы кэмин 300 сылынааҕар элбэх киһини өлөрдүлэр” диэн суруйуохтара дуо?
Козлов 1922 с. кулун тутар 2 күнүгэр салгыы “кыһыл террору” тоҕо тардар бирикээс таһаарар. Тутуллубут бандьыыттары ытыалаан иһэргэ, кинилэргэ көмөлөһөр, ас, көлө биэрэр дьон эмиэ ытыллыахтаахтар. Чэкиистэргэ өрө турааччылары эппэтэх сиргэ хас бэһис киһини ытыллыахтаах.
Лебедев Каландаришвилины өлөрүү кэннэ, Сиббюроттан “өрө туруу национальнай-норуодунай көрүҥнэннэ, онон, сахалары барыларын кыргарга” диэн көҥүл көрдөөн тэлэгирээмэ охсубут.
“Биитэр эһиги, эбэтэр биһиги”
Триумвират, дьэ, итинник тэринэн, сахалары кыа хаанынан уһуннаран, имири эһэргэ туруммут кэмигэр Широких-Полянскай кулун тутар 9 күнэ үүнэр түүнүгэр Дьокуускайга кэлэр.
Кини Н.А. Каландаришвили ыстааба тоһуурга өлбүтүн аара суолга истэр. Онон, Иркутскайтан ыытыллыбыт Саха сирин байыаннай күүстэрин салайыахтаах үрдүк дуоһунастаах хамандыырдартан соҕотох хаалбытын, улахан эппиэтинэһи сүкпүтүн өйдөөбүтэ, кэлэн баран оҥорбут дьайыыларыгар көстөр.
Аара Төхтүргэ М.П. Асатиани 2-с Хотугу этэрээтигэр сылдьан ааһар. Каландаришвили байыастара тоһуурга улахан сүтүктэнэн, аба-сата уотунан умайа сылдьалларын, үрүҥнэртэн “таастан тааһын да хаалларыахпыт суоҕа” диэн ыараханнык иэс ситиһээри сылдьалларын илэ хараҕынан көрөр. Строд суруйарынан, Широких-Полянскайдыын мунньах тэрийбиттэр. Манна комиссар байыастарын уоскутар, ылыннарыылаах тыл этиитин кэннэ, этэрээт өрө турааччылар диэбитин аҥаар кырыытыттан кыргар санаата тохтообут.
Широких-Полянскай Дьокуускайга кэлээт да, 1922 с. кулун тутар 10-18 күннэригэр саха норуотун улахан хаан тохтуутуттан быыһаабыт үйэлэргэ умнуллубат улахан үтүөнү оҥорбута. Бу тоҕус хонук иһигэр бүтүн норуоту быыһаан ылбыта, өрөспүүбүлүкэ кэскилин олугун охсубута.
Кулун тутар 10 күнэ. Куорат балаһыанньатын билсии быһыытынан, губбюро сэкирэтээрэ Лебедевтиин, губбюро тэрийэр отделын сэбиэдиссэйэ Бараховтыын, кыһыл сэриилэр командующайдара Савлуктуун, губревком бэрэссэдээтэлэ Ойуунускайдыын, кыһыл байыастары, хомуньуустары кытта көрсөр. Дьокуускайга кинини олохтоох былаас тымныытык көрсөн, олус ыарахан балаһыанньаҕа түбэспитин Лебедев “биитэр эһиги, эбэтэр биһиги” диэбит ультиматума бигэргэтэр.
Широких-Полянскайы ордук Губчека Каландаришвили байыастарын утары оҥорбут провокацията кэлэппит. Кини кэлиэн биир хонук иннинэ, түүн национальнай интэлигиэнсийэ уонча бэрэстэбиитэлин биллибэт дьон туппуттар, ол дьон сүтэн хаалбыттар. Агеев “билбэппин” диэбит, онон куоракка Каландаришвили дьоно иэстэһэн, саха үөрэхтээхтэрин суох гыммыттар диэн дьулаан сурах тарҕаммыт. Балаһыанньаны уоскутаары, Каландаришвили дьоно туруорсан, Савлук уорбаланар чэкииһи хаайар. Агеев “Савлук күүһүнэн өттөйөн, буруйа суох киһини хаайда” диэн бартыыйнай эппиэтинэскэ тардарга модьуйбут. Байыаннайдар уонна чэкиистэр улаханнык иирсэр майгылара үөскээбит. Широких-Полянскай Савлуктуун кэпсэтэн чэкииһи босхолотор, онтон баран Агеевы ыган, ол дьону Губчека туппутун билиннэрэр. Тутуллубуттар ааттарын, тоҕо тутуллубуттарын туһунан “Ленский коммунар” хаһыакка таһаартарар.
Сергей Юльевич хараҕар ити күн Саха сиригэр бүрүүкээбит ыар быһыы-майгы арыллар. Күбүөрүнэ бартыыйынай уонна байыаннай салалтата Сиббюро уонна 5-с аармыйа командованиетын саҥа директиваларын олоххо киллэрбэккэ, эргэлэринэн салайынан олороллорун көрөр. Савлук уонна Агеев куораты үрүҥнэртэн көмүскүүргэ биир тылы булбакка, тиэрэ-маары үлэлии олорбуттар. Салайааччылар, хамандыырдар дьиҥнээх балаһыанньаны билбэттэр. Баартыйа тэрилтэтин салалтата норуоттан тэйэн, диктатураны олохтообут. Бэлитиичэскэй үлэ ыытыллыбакка, байыаннай чаастарга дьиссиппилиинэ быста мөлтөөбүт.
Широких-Полянскай Дьокуускайга кэлбит маҥнайгы күнүгэр Каландаришвили этэрээтигэр саамай үрдүк хамандыыр буоларын туһанан, Саха сирин салалтатын түргэнник уларыттахха эрэ өрө туруу кыайтарыан сөбүн өйдөөбүт. Билбэт сиргэр, билбэт дьонуҥ ортотугар балаһыанньаны таба сыаналаан, сөптөөх соругу туруорунуу – мээнэ киһиэхэ бэриллибэт үчүгэй хаачыстыба. Киниттэн атын киһи тугун кыһалҕатыгар директиваны кэһиэ этэй? Триумвират “сахалары кырган эрэ өрө турууну кыайабыт” диэн хамаандатыгар сөбүлэһэн, толорбутунан барыа этэ.
Оттон Широких-Полянскай улахан буруйга-сэмэҕэ тардыллыан сөбүн кэрэйбэккэ, саха норуотун кыыллаан, өлөр өлүүгэ умса анньыбыт сыыһа бэлиитикэни тохтоторго быһаарыммыта кини сэбиэскэй былаас эйэлээх бэлиитикэтин олохтуурга бигэ санаатын ылыммыт хорсун, быһаарыылаах киһи буоларын туоһулуур.
Широких-Полянскай итинник санааҕа тиийиитигэр олохтоох быһыыны-майгыны үчүгэйдик билэр саха киһитин кытта кэпсэппитэ улаханнык сабыдыаллаабыта көстөр. Ол эрээри ити ким буолара ханна да суруллубат. Төһө да бүтүн үйэ аастар, устуоруйа чахчыларын бытархайдарыттан пазл хомуйдахха, киниэхэ Бараховтыын кэпсэтиитэ быһаарыылаах оруолламмыт диэн түмүк оҥоруохха сөп.
Бастакытынан, В.Н. Чемезов кинигэтигэр кини бастакы күнүгэр кэпсэппит дьонун ортотугар сахалартан соҕотох Барахов эрэ баара суруллар.
Иккиһинэн, П.А. Ойуунускай оччолорго реввоенсовет (бырабыыталыстыба) бэрэссэдээтэлэ 1928 с. суруйбут “Ааспыт күннэр-дьыллар” диэн ахтыытыгар: “Савлук, Полянскай, Барахов буоланнар бэйэлэрэ туспа сүбэлэспиттэр – Агеевы, Козлову, Лебедеви хаайарга уонна бу бастаанньаны саҥа куорманан, бэлиитикэни уларытан умуруоруохха диэн. Миэхэ биллэриэх буолан баран биллэрбэтэхтэр”, – диэн суруйар. Ол аата Ойуунускайдыын көрсүбэтэх.
Үсүһүнэн, омос санаатахха, кини нуучча киһитэ буоларынан, баартыйа салайааччытынан уопуттаах нуучча киһитин эрэнэн талыан сөбө. Киниэхэ ол күнү быһа “саха үөрэхтээхтэрэ бары күн сарсын үрүҥ буолар кыахтаах сэрэхтээх дьон” диэн эҥин арааһы кэпсээтэхтэрэ аҕай буолуо. Оттон Сергей Юльевич “Лебедев оннугар Губбюро сэкирэтээринэн хайаан даҕаны Барахов буолуохтаах” диэн халбаҥнаабат санааламмыта бастакы күнүттэн көстөн барар.
Ол аата, бастаан көрсөллөрүгэр Барахов өрө турууну кыайар былаанын кэпсээбитин Широких-Полянскай толору итэҕэйбит. Урутаан эттэххэ, кулун тутар 19 күнүгэр Губбюро бүрүсүдьүүмүгэр И.Н. Барахов “Бандьыыттааһын идеологията уонна биһиги соруктарбыт” диэн тиэсистэрин өрө турууну тохтотор сүрүн докумуон быһыытынан ылыммыттара. Тиэсистэргэ Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн үөскээбит национальнай хамсааһын устуоруйата ырытыллыбыт. Бассабыыктар сыыһалара, туора халыйыылара ыйыллыбыт, өрө туруу социальнай уонна национальнай майгыта быһаарыллыбыт уонна бастаанньаны хайдах эйэлээхтик, хааны тохтоппокко кыайыахха сөбө этиллибит.
Барахов өрө турууну тохтотор бу көрүүтэ уонна былаана Широких-Полянскай толоруохтаах директиватын кытта үүт-маас сөп түбэһэр. Ол иһин «Лебедеви солбуйар киһи бу сылдьар» диэн Бараховы талбыт буолуон сөп.
Онон, өрөспүүбүлүкэбит 100 сыл тулхадыйбат бигэ акылаатын бу икки, нуучча уонна саха норуоттарын өйдөөх, ньургун уолаттара уурбуттара чахчы. Кинилэр киинтэн хомуньуус буолбута буолан кубулунан кэлбит, билиҥҥинэн эттэххэ “варяг” Лебедев саха норуотун сымыйанан Арассыыйаттан арахсаары өрө турда диэн буруйдаан, имири эһэр былаанын тохтоппуттара.
Триумвираты суулларыы
Ойуунускай ахтыытыгар төнүннэххэ, Широких-Полянскайдаах ол түүн ыстаап дьиэтигэр “Бандьыыттааһыны хам баттыырга уопсай үлэни туруоруу туһунан” диэн байыаннай-бэлитиичэскэй мунньах ыҥырбыттар. Лебедев, Агеев уорбалаан, дьон ыытан чуҥнатан баран кэлбиттэр. Ойуунскай этэринэн, чека дьиэтигэр эрдэттэн сэрэйэн, утарылаһарга бэлэмнэнэ сылдьыбыттар эбит. Сэргэхтэрин сүтэрэн киирэн биэрбэтэхтэрэ буоллар, кыһыллар бэйэ бэйэлэрин кытта ытыалаһыахтара хаалбыт. Мунньахха Савлук туран Агеевтаах Лебедеви кириитикэлээбит. “Дьону таһыырынан, муустаах боппуолдьаҕа хаайан, саа уоһугар туруоран кыыллаан, былааһы утары өрө турууну күөртээтилэр” диэбит. Оннук этиһэн эрдэхтэринэ, Строд нагааннарын өрө ууммут 20-чэ саллааттаах киирэн тутаттаабыт. Триумвираты Каландаришвили байыастара суулларбыттара, былааһы уларытыыны Широких-Полянскай салайбытын туоһулуур.
Кулун тутар 10 күнүн түүнүнээҕи ити улахан историческай суолталаах байыаннай-бэлитиичэскэй мунньах боротокуолугар: “В целях улучшения постановки работ по ликвидации бандитизма военное политсовещание при участии уполномоченного по политчасти Широких-Полянского постановляет: устранить от занимаемой должности полномочного представителя ГПУ т. Агеева и заменить другим соответствующим лицом по указанию ревкома. Одновременно военполитсовещание находит необходимым отвести от занимаемой должности секретаря губбюро РКП (б) т.Лебедева и сменить вообще весь состав президиума губбюро РКП (б), для чего созвать экстренное совещание горорганизации РКП (б) в субботу 12 часов дня в помещении роты ЧОН”. Саха сирин салалтатын тутан хаайыы туһунан быһа 5-с аармыйа салалтатыгар тиэрдэллэр.
Бу киэһэ салгыы мунньахтаан, Губбюро сэкирэтээринэн И.Н. Бараховы, Губбюро пленумун састаабыгар Каландаришвили үс дьонун, ол иһигэр Широких-Полянскайы киллэрэргэ быһаараллар.
Ити курдук, Широких-Полянскай күнүс аан бастаан көрсүбүт Бараховын ол түүн Саха сирин салайар үрдүкү дуоһунаска итэҕэйэн анатар.
Сарсыныгар, кулун тутар 11 күнүгэр, Губбюро кэҥэтиллибит пленума Губбюро саҥа бүрүсүдьүүмүгэр Бараховы, Широких-Полянскайы, Бертини (Каландаришвили дьоно) таларга куорат хомуньуустарын уопсай мунньаҕар эрэкэмэндээссийэлииргэ быһаарар. Кулун тутар 12 күнүгэр ыытыллыбыт куорат хомуньуустарын уопсай мунньаҕар Лебедев, Агеев тутуллубуттарын, Козлов ревтрибунал бэрэссэдээтэлиттэн уһуллубутун иһитиннэрэллэр. Мунньах Широких-Полянскай өйөөбүт киһитин И.Н. Бараховы Лебедев оннугар Губбюро сэкирэтээринэн талбыт.
Ити саха эдэр киһитэ аан бастаан өрөспүүбүлүкэни салайар итэҕэли ылыыта этэ диир сыыһа буолбата буолуо. Бу олорон санаан көрдөххө, триумвираты Широких-Полянскай көмөтүнэн, Каландаришвили чаастарыгар тирэҕирэн суулларыы эмиэ Барахов былаана буолуон сөп курдук. Тоҕо диэтэххэ, Широких-Полянскай биир хонук иһигэр олохтоох балаһыанньаны өйдүү охсон, бэйэтэ былааһы суулларарга быһаарыммыта диир уустук.
Саха сиригэр киинтэн анаммыт былааһы суулларыыны РКП (Б) КК Сиббюрота, Сибревком, СибГПУ бастаан ылымматахтар. “Лебедеви, Агеевы түргэнник босхолооҥ, үлэлэригэр төннөрүҥ” диэн модьуйбуттар. “Аныгыскы кэпсэтиигэ тэлэгирээпкэ Ойуунускайы, Савлугу, Лебедеви, Агеевы аҕалыҥ” диэбиттэр уонна “былаас былдьаһан иирсэргитин тохтоппотоххутуна, буруйдаахтар ытыллыахтара” диэн кытаанахтык сэрэппиттэр.
(Салгыыта. Иннин “Кыым” 5-6 №№-гэр көр.)
Сергей Юльевич туһунан билэрбит, чахчы, олох аҕыйах. Үгүс суруйууларга, кинигэлэргэ кинини өлөрдүү бааһырдыбыт үрүҥ саллаатын “бу дьадаҥы саха бандьыыттар албыннарыгар түбэспит киһи, малын биэрэн баран, босхолооҥ” диэн гуманизм үрдүк холобурун көрдөрбүт киһи диэн эрэ этиллэр.
Оттон кини “сэбиэскэй былааһы утары өрө турууну саха норуотун барытын кырган эрэ кыайыахха сөп” диэн олорбут Лебедев триумвиратын былааһын суулларбыта, саха норуотун итэҕэйэр бэлиитикэнэн сэриини тохтотор суолу тутуспута уонна Арассыыйа устуоруйатыгар аан бастаан саха дьоно өрөспүүбүүлүкэ салайааччыта буолар суолларын арыйбыт үтүөтүн ким да билбэт, ханна да ахтыллыбат.
100 сыллаах кистэлэҥ
Сэбиэскэй кэмҥэ төһө да сыыһалардааҕын иһин, киинтэн бигэргэммит Саха сирин былааһын хомуньуус Широких-Полянскай саа күүһүнэн суулларыыта хайдах да улуу дьыала диэн ааттанара сатаммата. Оччолорго триумвират хааннаах дьайыылара букатын да кистэлэҥҥэ сылдьара. Хайдах хомуньуустар “биһиги норуоту кыа-хаанынан уһуннарбыт аньыылаах этибит” диэн билиниэхтэрэй? Ол иһин, бэлиитикэ хааччахтаан, Широких-Полянскай саха норуотун иннигэр оҥорбут улахан үтүөтэ биллибэккэ хаала сыстаҕа.
Устуоруйа кистэлэҥэ буолан кэлбит, норуоппут дьылҕатыгар ураты тыын суолталаах 1922 сыл кулун тутар 10 күнүнээҕи сабыытыйалары өссө ырытан көрүөҕүҥ.
Бу толору драматизмнаах күн кырдьыгын арыйар сүрүн туоһунан СӨ национальнай архыыбыгар харалла сытар С.Ю. Широких-Полянскай Дьокуускайга айанныырыгар оҥостубут, кылгас бэлиэтээһиннэрдээх дневнигэ буолар.
Сергей Юльевич триумвираты суулларыыга сүрүн оруолу оонньообута кини: “23-го марта. С 10 марта уже в Якутске, до сих пор не мог прийти в себя от всего произошедшего. После катастрофы с дедом попал в нервном возбуждении в якутскую клоаку и вынужден был принять сначала сгоряча участие в событиях городских. Пришлось арестовать предгубчека Агеева и секретаря губбюро Лебедева” диэн суруйбутугар көстөр. Саха АССР төрүттэммитэ 50 сылыгар тахсыбыт Широких-Полянскай туһунан кинигэтигэр В.Н. Чемезов бу суругу киллэрбэтэх. Баҕар, цензура аһардыбатаҕа буолуо. Оттон краевед В.Кожевин дневниги аахпатах да быһыылаах. Инньэ гынан, ити суруга 100 сыл устуоруйа кистэлэҥэ буолан сыппыт. Харайан аҕалбыт архыып үлэһиттэригэр улахан махтал.
Кожевин да, Чемезов да, кини Дьокуускайга 9 чыыһылаҕа кэлбитэ дииллэр. Оттон бэйэтэ 10 чыыһылаҕа диэбит. Ол эрээри ити сүрүн сабыытыйаларга бутууру таһаарбат.
Суругар кини “триумвираты сууллардахха эрэ, “байыаннай коммунизм” террора тохтуоҕун, сэбиэскэй былаас дьиҥнээх национальнай, экэнэмиичэскэй бэлиитикэтин ыытар кыаллыаҕын уонна саха киһитин баартыйа салалтатыгар таһааран норуот итэҕэлин ыллахха, сэриини тохтотобут” диэн бигэтик өйдөөбүтэ көстөр.
Быһаарыылаах күннэргэ
Триумвират ньүдьү-балай “салайан” олорбутун “клоака” диэн биир тылынан быһаарбыт. Бараховка, саха салайааччыларыгар, интэлигиэнсийэтигэр, норуотугар тирэҕирэр, триумвираты суулларар санааҕа элбэх дьону кытта кэпсэтэн баран кэлбитэ чахчы. Уолҕамчы санаатыгар былааһы суулларбыт дииргэ төрүөт суох.
Широких-Полянскай куоракка кэлээт, бэйэтин байыастарыгар тиийбит. Байыастара киниэхэ “эн кэлиэҥ иннинээҕи күн Губчека саха интэлигиэннэрин тутан баран, “биһиги туппатахпыт” диэн мэлдьэһэр уонна Каландаришвили этэрээтэ иэстэһэн суох гыммыт диэн сураҕы тарҕатар” диэн кэпсии тоһуйбуттар. Этэрээт туруорсан, Савлук Осетров диэн чэкииһи уорбалаан хаайбыт, ону Агеев Губбюроҕа үҥсүбүт.
Барахов ахтыытыгар Широких-Полянскай триумвираттан саамай улаханнык ити идэмэрдээх хара балыыртан кэлэйбитин чорботон бэлиэтээбит. Ити күн Лебедевтээх Агеевы кытта биир-биир көрсүһүүлэригэр Широких-Полянскай “кырдьыгы этиҥ, ол дьон ханнаный, биһиги байыастарбыт буруйа суохтарын нэһилиэнньэҕэ иһитиннэриҥ” диэн күүскэ туруорсубута чахчы. Ол кытаанах ыгыы түмүгэр, Савлуктан чэкииһи босхолотор, Агеевы “биһиги туппуппут” диэн билиннэрэр уонна тутуллубут дьон туһунан кырдьыгы хаһыакка таһаартарар. Бу киирсиилэр “бэстилиэтинэн тирэһэр” тыҥааһыннаах буолбуттара чахчы.
Лебедевтээх Широких-Полянскай кэннигэр турар байыаннай күүстэртэн чаҕыйан чугуйдахтара. Ол эрээри “байыаннайдар олохтоох былааска күүстэринэн өттөйдүлэр” диэн баартыйа лииньийэтинэн буруйга тардаары буолуо, кулун тутар 10 күнүгэр сарсыарда Губбюро Президиумугар Агеев үҥсүүтүн көрөллөр. Үҥсүүнү силиэстийэлииргэ Лебедев, Широких-Полянскай, Г.Нога анаммыттар. Ол эрээри сабыытыйалар атын хайысхаламмыттар.
Широких-Полянскай “сэбиэскэй былаас үһүс сылын бөҕөргөөн олордоҕуна, хайдах Саха сиригэр улахан өрө туруу таҕыста” диэн биричиинэтин өйдүү сатаабыта чахчы. Барахов кинилиин кэпсэтэригэр “сэбиэскэй былаас саха норуотугар итэҕэйдэҕинэ эрэ, өрө турууну элбэх хааны тохпокко кыайыахпытын сөп” диэбитэ чахчы. Ону сөпкө этэр диэн Лебедевтиин иирсээннээх Савлугу кытыаран, төһө да сокуоннай былааһы суулларыы иһин ытыллыан сөбүн өйдөөтөр, триумвираты былаастан туоратарга быһаарыннаҕа. Каландаришвили этэрээтэ киниэхэ бас бэринэрэ триумвираты Стродтаах 20-чэ буолан киирэн туппуттара туоһулуур.
Онон, 1922 с. кулун тутар 17-18 күннэригэр Сибиир салайааччылара отчуоттата ыҥырбыт телеграбынан дьүүллэригэр үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ көстөр. Триумвираты инники ылбыт бирикээһи толорон босхолообуттар. Ол эрээри “үлэҕит, бэлиитикэҕит сыыһатын куорат хомуньуустарын уопсай мунньаҕа сөбүлээбэтэ, онон эйэ дэмнээхтик уурайыҥ” диэн кытаанах кэпсэтии, “ээхтэрин этитии” барбыта көстөр. Лебедевтээх, төһө да киин былаас көмүскээтэр, Дьокуускайга Широких-Полянскай байыаннай күүһүн утарсар кыахтара суоҕа.
Сахалары итэҕэйии бэлиитикэтэ
Телеграфка Ойуунускай, Савлук, Лебедев, Агеев, Широких-Полянскай, Барахов, Строд кэлбиттэр. Сибиир салайааччылара “бирикээспит булгуруйбат, былааһы Лебедевтээххэ төннөрүҥ” диэн хаттаан кытаанахтык модьуйбуттар. Бирикээс туолуутугар сирэй эппиэттиир дьону анаабыттар. Лебедевтэн, Агеевтан, Савлуктан, Широких-Полянскайтан “үс хонук иһигэр быһаарыыны аҕалыҥ” диэн ирдээбиттэр.
Өскөтүн Лебедев, Агеев, Козлов нэһилиэнньэ, байыаннайдар ортолоругар өйөбүллээх эбэтэр харса-хабыра суох дьон эбиттэрэ буоллар, Широких-Полянскайы, Бараховы, кинилэри өйөөбүт Ойуунускайы даҕаны,сонно тутан баран, “сэбиэскэй былаас өстөөхтөрө” диэн ытыалаан кэбиһиэхтэрин сөбө.
Сибиир былааһын уордаах ультиматумун Широких-Полянскайдаах ылымматахтар. Тиһэҕэр Дьокуускайтан: “Получив Ваш категорический приказ, совещание всех приглашенных, находящихся у провода, подтверждает, что никаких личных счетов, вызывающих склоки, с одной стороны между Лебедевым, Агеевым, Слепцовым (Ойунским), с другой Савлуком, Широких-Полянским, нет и не было. Учитывая сгущенную атмосферу, которая нависла над Якутской областью и настроение пришедших военчастей, тт. Агеев и Лебедев находят необходимым и единственно целесообразным передать свои полномочия товарищам, выдвинутым собранием горорганизации и ответственными работниками т. Барахову и временно ГПУ Богословскому. Лебедев и Агеев вместе просят отозвать их в центр, находя, что этот шаг внесет успокоение и тем самым приблизит ликвидацию бандитизма” диэбиттэр. Ол аата, Саха сирин сокуоннай былааһын уонна байыаннайдар икки ардыларыгар иирсээн суох диэн итэҕэппиттэр. Лебедевтээх Агеев “былааһы көҥүл өттүнэн Бараховка, Губбюрону анаабыт киһилэригэр биэрэбит уонна Саха сириттэн барабыт” диэн сыыһаларын билиммиттэрэ ордук итэҕэппит буолуохтаах.
Сибиир салайааччыларын кытта кэпсэтиигэ кини Саха сирин салалтатыгар саха Барахов кэлиэхтээх диэн туруорсан кыайбыта олус улахан суолталаах. Телеграфка суруллубуттан көрдөххө, Сибиир былаастара Ойуунускайы да, Бараховы да олох билбэттэр эбит. Итини Широких-Полянскай этиитин кытта сөбүлэһиэхтэрин иннинэ Барахов, Ойуунускай кимнээхтэрин, партийнай стажтарын ыйыппыттара туоһулуур. Билэллэрэ буоллар, ыйытыа суох этилэр. Ол аата, саха салайааччылара Широких-Полянскай мэктиэлээн өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тахсар суоллара арыллыбыт диэн этиэххэ сөп. Ити курдук Бараховтаах Ойуунускай киин былааһы сирэй көрсүбэккэ, телеграбынан өрөспүүбүлүкэ салайааччылара буолбуттара. Оннук атын холобуру булар уустук.
Сибиир былаастара Широких-Полянскайы Иркутскай салалтатын мэктиэтэ суох итэҕэйиэ, баартыйа былааһын суулларбытын бырастыы гыныа суох этилэр. Бастакы уочарат бииргэ сэриилэспит К.К. Байкаловтан ыйыппыт буолуохтаахтар. Итини К.К. Байкалов “5-с аармыйа Реввоенсэбиэтэ Широких-Полянскай ыыппыт өрө туруу биричиинэтин уонна ону хайдах тохтотор туһунан быһаарыытын кытта толору сөбүлэспитэ” диэн ахтара бигэргэтэр.
Широких-Полянскай Барахов “өрө турууну сахалары итэҕэйдэххэ эрэ, кыайабыт” диэбит бэлиитикэтин сөбүлээбитин кулун тутар 10 күнүгэр 5-с аармыйа штабыгар триумвираты туппутун биллэрэригэр “Саха сиригэр улахан аптарытыаттаах М.К. Аммосовы түргэнник ыытыҥ” диэн туруорсубута көрдөрөр. Аммосовы хайҕаан киниэхэ Барахов эрэ этиэн сөбө. Кини Бараховтаах Аммосовы инники олох да билбэтэ. Сергей Юльевич сахалары аан бастаан 1922 с. олунньу 21 күнүгэр биирдэ тыыннаахтыы көрбүт. Ону дневнигэр: “Доехали до Чуи, сегодня впервые ехали с якутскими ребятами – смышленые и зубастые, грызутся с русскими крестьянами из-за подвод” диэн хайгыы көрбүтүн суруйбут.
Өскөтүн Широких-Полянскай суоҕа буоллар, триумвират саҥа тэриллэр Саха АССР салалтатыгар Аммосовы, Бараховы, Ойуунускайы уо.д.а. кинилэр соратниктарын чугаһатыа биллибэт этэ.
Өлүүтэ да сакральнай суолталааҕа
1922 с. кулун тутар 19 күнүгэр Бараховтыын көмөлөөн суруйбут “Бандьыыттааһын идеологията уонна биһиги соруктарбыт” диэн тезистэрин Губбюро президиума уонна байыаннай-бэлитиичэскэй мунньах бигэргэппит. Кулун тутар 21 күнүгэр тезистэр Губбюро пленумугар “Тактика РКП (б) в борьбе с бандитизмом” диэн ааттаммыттар. Тэрилтэлэргэ, байыаннай чаастарга элбэхтэ дьүүллэммит.
Широких-Полянскай Саха АССР тэриллэр үөрүүлээх тэрээһиннэрин хамыыһыйатыгар киирэн, көхтөөхтүк үлэлээбит. Муус устар 22 күнүгэр Губбюро Саха АССР Ревкомун манифеһын бигэргэтэр уонна өрө турааччыларга 1 Маайтан амнистия биллэрэр мунньаҕар сылдьыбыт. Саха АССР тэриллибитинэн командование аатыттан “Үрүҥ баандаларга сылдьар сахаларга уонна тоҥустарга” диэн кыһылларга кэлэн сааларын ууран бэринэргэ уонна сэриини тохтотор ыҥырыы суруйбут. Бу ыҥырыы автономия Манифеһын, Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэтин М.И. Калинин илии баттаабыт ыҥырыытын кытта сахалыы, нууччалыы тылынан элбэх тираһынан бэчээттэнэн тарҕатыллыбыт.
Кини 1922 с. муус устар 28 күнүгэр Амма гарнизонун быыһыыр этэрээти кытта барсыбыта. Аара ыам ыйын 5 күнүгэр Амматтан 5 көстөөх сиргэ тоһуурга түбэспиттэр. Үрүҥнэр ытыалыы түһээт, куоппуттарын биир саллаат билбэккэ хаалбыт. Ол киһини билиэн ылаары, Сергей Юльевич атынан утары барбыт. Анарааҥҥы “өлөрөөрү иһэр” диэн куттанан, тирээн туран ытан, өлөрдүү бааһырдыбыт. Өлөөрү сытан комиссар “албыҥҥа түбэспит дьадаҥы киһи, ыытыҥ, биһиэхэ ол ордук туһалыаҕа” диэн босхолоппут. Ити курдук, үрүҥнэргэ киирбит сахалар былааһы утары саа туппут буруйдарыттан быыһыыр амнистияны олоҕун сиэртибэлээн туран саҕалаабыта.
С.Ю. Широких-Полянскай Дьокуускайга 48 эрэ хоммута. Бу кылгас кэм иһигэр бүтүн устуоруйаны уларытан, саха норуотун иннигэр үйэлэргэ умнуллубат сүдү үтүөнү оҥорбута. Кини көмүс уҥуоҕа Аммаҕа харалла сытар.
Владимир Степанов
Сигэ: https://kyym.ru/sonunnar/egelge/8799-s-yu-shirokikh-polyanskaj-sakha-a-umnulluo-suokhtaakh-t-aat1
Похожие новости
В Якутский горсуд снова поступило уголовное дело в отношении экс-работника мэрии
Кому доверят пистолет: Дефицит кадров в МВД решат с помощью мигрантов и дебоширов
В верховьях Амги будут рубить 100 тысяч кубов леса ежегодно. Якутяне проголосовали за мораторий