Ааптар: В. В. Илларионов, филологическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр.
Ыһыах — саха норуотун кэтэһиилээх бырааһынньыга
Ыһыахтыыр үгэс былыр былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри баар. Ол туһунан биһиги “Олоҥхо — ыһыах — оһуокай” (2011), “Олоҥхо ыһыахтара: түмүк санаалар” (2015) кинигэлэрбитигэр уонна сылын аайы тэриллэн ыытыллар ыһыахтар иннилэригэр, кэннилэригэр үүттээн-ааннаан суруйууларбытыгар анаан сырдатан турабыт. Ааспыт үйэ 90‑с сылларыгар Тэрис тэрийбит “Кут-сүр” түмсүүгэ ыһыах төрүт үгэспит буоларын, кинини тэрийии туһунан кэпсэтии уонна санаа үллэстиитэ дьон өйүгэр-санаатыгар бигэтик киирбитэ. Улуус, куорат уонна өрөспүүбүлүкэ салайааччылара санааларын, болҕомтолорун ууран, ыһыах саха национальнай бырааһынньыкпыт буоларын өйдөөбүттэрэ биһиги уларыта тутуу сылларыттан туруорсубут туруорсуубут олоххо киирэн испиттэрэ үөрдэр. Биллэн турар, маҥнайгы Бэрэсидьиэммит М. Е. Николаев ыһыахха национальнай бырааһынньык быһыытынан анал Ыйааҕы таһаарбыта уонна бэс ыйын 21 күнүн өрөбүл күнүнэн биллэрбитэ улахан суолталаах. Билигин хас биирдии сахабын дэммит киһи сылын аайы кэтэһэр күүтүүлээх күндү бырааһынньыга буолла. Арай икки сылга хамсык ыарыы өрө туран, харантыыҥҥа олорон, тыыммыт-быарбыт хаайтара сырытта. Арай өлүөхүмэлэр бары санитарнай нуорманы тутуһан, Олоҥхо ыһыаҕын кимнээҕэр үчүгэйдик тэрийэн ыыппыттара. Атыттар ким дьиэлэригэр, ким тэлгэһэлэригэр, үгүстэр саҥа ньыманан, онлайн форматынан, ыһыахтаабыттара. Быйыл харантыын аһыллан, ыһыахтар ханна да киэҥник өрө көтөҕүүлээхтик, далааһыннаахтык тэриллэн ыытылыннылар. Туймаада туонатыгар, тэрийээччилэр ааҕалларынан (хайдах аахпыттара эбитэ буолла), 220 тыһыынча киһи кытынна диэн буолла. Үөһээ Бүлүүгэ, олохтоохтору аахпатахха, 20 тыһ. киһи көрүлээн-нарылаан ааста диэтилэр. Кэлбит ыалдьыттар биһиги ыһыахпытын сөҕөн-махтайан бардылар.
Ордук Татарстан Бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов дойдутугар тиийэн, сахаларга тэҥнээтэххэ, биһиги Сабантуйбут испэктээх эрэ курдук эбит, сиэр-туом, үгэс умнуллубут эбит диэн дьонун улаханнык түүрэйдээбит сураҕа иһиллэр. Атын да ыалдьыттар улаханнык сөхтүлэр-махтайдылар. Дьон-сэргэ да икки сыл ыһыахтаабакка, тыыннарын таһаарардыы көхтөөхтүк кытыннылар.
Быйылгы ыһыахтар туох уратылаахтарый?
Быйылгы ыһыахтар ханна даҕаны өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин биллэрбит Төрүт култуура сылыгар дьүөрэлэһиннэрэн ыытылыннылар. Ол эмиэ сөп. Ыһыахпыт үйэлээх үгэспит уонна саха норуота Аптаныамыйаны ылынан, сайдыы уонна барҕарыы суолун тутуһан, төрүт култуурабытын, тылбытын, норуот быһыытынан уратыбытын күн баччааҥҥа диэри илдьэ кэллэхпит, ыһыаҕынан сирэйдээн дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр кыахтанныбыт. Сэбиэскэй былаас маҥнайгы салайааччылара эдэркээн чаҕылхай Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов уо. д.а. төрүт култуураны, төрөөбүт ийэ тылы харааннааһыҥҥа ураты болҕомтолорун уурбуттара. Оччотооҕу быһыыга-майгыга саха норуота сөптөөх хайысханан сайдар суолун тобулбуттара. Дьэ, ол иһин кинилэр ааттара-суоллара ахтыллан аастылар. Таатталар саха норуотун национальнай интэлигиэнсийэтин духуобунай лиидэрэ А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 143 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах ыһыаҕы үрдүк тэрээһиннээхтик ыыттылар. Аны биэс сылынан кини төрөөбүтэ 150 сылыгар бэлэмнэнии үлэ саҕаламмытын курдук ылыныахха сөп. Оттон мэҥэ хаҥаластар норуот ырыаһыта уонна олоҥхоһут Н. И. Степанов‑Ноорой төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүгэр улуус таһымынан бэрт үчүгэй Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыыттылар. Ноорой сэбиэскэй кэмҥэ олоҥхону уус-уран самодеятельноска аһаҕас халлаан анныгар оонньоон көрдөрүүну саҕалаабыт олоҥхоһут буолар. Кини олохтообут үтүө үгэһин Олоҥхо тыйаатыра билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга болуоссаттарга, ыһыахтарга аһаҕас халлаан анныгар туруоран салгыыр. Салгыы да сайыннарыахтара турдаҕа. Ол да иһин олоҥхону иккис уон сылын бэлэмнээн ыытар Национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ А. Н. Жирков быйыл Мэҥэ Хаҥаласка Догдоҥоҕо тэриллэн ыытыллыбыт улуус ыһыаҕар Олоҥхо ыһыахтарын тэрийэн ыытыыбыт ыһыах үйэлээх үгэстэрин, каноннарын кэлэр кэнчээри ыччакка олохсутаары, кинилэр биһиги курдук сылтан сыл аайы ыһыаҕы тэрийэн ыыта турдуннар диэн кыһаллабыт диэбитэ. Онон Олоҥхо ыһыахтара салгыы Өймөкөөҥҥө, Нерюнгригэ, Аммаҕа буолуохтара.
Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа
Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа бары өттүнэн табыллан ыытылынна. Биллэн турар, улуус баһылыга В. С. Поскачин уонна кини хамаандата эрдэттэн биир киһи курдук өрө түллэн үлэлээбиттэрин бэлиэтиэххэ наада. Маҥнай баһылык буоларын утаатыгар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытарыгар этэн көрбүппүн кэмэ кэлэ илик диэбиттээҕэ. Баҕар, оччоҕо ылынан ыыппыта буоллар, атын буолуо этэ. Оттон билигин улуус Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытарыгар бириэмэтэ, кырдьык, кэлбит курдук.
Ыһыах өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүн кытта сөп түбэстэ. Ыһыаҕы сүрүннээн тэрийсээччилэр — Р. Н. Анисимов, М. В. Турантаева, сүрүн режиссер Р. И. Тараховскай, сүрүн сценарист М. Н. Власьева бары талбыт курдук үөһээ бүлүүлэр. Кинилэр Манчаары оонньууларын аһыллыытын уонна түмүктүүр түһүмэҕин бэркэ тэрийэн ыыппыттара. Онон дойдуларыгар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр улуустааҕы дириэксийэни, чуолаан кини дириэктэрэ Л. С. Тойтонованы кытта эрдэттэн бииргэ үлэлээтилэр. Ил Дархан А. С. Николаев Үөһээ Бүлүү буолара тэрийээччилэри элбэххэ эбээһинэстээтэҕэ буолуо. Туох ханнык иннинэ, төһө да хамсык ыарыы өрө турдар, сыл аайы ыытыллар Олоҥхоҕо аналлаах научнай кэмпириэнсийэ киэҥ далааһыннаахтык тыһыынчанан кыттааччыны сирэй ыҥыран кытыннарбыта. Манна ХИФУ учуонайдара, Олоҥхо институтун эдэр фольклористара Үөһээ Бүлүү кыраайы үөрэтээччилэрэ, учууталлара, историческай наука дуоктара Н.Д. Архипов ыһыах, оһуокай, олоҥхо, төрүт култуура тирээн турар боппуруостарыгар чинчийиилэр тустарынан санааларын үллэстибиттэрэ, ыһыах тэрээһинигэр, сиэригэр-туомугар санааларын тиэрдибиттэрэ. Маастар-кылаастарга төрүт култуура араас боппуруостарынан дьарыктанааччылар бэйэлэрин үлэлэрин билсиһиннэрбиттэрэ. Хомойуох иһин, хомуурунньук тахсыбата. Өймөкөөҥҥө ыытыллыахтаах кэмпириэнсийэҕэ дуу, олоҥхо дэкээдэтигэр тахсарын кэтэһэбит. Үөһээ бүлүүлэр ыһыах түһүлгэтин Хотун Бүлүү маанылаах сиригэр Түгэхтэйгэ бары сатабылларын киллэрэн туран оҥорбуттар. Киирэр аартыкка дьоһун сэргэлэр сэлэлии туруоруллубуттар. Көрүөххэ дьикти кэрэ. Олоҥхоҕо хоһуллар моҕол ураһалар, нэһилиэктэр түһүлгэлэрэ иилии эргийбиттэр. Түһүлгэ хабайар ортотугар аар дуур булгунньахха олоҥхо аайы тыл ууһунан хоһуллар Аал Кудук Хатыҥ лабаалара сиккиэр тыал үрдэҕинэ, киһи сүргэтин көтөҕөрдүү хамсыы, суугунуу турар курдук өйдөбүлү биэрэр. Аар Кудук Мас уйгу-быйаҥ бэлиэтэ буолан, хаһан да хагдарыйбат, уостубат олоҕу түстүүр аналлаах курдук олоҥхоһуттар этэн-тыынан кэбиспиттэрэ тутуһуллубут. Оһуокай түһүлгэтин искусственнай хонуунан тэлгэппиттэрин олус кэрэхсээтим. Ыһыах аһыллыытыгар, сабыллыытыгар сылдьыбыттар, тэлэбиидэнньэ биэриитин да көрбүттэр улаханнык астыммыттар. Сценарийга Бүтэй Бүлүү сиригэр, Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотуҥҥа (Бүлүү эбэ былыргы аата) олорон ааспыт былыргы омуктар ахтыллыылара, көҥүлү өрө туппут урааҥхай сахалар Кыйаар сиригэр (былыргы Үс Бүлүү аата) көһөн кэлиилэрэ, ил-эйэ эҥээрдээх, алгыһынан арыалланан, уйгулаах олоҕу оҥостуулара олоҥхо сюжетын кытта таба аттарыллан оҥоһуллубута кэрэхсэбиллээх. Манна өбүгэ саҕаттан күн бүгүнүгэр диэри сиэргэ-туомҥа тутта сылдьар чорооммут алгыска, театрализацияҕа ситимнэнэн киирбитэ саха киһитин санаатын иһинэн буолла уонна ытык иһиппит суолтатын үрдэттэ. Бэл, ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт, омук дьоно бу көстүүнү таба өйдөөтүлэр. Аны Аптаныамыйаны олохтоспут ньургун уолаттарбытын бэйэлэрин улуустарын аатырбыт олоҥхолорун дьоруойдарын аатынан киллэрбиттэрэ сонуннук көһүннэ. Олоҥхоһут, алгысчыт К.Н. Никифоров‑Лөкөчөөн хас да сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүтээҕи норуодунай тыйаатыр артыыһа, тойуксут Трофим Васильевич Мироновка салгыы кини оннугар ыһыахтарга алгыы-силэйэ сылдьарыгар көҥүл биэрбит эбит. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар Т. В. Миронов уһуннук сыымайдаан талан ылбыт саҥа кынаттара, оһуохайдьыт эдэр дьон Андрей Алексеев, Василий Игнатьев тыллара-өстөрө хомоҕойунан, тойуктара кэрэтинэн алгыс сиэрин-туомун киһи астынарын курдук силигин ситэрдилэр. Былырыыҥҥыттан ылата битииһиттэр айыыларга, иччилэргэ аналлаах хамсаныылара эмиэ сааһыламмыт уонна алгыһы айыыларга өрө көтөҕөр аналлаахтара тутуһуллубут. Аны алгыс күлүүс тылларын үстүү төгүл төхтүрүйэн этии киллэриллибитэ былыргы хаҥаластар ыһыахтарын сиэригэр-туомугар ордук чугас. Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев төһө эмит ыраахтан-чугастан ыалдьыттар баалларын үрдүнэн уу сахалыы эҕэрдэлээн, чахчы хаһаайын буоларын көрдөрдө, эҕэрдэ тылыгар олоҥхоҕо аналлаах ыйаахтарын билиһиннэрдэ. Олоҥхо дьиэлэрэ биир ситимҥэ киирэн үбүлэнэр буоллулар. Ил Дархан сэттэ олоҥхоһукка, сэттэ оһуокайдьыкка, сэттэ ууска ый аайы 30 тыһ. солк. кээмэйдээх истипиэндийэ олохтообутун бары да дохсун ытыс таһыныытынан көрүстүбүт. Бу айылҕаттан талааннаах дьоннорбутун үрдүктүк сыаналааһын буолар. Аны кыһын олоҥхо дэкээдэтигэр экспертнэй хамыыһыйа быһаарыытынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыллыаҕа. Ыһыах үөрүүлээхтик аһыллыытын кэнниттэн ыалдьыттары түһүлгэлэринэн, анал ураһаларынан айах тутуута, маанылааһын буолла. Улуустартан кэлбит официальнай ыалдьыттары нэһилиэктэринэн тарҕатан маанылаатылар: остуол хотойорунан ас арааһа — кырылыы кыынньыбыт кымыс, үтэһэлээх эт, саламаат, ис миинэ, саҥыйахтаах алаадьы — саха аһын эгэлгэтэ тардыллыбыт. Ыһыах тэрээһинэ, бу уустук кэмҥэ диэтэххэ, үрдүк таһымнааҕа тута харахха быраҕыллар. Бүлүү эбэ хотун кытылыгар турар Түгэхтэй хонуутугар анал тутуулар Олоҥхо ыһыаҕын регламенынан тутуллубуттар. Барыта сабыс-саҥа. Киирэр аартыкка сэргэлэр сэлэлии анньыллыбыттар, ыһыах ыалдьыттарын далбар хотуттар эҕэрдэлии көрүстүлэр. Номоххо киирбит үс курдуулаах моҕол ураһалар баай талым олоҕу кэрэһилээн туруоруллубуттар, мандар оҥоһуулаах балаҕаннар кэккэлээбиттэр. Онно нэһилиэктэр улуустартан кэлбит ыалдьыттары уруйдуу-айхаллыы көрсөр түһүлгэлэрэ буолбут. Олоҥхоҕо хоһуллар Аал Луук Мас үүнэ силигилии турар Аар Кудук Хатыҥ дьүһүлгэнинэн бэриллибит. Бүлүү улуустара бэрт былыргыттан уйгу-быйаҥ ытык бэлиэтинэн алаас ортотугар үүнэн-силигилээн турар аар хатыҥынан дьүһүйэн хоһуйаллара көрдөрүллүбүт.
Сүрүн уратылар
Үөһээ бүлүүлэр Олоҥхо ыһыаҕар туох уратылаахтарын, ордуктаахтарын ыһыах сценарийыгар да, тутууларыгар да, ис хоһоонугар да арыйан көрдөрөргө дьулуспуттар. Ону аҥаардас логотиптара да кэрэһилиир. Худуоһунньук идэлээх Егор Крылатов, тарбаҕар талааннаах уус, биэлсэр Анисим Прокопьев ааспыт үйэ 60‑с сылларыгар оҥорбут Хотун Бүлүү монументальнай скульптураларын Олоҥхо ыһыаҕын логотибыгар да туһаммыттара кэрэһилиир. Олоҥхо тэриллэн ыытыллыытын кэнсиэпсийэтэ сир түннүгэ Ньыыкан олоҥхо туһунан этиилэригэр олоҕурбута киһини сөхтөрөр. Кырдьаҕас олоҥхо туһунан өтө көрөн эппитэ дириҥин, түгэхтээҕин. Ол да иһин олоҥхобут аан дойду, киһи-аймах духовнай култууратын кылаан чыпчаала буоллаҕа. Олоҥхо ыһыаҕар биир сүрүн ирдэбил олохтоох үгэһи үөрэтэн-чинчийэн, олорон ааспыт олоҥхоһуттар уонна кинилэр олоҥхолорун киэҥник сырдатыы, кинигэлэри бэчээттээн тарҕатыы буолла. Маныаха олоҥхо института, эрдэттэн үөһээ бүлүүлэр бэйэлэрин уоллара Р. Н. Анисимов фольклорнай эспэдииссийэлэри тэрийэн, нэһилиэктэринэн сылдьан, хомуйар үлэни ыыттылар. Ол түмүгэр “Үөһээ Бүлүү фольклора” диэн бэйэлэрэ хомуйбут матырыйаалларын икки тылынан уонна кэмэнтээрийдээн бэчээккэ бэлэмнээтилэр. Онон билиҥҥи фольклористикаҕа холобур буолар үлэлэри күүтэбит. Үөһээ Бүлүү Көмүстээх Тайҕаҕа киирэн олоҥхоһут быһыытынан суон сурахтаммыт олоҥхоһуттар Н. С. Александров‑Ынта Никиитэ, П. Н. Тимофеев‑Биэчэрэ олоҥхолоро научнай ирдэбил быһыытынан күн сирин көрдүлэр. Биһиги кэммит олоҥхоһута А. Т. Титаров “Хардааччы Бэргэн” олоҥхото үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, ангийскайдыы) бэчээттэнэн таҕыста. Ааспыт үйэ 80‑с сылларыгар Олоҥхо күннэригэр, киэһэлэригэр кэлэн К. Н. Никифоровтыын олоҥхолуу сылдьыбыттара. Эпосовед Н. В. Емельянов олоҥхону дьон-сэргэ иннигэр тахсан, толору былыргылыы олоҥхолуурга сүбэлиирэ. Андрей Титаровы кытта фольклорист П. Н. Дмитриев үлэлэспитэ, магнитофоҥҥа хаста да устубута. 1986 с. холбоһуктаах фольклорнай эспэдииссийэ кыттыылаахтара “Нагро” диэн оччолорго үрдүк кылаастаах магнитофоҥҥа устан тураллар. Ол олоҥхо билиҥҥи кэм текстологическай ирдэбиллэринэн бэчээккэ бэлэмнэммитэ биһирэниэн эрэ сөп. Уопсайа сэттэ олоҥхо кинигэтэ бэчээттэнэн бэлэххэ анаан оҥоһулунна. Өссо да атын кинигэлэр сыл бүтүөр диэри тахсаллара былааннанар.
Ыһыах — оһуокай — олоҥхо
Саха төрүт култууратын үс мэҥэ өйдөбүллэрин бииргэ ситимнээн, бииргэ алтыһыннаран өйдүүр наада. Ол иһин Олоҥхо ыһыахтарыгар кинилэргэ суолта, болҕомто ууруллуохтаах. Сүрүн болҕомто кинилэргэ туһаайыллыахтаах. Үөһээ бүлүүлэр таба өйдөөн олоҥхо уонна оһуокай түһүлгэлэрин бэйэ-бэйэлэриттэн чугас оҥорбуттара олоҥхону да, оһуокайы да истэргэ табыгастаах буолбут. Кыттааччы элбэҕинэн ыһыах үөрүүлээхтик аһыллыан инниттэн күнү көрсүү сиэри-туомугар диэри күрэхтэһиини тэрийбиппит. Аан маҥнай Олоҥхо ыһыаҕар бастаабыттары бириэмэнэн хааччахтаабакка күрэстэһиннэртээбиппит. Ким кырдьан, ким сааһыран, ким атын төрүөтүнэн кыттыбатылар. Онон баара-суоҕа Олоҥхо ыһыаҕар түөрт дарханнаабыт оһуокайдьыттар сэрэбиэй быһыытынан хаһыс, ханнык тиэмэҕэ этэрин тардан түһүлгэлээн эппиттэрэ. Саамай уһуннук Сунтаар бастыҥ оһуокайдьыта Михаил Евсеев‑Кураһаай Мэхээлэ чаастан ордук эппитэ. Онтон кылгастык, чаас эрэ аҥаара Е. Е. Егоров (Үөһээ Бүлүү) түһүлгэлээн эппитэ. Дьокуускайтан А.Е. Алексеев, Сун-таартан С. Н. Зедгенидзева син сөбүгэр этэн тиэмэлэрин арыйбыттара. Биир бэйэм Светлана Николаевнаҕа куоласпын биэрбитим. Кини олус дьоһуннаахтык туттан-хаптан түһүлгэтин хаамыытын тутара, кэрэ-чуор куолаһа Түгэхтэйи дорҕоонноохтук ылбыта уонна хоһоонноон этэрэ сылтан сыл сайдан иһэр эбит этэ. Ол да буоллар, Үөһээ Бүлүүттэн дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ В.Е.Чичахов этии киллэриитинэн, кистэлэҥ куоластааһыҥҥа Кураһаай Мэхээлэ бастаан тахсыбыта уонна Олоҥхо ыһыаҕар Дарханнар дарханнара диэн кылаан чыпчаалы ылбыта. Дьокуускай этээччитэ А. Е. Алексеев Ил Дархан анал бирииһин ылар чиэскэ тиксибитэ. Атыттар 50 тыһ. солк. анал бирииһи туппуттара. Уопсайынан, үөһээ бүлүүлэр оһуокайга да, олоҥхоҕо да бириистэрэ ботуччу буолла, кырата анал бириискэ 5 тыһ. солк. уонна да онтон ордук. Ыһыах иккис күнүгэр олус тымныы, сииктээх ардахтаах буолан оһуокай көҕө санаа хоту тахсыбатаҕа. Кистээбэккэ эттэххэ, үөһээ бүлүүлэртэн өтөрүнэн буолбатах оһуокай тэриллэрэ буолуо дии санаабытым. Оһуокайы тэрийээччи Д. Я. Федотовы суохтаатым. Барахсан чахчы оһуокай диэн баран муннукка ытаабыт киһи этэ.
Суохтаатым бастыҥ үөрэнээччибин Вадим Константиновы, барахсаным хааһахтан хостоон эрэр курдук саҥарара, оһуокайыгар хоһоонноон ситимнээн этэрэ, куолаһа биир кэм намыын буолара. Олус эдэригэр Туймаада туонатыгар Дархан этээччи аатын биэрэн, дьон тыла хонон суорума суолланнаҕа дуу диэн буруйдана саныыбын. Билигин кинини солбуйуох Василий Игнатьев, Виталий Никифоров бааллар, кинилэртэн элбэҕи күүтэбин. Сахаайта Мойтохонова дьахталлартан бастыҥнара, уһуйааччы быһыытынан аатын-суолун бигэргэтиэн наада, онно талааннаах, дьоҕурдаах. Быйыл ураһаларга, балаҕаннарга олоҥхолооһун балачча хатыһыылаахтык тэриллэн ыытылынна. Олоҥхону толорооччулар даҕаны, истээччилэр даҕаны балачча толору этилэр. Дьүүллүүр сүбэ хас да бөлөххө хайдан икки түүннээх күнүс сыаналаатылар. Тулуурдарын уонна тулуйан истэллэрин киһи сөҕөр. Хата, кинилэргэ туох эрэ анал бириис олохтуохха баара. Мин киирэ-тахса сылдьан истэрбэр урут толорбут олоҥхолорун алаадьы курдук эргитэ сылдьан толорор курдуктар. Бэркэ гыннаҕына, олоҥхону баһыттан атаҕар диэри өйгө үөрэтэн баран чааһынан, сорохтор хас да чаас толоруохтарын сөп курдук. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ хас биирдии киһи толорор уратытыгар, маастарыстыбатыгар, куолаһыгар, кылыһаҕын кылааныгар болҕомто ууруохтарын наада этэ. Ол иһин анал идэтийэн дьарыктанар фольклористар, музыковедтар сыаналыыллара наада буолууһу. Урут А. П. Решетникова хас биирдии толорооччуга быһааран комментарийдаан биэрэрэ туһааннаахха олус туһалаах буолара. Билигин оннук ырытарга бириэмэ да, билии да тиийбэт курдук. Алдантан саҕалаан Олоҥхо ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Ф. В. Шишигина көҕүлээһининэн, тутатына олоҥхо сюжеттарынан, матыыптарынан, биирдиилээн бухатыырдарынан талбыт тиэмэлэринэн сүүрбэччэ мүнүүтэ олоҥхолуохтаахтар. Дьэ онно ким ордук хоһуйан этэрэ, ырыатын-тойугун таба тутара быһаарыллыа этэ уонна устунан бэйэтэ олоҥхолуо этэ. Быйыл уруккулардааҕар кэм да элбэх киһи кытынна. Олоҥхонон утумнаан дьарыктанар Ю. П. Борисовтыын сыаналаатыбыт уонна түмүккэ сүбэ-ама биэрдибит. Кэлэр өттүгэр олоҥхо куонкуруһугар бу көрүҥү киллэрдэхпитинэ, кыргызтар курдук уһуннук толорор олоҥхоһуттары этэллэригэр дылы, аутентичнай, ол аата ис хаан бэйэлэриттэн этэн-тыынан, ханна баҕарар ыллылар да олоҥхолоон барар дьону бэлэмнээн таһаарыахпытын сөп. Аны кыһын Олоҥхо дэкээдэтигэр быйылгы ыһыахтар хайдах барбыттарын ырытыы оҥорор, кэпсэтии таһаарар сөп этэ. Билигин үрдүттэн үчүгэйдик барда диэн бэйэ-бэйэбитин хайҕаһар курдукпут. Ол кэлэр өттүгэр ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарын тэрийиигэ уонна билиҥҥи кэмҥэ төрүт култуурабытын, олоҥхобутун, оһуокайбытын үйэтитэрбитигэр, салгыы сайыннарарбытыгар туһалаах буолуоҕа.
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/olo-ho-y-ya-a-teree-in-kennitten-sanaalar/
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…