Yakutians.com

Новости Якутии

Кэскиллээх кэпсэтиилэр

Автор: Раиса Сибирякова

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин, Табаһыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи сойуустарын итиэннэ Муома улууһун дьаһалтатын тэрийиилэринэн, атырдьах ыйын 4-8 күннэригэр табаһыттар көһө сылдьар мунньахтара буолан ааста. Министиэристибэ Хотугу үгэс буолбут салааларга уонна балык хаһаайыстыбатын комплексыгар отделын салайааччы Иннокентий Баланов ол мунньах туһунан маннык сэһэргээтэ.

– Үлэни-хамнаһы миэстэҕэ билсэр, хаһаайыстыбалар икки ардыларыгар уопут атастаһар, табаһыттары түмэр уонна салаа сайдар тосхоллорун быһаарар сыалтан, көһө сылдьар мунньахтар икки сылга биирдэ ыытыллар үгэстээхтэр. Ааспыт мунньах 2018 сыллаахха Томпо улууһун Тополинайыгар, ССРС Судаарыстыбанай бириэмийэтин лауреата, Ленин уонна Өктөөп өрөбөлүүссэйэтэ уордьаннардаах, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, урукку «Томпо» сопхуос биригэдьиирэ Петр Погодаев 100 сааһын бэлиэтээһин чэрчитинэн ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн аан дойдуну аймаабыт хамсык  мэһэйдээн тохтуу сылдьан баран, бу быйыл Муома улууһун Улахан Чыыстай национальнай нэһилиэгэр, Худи Харючи аатынан аҕа ууһун общинатын (салайааччы Арьян Громов) 8-с №-дээх ыстаадатын баазатыгар, Малтаан учаастагар буолла.

Даҕатан эттэххэ, Худи Харючи аатынан аҕа ууһун общината Муома улууһугар табаны иитиигэ саамай бөдөҥ хаһаайыстыба буолар, 2 484 табалаах, олору сэттэ табаһыт уонна үс чуумсук көрөллөр-истэллэр, сайын оҕолор төрөппүттэригэр тахсан, көмөлөһөллөр. Онон манна 2006 сылтан «Хонҥачаан (тугутчаан)» диэн Үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра үлэлиир. Холобур, биһиги сылдьарбытыгар Малтааҥҥа 20 оҕо баара.

Мунньахха тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Прокопий Николаев, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар бырааптарын боломуочунайа Константин Роббек, табаһыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи сойуустарын толороочу дириэктэрэ Константин Ядреев,  Муома улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Артур Тарабукин, Арассыыйа табаһыттарын национальнай сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, Улахан Чыыстай национальнай нэһилиэгин баһылыга Павел Мараказов итиэннэ Анаабыр, Аллараа Халыма, Булуҥ, Кэбээйи, Муома, Нерюнгри, Өлөөн, Өймөкөөн, Усуйаана, = Эдьигээн улуустарыттан таба хаһаайыстабыларын, аҕа ууһун общиналарын бэрэстэбиитэллэрэ, барыта 50 киһи, кытыннылар.

м_-_мунньах.jpeg

Мэччирэҥи – табаһыкка!

Сүрүн иһитиннэриини биһиги оҥордубут, өрөспүүбүлүкэҕэ табаны иитии туругун уонна инники соруктарын тустарынан кэпсээтибит. Константин Ядреев Табаһыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи сойуустарын үлэтин сырдатта, кэлэр 2025 сылга, кулун тутарга Дьокуускайга ыытыллыахтаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин табаһыттарын төрдүс сийиэһигэр бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин иһитиннэрдэ. Санаа атастаһыыта көхтөөхтүк барда, быһаарыыны эрэйэр сытыы кыһалҕалар этилиннилэр. Олортон сүрүннэрин билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 171 тыһыынча таба баар, дьэ бу баайдарын иитээри табаһыттар өбүгэлэриттэн удьуордаабыт сирдэринэн көһө сылдьаллар, атыннык эттэххэ, мөлүйүөнүнэн гектардаах сири-уоту көрөллөр-истэллэр. Ол эрээри, хаһаайыстыбаларга мэччирэҥи сыһыарыы боппуруоһа быһаарылла илик. Туундара суонатыттан ураты суоналарга таба хаһаайыстыбаларыгар докумуонунан сыһыарыллыбыт мэччирэҥ диэн суох. Кинилэр табаларын мэччитэр сирдэрэ барыта ойуур пуондатын сирэ-уота буолар. Инньэ гынан, хараал, бүтэй уо.д.а. туттарга мас кэрдинэр кыах суох.

Таба мэччирэҥин сирин хаһаайыстыбаларга сыһыарыы балакыытата үгүс, ирдэбилэ улахан, үтүмэн үбү уонна бириэмэни ирдиир. Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин таһымынан  харыстанар сирдэртэн сири араарыыга анал хамыыһыйа үлэлиир. Ол эрээри, онно Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтиттэн бэрэстэбиитэл суох. Бу көннөрүллэрэ наада, хамыыһыйаҕа табаһыт интэриэһин көмүскүүр киһи баар буолуохтаах.

м_-депар.jpeg

Управлениелары сөргүтүөххэ

Хас да сыллааҕыта Анаабыр, Абый, Аллайыаха, Муома, Эдьигээн, Өймөкөөн, Өлөөн, Уус Маайа, Эдьигээн улуустарынааҕы бэтэринээрийэ управлениелара сарбыллан, атын улуустарга холбоммуттара. Ол түмүгэр, эмтиир-сэрэтэр үлэ мөлтөөтө, араас ыарыы турар куттала күүһүрдэ, Сибиир дьааспатыттан өлбүт табалары көмпүт сирдэри дьаһайыы ситэтэ суох, былааннаах быһыылар кыраапыктан хойутаан бэриллэллэр, табалар Анаабырга саркаптозка, Өлөөҥҥө сыстыганнаах ринотрахеикка ыалдьыбыт түбэлтэлэрэ таҕыста. Онон табаһыттар ити улуустарга бэтэринээрийэ управлениеларын сөргүтэри модьуйдулар.

Бэтэринээр хамнаһа намыһах, ол иһин сүөһү эмчитин хамнаһын киһи эмчитин хамнаһыгар тэҥниири наадалааҕынан аахтылар. Ону таһынан, чуолаан сайын, араас ыарыы турар кутталлаах кэмигэр, бэтэринээр айанын, эми-тому кэмигэр хааччыйарга бөртөлүөт көтүтүүн бүддьүөттэн үбүлүүргэ эттилэр.

м-_взр.jpeg

Каадыр боппуруоһа

Идэлээх үлэһит тиийбэтэ биир сүрүн кыһалҕа буолар. Ол курдук, бэтэринээрдэри таһынан үлэ-хамнас технологиятын сүрүннүөхтээх зоотехниктар суохтар, урукку сыллартан үлэлиир-хамсыыр сааһырбыт дьон сүрэхтэрин баҕатынан сылдьаллар. Кинилэр барытын саба тутар кыахтара суох. Үлэһит илии тиийбэт, эдэрдэр ыстаадаҕа тахсыахтарын баҕарбаттар. Ол иһин анал орто уонна үрдүк үөрэҕи бүтэрбит эдэр исписэлиистэри урукку курдук иккилии-үстүү сылга тыа сиригэр, хаһаайыстыбаларга ыытан үлэлэтэр үгэһи сөргүтэргэ, «Земский молодой специалист в оленеводстве» диэн бырагырааманы оҥорон олоххо киллэрэргэ этилиннэ.

«Көс дьиэ кэргэн» сокуон үлэлээбэтин бары бэлиэтээтилэр уонна көс олохтоох табаһыттар кэргэттэригэр, чуолаан оҕолоох ийэлэргэ эбии төлөбүр көрүллүөхтээх диэтилэр.

Олорор дьиэ-уот кыһалҕатын быһаарарга «Эдэр табаһыт» бырагыраама баара үчүгэй, ол эрээри, сылга уонча эрэ киһи онно тиксэрэ тутах. Инньэ гынан, «Мин Сахам Сирэ 21-с үйэҕэ» бырагыраама чэрчитинэн, табаһыттарга уонна АПК исписэлиистэригэр дьиэни тутууга кубуота көрөр итиэннэ нэһилиэктэргэ биэдэмистибэннэй дьиэлэри тутар наадата бэлиэтэннэ.

ого-_приз.jpeg

Адьырҕалары утары

Айылҕа араас тургутуутугар, адьырҕа кыыллар эпсэннэр, табаҕа да, дьоҥҥо да кутталы үөскэтэллэр. Кэнники уонча сылга бөрөлөр уонна эһэлэр олус элбээтилэр, аны саҥа төрөөбүт тугуттары хотойдор итигэстээн сиир идэлэннилэр. Олору утары хаһаайыстыбалар охсуһа сатыыллар, табаһыттар бэйэлэрин күүстэринэн итиэннэ анал биригээдэлэри тэрийэннэр, сыллата 250-чэ бөрөнү, уонча эһэни өлөрөллөр.

Аҥардас саанан бултааһын олус үгүс сыраны-хараны ылар, сатахха бултааһын болдьоҕо олус кылгас, инньэ гынан, федеральнай киини кытары үлэлэһэн, дьааты туһанары сөргүтэр наада буолбут.

м-_6.jpeg

Маастар-кылаастар

Бэтэринээрийэ управлениетын эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары тэрийиигэ салаатын салайааччы Анастасия Никитина таба доруобуйатын көрүүгэ-истиигэ уонна эмтээһиҥҥэ маастар-кылаас ыытта. Ханнык быһыылар хаһан бэриллэр кыраапыктарын чопчулаан быһаарда. Табаҕа кутталлаах ыарыылар тустарынан бэсиэдэ оҥордо. Биһиги субсидия ханнык хайысхаларынан көрүллэллэрин, туох уларыйыы киирбитин уонна отчуоттааһын саҥа ирдэбиллэрин тустарынан кэпсээтибит.

м-_ого.jpeg

Нэһилиэк уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ чуум үлэһиттэригэр тириини таҥастааһыҥҥа, үлэ таҥаһын тигиигэ үөрүйэхтэрин үллэһиннилэр. Тэттик кэнсиэр, оҕолорго табаны маамыкталааһыҥҥа, улахан дьоҥҥо табанан сүүрдүүгэ, волейболга көхтөөх күрэхтэһиилэр буоллулар. Күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттар бары бириис ылан үөрдүлэр-көттүлэр.

Түмүккэ табаһыттар көһө сылдьар мунньаҕы сыллата ыытарга, эһиилги мунньаҕы Нерюнгрига тэрийэргэ быһаардылар.

м_-_все.jpeg

Автор: Раиса Сибирякова

Поделиться
%d такие блоггеры, как: