Валерия ТЕМЕНХОН
Бу дьыл бэс ыйын 2 күнүгэр Екатеринбург куоракка Кэриэй омук төрүччүтүн үөрэтиигэ аналлаах бастакы форум буолан ааста. Аан бастакы диэтэххэ, сүрдээх тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымнаахтык тэриллибит. Киһи үөрүөҕэ уонна сөҕүөҕэ, энтузиаст кыргыттар Светлана Хасанова-Люгай (Москва к.) уонна Виктория Хегай (Челябинскай к.) санааларын холбоон бу форуму олус сатабыллаахтык тэрийбиттэр. Бастаан бэйэлэрин төрүччүлэрин үөрэтииттэн саҕалаабыттар, ол ылсыспыт үлэлэрэ түмүктээх уонна ситиһиилээх буолан маннык улахан форумҥа тахсар кыахтаммыттар.
Форум кыттыылаахтара Россия куораттарыттан, Казахстантан, Саха сириттэн, Соҕуруу Кореяттан бааллар. Мин “Саха кэриэйдэрэ” түмсүү аатыттан бу форумҥа кытынным. Түмсүүм дьонугар улаханнык махтанабын, тоҕо диэтэххэ бу маннык форумнарга, конференцияларга кыттар наадалааҕын сөпкө өйдөөннөр, кинилэр миигин олус бэркэ тэрийэн ыыттылар. Харчынан, кинигэнэн көмө буоллулар.
Бу форумҥа биһиги кыттыыбыт ылбычча буолбатах. 2019 сылтан саҕалаан биһиги кэриэй өттүнэн төрүччүбүтүн үөрэтэргэ кыһанабыт, аҕаларбыт, эһэлэрбит кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын билэргэ дьулуһабыт. Ол да курдук, ситиһии суох буолбатах, дьоммут туһунан бары түмсэн икки кинигэни суруйан таһаардыбыт, архыыптан сүҥкэн суолталаах матырыйааллары буллубут, Гуманитарнай чинчийии института 1917-1932 сылларга кэриэйдэр Саха сиригэр үлэлэрин-хамнастарын, олохторун-дьаһахтарын туһунан Н.Г. Иванов чинчийбит үлэтин бэчээттээн таһаарда.
Онон тирэх баар. Биллэн турар, биһиэхэ төрүччүбүтүн үөрэтии чэпчэкитэ суох буолуо. Тоҕо диэтэххэ, дьоммут туспа судаарыстыба дьоно этилэр буоллаҕа. Ол да буоллар, олус кыһаннахха, ирдэстэххэ кэриэй төрүччүгүн түҥ былыргыга тиийэ билиэххин сөп диэн этэллэр. Онуоха сөптөөх тэрилтэлэр Соҕуруу Кореяҕа бааллар диэн буолар, интернет көмө буолуо, олох сайдан аны ДНК-генеалогия көмөтүнэн төрүччүлэрин үөрэтэллэр эбит. Онон баҕалаах уонна кыһаллар буоллаххына, табыллыаххын сөп.
Бу өйдөөтөххө, түмсүүбүт тэриллибитэ номнуо бэһис сылыгар барбыт эбит. Онон киэҥ эйгэҕэ тахсар кэм кэлбит, дьоммут историятын кэпсиир, сырдатар хайаан да наада. Казахстан, Узбекистан кэриэйдэриттэн биһиги историябыт чыҥха атын. Кинилэр дьылҕалара сүрүннээн Сэбиэскэй сойуус историятын кытта сибээстээх буоллаҕына, биһиэнэ оччотооҕу Корея историятын кытта быһаччы сибээстээх. Биһиги дьоммут дьылҕаларын сэһэнэ сүрүннээн Бодойбо, Алдан көмүстээх бириискэлэрин, Сахабыт сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутун, ону кытта холкуостар үлэлэрин-хамнастарын кытта ситимнээх.
Казахстан уонна Орто Азия кэриэйдэрин судаарыстыба Дальнай Востоктан, күүс өттүнэн да буоллар, тэрээһиннээхтик лөглөй тиэйэн илдьибитэ. Төһө да эрэй бөҕөнү эҥэрдэринэн тэлбиттэрин, сор-муҥ, өлүү-сүтүү бөҕөтүн көрсүбүттэрин иһин, ыаллар, аймахтыылар бука бары бииргэ суулана сырыттахтара.
Оттон Саха сирин кэрийэдэрэ отой атын дьон. Бу бэйэлэрин эрэ күүстэригэр, бэйэлэрин эрэ дьылҕаларыгар эрэммит эр бэртэрэ. Пассионарийдар, дьон киэнэ аҕыс кырыылаахтара. Тыйыс тымныыттан, өҥүрүк куйаастан, өһүөн өксүөнүттэн, өстөөх буулдьатыттан чаҕыйбатах дьон! Үксүн сулумах эр дьон кэллэхтэрэ, дойдуларыгар оҕолорун-урууларын, кэргэттэрин хаалларан туран. Харчылаһар, дьоннорун иитэр-аһатар туһуттан. Дьэ, туох да диэбит иһин, бу курдук тыйыс, үлүгэр ыраах дойдуга чулууттан чулуу, хорсунтан хорсун эрэ дьон кэлэллэр. Бу дойдуга да кэлэн бэйэлэрин уһулуччулаах кылааттарын хаалларбыт дьон. Уонна, дьэ, хайдах кинилэр суолларын тумнан ааһыахпытый?!
Бу форумҥа сылдьан биири өйдөөтүм — кэриэйдэр төрүччүлэригэр олус болҕомтолоох, харыстабыллаах сыһыаннаахтар эбит. Көрдүүр үлэни күүскэ ыыталлар. Булгу булуохтарыгар диэри дьаныардаахтык үлэлииллэр эбит. Архыыптарынан, үөрэх тэрилтэлэринэн, араас ведомстволарынан, ЗАГС, таҥара дьиэлэринэн, бэл диэтэр, кылабыыһаларынан сылдьан дьоннорун туһунан сибидиэнньэлэри көрдүүллэр. Уонна, биллэн турар, бэйэлэрин историческай дойдуларыгар анал архыыптарынан сылдьан төрүччүлэрин үөрэтэллэр. Дьаныардаах үлэ, хайдаҕын да иһин!
Оттон биһиги? Дьоммут аатын да билэрбит күчүмэҕэйдээх. Тоҕо? Баҕар муннубут анныгар баары кыайан булбат буолаайабыт? Оччотооҕу дьылларга суут-сокуон кытаанах кэмэ этэ эбээт. Хас биирдии киһи учуокка сылдьара. Сурук-бичик, докумуон бөҕөтө хааллаҕа. Холкуоска буоллун, көмүстээх бириискэлэргэ буоллун — сылдьыбыт сирдэригэр барытыгар учуот. Онон сатабыллаахтык көрдүү сатыаҕыҥ. Холобур, мин эһэм аата “Кыһыл былаах” холкуос докумуоннарыгар балай эмэ суруллубут. Майгыннатан да буоллар, ол да саҕана ааттарын син сөпкө суруйаллар эбит. Улуус архыыптарыгар нэһилиэктэр докумуоннарын туттарбыттара хараллан сыттаҕа буолуо. Ыал буолан олорбут, үлэлии-хамсыы сылдьыбыт киһи тоҕо суола-ииһэ суох буолуой? Хайаан да баар буолуохтаах. Буолаары буолан, омук киһитин аатын атыны кытта хайдах да булкуйбаккын.
Форум дьоно архыыптан биһиги булбут матырыйаалларбытын көрөн сөҕөллөр. “Как это вам удалось?” — диэн саҥа аллайаллар. Эппиэтэ — ханна да, хаһан да буоллун, дьаныар, сатабыл наада. Бу да түгэҥҥэ оннук этэ буоллаҕа.
Екатеринбург куоракка көтөн тиийбит күммүтүгэр куораттан 12 килэмиэтирдээх сиргэ баар — 1930-с сылларга политическай репрессияҕа түбэспиттэргэ аналлаах мемориальнай комплекска бара сырыттыбыт. Манна олоҕо суох буруйданан 70 кэриэй омук киһитэ көмүллэ сытар, олор истэригэр эдэркээн бэйэлээх кыргыттар, уолаттар бааллара үһү. Дьулаан быһыы-майгы буолбутун кэпсииллэр. 1938 сылга диэри — “ежовщина” саамай үгэннээн турбут кэмнэригэр үспүйүөннээһиҥҥэ буруйданан элбэх кэриэй киһитэ суорума суолламмытын билэбит. Оннук дьаһал Саха сирин да тумнубатаҕа. НКВД салалтата уларыйыаҕыттан — Ежов оннугар Л.П. Берия кэлбитин эрэ кэннэ бэрээдэктэнии саҕаламмыта. Сүҥкэннээх үлэ түмүгэр элбэх киһи дьыалата хос көрүллүбүтэ уонна босхоломмуттара. Мин эһэм Тхэ Мен Хон 1939 сыллаахха Бүлүү хаайыытыттан босхоломмута.
Форумҥа репрессия сылларын туһунан элбэҕи кэпсээтилэр. Химическай наука доктора, профессор Валерий Дмитриевич Тхай Урал кэриэйдэрин туһунан кэпсээнигэр бу туһунан элбэҕи ахтан аһарда, мемориалга ыччаттара кэлэн сүгүрүйэн, сиэри-туому толорон баралларын кэпсээтэ. Медицинскэй наука кандидата Ан Розалия Николаевна олохтон ылбыт холобурдарын — эдэркээн дьон дьылҕаларын харааста кэпсээтэ. Ол курдук, тутуллубуттар ортолоругар 25-гэр диэри саастаахтар 54 киһи баарын эттэ, олортон 45-э үөрэнэр, студенныыр ыччат эбит. История музейыттан элбэх сыыппаралардаах, докумуоннардаах иһитиннэрии буолбута.
Форум генеалогия тематыгар анаммыт, ол да иһин үгүс дакылаатчыттар бэйэлэрин уопуттарыттан олус иҥэн-тоҥон кэпсээтилэр. Дмитрий Шин (Москва к.) бэрт интэриэһинэй дакылааттаах буолан биэрдэ. Темата: Генеалогические методы и особенности поиска информации в исследованиях по истории советских корейцев. Дмитрий Шины мин аарыма саастаах киһи буолуо дии саныырым, онтум баара эрэ 40-чалаах эдэр киһи эбит, 2001 сыллаахха РГГУ Историко-архивнай институтун бүтэрбит. Турбут-олорбут, олус элэккэй киһи. Саха сирин билэр, Эмнэр хаһаайыстыбаларын сураһан билсэр эбит, биһиэхэ арбуз үүнэрин олус бэркиһии истибит. Кэриэйдэр тустарынан ырааҕынан-чугаһынан суох баай кинигэ коллекциялаах, ол да иһин бу форум буолуо быдан инниттэн биһиги кинигэлэрбитин бэркэ интэриэһиргээн туоһуласпыт эбит. Кинигэлэрбитин үһүөннэрин эһиги ааккытыттан киниэхэ бэлэх ууннум, үөрүүтэ диэн сүрдээх, күндү кылааты булбут курдук. Кинигэлэрбит интэриэстээх киһи илиитигэр түбэспиттэрэ үчүгэй, үтүө үтүөнэн диэлийиэ буоллаҕа. Дмитрий Шин корё сарам историятын үөрэтэр эксперт быһыытынан биллэр, үс сүүнэ кинигэ ааптара. Кэриэйдэр Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыыларын, Социалистическай үлэ геройдара буолбут сэбиэскэй кэриэйдэр уонна “Корё Ильбо” хаһыат тустарынан дьоһуннаах кинигэлэри суруйан турар. Сылын аайы бэйэтин көҥүл баҕатынан Владивосток архыыптарыгар баран үлэлиир эбит. 2004 сылтан “Arirang.ru” диэн СНГ кэриэйдэрин информационнай порталын кылаабынай редакторынан үлэлиир. Онон бэрт сэргэх, интэриэһинэй киһи.
Астана куораттан сылдьар Наталья Владимировна Тен-Аужановалыын бэркэ бодоруһан сырыттыбыт. Киһим элбэх кэпсээннээх. Казахстан кэриэйдэрин туһунан, казахтар тустарынан элбэҕи-элбэҕи кэпсиир. Дойдутугар биһиги хотугу чир балыкпытын кэһии гынан илдьэ баран үөрүүтэ сүрдээх этэ, кэргэнэ ол балыгы амсайан олус хайҕаабытын кэпсээбитэ. Дьэ бу Наталья Тен көмүскэ да, атын да баайга тэҥнэммэт дьикти булумньулаах — удьуорун чокпотун булбут. Быһааран эттэххэ, Чокпо диэн төрүччү кинигэтин ааттыыллар. Булбут эрэ буолбатах, өссө тылбаастаппыт. Дьэ хайдаҕый?! Былыргы кытай иероглибынан суруллубуту тылбаастатыыр манан дьыала буолбатаҕа биллэр. Оннук суругу ааҕар дьон билигин суохтарын кэриэтэ. Киһиҥ чаҕыйбакка, ирдэһэн-ирдэһэн оннук тылбаасчыты булбут. Инньэ гынан, төрүччүтүн XV үйэҕэ тиийэ билбит. Наталья бэйэтэ кэпсииринэн, дьиэттэн тахсыбакка компьютер иннигэр олорон төрүччүтүн оҥорбут. Кэлэр көлүөнэлэргэ — ыччаттарыгар хайдахтаах бэлэҕий! Форумҥа “История и гордость семьи: найденная книга чокпо и имя основателя рода — Чон Сона” диэн дакылаатынан кытынна.
Өссө биир интэриэһинэй дакылаатчытынан Соҕуруу Кореяттан сылдьар профессор Джан Вон Чан буолла. Бэйэтэ идэтинэн политолог, билигин Челябинскай университетыгар үлэлии сылдьар эбит. Чокпо туһунан иҥэн-тоҥон кэпсээтэ, дакылаата өйдөнүмтүө презентациялаах буолла. Кини этэринэн, төрдүгүн-уускун көрдүүргэр бастатан фамилияҕын уонна пуоҥҥун чопчу билэриҥ наада. Пуоҥҥун билбэт буоллаххына, өбүгэлэриҥ олорбут сирдэрин аатын быһаарыаххын наада. Фамилияҕын, пуоҥҥун көрдүүргэр профессор маннык сайтка киирэри сүбэлиир: http://www.findroot.co.kr
Форуму тэрийээччи, Челябинскайтан сылдьар Виктория Анатольевна Хегай төрүччүтүн аныгылыы үөрэппит — ДНК генеалогия көмөтүнэн. Бу туһунан кини “ДНК-генеалогия — уникальный инструмент поиска родственников. Научный взгляд в прошлое” диэн дакылаатын истээччилэр олус сэргээтилэр. Буолумуна, аныгы технологиялар ханнык баҕарар дьыала хаамыытын түргэтэтэр аналлаахтар. Виктория Хегай бэйэтин тус уопутуттан кэпсээтэ. Ол курдук, бу ньыманан кини араас дойдуларга баар аймахтарын булбутун сэһэргээтэ. Болҕойуҥ! ДНК генеалогия көмөтүнэн тас дойдуларга баар аймахтаргытын булуоххутун сөп эбит, өскүөрүтүн ол дьон эмиэ ДНК тест туттарбыт буоллахтарына. Оттон кэриэй омук, биллэрин курдук, аан дойду үрдүнэн тарҕанан олорор. ДНК генеалогия хайысхатынан үлэлиир аан дойдуга хас да хампаанньа баарын кэпсиир, олортон сорохторо санкциялар биллэриллэннэр бэйэлэрин өҥөлөрүн саппыттар курдук. Оттон Россияҕа Genotek диэн хампаанньа добуочча ситиһиилээхтик үлэлиирин Виктория Хегай этэр. Медицина үрдүк технологияларын тутуһан үлэлиир хампаанньа эбит. Сайтарыгар киирэн регистрацияланар эбиккин, төлөбүрэ удамыр (7000 солк.), курьер сибээскэ тахсар, наадалаах коробканы эйиэхэ тиксэрэр, анализка силгин анал пробиркаҕа ылаллар үһү. Дьэ, итинник, олох сайдан аймахтарбытын көрдүүрбүтүгэр аны генетиктэр көмөлөрүнэн туһанар буолабыт.
Тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ Светлана Дженишевна Хасанова-Люгай дьонун хайдах көрдөөбүтүн кэпсээтэ. Үөһэ бэлиэтээн эппитим курдук, Казахстан, Узбекистан кэриэйдэрин историята биһиэниттэн атын, дьоннорун көрдүүллэригэр кинилэргэ арыый да чэпчэки, быһыыта. Тоҕо диэтэххэ кинилэр дьылҕалара, олохторо-дьаһахтара Россияны, Сэбиэскэй сойууһу кытта быһаччы сибээстээх буоллаҕа, ол иһин ыччаттара Россия архыыптарыттан, араас тэрилтэлэриттэн элбэх наадалаах сибидиэнньэлэри көрдөөн булаллар. Дьэ бу туһунан Светлана Люгай бэйэтин уопутуттан элбэҕи кэпсээтэ уонна бэйэтин кэпсээнин маннык итэҕэтиилээх тылларынан түмүктээтэ: “Эһиги көрдүүргүт — эһигини эмиэ көрдүүр” (То, что ищете вы, ищет вас тоже).
Оттон биһиги дакылааппытын (“Уникальное ответвление корё сарам — саха-корейцы”) эмиэ сүрдээҕин сэҥээрдилэр, истээччилэр биһиэнин бастыҥ дакылааттар ахсааннарыгар киллэрдилэр. Уонна атырдьах ыйыгар Москваҕа буолар норуоттар икки ардыларынааҕы научнай конференцияҕа (Россия-Корея-СНГ) бу дакылааппытынан кыттарбытыгар ыҥырдылар.
Аны туран маннык. Биһиги дьоммут үгүстэрэ оччотооҕу Корея хотугу провинцияларыттан кэлбиттэрэ биллэр, билиҥҥинэн Хотугу Корея сириттэн-уотуттан. Дьиктитэ, Россия атын регионнарын кэриэйдэрин үгүстэрэ эмиэ Хотугу Кореяны кытта сибээстээхтэр эбит. Оттон, билэргит курдук, Хотугу Кореяны кытта Россия сыһыана лаппа тупсан эрэр. Онон биһиэхэ эрэл үөскүүр. Туризм эрэ өҥөтүнэн буолбакка, арыый да чугастыы доҕордуу сыһыан үөскээн, баҕар аймахтары көрдүүргэ өссө ордук табыгастаах усулуобуйа үөскүөн сөп. Оттон Соҕуруу Кореяттан силистээхтэр — өссө бүк табыллыбыт дьон, тоҕо диэтэххэ төрүччү архыыптара онно эрэ бааллар. Ол эрэн хотугулар онно суохтар диир сыыһа, арахсыахтарыгар дылы түмүллүбүт төрүччү кинигэлэрэ бары онно хараллан сыталлар диэн буолар.
Онон, доҕоттор, дьоҥҥутун көрдөөҥ. Көрдөөбүт көмүһү булар!
Оттон маннык форумнар, конференциялар, биллэн турар, олус наадалар. Кэриэй омук барахсан аан дойду үрдүнэн бытанан олорор, бүтүн аймах, дьиэ кэргэн сүтэрсиитэ ханна барыай…
Биһиги эһэлэрбит, аҕаларбыт төрүт дойдуларын олус ахталларын, түмүстэхтэрин аайы олус айманалларын туһунан билэбит. Дьылҕа хаан ыарахан ыйааҕын дьиҥнээхтик билбит дьон. Ол быһыытынан, биһиги, кинилэр ыччаттара, өбүгэлэрбит ахтылҕаннарын син биир удьуордаатахпыт, хааммытыгар илдьэ сырыттахпыт…
Илиҥҥи муударас этэрин курдук, ыарахан күннэр-дьыллар күүстээх дьону үөскэтэллэр. Биһиги өбүгэлэрбит ону дьиҥнээхтик дакаастаабыт дьон, туохха да бэриммэтэх, туохтан да толлубатах! “Кэриэйдэр ортолоругар арыгыһыты, ыт үрбэт, ынах маҥыраабат буола буомурбуту, бэлэмҥэ бэрт буолааччыны булуоҥ суоҕа” диэн аан дойду үрдүнэн олоҕурбут өйдөбүлү кинилэр түстээбиттэрэ. Кэриэй киһитэ мэлдьи туруу үлэһит. Бэйэтин эрэ иннин көрүммэтин, быстыбыты-ойдубуту өрүһүйээччи буоларын Аҕа дойду улуу сэриитин тыйыс сылларыгар көрдөрбүттэрэ.
Геополитикаҕа “разделенные народы” диэн өйдөбүл баар. Кэриэйдэр биир оннуктар – бүтүн аан дойду үрдүнэн бытанан сылдьаллар. Биллэн турар, баҕа өттүлэринэн буолбатах. Сэриинэн ииригирбит Япония империятын содула.
Күн бүгүн, үөһэ кэпсээбитим курдук, түмсүү үлэтэ күүскэ барар. Үлэ күүһэ сүдү, үлэһит киһи суола-ииһэ суох буолбат, онон корё сарам ортотугар улахан учуонайдар, араас эйгэҕэ сүҥкэн ситиһиилээх дьон сүрдээх элбэх. Бу да форумҥа сылдьан кэриэйдэр үлэһиттэрин, мындырдарын көрөн-истэн итэҕэйдим. Чахчы күүстээхтэр. Саҕалаабыт дьыалаларыгар олус бэриниилээхтик ылсан үлэлииллэр. Сөхтүм, биһирээтим, долгуйдум! Кинилэртэн бэрт үгүс киһи “уон аҥы ыһыллыбыт” норуоту түмэргэ, өйү-санааны холбуурга, өбүгэлэрбит кэс тылларын өрө тутарга үлэлииллэр.
Валерия ТЕМЕНХОН, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Бу матырыйааллары туһаныҥ:
Ссылка на видео выступления:
Презентации:
Д.В. Шина: https://disk.yandex.ru/i/MgcW2Fe5TZCBOA
Н.В. Аужановой: https://disk.yandex.ru/i/tdBvfUTI91qP1w
Джан Вон Чана: https://disk.yandex.ru/d/cyMLiIYagyE-iw
С.Д.Хасановой: https://disk.yandex.ru/i/MaUbYdPzilyt7g
В.А, Хегай (во вложении)
ДНК-генеалогия туһунан бу сыылкаттан хачайдааҥ:
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…