Yakutians.com

Новости Якутии

Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…

Баары баарынан — СУР.

Мин саха омук демографиятын туһунан суруйа сатаабытым ыраатта. Өссө “Кыым” хаһыакка үлэлии сылдьаммын “кумааҕыны марайдыыр” этим. Таах, ким да сэҥээрбэт этэ.

Ол саҕана Дьокуускайга сахалыы үөрэтэр оскуолалары арыйыы тула туруулаһыы мургуна буолааччы. Бу олус наадалаах суол эрээри, тугу баҕарар төрдүттэн көрөр баҕайы, Козьма Прутков эппитинии: “Смотри в корень”.

Оттон саха омук иэдээнэ төрүөхпүт тахсыбатыгар сытар. Оннук эбит буоллаҕына, сахалыы оскуолалар арыллан да кэскиллэрэ суоҕа биллэр буоллаҕа.

Биллэн турар, хотугу омук ханна да ахсаан өттүнэн сириэдийбитэ суох. Бэл диэтэр, бу айылҕаттан оҥоһуубутун өбүгэлэрбит сэрэппиттэрэ — саха төрдө буолбут Эллэй туһунан үһүйээҥҥэ барыта баар.

Эллэй тоҕо Омоҕой баай мааны кыыһын буолбакка, көйгө кыыһын ойох ылбытай? Сыҥалыы, сыҥалана сатаабыттарын үрдүнэн. Эллэй кинини талбатаҕыттан санаата оонньоон мааны кыыс, кэпсэл муҥунан, бэйэтигэр тиийинэр дуу, дьабыныгар көтөр дуу… Быһата, суох буолар.

Эр бэрдэ кэрэ дьүһүннээх мааны кыыһы ойох ылыан баҕарара баа буолбатах. Ол эрэн Эллэй өйүттэн тахсыбат, кыргыттар ииктииллэрин саһа сылдьан кэтээн көрөр. Мааны кыыс бычык-бычык барбах чыккыратарын көрөн сирэр. Мөлтөх киэлилээх эбит диэн. Көйгө кыыс барылаччы, күүгэннээхтик ииктиирин сөбүлүүр, — хайаан да үчүгэй төрүөхтээх, киһи төрдө буолуох кыыс сылдьар эбит диэн.

Ол эбэтэр, Таптал уонна Кэскил силбэһиилэрэ олус бэрт эрээри, ыйааһын бэскитигэр Кэскил уонна Таптал турар буоллаҕына, Кэскил, ол эбэтэр, Оҕо талыллыахтаах диэн. Кэскил диэн Оҕо буоллаҕа. Киһиэхэ да, ыалга да, аймахха да, омукка да… Уһун удьуор. “Буруоҕут уһаатын” диэн удьуоргут, ол аата кэскилгит уһаатын диэн өйдөбүлгэ этиллэр. “Буруоҕут сабылыннын” диэн — кырыыс.

Онон Эллэй эһэбит биһиэхэ тыын, аныгылыы эттэххэ, стратегическай суолталаах тосхолу хаалларбытын өбүгэлэрбит үһүйээн нөҥүө тиэрдэ сатаабыттар. Билигин ити үһүйээни билэр да ыччат ахсааннаах ини.

Мин бу туһунан “Таптал уонна Кэскил” диэн бүтүн поэма суруйан турабын. Ону баара, сахалыы ааҕар киһи аҕыйаата, онон сыаналааччы да суоҕун кэриэтэ. Сааһырбыт дьон сэҥээрэллэр, оттон эдэрдэр “тылларын өйдөөбөппүт” диэн аһаҕастык этэллэр.

Ону мин саха тыла эстибит диэбэппин, “былыргы” киһи билбэт буола уларыйар таһымҥа тиийбит диибин. Мантан салгыы литературнай тыл нуормаларын уларытыы чугаһаабыт курдук. Кыра оҕо тылыгар төннөрдүү: “илийбит” оннугар “инчэйбит”, “кэбиспит” оннугар “биспит”…

Эс, атыҥҥа көһөн эрэбин. Былырыын хаһан эрэ суруйбут ыстатыйабын саҥардан таһаарбыппын өссө төгүл бэчээттиибин.

Аныгы кэм тосхоло: Тыа дьахтара – омук кэскилэ

   29.07.2023

Онон-манан кубулдьуппакка эттэххэ, күн бүгүн саамай иэдээммит дьахтар төрөөбөтүгэр сытар. Уонна туохха да буолбатах.

Оҕо төрөөһүнүн  суумаламмыт коэффициена (суммарный коэффициент рождаемости) диэн баар – омук уонна судаарыстыба демографиятын саамай арылхайдык көрдөрөр туоһу. Ол аата, төрүүр сааһыгар сылдьар дьахтар (15 – 49 саастаах) ортотунан хас оҕолоох буолуохтааҕын көрдөрөр коэффициент. Бу үүнэн-чэчирээн барар көрдөрүү буолбатах, омук төрүөҕэ төннүбэтин туһугар бачча буолуохтаах диэн.

Билигин бу коэффициент 2,1 буолара  ирдэнэр, ол эбэтэр, төрүүр саастаах дьахтар саамай кырата 2,1 оҕолоох буолуохтаах. Чопчулаан эттэххэ, баччата төрөөбүт буолуохтаах диэн. Онтон төһөтө ордоро элбэхтэн тутулуктаах.

Саха сиригэр бу тыын көрдөрүүгэ ырааҕынан тиийбэппит: 2020 сыллаахха – 1,86; 2021 сыллаахха – 1,73. Оттон 2022 сыллааҕыны булбатым.

Ол эбэтэр, төрүөхпүт куугуначчы төннөр.

Арассыыйа көрдөрүүтэ 2023 сылга 1,4 буолбут. Уопсайынан, дойду үрдүнэн үүнэр-сайдар демографиялаах икки эрэ омук баар: Тыва – 2,94 уонна Чечня –  2,50.

Алтай Өрөспүүбүлүкэтэ тыын көрдөрүүгэ кыранан тиийбэт – 2,08.  

Оҕо сырыттахха оҕонньоттор кэпсэтэр буолаллара: “Дьахтар үөрэхтэннэ, дьэ, буруобут сабыллар буолла”, – диэн. Ону оччотооҕу мандай омнуолуу саныыр буоларым.

Сайдыы дуу, самныы дуу хаамыыта. Утарсар кыах суох курдук. Ол эрэн, өлөр-хаалар күҥҥэ кыахпыт иһинэн кутугунайан көрүөхпүтүн наада этэ.

Онуоха биир эрэ хайысха баар – тыа сирин сайыннарыы.

Мин санаабар, төрүт сиэри-силиги тутуһан олорор омуктар эрэ элбэх оҕолоноллор. Традицияны. Холобур, ислам итэҕэллээхтэргэ элбэх оҕолонуу, халыҥ аймаҕынан тутуһан олоруу – традиция. Үйэлээх үгэс.    

Оттон саха омук төрүт сиэрэ-майгыта ханна сөҥөн сытарый? Биллэн турар, тыа сиригэр. Ол курдук, былыр да, быйыл да, тыа дьахталлара куораттардааҕар элбэх оҕолонор буолаллара.

Тыа сиригэр дьон олоҕун тупсарыыга, олорор усулуобуйаны куорат киэнигэр чугаһатарга үлэ барбат диэҕи сатаммат.

Ол эрэн, арыый сорунуулаах соҕустук дьаһаннахпытына сатаныыһы. Холобур, тыа сиригэр олорор элбэх оҕолоох дьахталларга хамнас төлүүрбүт хайдах буолуой? Бу боппуруос сүтэн хаала-хаала күөрэйэр буолбута ыраатта.

Билигин Саха сиригэр 32 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баара биллэр. Балар ийэлэригэр, холобур, 20 тыһыынчаны (тыа сиригэр додо курдук хамнас) төлүүр буоллахха, ыйга 640 мөл. солкуобай тахсар. Биир оскуола тутуутун быйылгынан сыаната. Тос курдук харчы. Балартан куорат дьахталларын көҕүрэттэххэ, бука, 400 мөлүйүөн иһинэн-таһынан буолуоҕа.  

Саха омук кэскилигэр итиччэни кэрэйиэхпит дуо!

Оччотугар дьон куоракка дьулуһуута арыый да аматыйыа этэ. Сирбит, нэһилиэктэрбит кураанахсыйыылара бу улахан иэдээн эбээт. Барда да төннүбэт. Сир баайын хостооччу “олигархтар” баҕарар баҕалара – “социальная разгрузка территорий”.

Ону кытта тутуу тэрилтэлэрэ тыа сиригэр толору хааччыллыылаах дьоҕус коттедж-дьиэлэри тутарга идэтийэллэрин көҕүлүөххэ сөп этэ. Сөп буолуо, саха дьонун аҕыйах сылынан “геттоларга” кубулуйар кэскиллээх “ыт уйатын саҕа” кыбартыыраларынан манчыыктаан бүттүннэр, кэскилгэ үлэлээтиннэр. Оччоҕуна ол дьиэлэри тутууга олохтоох саха уолаттара үлэлиэ этилэр буоллаҕа.

Дьахтар – саха омук анала уонна кэскилэ. Аҕыйах сылынан хойутааһын барыа, арбаҕастаах да абыраабат майгыта үөскүө. Иһэ үлүннэҕинэ биэс уонча сыл хаалла.

Хайдах эбитэ буолла, эһиги туох дии саныыгыт?

Соҥуорда, сурукка тистэ – СУР.

Саха сирин бары ийэлэрин Ийэ күнүнэн итии-истиҥ эҥэрдэ!

Поделиться
%d такие блоггеры, как: