Быйыл Амма улууһугар Дьиэ кэргэн экономикатын сыла биллэриллибитэ. Улуус дьаһалтата онно анаммыт сыллааҕы тэрээһиннэр чэрчилэринэн М.Г. Сафронов аатынан ЯНИИСХ-ны кытта дуогабардаһан, Саха сирин айылҕатыгар анаан оҥоһуллубут моонньоҕону, черемуханы уонна яблоняны ылан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатар үлэни тэрийдэ.
Улуус баһылыгын э.т. Иннокентий Климентов иһитиннэрбитинэн, уктары тиэйии-таһыы ороскуотун салалта бэйэтэ уйунар. “Суол арылынна да уктары аҕалыахпыт уонна нэһилиэктэргэ тириэрдиэхпит. Билигин тыа хаһаайыстыбатын управлениетынан сайаапкалары хомуйабыт. Нэһилиэнньэ интэриэстээх, үүннэрэргэ баҕалаах. Яблоня, акация бүттэ”, – диэн иһитиннэрдэ кини.
Барыта тиэллэн тиийиэхтээх:
📌4 суорт 800 моонньоҕон уга
📌Черемуха 35 ук
📌Яблоня 40 ук
📌Акация 5 ук
Амма сирэ быйаҥнаах. Онон ыаллар бэйэлэрин тиэргэннэригэр битэмииннээх отоннору үүннэрэн, күннээҕи астарыгар туттуохтара, атыылаан дохуот да киллэриниэхтэрин сөп.
📌Тыа сиригэр дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга салалта тэрээһинэ атыттарга холобур буолуон сөп.
Источник: @polina_fermer
Похожие новости
Ньурба тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбит Александр Алексеевич Габышев төрөөбүтэ 100 сылыгар
Знакомьтесь, волонтеры культуры Алданского района. Лучшие в Якутии!
Должны ли солдаты-срочники ВС РФ принимать участие в спецоперации