Суруйда: СУР.
Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун саҥа талыллыбыт баһылыктара, улуус уонна нэһилиэк депутаттара кыттыылаах Баһылыктар Сүбэлэрин мунньаҕа буолан ааста.
Ааспыт быыбардарга куоластааччылар 94 бырыһыаннарын ылбыт, ол эбэтэр Саха сирин, Уһук Илин уонна Арассыыйа муниципальнай тэриллиилэрин саамай легитимнэй, ол эбэтэр дьон-сэргэ саамай эрэнэр-итэҕэйэр баһылыктара Владимир Поскачин нэһилиэктэр саҥа талыллыбыт баһылыктарын эҕэрдэлээтэ уонна дуоһунастарын туттарбыт баһылыктарга дьоһуннаах үлэлэрин иһин махталын биллэрдэ.
Төрдүс болдьоҕор талыллыбыт Владимир Семенович 2007 сылаахха бастаан баһылыктыырын утаата бырабыыталыстыбаттан төлөпүөннээн Үөһээ Бүлүү улууһа “депрессивнэй улуустар” кэккэлэригэр киирбитин, онон анал бырагыраамма чэрчитинэн эбии үбүлэнэр кыахтаммытын этэн улаханнык үөрдүбүттэрин ахтан аһарда.
Ол бэйэтэ күн бүгүн Үөһээ Бүлүү өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир саамай ахтыллар, дьон-сэргэ болҕомтотун ортотугар сылдьар улууһугар кубулуйда. “Бу мин эрэ үтүөм-өҥөм буолбатах, бу барыбыт, туох-ханнык иннинэ нэһилиэктэр баһылыктарын үлэлэрин түмүгэ” диэн туран, кини олохтоох салайыныы дьон көҕөр, үтүөҕэ- сырдыкка, дьоһуннаах олоххо талаһыытыгар, оннук сыалга-сорукка түмсүүтүгэр, сомоҕолоһуутугар олоҕурарын эттэ.
Ону сүрүн дакылааты оҥорбут, улуус баһылыгын экэниэмикэҕэ солбуйааччыта Н.Ф. Гурьева эмиэ ахтан аһарда: “Владимир Семенович Үөһээ Бүлүү улууһа биир кэлим түөлбэ буоларын мэлдьи чопчулуур”.
Ол кини быыбар иннинээҕи бырагыраамматыгар баарын санаатым: “Үөһээ Бүлүү улууһа ууннары тардыллыбыт уулуссалаах биир куорат кэриэтэ; саамай соҕурууҥу “кыбартаал” Туобуйа, саамай хотугу – Сургуулук; саамай илиҥҥи “кыбартаал” Харбалаах, саамай арҕааҥы – Кэнтик”. Ол аата, биир кэлимник сайдыахтаахпыт, онно дьулуһуохтаахпыт.
Наталья Филипповна Үөһээ Бүлүү улууһун 2020-2032 сс. социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга стратегията хайдах туолан иһэрин туһунан уочараттаах отчуотун оҥордо.
Ханна даҕаны тыын хайысхалар буоллахтара:
- Дьон-сэргэ доруобуйатын, демография көрдөрүүлэрин тупсарыы;
- Дьон-сэргэ тупсаҕайдык уонна куттала суох олорорун хааччыйыы;
- Дьон-сэргэ бэйэтин бэйэтэ хааччынар “ситэри” туруктаах (самодостаточнай) буоларын ситиһии;
- Оҥорон таһаарыы, өҥөнү оҥоруу, атыы-эргиэн эйгэлэрэ күрэстэһэр (конкуренциялаһар) кыахтаналларын хааччыйыы;
- Улуус кэлимник, биир агломерация киэбинэн сайдарын ситиһии.
Бу биэс стратегическай суолталаах сыал-сорук олоххо киирэригэр 23 муниципальнай бырагыраамма үлэлиир, онуоха эбии туһааннаах өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай бырагырааммаларга киирсэн үбү тардыы үлэтэ барар.
Биллэн турар, ситиһиллибит да, сиппэтэх да баар, туолбут, “тохтубут” да суох буолбатах.
Наталья Филипповна нэһилиэктэр баһылыктарыттан быһаччы тутулуктаах уонна ордук болҕомтону эрэйэр түгэннэри тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Стратегияҕа кэм-кэрдии кимиитин, уҥа-хаҥас өҕүллүүлэри учуоттуур уларытыылар киириэхтэрэ бэлиэтэннэ. Дьэ, саҥа баһылыктар нэһилиэктэрин саҥардыллыбыт стратегияларын сэтинньи 1 күнүгэр диэри оҥорон киллэриэхтээхтэр диэн буолла.
Быһата, быыбар бүттэ, үлэ саҕаланна.
Нэһилиэк баһылыга үбү-харчыны уорбат!
Владимир Поскачин мунньаҕы түмүктүүр тылларын Саха сирин бары олохтоохторо сэргииллэригэр саарбахтааһын суох.
Кини тыын соругунан Саха сирэ ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун ситиһии буоларын бэлиэтээтэ. Аан дойду үрдүнэн быһыы-майгы кытааппытын бары да билэ-көрө сылдьабыт. Арҕаа дойдулар саансыйалара суола-ииһэ суох хаалбат. Ол эбэтэр, бэйэ аһын оҥорон таһаарар тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллуохтаах диэтэ.
Владимир Семенович Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэтиттэн астымматын эттэ.
Кини тыа хаһаайыстыбатыгар туһуламмыт харчы быһаччы улуустар таһымнарыгар, салгыы нэһилиэктэр дьаһалталарыгар түөһүөхтээх диэтэ.
“Нэһилиэк баһылыга тугу да уорбат! Кини хас хамсаныыта дьон хараҕын ортотугар сылдьар. Олохтоох салайыныы сүрүн анала онно сытар – былааһы норуокка муҥутуурдук чугаһатыыга, үп-харчы сырыытын норуот быһаччы хонтуруоллууругар”, – диэтэ Владимир Поскачин.
Кырдьыга да, министиэристибэ үбү тыырыыттан ураты үлэтэ элбэх. Хонтуруоллуур, сүрүннүүр үлэ, нуорма-быраап балаһыанньаларын оҥоруу, көҕүлээһин… Ону кытта Ил Түмэн хонтуруоллуур үлэтин күүһүрдүөххэ сөп.
Кини ити туһунан Ил Дархан Айсен Николаевы кытта кэпсэтэ сылдьыбытын эттэ. “Ол эрээри бэлиитикэ кыттыстаҕына боппуруос хайа диэки хайыһыа биллибэт”, – диэтэ кини.
Кырдьаҕас баһылыктар эдэрдэри таһаараллар
Алта нэһилиэк баһылыга дуоһунастарын “туйах хатарааччыларыгар” туран биэрдилэр. В.С. Поскачин кинилэргэ дьоһуннаах үлэлэрин иһин махталын биллэрдэ уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.
Похожие новости
Пошли последние сутки Космической недели…
Пробирался с ранением по минному полю: житель Якутии Родимир Максимов стал Героем России
Саха судаарыстыбаннаһа уонна кэриэйдэр