Нам улууһугар учуутал идэтин утумнаан илдьэ сылдьар, өр сылларга үөрэҕирии салаатыгар бэриниилээхтик үлэлээбит дьиэ кэргэн элбэх. Олортон биирдэстэрэ Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр олорор Васильевтар-Эверстовтар дьиэ кэргэттэрэ буолаллар. Династияҕа барыта 15 киһи баар, үөрэҕирии салаатыгар үлэлээбиттэрэ холбоон 444 сыл буолла.
Династия төрүттээччилэрэ – кэргэннии Ефим Кузьмич Васильев уонна Анна Егоровна Эверстова XX-c үйэ иккис аҥаарыгар оҕону иитиигэ эҥкилэ суох үлэлээбит, учуутал идэтигэр олохторун анаабыт педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ. Ефим Кузьмич 1906 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Арҕаа Хаҥалас улууһун Хахсыт нэһилиэгэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1928 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай техникумҥа киирбитэ, 1931 с. техникуму бүтэрэн Учурдааҕы Эбэҥки (билиҥҥи Томпо) оройуонугар Алдано-Бытальскай 4 кылаастаах оскуолаҕа сэбиэдиссэйинэн уонна учууталынан анаммыта. 1932 сылтан Дьокуускайга 4-с уонна 2-с №-дээх начальнай оскуолаларга, 1934 сылтан финансовай техникумҥа саха тылын учууталынан үлэлээбитэ.
1939 сыллаахха техникумҥа үлэлии сылдьан НИИНЛИ тыл уонна сурук секторын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Ол саҕана тыл реформата ыытыллан элбэх уларыйыы буола турар кэмэ эбит. 1941 сыллаахха Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмытыгар от ыйын 30 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. 1941 сыл балаҕан ыйыттан 1942 сыл тохсунньутугар диэри 70 нүөмэрдээх геодезическай этэрээккэ ытааччынан сылдьыбыта, 1942 сыл муус устар ыйыгар дылы 317 нүөмэрдээх Кавалерийскай полкаҕа, онтон 1943 сыл муус устар ыйыгар диэри Борзинскай бөҕөргөтүллүбүт оройуон 250 нүөмэрдээх отдельнай пулеметнай батальоҥҥа пулеметчигынан уонна суруксутунан сылдьыбыта.
1943 сыллаахха муус устар 28 күнүгэр ыалдьан демобилизацияламмыта. Төннөн кэлэн финансовай техникумҥа учууталынан үлэтин салҕаабыта. 1947 сыл ыам ыйын 5 күнүттэн Саха АССР Үөрэҕин министрин Семен Сюльскай №7- 185 нүөмэрдээх бирикээһинэн оскуола инспекторынан анаммыта. Үөрэх министерствотыгар 1952 сыл от ыйыгар диэри үлэлээбитэ. 1952 сыллаахха 7 кылааска үөрэтиллэр төрөөбүт саҥа хрестоматиятын хомуйан оҥорбута, ол сыл бэчээккэ тахсыбыта. Бу учебнигынан саха оскуолалара балай да өр кэмҥэ үөрэммиттэрэ. 1946 сыллаахха Нам оройуонун Куһаҕан Ыал нэһилиэгиттэн төрүттээх Анна Егоровна Эверстованы кэргэн ылбыта.
Анна Егоровна Дьокуускайдааҕы учуутал институтугар үөрэнэр этэ, институт кэнниттэн Хатырык сэттэ кылаастаах оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан, Дьокуускайга кинигэ издательствотыгар үлэлээбитэ. 1952 сыллаахха Намҥа көһөн тахсыбыттара уонна Ленскэй начальнай оскуолатыгар үлэҕэ анаммыттара. Ефим Кузьмич сэбиэдиссэйинэн, Анна Егоровна учууталынан үлэлэрин саҕалаабыттара. Ефим Кузьмич 1956 сыллаахха диэри бу оскуолаҕа сэбиэдиссэйдээбитэ, онтон 1966 сылга диэри учууталлаабыта.
1967 сыллаахха Хатыҥ Арыы детсадын сэбиэдиссэйинэн ананан, 1973 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Оскуолаҕа уонна детсадка үлэлээбит сылларыгар мэлдьи оҕо, дьон туһа диэн сылдьыбыта. Ол туоһутунан үөрэппит оҕолорун, билэр дьонун ахтыылара буолаллар. Үлэлээбит коллектива олус эйэлээх, түмсүүлээх этэ. Оскуолаҕа үөрэх таһынан араас куруһуоктар, субуотунньуктар, бырааһынньыктар быыстала суох ыытыллаллара.
Ефим Кузьмич кэргэнэ Анна Егоровна Эверстова 1921 сыллаахха от ыйын 23 күнүгэр Нам улууһун Куһаҕан Ыал нэһилиэгэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Анна Егоровна 1941 сыллаахха ахсыс кылааһы бүтэрэригэр Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта. Онон кини төрөөбүт нэһилиэгэр ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитэ уонна комсомольскай тэрилтэ секретарынан талыллыбыта. Балтараа сыл үлэлээн баран, 1943 сыллаахха комсомол путевкатынан учуутал институтугар үөрэнэ киирбитэ. 1945 сыллаахха сайын үөрэҕин бүтэрэн, Хатырык сэттэ кылаастаах оскуолатыгар саха тылын учууталынан анаммыта. 1952 сыллаахха дьиэ кэргэнинээн Намҥа тахсан Ленскэй начальнай оскуолатыгар учууталынан үлэтин саҕалаабыта. 1965 сылтан 1973 сылга диэри детсадка үлэлээбитэ.
Династия төрүттээччитэ Анна Егоровна Эверстова бииргэ төрөөбүт балта Мария Егоровна кэргэнинээн Михайлов Владимир Саввичтыын Бөтүҥ уонна Хатыҥ Арыы оскуолаларыгар улуу нуучча тылын, литературатын үөрэппит, холбоон 76 сыл педагогическай ыстаастаах кырдьаҕас учууталлар буолаллар. Кинилэр үөрэппит оҕолоро Саха сирин араас муннуктарынан тарҕаһан айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Мария Егоровна уонна Владимир Саввич “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайыннара, Мария Егоровна Саха республикатын үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнин аатын сүгэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Васильевтар-Эверстовтар династияларын кинилэр оҕолоро уонна сиэннэрэ салгыыллар. Кинилэр ортолоругар бааллар физиканы, омук тылын, нуучча тылын, технологияны, географияны, алын кылаас оҕолорун үөрэтэр учууталлар, оҕо саадын иитээччилэрэ, салайар үлэһиттэр, куруһуок салайааччылара. Холобура, Анна Ефимовна Васильева – Хатыҥ Арыы орто оскуолатын нуучча тылын, литературатын учуутала; Матрена Ефимовна Эверстова – Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы орто оскуолатын омук тылын учуутала, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы; Антонина Владимировна Михайлова – И.С. Гаврильев аатынан Нам орто оскуолатын физикаҕа учуутала; Марианна Дмитриевна Рожина – И.С. Гаврильев аатынан Нам орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала; Любовь Павловна Эверстова – “Сандаара” оҕо саадын методист-иитээччитэ; Алексей Николаевич Аммосов, Алена Афанасьевна Аммосова – В.П. Артамонов аатынан Хамаҕатта саха-француз лицей учууталлара, Наталья Николаевна Аммосова – Дьокуускай «Мэри Поппинс» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ уо.д.а.
Васильевтар-Эверстовтар династияларын саамай эдэр үһүс көлүөнэ бэрэстэбиитэлинэн сиэн уол Владимир Андреевич Никифоров – Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы орто оскуолатын инженер-технига буолар. Кини кэнниттэн династияны өссө да салҕааччылар баар буолар чинчилээх учуутал, иитээччи идэтигэр үөрэнэ сылдьар устудьуон оҕолор бааллар. Онон икки үйэ тухары Васильевтар-Эверстовтар династияларын бэрэстэбиитэллэрэ талан ылбыт, олох суола оҥостубут Учуутал идэтин чиэстээхтик уонна үрдүктүк тутан, оҕо иитиитигэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Похожие новости
Минсельхоз Якутии отвечает на вопросы, поступившие в ходе прямой линии Главы республики Айсена Николаева
Фестиваль ГТО: тысячи якутян приняли участие в испытаниях первого дня
Ньурба тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбит Александр Алексеевич Габышев төрөөбүтэ 100 сылыгар