Yakutians.com

Новости Якутии

Вакцинация: судаарыстыбаны “куттаан” туһата суох…

Саха сиригэр коронавирус дьаҥын утары быһыы туруоруу олус бэрдэ суох барар. Дьон куттанар дуу, эбэтэр соруйан  туруортарбат дуу?

Здравый смысл против антипрививочной кампании — Реальное время
Өлөн хааллаҕына судаарыстыба буруйдаах буолуо…

Мин син балай эмэ элбэх киһини кытта кэпсэтэн көрдөхпүнэ, “судаарыстыбаны куттааччы” үгүс курдук. “Дьэ, вакциналаныам эрэ суоҕа, бэйэҕит кэһэйиэххит” – диэбиттии тыллаһар дьон бааллар.

Мин биир чугас доҕорум бу ыарыыттан анараа дойдуга аттанна. Кини быһыы туруортарыан олус баҕарбыта…

  • Миэхэ туруорбаттар үһү. Саахардаахпын, ону кытта, били, эппэрээссийэм баар дии…

Кырдьык, ыарыыта элбэх этэ. Билигин, коронавирус үһүс дуу, хаһыс дуу долгунугар медицина көрдөрүүлэринэн быһыы биэрэртэн аккаастааһын лаппа сымнаабыт үһү. Абаккалаах, онно тиийбэккэ эрдэлээтэ.

Дьэ ити курдук, сорох баҕарбытын да иһин туруорбаттар, сорох ааттаһыннарар айдаана. Кини бэйэлээҕи судаарыстыба “ситэн сии” сатыыр үһү!

Ол иһигэр чахчы куттанар дьон ханна барыахтарай. Быраастар этэллэринэн, “невротическай фобия” үһү. Быһыы кэнниттэн ыалдьыахпыт диэн. Кырдьык, температура тахсыыта, уҥуох-сүһүөх тыытыыта, титирэстээһин ханна барыай. Үүт-үкчү итинник ыарыыны биһиги кырачааннарбыт көрсөллөр эбээт – АКДС (адсорбированная коклюшно-дифтерийно-столбнячная вакцина) туруордахтарына. Онно тоҕо эрэ кыһаллыбаппыт.

Ол эрэн, вакцинаны утарааччылар саамай халыҥ аармыйалара – арҕааҥы дойдуларга сүгүрүйээччилэр. Арассыыйа хантан үчүгэй вакцинаны оҥоруой диэн. Омуктар Pfizer эбэтэр Moderna вакциналара эбитэ буоллар…

Омуктар вакциналара туох баар тургутууну ааспыт үһү (хайа икки ардыгар эбитэ буолла?), оттон Арассыыйа биһиэхэ эксперимент оҥорор үһү!

Бэрэсидьиэн Путин Арассыыйа норуотун бүүс-бүтүннүү морботолоон баран ханна бараары сылдьара буолла?  Биһиги, ол эбэтэр Арассыыйа норуота суох буоллаҕына кини кимиэхэ наада үһү?

Онон бэрэсидьиэн Путины, Ил Дархан Николаевы “кэһэтэр” туһуттан вакциналаммат дьоҥҥо манныгы этиэм этэ: кытаатыҥ, кытарчы көрүҥ. Эһигинэ да суох Арассыыйа эстэн барыа суоҕа.

Ону кытта, аҕыйах да буоллар, тугу барытын утарар дьон бааллар. Арассыыйа вакцината буоллун, омук вакцината буоллун – киһи организма ыарыыны утары бэйэтэ охсуһуохтаах диэн куолулуур дьон. Бу дьону аҕытаассыйаан туһата суох. “Айылҕа оҕолоро” атын айылҕа оҕолорун, холобур, үөн-көйүүр курдук өлөрү ордороллор.

Неизвестные антипрививочники запугивают жителей Твери - МК Тверь

Ону таһынан дьалаҕай дьон баар. “Чэ-чэ, бэйи…” – диэччилэр. Кэтэһэн көрөөччүлэр, ону кытта өлөллөрүн-тиллэллэрин билбэт аамай дьон. Кинилэр элбэхтэр. Маннык киһи үксүгэр чугас аймаҕа дуу, ыкса ыала дуу ыарыйдаҕына, суорума суолланнаҕына биирдэ “бабат” диир үгэстээх. Ол сылдьан хойутаан хаалыан сөп.

Киһи-аймах историятын тухары ыарыыны утары охсуһан кэллэ. Чума, холера, хара уоспа, испанка уонна да атын грипп арааһа, СПИД уонна да атын кыдьараҥ өлүү ыарыыта. Ол тухары учуонайдар үөрэтэллэр, быыһанар суолу-ииһи көрдүүллэр. Үксүгэр тобулаллар. Ханнык да уулусса куолуһута дуу, ойуун-удаҕан дуу киһи-аймаҕы сыстыганнаах хамсыктан быыһаабыта диэн суох. Барыта бүтүн судаарыстыба, ону ааһан аан дойду бүтүннүүтэ күүһүн-күдэҕин, өйүн-билиитин ууран ыарыыны кыайара биллэр.

Бу да ыарыыны кыайыахтара дии саныыбын. Аҕыйах сылынан олох сүнньүн булуо, вируһу утары саҥаттан саҥа көдьүүстээх эмп-том айыллыа. Онон “судаарыстыбаны куттаамаҥ”, доҕоттор. Ол биһиги морбойдохпут аайы аан дойду мыр да гыныа суоҕа.

Сонурҕаста – СУР. Аллараа ойууну өйдөөн-дьүүллээн көрүҥ.

Мир без прививок: в Европе умирают от управляемых инфекций - РИА Новости,  03.03.2020
Поделиться
%d такие блоггеры, как: