Суруйда: СУР Битээлий
Александр III ыраахтааҕы сөпкө да эппит эбит: Арассыыйа икки эрэ союзниктаах – бэйэлээх бэйэтин армията уонна флота.
Кырдьык-хордьук Куттала суох буолууга дуогабар кыттыылаахтарын тэрилтэтэ (Организация Договора о коллективной безопасности –ОДКБ) диэн баар даҕаны, көнөтүнэн эттэххэ, ол туох туһалаах судаарыстыбалар буолуохтарай.
Армения ОДКБ самах мунньаҕын түмүктүүр резолюциятыгар илии баттаабата, армяннар ОДКБтан тахсыахпыт диэн “куттаан” сотору-сотору уулуссаҕа тахсаллар, ыһыытаһа-ыһыытаһа “сэлэлии хаамсаллар”. Кыргыстар уонна таджиктар бэйэ бэйэлэрин кытта сэриилэһээри чиччигинэһэллэр – онтон ордон Арассыыйаҕа күүс-көмө буолаллара, бука, ыраах буолуо. Арассыыйа армиятыгар хантараак баттаһан “абыраабыт” икки таджик алтынньы ый ортотугар Белгородскай уобаласка 11 саллааты, таах, ыттыы ытыалаан кэбиспиттэрин билэбит. Итинник көмөлөһөччүлэр ырааҕынан сылдьаллара бэрт этэ.
Эгэ, казахтар дуо! Кинилэри кытта куодарыһыы, баҕар, бэлиитикэ өттүнэн үчүгэйдээх буолуо эрээри, туоккалаахха туһалара мэлиһээй. Холобур, Нагорнай Карабахха Арассыыйа эрэ миротворец-саллааттара бааллар. Бу хас биирдии саллаат күндү кэмигэр. ОДКБ сэриитэ тоҕо онно киирэн турбатый? Холобур, казахтар дуу, таджиктар дуу, кыргыстар дуу? Арассыыйа эрэ “иэччэҕэ хайдарынан” барытын саба үктүү сатыахтаах дуо? Американецтар ону көрбөттөр үһү дуо? Тоҕо эрэй бөҕөнөн тохтообут сэрии субу-субу хат күөдьүйэрий? Арассыыйа күүһүн-күдэҕин өһүлэр сыалтан.
Тохсунньу ыйга ОДКБ Казахстаҥҥа Токаев былааһын быыһаан турар. Ону Токаев: “Арассыыйа манна туох да сыһыана суох, биһигини ОДКБ быһаабыта” диэбитин истибит буолуохтааххыт. Арассыыйа суоҕа буоллар, бука, сирэйэ мырсыйыахтаах этэ да буоллар. Ол эрээри, арҕааҥы санкциялары тумнарга көмөлөспөппүт диэн саамай сөпкө эппиттэрэ. Тыл уҥуоҕа суох, биһиэхэ “параллельнай импорт” кинилэр нөҥүө лаппа кэлэр буолуохтаах. Оттон Казахтаҥҥа санкция биллэрдэхтэринэ, ол суох буолар.
Билиҥҥитэ Белоруссия эрэ бэтэрээ соҕус. Ону даҕаны, кыһалҕаттан – Лукашенко “кэлэр сирэ кэлии үүтэ, барар сирэ баҕана үүтэ” буолбутунан сибээстээн. Бэрт соторутааҕыта “многовекторность” диэннээх этэ. Аны туран, Казахстаҥҥа бара сылдьан “Аҕа дойду сэриитэ биһиги даҕаны, Казахстан да сэриитэ буолбатах этэ” дии олороро субу баар. Быһата, ньиэмэстэр биһигини кыргар санаалара суоҕа, “ырыыска быыһыгар” кыбыллан хаалбыппыт диир быһыылааҕа.
Бары да халтархай дьон.
Армяннар бэйэлэрин политологтара суруйаллар – Бошян диэн ырытааччы, хата, көнөтүнэн суруйбут: Армения ОДКБттан таҕыста да, Украина кэбин кэтиэҕэ диэн. Итинтэн сылтаан ити эрэгийиэҥҥэ Турция “былааһы ылыаҕа”, салгыы Хотугу Кавказка, ол эбэтэр Арассыыйаҕа дьайыаҕа диэбит.
Сорох дьон “Хата, Улуу Тураан туругуруо, биһиги, түүрдэр судаарыстыбабыт” дэһэллэр. Маны саха омук “мутугуттан” көрдөххө хайдаҕый?
Улуу Тураан диэн тугуй диэн ыйытык күөрэйэр. Онно быһаччы хоруй баар: бу ислам итэҕэллээхтэр судаарыстыбалара буолуоҕа. Оттон ислам биһиги курдук “айылҕа оҕолорун” ылыммат. Христианнары, бэл, иудейдары онон-манан ылыныан сөп, оттон “язычниктары”, “тоҕус халлаан аайы таҥаралаах” дьону – суох. Ону ааһан, “язычниктары” абааһы (сатана) аргыстаһа сылдьар дьоно диэн өйдөбүллээхтэр (“Даруль-Фикр” исламы үөрэтэр портал –darulfikr.ru ). Онон радикальнай соҕустара биһиэхэ хайдах сыһыаннаһыахтарын сэрэйиэххэ сөп.
Түүрдэр (казахтар, кыргыстар, татаардар уо.д.а.) “тенгрианствоны сэргииллэр” диэн оҕолорго аналлаах остуоруйаны истимэҥ. Ол омуктар аҕыйах “бырахтарыылаах” интэлигиэннэрэ иҥэ-бата сатаан куолулууллара мусульманнар халыҥ араҥаларыгар туох да сыһыана суох.
Ол эбэтэр, Тураан диир буоллахпытына ислам итэҕэлин ылыннахпытына сатанар, Айыы итэҕэлэ диир буоллахпытына Арассыыйабытын тутустахпытына сатанар. Холобур, ислам итэҕэллээх түөрт судаарыстыбанан (Турция, Иран, Ирак, Сирия) тарҕанан олорор курд омук баар. Дьэ, кинилэри былыр былыргыттан кырга сатыыллар да, хата үчүгэй төрүөхтээх уонна дьахтардыын эр дьоннуун төрүкү сэрииһит буоланнар баччаҕа кэлбиттэр. Тоҕо кыргалларый диэтэххэ, бу бэйэбитигэр дылы уокка сүгүрүйэр (огнепоклонники) индо-европеец омуктар, онон “дьяволопоклонники” диэн ыыс ааттаахтар. Бу төрүт итэҕэллэрин тута сылдьар “езидтары” исламы ылыммыт курдтар эмиэ абааһы көрөллөр диэн суруйаллар.
“Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук” диэн өс хоһооно кийиит кыыска эрэ буолбакка, ордук “аймахтыы” омуктарга сыһыаннаах. Биир “мэччирэҥнээх” кыыллар кэриэтэ буоллахтара. Холобур, славяннары ылан көрүҥ – нууччалар, украинецтар, поляктар, хорваттар, словактар… Бары кыр өстөөхтөр. Казах уонна азербайджанец көрүстүлэр да ыыстаһан киирэн барааччылар. Татаардары уонна башкирдары кытта элбэхтик бииргэ үлэлээбитим, кинилэр кыһалҕаттан эрэ чугасыһаллар этэ. Бииргэ “аһаатахха”, “эйиэхэ эрэ эттэххэ” диэн туран татаар башкиры, башкир татаары үөҕэртэн атыны билээччилэрэ суох. Оттон туроктар диэн биллэр шовинистар буоллахтара – син биир “имперецтэр”. Онон бу омуктары барыларын ислам эрэ сомоҕолуур кыахтаах. Онтуларын санаатылар да, “быраат да быраат” буола түһээччилэр.
Оттон “аймахтыы” саха уонна кыргыс бэрт кылгас кэмҥэ алтыһаары туохха тиийэ сыстыбыт этэй?
Дьэ, барыларын “ыкка биэрдибит”. Арассыыйа геополитикатын, таарыйа демографиятын тупсарар туһуттан мигрант бөҕөтүн мунньар уонна, бадаҕа, бэйэтэ бэйэтигэр “миинэ ииттэр”. Билиҥҥи кыргыстар, узбектар, таджиктар урукку “сэбиэскэй дьон” буолбатахтар эбээт, үгүстэрэ эҥин араас мулла “бэлэстэригэр силлээн” ыыталаабыт дьоно. Ол иһигэр радикальнай өйдөөхтөр-санаалаахтар да ханна барыахтарай.
Хата, буддистары кытта ыаллаһыахха сөп этэ. Бастатан туран, ислам өйдөбүлүнэн, биир таҥарата (единобожие) суох буддизм “язычествоттан” туох да уратыта суох. Иккиһинэн, эн ханнык итэҕэллээххэр кинилэр отой кыһаллыбаттар. Сэриимсэҕэ суох итэҕэл диэн, дьэ, бу баар. Үсүһүнэн, бары бэйэбитигэр дылы “хаптаҕай” сирэйдээхтэр.
Кытайдар, биллэн турар, НАТО дойдуларын кытта аһаҕас сэрии буоллаҕына биһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ суоҕа. Кинилэргэ “өстөөх өлүгэ өрүһүнэн устан ааһарын кэтэһии” муударай сэһэнэ баар. “Доҕор өлүгэ” да устан аастаҕына улаханнык сирбэттэрэ буолуо – Арассыыйа хотторор түбэлтэтигэр манна бэрт түргэнник киириэхтэрэ.
Хата, Хотугу Корея көмөлөһөргө мэлдьи бэлэм диэн буолар. Холобур, ДНР баһылыга куораттары чөлүгэр түһэриигэ Хотугу Корея тутааччыларын аҕаларга кэпсэтэр диэн баара.
Дьиҥэ, КНДР лаппа сайдыылаах дойду. Ядернай сэрии сэптээхтэр, ону “наадалаах сиригэр” тиэрдэр ракеталаахтар. Дьэ, маны элбэх дойду оҥосто сатыыр да кыайбат. Ол аата Хотугу Корея науката, технологиялара балачча сайдыылаах. Айылҕа баайынан кыратык көмөлөһөр буоллар, “ат хаамыытынан” сайдыахтарын сөп этэ.
Дьэ, туһалаах миграннарынан кинилэр буолуо этилэр! Үлэһиттэрэ, бэрээдэктэрэ. Статистика этэринэн, кэриэйдэр ортолоругар асоциальнай олоҕу тутуһааччы суоҕун кэриэтэ эбит. Иһэн-аһаан дьүһүлэнэ сылдьар кэриэйи көрбүккүт дуо? Саха сиригэр кэриэй хааннаах дьон элбэх, кинилэр эмиэ хаһан да “түспэт” дьон. Кытаанах “боруода”.
Сахалар, хата, кэриэйдэргэ үлэ таһаарыахпытын сөп этэ. Субу, чугас сытар дойду дьоно буоллахтара. Быраҕыллан сытар сири-уоту, бааһыналары туһаҕа таһаарыыга тэҥнээхтэрэ суох буолуо этэ. Тутууга да таджиктартан куһаҕаттар үһү дуо? Былыр Алдаҥҥа көмүс хостооһунугар кытайга-кэриэйгэ саха да, нуучча да ырааҕынан тиийбэттэрин туһунан докумуоннар кэпсииллэр.
Дьэ, биһиэхэ оннук үлэһиттэр наада этилэр. Арассыыйа, АХШ санкцияларыгар бэрт буолан, 2019 с. КНДР миграннарын Приморьеттан улахан аҥаардарын дойдуларыгар утаарбыта. Билигин бэрт буола сатыырга төрүөт суох курдук. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтата үлэһит кэриэйдэри манна аҕалары туруорсуохтарын сөп этэ.
Оттон “бырааттыы” кыргыстар, узбектар, таджиктар үлэлиир буоллахтарына үлэлээтиннэр эрээри, Израиль уопутун туһаныахха баара. Онно миграннар биир ыллыктаахтар диэн буолар: утуйар сир – үлэлиир сир; үлэлиир сир – утуйар сир. Бүттэ. Ол дойдуларыгар хаалбыт дьонноругар да үчүгэй буолуо этэ. Дьахтардаан туора халыйбаттар, арыгылаан, наркотиктаан ампаалыктамматтар, буруйу оҥорон хаайыыыга симиллибэттэр. Хамнастарын, манна иккис ойохтонон мачайдаммакка, лөглөй дьонноругар ыыталлар. Оннук сылдьыбатахтарына кэриэйдэргэ конкуренцияны кыайтараллар, “ыкка быраҕыллаллар”.
Похожие новости
Владимир Поскачин: Пришло время принять на себя ответственность!
“Закон КлиКра”: Наслег и есть муниципальный округ!
Пошли последние сутки Космической недели…