Уһун кыһыммытын этэҥҥэ ааһан, самаан сайыммыт төһө да кылгаатар, үөрэ – көтө көрсө, сылын ахсын, биһиги, “Сайдам” эбээлэр түмсүүлэрэ, Улуу Кыайыыны уһансыбыт дьоммут скверин, тыыннаах сибэкки араас рассадатын аҕалан, олордон, киэргэтэбит.
⠀⠀Манна хаһыс да сылын, бэйэтин баҕа санаатыттан, нэһилиэкпит бастыҥ, улууска, республикаҕа даҕаны биллибит оҕуруотчут – урбаанньыт, Мотрёна Саввична Семенова – Боглочёва, олус үчүгэй көрүүлээх, доруобай сибэккилэр араастарын биэрэн олуһун киэргэтэр.
⠀⠀Мотрёна Саввична кэргэнинээн, Владимир Брониславовичтыын олорор нэһилиэктэрин эрэ буолбакка, бүтүн улуус ыалын, тэрилтэлэрин олус үчүгэй оҕуруот аһынан, араас сибэкки рассадаларынан хааччыйаллар.
⠀⠀Маннык элбэх үүнээйилэри олордорго кыһын эрдэттэн бэлэмнэнэн, рассада иһиттэрин, буордарын бэлэмнээн, элбэх, ыарахан үлэ бөҕөтүн үлэлээн, үтүө түмүгү ситиһэллэр. Итиннэ барытыгар үтүө санааларын ууран, бүөбэйдээн үүннэрбиттэрин түмүгэр, биһиги, кинилэртэн атыылаһан үүннэрбит үүнээйилэрбит барыта, этэҥҥэ үөрэ – көтө, астыннара үүнэллэрэ, дьоһуннук ас биэрэллэрэ, сибэккилэрэ тиэргэннэрбитин кэрэтик киэргэтэллэрэ буолаллар.
⠀⠀Түгэнинэн туһанан БАРҔА МАХТАЛБЫН тириэрдэбин, дьоһуннаах, үтүө суобастаах, үтүөкэн киһибитигэр Мотрёна Саввичнаҕа, дьиэ кэргэҥҥэр, оҕолоргор, сиэннэргэр кинилэр көмөлөрүнэн, өйөбүллэринэн ыарахан да буоллар дьулуургутунан дьоһуннаах үлэҕитинэн, дьоҥҥо кэрэни, доруобуйаны бэлэхтииргитигэр!
⠀⠀Этэҥҥэ чэгиэн туруктаах, доруобай буолуҥ! Санаабыккыт сатаннын, таарыйбыккыт табылыннын, туппуккут, толкуйдаабыккыт тубустун, нэһилиэккит, улуускут киэркэйэрин, дьоно-сэргэтэ туһалаах, битэмииннээх оҕуруот аһын хото үүннэринэн астаналларын туһугар кыһамньыгыт мэлдьи үөрэ-көтө махталлаах буола турдун!
⠀⠀Маннык үтүөкэн үлэһит, кэрэни саҕар дьоҥҥо өйөбүл баар буоларыгар баҕарабыт!
⠀⠀Эһиэхэ мэлдьи МАХТАЛ, ТАПТАЛ, ЭРЭЛ арыалдьыт буоллуннар!
⠀
Галина Семёнова, Кэнтик.
Похожие новости
В Якутии планируют селекционировать новую породу северных домашних оленей
В России престиж рабочих специальностей растет год от года
Осужденный экс-замминистра сельского хозяйства Якутии уехал на СВО