Туох барыта “үйэ уларыйар” кэрдиис кэмигэр күөрэйэн тахсар айылгылаах. Ол курдук, сэбиэскэй былаас саҥатыгар саханы култуураҕа сыһыарыы хампаанньата көхтөөхтүк барбытын билэҕит. Оҕону барытын “күкүртэн хостоон” таһааран үөрэхтээһин, улахан дьоҥҥо “ликбиэс”, хотону балаҕантан араарыы, суунарга-тараанарга, ыраастык олорорго ыҥырыы, нэһилиэк аайы “ааҕар балаҕаннары” арыйыы… Сыыйа-баайа тыйаатыр, киинэ. Холобур, 80 сыллааҕыта Саха АССР Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтин мунньаҕар Дьокуускайга таас киинэ тыйаатырын 1939 сылтан саҕалаан тутары быһаарбыттара. Ол быһаарыыны Аҕа дойду улуу сэриитэ даҕаны тохтопптоҕо — “Киин” киинэ-тыйаатыра 1942 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ уонна билигин да үлэлии турар.
Саха сиригэр “Музыка для всех” диэн бэртээхэй бырайыак баарын билэбит. Бу бырайыагы “үйэ уларыйар” сылларыгар бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев көҕүлээбитэ уонна төрүттээбитэ. Кини С.Ф Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогика колледжын үөрэнээччилэригэр туһаайан маннык эппитэ баар: “Дьоммут-сэргэбит өссө сайдыан, өссө эйэҕэс, өйдөөх, сиэрдээх-майгылаах буолуон, олоҕун-дьаһаҕын бэйэтин өйүнэн, талаанынан оҥостуон баҕарабыт. Эһиги аналгыт — оҕо үөһэттэн анаммыт талаанын, генийин уһугуннарыы. Музыкаҕа үөрэнэр кэмигэр оҕо өйө, толкуйа сааһыланар, бэрээдэктэнэр. Музыка оҕо сайдыытыгар син биир саахымат эбэтэр омук тылын үөрэтии курдук дьайар”.
Дьиктитэ диэн, сэрии кэннинээҕи “үйэ уларыйыытын” кэмигэр ССКП Саха сиринээҕи обкомун бастакы сэкэритээрэ М.З. Борисов эмиэ итинник санаалаах эбит. Ол саҕана бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн — хотунан-соҕуруунан, бэл, кыракый сэлиэнньэлэргэ тиийэ, музыка оскуолаларын киэҥ ситимэ арыллыбыта. Соҕуруу киин консерваторияларга саха ыччатын анаан-минээн үөрэтии барбыта. Уопсайынан, Семен Борисов музыканы киһиэхэ барытыгар иҥэрэр толкуйдаах эбит. Бэл, Саха судаарыстыбаннай университетын, чуолаан, гуманитарнай факультеттарыгар музыканы үөрэтии булгуччулаах эбии үөрэхтээһин быһыытынан киирэрин ССРС үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтигэр тиийэ туруорса сылдьыбытын туһунан Афанасий Кириллин “Семен Борисов” кинигэтигэр суруллар.
Ол эрэн, Семен Борисов култуураны таһынан “оҥорон таһаарар күүстэри” сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурбута биллэр. Холобур, алмаас бырамыысыланнаһын сайдыытын Семен Борисовы кытта быһаччы ситимнииллэр. Саха дьонун ортотугар оннук кэпсэтии тахсыбатаҕын да иһин, алмаасчыттар бэйэлэрэ ону бигэтик билинэллэр. Кини уонна өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу салалата туруорсууларын, алмаастан, кыһыл көмүстэн, сэдэх металлартан, хорҕолдьунтан саҕалаан Соҕурууҥу Саха сиригэр тимири уһаарар тиһик тулуллуутугар тиийэ бырайыактарын иккис бэрэсидьиэн Вяечслав Штыров “мэҥэ бырайыактарынан” сөргүтэ сатаабыта. Олортон сороҕо үлэлии турар, сороҕо суох.
Мин оҕо сылдьан нэһилиэктэргэ, оройуон киинигэр хаһааҥҥы эрэ “хаһаайынныы сыһыан” сыстан ааспыт бэлиэлэрин дьиктиргии көрөр этим. Уулуссалары сэлэлии штакетниктар сэмнэхтэрэ, хайы-сах алдьанан бүтэн эрэ тротуардар тобохторо. Бу барыта оччотооҕу салалта оҥорон ааспытын, атыннык эттэххэ, ирдэбиллээх салайыытын тобоҕо. Оннооҕор мин оҕо сылдьан толкуйдуур этим: бу штакетниктары тоҕо өрөмүөннээбэттэрий, тоҕо тротуардары оҥорботторуй, иинэн-хатан, тоһута тыытыллан хаалбыт мастары саҥаттан олордубаттарый диэн. Киһи хомойуох, киинэҕэ көстөр “сэбиэскэй дэриэбинэҕэ” холоотоххо биһиги сэлиэнньэлэрбит муҥнаахтар киһи киһиэхэ кэпсээбэт мөлтөх көрүҥнээхтэр этэ эбээт. Ити 60-с сыллар бүтүүлэригэр, 70-с сыллар саҥаларыгар.
“Улугуруу кэрдиис кэмэ” чахчы баара. Ону мэлдьэһэр кыах суох. Дьон-сэргэ ол иһин Горбачев “уларыта тутуутун” сэргээбитэ да, албыннаппыта. Ол туһунан кэпсээн.
Ил Дархан Егор Борисов өрө тарда сатаабытын билэбит. Тыа сирин нэһилиэктэрин тупсарыыга, тупсаҕай оҥорууга үп-харчы көрөн. Ону олохтоох оҥорон таһаарыыны кытта ситимнээн.
Туох да диэбит иһин, салалта “оҥорон таһаарыынан” өрүкүйэ сылдьар буоллаҕына эрэ олох тупсар. Тоҕо диэтэххэ, туох барыта оҥорон таһаарыы арҕаһыгар олорсон сайдар. Тыа сирин сэлиэнньэлэрин тупсарыы буоллун, наука, култуура, искусство буоллун. Ол иһин “реальнай”, дьиҥнээх экэниэмикэ диэн ааттанар.
Аҕа дойду улуу сэриитин кэнниттэн Саха сирин экэниэмикэтин туругурдуу туохтан саҕаламмытай? 1947 сыллаахха ССРС Наукаларын академиятын Саха сиринээҕи базатын арыйыыттан. Бу М.К. Аммосов көҕүлээһининэн тэриллибит Саха сирин оҥорон таһаарар күүстэрин үөрэтэр кэлим экспедиция (ЯКЭ) үлэтин салгыыта буолар. Оттон 1949 сыллаахха ССРС НА Саха сиринээҕи базата ССРС Наукаларын академиятын Саха сиринээҕи филиалыгар уларытан тэриллибитэ.
Мантан салгыы Саха судаарыстыбаннай университетын туруорсуу саҕаламмыта. Дьиҥинэн, Илиҥҥи Сибиири хааччыйыахтаах судаарыстыбаннай университет Улан-Удэ куоракка арыллыахтааҕа эбитэ үһү. Ону С.З. Борисов салайааччылаах Саха сирин салалтата туруорсан Дьокуускайга арыллыбыта, билигин санаа хоту Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи эҥээрин хааччыйар федеральнай университет буолан турар.
Университет арыллыытыгар сүрүн куоһурунан туох буолбутай? Биллэн турар, оҥорон таһаарыы сайдыыта. Оҥорон таһаарыыны хааччыйар ССРС Наукаларын академиятын филиала арыллыыта, онно олоҕуран Саха университетын туруорсуу.
Биллэн турар, Сэбиэскэй сойуус бырамыысыланнаһы Саха сиригэр, Дьокуускайга университеты арыйбакка даҕаны, сайыннарыа этэ. Ол эрэн, ону кытта Саха сирин салалтата сөбүлэспэтэҕэ.
Онон биир улуу түгэни бэлиэтиир тоҕоостоох: Саха судаарыстыбаннай университетын сүрүн сыалынан-соругунан бырамыысыланнас сайдыытыгар олохтоох нэһилиэнньэни, саха дьонун сыһыарыы этэ! Саха ыччата сирбит баайын хостооһуҥҥа, тимири уһаарар кэмбинээккэ (С.З. Борисов бу собуот тутулларыгар бигэ эрэллээх этэ уонна бэлитиичэскэй “үйэтэ” уһаабыта буоллар, бука, боппуруоһу лаппа “туллаҥнатыан” сөптөөҕө) отчут-масчыт, сирдьит уонна табаһыт эрэ быһыытынан буолбакка, инженер, учуонай, геолог, технолог быһыытынан кыттыстын диэн.
Бу туох да диэбит иһин, улуу бырайыак. Университеты арыйыы боппуруоһугар Саха АССР салалтата хайдах курдук үлэлээбитин туһунан Афанасий Кириллин кинигэтигэр олус үчүгэйдик, архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруллубут. Оччотооҕу кэми киһи атыннык көрөрүн, сыаналыырын курдук.
Билигин киһи барыта арыллыахтаах университет арыллыбытын курдук саныыр. Суох, оннук буолбатах. Историяны дьон, бэл, биирдиилээн киһи оҥорор. Саха сирин салалтатыгар атын дьон олорбуттара буоллар, баҕар, билигин саха ыччата Бурятияҕа баран үөрэнэ сатыа этэ. Оччотугар, этэргэ дылы, бүрээттэри бүрээт оҥорбут аһы-үөлү оҥоруу технологиятын института биһиэхэ арыллыа этэ дуо? Саарбах. Хата, саханы саха оҥорбут университеппыт баарыгар өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу салалтатыгар махтаныах тустаахпыт.
Бырамыысыланнас сайдар буоллаҕына, бырамыысыланнаһы аһынан-үөлүнэн хааччыйыахтаах тыа хаһаайыстыбатын эмиэ үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэринэн хааччыйыахха наада эбээт. Ол туһугар учууталлары бэлэмниэххэ наада. Барыта ис иһиттэн сибээстэһэн тахсар. Төрдө — оҥорон таһаарыы. Производство.
Ол курдук, 1946 сыл олунньутугар буолбут ССРС Үрдүкү Сэбиэтин 2 ыҥырыылаах болдьоҕун сиэссийэтигэр САССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ И.Е. Винокуров маннык диэбит: «Биһиги дойдубут хотугу уһугар сэбиэскэй былаас эрэ үрдүк үөрэхтээһини тэрийэр кыахтааҕа көһүннэ, онон аан дойдуга саамай хотугу университет баар буолуохтаах уонна баар буолуо даҕаны!»
Оттон кинини солбуйбут С.З. Борисов 1950 сыллаахха ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин «Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын бөҕөргөтүүгэ уонна салгыы сайыннарыыга туһуламмыт миэрэлэр тустарынан» уураах бырайыагын оҥорон ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Г.М. Маленковка тиэрдибитэ. “Семен Борисов” кинигэҕэ маннык суруллар: “Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата оҥорбут 29 пууннаах барылыгар үрдүк үөрэхтээһини таарыйар икки пуун баар:
- 1952 сылга Дьокуускайга үлэлии турар Педагогическай институт базатыгар тыа хаһаайыстыбата, педагогическай, медицинскэй факультеттардаах, олорго туһааннаах отделениелардаах Государственнай университеты тэрийэргэ (СӨ НА. Ф. 52. О. 28. Д. 268).
- РСФСР Миниистирдэрин Сэбиэтин уонна ССРС Үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин 1951 сыл бүтүүтэ Миниистирдэр Сэбиэттэрин дьүүлүгэр Университеты арыйыыга уонна матырыйаалынай базатын тэрийиигэ этиилэрин киллэрэллэригэр эбээһинэстииргэ» (С: НА. Ф. 52. О. 28. Д. 268).
САССР Миниистрдэрин Сэбиэтин бу туруорсуутугар үөһээ былаастан икки быһаарыы баар. Ол курдук, Үп министиэристибэтэ бу боппуруостары ойуччу тутан көрүөххэ диир эбит – РСФСР Миниистирдэрин Сэбиэтэ уонна ССРС Үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтэ университеты тэрийэргэ үөрэтэр матырыйаалынай база, сөптөөх педагогическай каадырдар баалларын көрдөрдөҕүнэ (СӨ НА. Ф. 52. О. 28. Д. 268). Оттон ССРС Госплана, Үрдүк үөрэхтээһин министиэристибэтэ «университеты арыйыы тутууну кытта сибээстээх буолан, улахан ороскуоттаах, оттон ол сыалга үп-харчы суох» дииригэр сигэнэн, уураах барылыттан университет тэрээһинин сотор туһунан визаны туруорбут (САССР Госпланын тыа хаһаайыстыбатыгар секторын начаалынньыга В. Горизонтов 1951 сыл тохсунньу 17 күнүгэр суруйбут).
Маны кытта сөбүлэспэккэ С.З. Борисов ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Г.М. Маленков аатыгар өссө төгүл суруйар: «Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатыгар анал идэлээх дьон тиийбэттэрин ситэриигэ, кинилэри ССРС киин уобаластарыттан икки-үс сыл ыҥыран аҕалыыны сэргэ, өрөспүүбүлүкэ иһигэр бэлэмнээһин саамай сөптөөх быһаарыынан буолуо этэ. Онон 1951 сылга үрдүк квалификациялаах дьону аҕалыыны уонна үөрэх кыһаларын тэрийиини барыл быһыытынан ылынары туруорсабыт» (СӨ НА. Ф. 52. О. 28. Д. 268).
Дьэ, бу мантан ыла саҕаламмыта университеты арыйыы иһин үөһэнэн-аллараанан алта сыллаах туруулаһыы.
50-с сылларга обком сэкэритээринэн үлэлээбит А.И. Захаров академик И.Е. Томскай университет арыллыытыгар кимнээх үлэлээбиттэрин туһунан ыйытыгар маннык хоруйдаабыт: «Манна кыттыгастаах дьон элбэх этилэр. Ол эрэн бүтэһиктээх быһаарыыны С.З. Борисов уонна баартыйа обкомун иккис сэкэритээрэ В.В. Митюшкин ситиспиттэрэ. Дуоһунастарынан да буоллаҕа. Ол эрэн, Наукалар академияларын филиала арыллыбатаҕа буоллар, бу кыайан быһаарыллыа суох этэ» (Андрей Иванович Захаров. Воспоминания. Составители – И.Е. Томский, И.П. Заморщиков. 1999 г).
1956-1959 сылларга комсомол обкомун бастакы сэкэритээринэн үлэлээбит Е.Д. Кычкин эмиэ итинник санаалаах эбит: «Биһиги университет арыллыытыгар С.З. Борисов сүҥкэн өҥөтүн туһунан умнуо суохтаахпыт» (Лидер, трибун, государственный деятель. Сборник воспоминаний, публикаций и документов о Е.Д. Кычкине. – Якутск. 2000 год).
Онон өрөспүүбүлүкэ салалтатын, бастатан туран, С.З. Борисов уонна да атын дьон бэрт уһун кэмнээх утумнаах туруорсууларын кэнниттэн, 1956 сыл атырдьах ыйын 23 күнүгэр ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин уурааҕынан, Педагогическай институт базатыгар Саха государственнай университета арыллыбыта. Ааспыт кэми үөһэттэн көрүмэ, ис иһигэр иҥэн-сөҥөн өйдөө.
Суолласта – Сур.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…