Yakutians.com

Новости Якутии

Улууһу хайыта сатааччыларга аһаҕас сурук

Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Быһаччы эттэххэ, хайдыһыыны таһаара сатыыр нэһилиэк баһылыктарын бэйэҕит да бары билэҕит. Мин бу сурукпар олортон икки баһылык аатын ааттыам: Нам баһылыга Александр Кардашевскай уонна киниэхэ алын сыҥаах буола сатыыр Кэнтик баһылыга Валерий Николаев. Өһүргэнэр буоллаххытына өһүргэниҥ.

Айсен Николаев и Владимир Поскачин обсудили подготовку к Ысыаху Олонхо - МК  Якутия
Владимир Поскачин Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһэр

Мин, туох да киһиргээһинэ суох, улууһу лаппа сайыннарбыппын билэбин уонна онон киэн туттабын. Үлэлээбит 16 сылым устата улуус хас биирдии нэһилиэгин кыһалҕатын быһаара сатаатым: уопсай инфраструктураны, норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыттан сайыннарааһынтан саҕалаан, дьон бэйэ-бэйэтигэр сыһыана тупсааһыныгар, өстөһүүнү-атааннаһыыны аҕыйата сатааһыҥҥа диэри. Билигин туох баар тутууларга бэйэбит уолаттарбыт үлэлииллэр, тутуу матырыйаалын үксүн улууспут иһигэр оҥороллор.

Ыраата барбакка эттэххэ, ама, Александр Кардашевскай Нам оскуолата сууллаары турбутун умна охсубута буолуо дуо? Боотулуу оскуолатын оннугар, Нам оскуолатын тутуу улууска ордук суолталаах, Манчаары Оонньууларын биир сүрүн тутуута буолуохтаах диэн туран, үбү-харчыны Нам оскуолатыгар биэриэххэ диэн мин туруорсубутум. Таарыччы, ол оскуола тутулларынан сибээстээн, дьоһуннаах стадион тутуллан хаалбыта.

Оскуола, туох да омуна суох, мас тирээбиллээх турар кэмигэр улахан модьуйсуунан Аскалон Николаев директор буоларын, эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынарын ситиспитим. Бэйэбит тэрилтэбит “Макс” МУП улахан моһолу, үөһэнэн-аллараанан сөбүлэһиннэриини ааһан, хас да чааһынай дьиэни көтүрэн тутууга сөптөөх территорияны таһаарбыппыт. Ол эмиэ судургута суох дьыала этэ.

Бу улуус дьаһалтатын уонна Нам нэһилиэгин дьонун-сэргэтин биир тыынынан үлэлээбит үлэтэ этэ. Ол эрэ буолуо дуо, ахтан-санаан бардахха, Нам нэһилиэгэ тупсарыгар элбэх сыра барбыта – өссө Ыстапаан Спиридонович тыыннааҕар. Ону барытын умнан кэбиһэр, биир быыбары кыайаары киһи аатын-суолун тэпсэ сатааһын үөһээ бүлүүлэргэ барсыбат.

Кэнтик баһылыгын туруорууга “Биир ньыгыл Арассыыйа” партия мунньаҕы сатаан тэрийбэтэҕэр миигин буруйдуур суруктары отой өйдөөбөппүн. Бары убаастыыр академикпыт Владимиров Л.Н. хайдах итинник көстөн турар албын докумуоҥҥа илии баттаабытын баччааҥҥа диэри сөҕө-махтайа саныы олоробун. “Баҕалаах баҕанаҕа ыттар” дииллэр буолан баран, бу сырыы чаҕылхайдык көрдөрдө: ким кимин-тугун уонна туохха-ханныкка бэлэмин.

Мин билэбин, Кэнтик дьоно-сэргэтэ барыта миигин утарар буолбатах, дьон-өйүн санаатын туораттан булкуйа сатыылларын өйдүүбүн. Үлэлиир киһи доҕоро да, өстөөҕө да элбэх буолар. Оннук “реваншистары” барыларын ааҕа билэттиибин уонна аһына саныыбын: эмиэ көбөн тахсаахтаабыттар диэн.

Үлэлиир дьон бэйэ бэйэлэрин хаһан баҕарар өйөһөллөр. Онно туоһу буолан миигин аһаҕастык өйөөбүт “Чап Уустара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Егор Тумусовка махталбын биллэрэбин.

Дьон үтүө санаатын аҕыйах киһи сүлүһүннээх тыла суох гыммат. Улуус баһылыгынан талыллат даҕаны, трактор да кыайан сылдьыбат буола алдьаммыт Кэнтик суолун өрөмүөннээбиппит. Бастыҥ музейдаах, баай историялаах, улуус кииниттэн чугас сытар диэн бастыҥ нэһилиэк оҥорорго үлэ барбыта. Гаастааһын буоллун, детсад дьиэтэ буоллун, кэлин хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү программатынан тутуллубут дьиэ буоллун. “Үтүө дьыалалар” чэрчилэринэн кулууп тутуутугар тус бэйэм үлэлээбитим. Депутаттыы сылдьаммын бу хамсааһыны сабаары гыммыттарын күүскэ утарбыт буоламмын, салалталарыгар тылым ыйааһыннаах буолааччы.

Аны туран, миигин Ил Дархан Айсен Николаевы утарар диэн өйдөбүлү соҥнуу сатыыллар. Ол эрэн, ааспыт быыбарга хас мунньах, хас көрсүһүү аайы Айсен Николаевы талыҥ диэн этэрбин Үөһээ Бүлүү даҕаны, Горнай да улууһун олохтоохторо бары истибиттэрэ-көрбүттэрэ.

Мин тус бэйэм тапталлаах улууһум бары нэһилиэктэрин олохтоохторун итинник саарбах салайааччылартан, албыны-көлдьүнү тарҕатааччылартан дьалты тутта сатааҥ, албыннарыгар-түөкэйдэригэр киирэн биэримэҥ, уһуну-киэҥи өйдөөҥ, саргылааҕы санааҥ диэн ыҥырабын!

Итини этэн туран, сэтинньи 19 күнүгэр буолаары турар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын быыбарыгар Семен Анатольевич Михалеву таларгытыгар ыҥырабын. Кини мин бастакы солбуйааччым быһыытынан, үлэни-хамнаһы кыайарын, ханнык да ыксаллаах быһыыга-майгыга ыһыллыбатын көрдөрбүт, сиппит-хоппут салайааччы буолар. Ону ордук ойуур баһаардарын, “ковид” хамсыгын уонна Аналлаах байыаннай операция кэмнэригэр толору дакаастаата.

Бары үчүгэйи кытта, эһиги Ил Түмэҥҥэ депутаккыт:

 Владимир Семенович Поскачин.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: