#Төрөөбүт_улууспут85сыла#Үбүлүөй#1935_2020#ИсидорБарахов_122сыла#Дойдумисторията#
Владимир Степанов суруйуута, Кыым, 2007с.(кылгатыллыбыт)
Автономияны бастакынан туруорсубута
1921 сыл кулун тутар 20 күнүгэр Москваҕа Кремль дыбарыаһыгар бассабыык баартыйа 10-с съеһигэр Саха сириттэи Исидор Барахов быһаарыылаах, Платон Ойуунускай сүбэ куоластаах сылдьыбыттара. И. Барахов ханна да сылдьыбытын иһин сахатын дьонун көмүскүүрүн биир холобурунан Ойуунускай ити сийиэскэ кыттыбыта буолар. 1920 сыл ахсынньытыгар Ойуунускайы ЧК үҥсүүтүнэн, бары дуоһунаһыттан устубуттара, дьыалатын баартыйа Сибиирдээҕи бүрүөтүн көрүүтүгэр ыыппыттара. Сийиэскэ сылдьан бу икки эдэркээн саха уолаттара кэм уонна систиэмэ биэрбит кыаҕын туһанан саха норуота автономийаланыахтаах; судаарыстыбаннастаах буолуохтаах диэн бигэ санааны ылыналлар. Кинилэр ити санаалара олоххо киирэрин улаханнык туруулаһан ситиспиттэрэ.
Манна даҕатан эттэххэ, оччолорго Саха сирэ уобалас буолан олорбут бырааба кыччаан, Иркутскайга оройуон быһыытынан холбоммут кэмэ этэ.
Кыһыл террор
1921-22 сылларга Саха сиригэр гражданскай сэрии уота күөдьүйэн турбута. Дьиҥэр, бу баайдар-тойоттор өрө туруулара буолбатаҕа. Норуот чыкаа, өрөпкүөм ыгыытыттан-түүрүүтүттэн, кыыллаабыт изоляция бэлиитикэтиттэн көмүскэнэргэ күһэллиитэ этэ. Оччолорго Саха сиригэр Лебедев, Агеев, Козлов диэн дьон былааһы тутан олорбуттара. Кинилэр кэмнэригэр сорох чыкаа үлэһиттэрэ үрүҥнэргэ куоппут дьон кэргэттэрин күүһүлүүр, түбэһиэх дьону үспүйүөн диэн ытыалыыр түбэлтэлэрэ тахсыбыта. Пшенников диэн хамандыыр Тулагыга 10 ыаллаах саха дэриэбинэтин имири эспитэ. Клочков диэн кыһыл хамандыыр Марха бурдук ыһар 9 бааһынайын саабыланан кэрдэн өлөрбүтэ. Саха сирин байыаннай чаастарын командующайын дуоһунаһыгар сылдьыбыт А. Козлов тутуллубут дьону ытыалаан иһэр, кыһылларга үрүҥнэри тыллаабатах нэһилиэк хас бэһис киһитин ытарга дьаһал биэрбитэ. Кинилэр соҕуруу салалтаҕа “саха норуотун барытын эрэ кыртахха, бу өрө туруу тохтуоҕа” диэн дакылааттыы олорбуттара. И. Барахов бэйэтэ суруйарынан, командующайынан анаммыт П. Савлук кыһыл армыайастарга “бандьыыттары өйүүр дьоҥҥо ботуруону ороскуоттаамаҥ, саабыланан кэрдиҥ’’ диэн бирикээс биэрбитэ. Нолуогу төлөөбөтөх дьону бандьыыттарга тэҥнээн ытыалааҥ, баайдарын былдьааҥ, диэн ыйыы тахсаатын кытта, дьону кэрдэн өлөрүү, баайы-дуолу былдьааһын маассабай буолбут. 1921 сыллаахха саагыбар арылынна диэн, 300-тэн тахса киһини ынырыктык сордообуттар-муҥнаабыттар. Былааһы ылбыт Лебедевтээх саха салайааччыларын туох да былааһа, дьайар күүһэ суох оҥорбуттара. П. Ойуунускайы өрөпкүөм бэрэссэдээтэлэ да буоллар, “националискын” диэн буруйдаан, быһаарыыны ылларбат балаһыанньалаах этэ. М. Аммосов Москубаҕа сылдьар буолан, балаһыанньа хайдаҕын билбэт этэ.
Норуотун кыргыыттан быыһаабыта.
Ити иэдээннээх быһыы көнөрүгэр И.Н. Барахов дьиҥнээх оруолун, үтүөтүн-өҥөтүн күн бүгүҥҥэ диэри сөпкө сыаналыы иликпит. 1922 сыл саас соҕурууттан Каландарашвили этэрээтин Саха сиригэр күөдьүйбүт өрө турууну хам баттата ыыталлар. Кулун тутар 6 күнүгэр Каландарашвилины штабын кытта Төхтүр дьаамыгар тоһуйан өлөрөллөр. Каландарашвилины көмүүгэ И. Строд саха үөрэхтээхтэрин “… киэҥ, дириҥ даҕаны иини хаһан бараммыт умса ууруохпут, дедушкабытын эһиги эккититтэн-хааҥҥытыттан хайаан да иэстэһиэхпит” диэн аба-сата, өс-саас тылларын этэн, саха дьонугар улахан кутталы үөскэппитэ. Кинилэр курдук идэтийбит сэрииһиттэр кырдьык, хаанынан уһуннарар кыахтаахтара. Оччолорго Тамбовка уонна да атын сирдэргэ бааһынайдар өрө турууларын төһөлөөх хааны тоҕон хам баттаабыттарын туһунан истэ-истэ киһи иэнэ кэдэҥниир. И. Барахов кэлии байыаннайдары тылыгар киллэрбэтэҕэ буоллар, саха норуотун үрдүгэр өр кэмҥэ ыар күннэр саба халыйыахтара этэ. Ол эрээри саха сарсыҥҥылаах, саргылаах норуот буолар дьолугар, 1922 сыл кулун тутар 10-тан 11 буолар түүнүгэр Лебедевтээх былаастарын түҥнэрэр өрө туруу буолбута.
Саха сиригэр гражданскай сэриини хааны тоҕон буолбакка, эйэлээх бэлиитикэни ыытан тохтотор быһаарыы ылан, саха норуотун имири кыргыыттан икки эдэркээн уол: саха Исидор Бараахап уонна нуучча Сергей Широких-Полянскай быыһаабыттара. Каландарашвили бэлиитикэҕэ көмөлөһөөччүтэ (комиссар) С.Ю. Широких-Полянскай Дьокуускайга кулун тутар 9 күнүгэр түүн кэлбитэ. Бастаан Строд курдук хааны тоҕон иэстэһэр санаалаах буолуон сөп. Сарсыныгар, бүрүө чилиэннэрин Лебедеви, Агеевы, Козлову, ревком председателин Ойуунускайы, бүрүө тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйэ И.Бараховы көрсөр. Түүн биир суукка иһигэр Лебедевтээҕи туоратар дьаһалы ылар. Лебедевтээх соҕурууттан бигэргэтиилээх сокуоннай былаастарын суулларарга мэнээк киһи санаммата чуолкай. Сокуоннай былааһы утаран өрө турарыгар ким эрэ күүстээх, ылыннарар тыла төрүөт буоллаҕа. Оннук киһи Исидор Барахов буолара мэлдьэҕэ суох. Широких-Полянскайы бэйэтигэр тардыбытын, тылын ылыннарбытын киһи эрэ сөҕүөх курдук. Субу сибилигин саха үөрэхтээхтэрин барыларын умса уураары сылдьар доҕорун И.Строду «сокуоннай былааһы суулларыахха» диэн тылыгар киллэрэр. Исидор Никифорович ити күн чахчы быһах биитинэн хаампыта. Сэрэнэн саҥарбакка хаалыан сөп этэ. Ол эрээри Исидор Барахов ити түгэҥҥэ бэйэтин олоҕунааҕар норуотун быыһыыр санаатын үрдүктүк туппута.
Өрөспүүбүлүкэни туруулаһыы
Исидор Никифорович гражданскай сэрии кэнниттэн саҥа олоҕу тутууга улахан кылаатын киллэрбитэ. Кини “Кыым” хаһыат төрүттэниитигэр оруолун туһунан урут суруллубута. Саха тылын судаарыстыба тыла оҥорууга эмиэ улахан өҥөлөөх. Сахалыы билбэт тэрилтэ үлэһиттэрин П.Ойуунускай, И.Барахов, А.Бояров, С.Донской II бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйаҕа көрөллөрө. Саха тылын билэллэригэр болдьох аныыллара, онно билбэтэх дьон үлэтиттэн уһуллара.
И. Барахов, М. Аммосов, С. Васильев 1924-26 сылларга Алдан оройуонун Саха сириттэн арааран ыла сатаабыттарын утарсан кыайбыт улахан үтүөлээхтэрин умнарбыт эмиэ табыллыбат. 1927 сыллаахха “ксенофонтовщинаҕа” кыттыбыт дьону өлөрүүттэн быыһаары баартыйа ыытар лиинийэтин тиһэҕэр диэри үтарыласпыт, норуоттарын көмүскүүргэ туруммут дьоммут М. Аммосов, И. Барахов буолаллар. Ол тыйыс кэмнэргэ иэдээннээх киирсии буолбутун, билигин архыыпка ордон хаалбыт саһарбыт докумуоннар кэпсииллэр.
Аммосовтаах Барахов Киин Кэмитиэт уурааҕынан үлэлэриттэн уһуллан, Москубаҕа үлэлии да тиийэн баран, норуоттарын “ксенофонтовщинаҕа” буруйдааһын дьаралыгыттан босхолуур охсуһууларын уураппатахтара. Онно кинилэр биэс буолан: М.К. Аммосов, И.Н. Барахов, С.В. Васильев, С.М. Аржаков, И.Н. Винокуров буолан киирсэ сатаабыттара да күүс тэҥэ суоҕа… Онон Исидор Никифорович Барахов курдук олохторун төрөөбүт норуоттарын туһугар анаабыт дьон ааттара умнуллуо суохтаах. Ити биһиги ытык иэспит.
#Киинбиблиотека#краеведение#мин_дойдум#
Похожие новости
По следам повстанческого отряда. Как устанавливали новую власть в Южной Якутии
Кэриэй омук дьылҕата: удьуор суолун сонордоон
Старый Якутск. То, чего уже не вернешь, но и из истории не вычеркнешь