Бэс ыйын 27 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгиттэн 6 км. чугаһынан, Чөппөҥөө сиригэр, чаҕылҕан түһэн, ойуур баһаара тахса сырытта, номнуо 4га сири сиэбит.
Ыксаллаах быһыы буолбутугар, Харбалаах нэһилиэгин 30-ча эр дьоно суһаллык хомулла охсон, биир сомоҕо буолан, уоту умуруордулар.
Бэйэтин МТЗ тыраахтарынан булууктаан абыраабыт Николаев Ибрагим Ивановичка, нэһилиэкпит эр дьонугар, алта Лесхоз уолаттарыгар – уоту утары түүнү быһа үлэлээбит эр бэрдэрбитигэр махтал тыллары этэбит.
Билинни туругунан ардах түһэн барыта этэҥҥэ курдук.
⠀
Рузанна Николаева, Харбалаах нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ.
Похожие новости
Жителя Якутии осудят за незаконную добычу трех медведей на петлю
Что сжигают демократы в подвалах фешенебельных домов Лос-Анджелеса
Чем дальше в якутский лес, тем больше уголовных дел