Yakutians.com

Новости Якутии

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга торумнаммыт кирбиилэри ситиһэр туһугар – бары күүһү түмэн

Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыы кээмэйэ 2009 сылтан наар таҥнары түһэ турбут буоллаҕына, 2016 с. “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы туһунан” салаа сүрүн сокуона ылыллыаҕыттан тохтотуллан, өрө баран иһэр. Онуоха Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл ахсынньы 11 күнүгэр таһаарбыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан” 232 №-дээх Ыйааҕа төһүү буолла.

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга торумнаммыт кирбиилэри ситиһэр туһугар – бары күүһү түмэн



Ыйаахха 2024 сылга диэри толоруллуохтаах соруктарга 5 салаанан 24 хайысха ыйыллыбыта. Стратегияны олоххо киллэрэр туһугар судаарыстыба өйөбүлүн кээмэйэ лаппа улаатта. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматын үбүлээһиҥҥэ 2016 с. 10,6 млрд солк. көрүллүбүт буоллаҕына, 2021 с. 12 млрд солкуобайга, оттон тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматын кытта аахтахха, 14,2 млрд солкуобайга тиийдэ.

Ыйаах хайысхаларыттан дьиҥ-чахчы толоруллар чинчилэммитэ – саха сүөһүтүн эстэр-симэлийэр туруктан таһаарыы.

Ол инниттэн төрүөх биэрэр ынах ахсаанын 660-тан 1000-ҕа тириэрдэр сорук турбута.

Ааспыт 2021 сыл түмүгүнэн бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 2357 саха сүөһүтэ баарыттан ынаҕа 973 төбөҕө тиийдэ. Ол эбэтэр аны икки сыл устатыгар 30-ча төбөнү холкутук эбэр, кирбиини быдан куоһарар кыах үөскээтэ. Биллэн турар, маннык күүстээх хамсааһын өрөспүүбүлүкэбит салалтата кэмигэр кэккэ сөптөөх дьаһаллары ылыммытын түмүгэр таҕыста.

“Саха сүөһүтэ” удьуор пуондатын хааһына тэрилтэтэ 2019 с. ахсынньытыгар тэриллэн, үлэтин 2020 с. саҕалаабыта. Дириэктэринэн улахан уопуттаах салайааччы Александр Артемьев анаммыта. Александр Еремеевич хара маҥнайгыттан тутууга ылсыбыта быһаарар суолталанна: бастакы сыл Нам Таастааҕар 150 ынах уонна 80 субан сүөһү турар хотонноро ситэриллэн, Мииринэй оройуонугар Сүлдьүкээргэ 200, Ньурба улууһугар Аканаҕа 100 миэстэлээх уонна онно эбии иккис сылыгар сайылык, Мэҥэ Хаҥалас Баатаратыгар Өргөннөөххө эмиэ 100-тээх хотоннор саҥалыы тутуллан киирдилэр.

Хааһына тэрилтэтэ 9 отделениелааҕыттан 3 хаһаайыстыба туох даҕаны суох ыраас сиригэр тэрилиннэ. Отделениеларга холбоон 967 сүөһү, ол иһигэр 298 ынах, ол эбэтэр саха сүөһүтүн 42 бырыһыана иитиллэр. Балары таһынан саха сүөһүтүн тарҕатыыга 7 тирэх хаһаайыстыба үлэлэһэр. Олор сүөһү 24 бырыһыанын тутан тураллар. Итинтэн ордубутун урбаанньыт-бааһынайдар уонна кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар иитэллэр. Ыйаах ылыллыан иннинэ, 2016 с. саха сүөһүтүн ахсаана 1440, ол иһигэр ынаҕа 616 төбө баара. Онон бүгүн төрүт сүөһүбүт сүппэт-симэлийбэт суолга бигэтик үктэнэн, төннүбэт төлкөлөннө диир кыахтаахпыт.

Былыр-былыргыттан Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын сүрүн салаалара – ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитии. Бу салаалары сайыннарыы, бастатан, матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базаны бөҕөргөтүүттэн тутулуктаах. Быстахтык ыллахха, ону үөһэ “Саха сүөһүтэ” УПХТ үлэтин холобуругар көрдүбүт. Ыйаах “өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин бэйэ оҥорон таһаарар хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыы таһымын үрдэтэр, ол иһигэр үүккэ уонна үүт бородууксуйаҕа 61, эккэ уонна эт бородууксуйаҕа 30 бырыһыаҥҥа тириэрдэр” соругун толорууга 10 тыһ. ынах ыанар мэхэньисээссийэлээх 100 сайылык, 6 тыһ. сүөһү турар мэхэньисээссийэлээх 50 хотон, 20 тыһ. төбөҕө 200 сылгы базата тутуллуохтаахтара ыйыллыбыта.

Дьэ, итинтэн төһөтө-хаччата туолла? Ил Дархан Сайылык күнүн олохтуур туһунан Ыйааҕы 2018 сыл сэтинньитигэр таһаарбыта. Онон 2019 сылтан саҕалаан саас ахсын ыам ыйын 22-гэр Сайылык күнэ бэлиэтэнэр буолла. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ыспыраапкатыгар сигэннэххэ, 2017-2019 сс. 23 сайылык тутуллан киирбит. Онтон кэлиҥҥи икки сылга, үп-харчы татымынан, “тоҥоруллан” турар. Ити ыйыллар кэм устатыгар 250 сылгы базата тутуллубут. Онтон 2020 сылы көтүтэн баран, 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 30 мөл. солк. көрүллэн, 10 база тутулунна. Өйөбүлгэ, сүрүннээн, ойуур уотуттан эмсэҕэлээбит базалаах хаһаайыстыбалар тигистилэр.

Министиэристибэ тустаах салайааччылара этэллэринэн, сайылыктары уонна сылгы базаларын тутуу быйылгыттан салҕанар буолбут. Куонкурус түмүгүн таһаарарга, чуолаан, нэһилиэктэригэр ынах сүөһүнү уонна сылгыны түмэн көрөр кэпэрэтииптэр чорботуллуохтара.

Манна сыһыаран суруйдахха, “сылгыга сөптөөх база тутулунна” диэччилэр эмиэ бааллар. Ону өссө сылгы ахсаана 2018-2020 сс. 178 тыһыынчаттан 183 тыһ. төбөҕө тиийбитинэн бигэргэтэллэр эрээри, 2021 с. түмүгүнэн 182,1 тыһ. сылгылаахпыт. Сылгы, биллэрин курдук, дьыл хайдаҕыттан тутулуктаах кыыл. Дэлэҕэ, өбүгэлэрбит “халдьаайы хаһыҥа” диэхтэрэ дуо. Билигин даҕаны базатын сөргүттүөн, хаҥаттыан баҕалаах хаһаайыстыба элбэҕинэн үлэ салҕаныахтаах. Дьөһөгөй оҕото элбииригэр өссө биир төрүөт-төрүт үөскээтэ: сылгыны үөрдээн иитэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга 1 биэ төбөтүгэр көрүллэр өйөбүл кээмэйэ быйылгыттан икки бүк үрдэтиллэн, 3 тыһ. солкуобай буолбута сыспай сиэллээҕи сыһыы ахсын сыбыытатарга тирэх буолуоҕар саарбахтаабаппын.

Улахан аныгы хотоннору тутуу хаамыытын ыллахха, балаһыанньа сайылыктааҕар быдан ордук. Үүт ыамын үрдэтэр сыаллаах 2016-2020 сс. 4850 ынах турар 36 комплекса тутуллан киирэн үлэлии турар. Маны таһынан ыаллар кэтэх сүөһүлэрин тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр түмэр туһуттан өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн 2021 с. 1000 төбө сүөһү турар 10 хотоно тутуллан киирдэ. Бу иһигэр Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Нам улуустарыгар 600 төбөҕө 6 хотон 2020 с. ылыллыбыт көмө үп суотугар тутулуннулар. Ааспыт сылга 14 тыа хаһаайыстыбатын потребкэпэрэтиибигэр 98,5 мөл. солк. бэриллэн, Үөһээ Бүлүү, Нам, Таатта улуустарыгар 400 сүөһү турар 4 хотонун сыл иһинэн үлэҕэ киллэрбиттэрэ, 10 хотон быйыл ситэриллиэ. Ааспыт сыл дьиэ кэргэн пиэримэлэрин сайыннарыы бырагырааматынан 19 бааһынай хаһаайыстыбаҕа холбоон 176,6 мөл. солк. кээмэйдээх грант үбэ тиксэрилиннэ. Намҥа “Дайыына”, Аммаҕа “Араз” бааһынай хаһаайыстыбалар 2020 с. ылбыт граннарын үбүгэр аныгы хотоннору былырыын ситэрэн, үлэлии олороллор. Дьиэ кэргэн пиэримэлэрин сайыннарыыга быйыл 134 мөл. солк. кээмэйдээх грант үбүн үллэриэхтэрэ. Өрүү буоларын курдук, өйөбүлгэ тиксиэн баҕалаах – баһаам.

Ахсааны таһынан 2021 сыл күһүнүгэр 10 хотон босхо тутуллубутун санатар тоҕоостоох дии саныыбын. Ол курдук, Куорунайга Атамай нэһилиэгэр Бэс Күөл ыалларын аймаабыт ойуур уотун кэнниттэн Ил Дархан Айсен Николаев тус суһал дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ хаһаас пуондатыттан үп көрүллэн, эмсэҕэлээбиттэргэ көмө быһыытынан 9 ыал кэтэх сүөһүтүн хотоно уонна өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ үлэлээх пиэримэрэ Алексей Петров хаһаайыстыбатыгар 100 ыанньык ынах турар аныгы комплекса кылгас кэм иһигэр саҥалыы тутуллан киирбиттэрэ.

Племенной хаһаайыстыба ахсаана ынах сүөһүнү иитии салаатыгар 2016-2020 сс. 4-тэн 9-ка диэри эбиллэн, племенной сүөһү 2,5 төгүл элбээтэ (4,5 тыһ. төбө). Оттон сылгыны иитии салаатыгар 20-тэн 27-ҕэ таҕыста. Инньэ гынан племенной сылгы 15 бырыһыан элбээн, 10,7 тыһ. төбөҕө тэҥнэстэ. Бу кэмҥэ племенной таба ахсаана 28 бырыһыан эбиллэн, 15,2 тыһ. төбөҕө тиийдэ. Ити сыччах 4 племенной хаһаайыстыба көдьүүстэрин үрдэппиттэрин суотугар ситиһилиннэ.

Ыйаахха “төрүөх биэрэр саастаах ынах сүөһүнү искусственнай сиэмэлээһининэн хабыы таһымын 48-тан 60 бырыһыаҥҥа диэри өрө таһаарарга” ыйыллыбыта. “Сахаагроплем” СБТ исписэлиистэриттэн ыйыталаһан билбиппинэн, ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 72037 төрүүр саастаах ынах (тиҥэһэҕэ саҥа киирбиттэри ааҕан туран) баарыттан 53355 ынах буоһатыллыбыт. Мантан искусственнайдык сиэмэлэммитэ – 50,9 бырыһыана. Оттон искусственнай сиэмэлээһининэн хабыллар кыахтара суох ыраах хотугу улуустары уонна суола-ииһэ суох нэһилиэктэри аахсыбатахха, 58 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Искусственнай сиэмэлээһин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ босхо оҥоһулларын бэлиэтиир сиэрдээх. “Сахаагроплем” СБТ дириэктэрэ Алексей Жирков элевернэй пиэримэ тэринэн, ыраах сытар нэһилиэктэри атыыр оҕустарынан хааччыйар бырайыактарын быйыл сааскыттан саҕалыылларын туһунан иһитиннэрдэ. Өссө нэһилиэккэ тиийэн, сайыны быһа оттуу “үлэлиэхтээх” оҕуска субсидия көрүллэрэ торумнанар. Оҕуһу тутар-иитэр ыал, бааһынай, кэпэрэтиип ол үбүнэн ороскуоттарын сабыныахтара.

“Кэтэх сүөһүлээх ыалларга ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солкуобайы босхо биэрии дьон племенной үлэҕэ уонна искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ интэриэстэрин мөлтөттө” диэн сэмэлээһини дьүккү билиммэт буолар табыллыбат. Ол гынан баран, ыал ынаҕар көмө үп көрүллүүтэ кыһалҕаттан ылыллыбыт дьаһал буоларын эмиэ өйдүөххэ наада. Ааспыт сылга көмөнөн туһаммыт 9715 ыал сирбэттэрэ чахчы. Өскөтүн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия көрүллүбэтэҕэ буоллар, итинтэн үстэн биирдэрэ дуу, чиэппэрдэрэ дуу сүөһүлэрин эспит буолуохтарын сөп этэ. Ааспыт 2021 сыл түмүгүнэн 74,5 тыһ. ынах кыстыкка хаалбыта, ол эбэтэр иллэрээ сылтан 3,3 бырыһыан эбилиннэ. Онон, биир уһуктан иккис уһукка түспэккэ, икки өрүтү дьүөрэлэһиннэрэр көдьүүстээҕэ көстөн турар. Кэтэхтэртэн соҕотуопкалааччы үүтү 20 солкуобайга тутарын хааччыйар инниттэн өрөспүүбүлүкэ үүт тутуллар сыанатыгар (10 солкуобайга) эбии үп көрдө. Онон өлгөм үүттээх уонна элбэх ынахтаах ыаллар балачча дохуоттаныахтара. Ону тэҥэ тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар туттарбыт киилэ үүттэригэр көрүллэр субсидия үрдэтиллиэхтээх. Инньэ гынан, быйыл 62 тыһ. туонна үүт соҕотуопкаланарыгар (2021 с. – 60,5 тыһ. туонна этэ) 3,1 млрд солк., оттон кэтэх хаһаайыстыбалаахтары өйүүргэ ынах төбөтүгэр 1,3 млрд солк. кээмэйдээх көмө үп улуустарга быһаччы тиийтэлээн эрэр.

Манна сыһыаран, ынах сүөһүнү иитэр хаһаайыстыбалары үбүнэн-харчынан чэбдигирдии бырагырааматынан туһанааччы ахсаана 47-тэн (2015 с.) ирдэбили сымнатыы суотугар 192-гэ (2020 с.), 145-кэ (2021 с.) тиийэ эбиллибитин, сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыы хос бырагырааматын 2017-2021 сс. үлэлэтэргэ судаарыстыба бүддьүөтүттэн 1 млрд солк. ороскуоттаммытын, онуоха муниципальнай бүддьүөттэн хос үбүлэһэр улуус ахсаана 9-тан 18-ка тиийбитин, тыа хаһаайыстыбатын култууратын ыһыы иэнэ 47 тыһ. гектартан тахсыбытын, тыа

хаһаайыстыбатын эдэр исписэлиистэригэр ыйдааҕы харчынан төлөбүр 2020 сылтан 1,5 төгүл үрдэтиллибитин, о.д.а. сонун-сэргэх саҕалааһыннары эр-биир ааттаатахха – тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга сөптөөх өйөбүл оҥоһуллар диэн түмүккэ кэлэбит.

Подробнее: https://ulus.media/article/55063

Поделиться
%d такие блоггеры, как: