Yakutians.com

Новости Якутии

Аймахтарбыт тутулуга суох “суопсунастара”

Улахан уонна кыра судаарыстыбалар сыһыаннара хайдах буоларый? Холобур, Кытай уонна Кыргыстан. Ол сахалыы-махалыы “амтаһыйа-амтаһыйа аа-дьуо ыйыстыы” диэн ааттанар. Холуон соҕустук күүһүлээбэттэрин туһугар кыра судаарыстыба атын улахан судаарыстыба кэннигэр сөрүөстүөн наада. Ол курдук, Кыргыстан Арассыыйаҕа сыста сатыыр. Евразийскай сойуус, ОДКБ.

Онтон атын буолбат. Күн бүгүн Кыргыстан Кытайга иэһэ 1,8 млрд дуоллартан ордубут. Бу дойду сыллааҕы бүддьүөтүнээҕэр улахан.

Бу 2008 сылтан саҕалаан мунньуллубут иэс үһү. Ааспыт 2020 сылга кыргыстар “өрөбөлүүссүйэлээн” ампаалыктаһа сылдьыбыттарын түмүгэр экэниэмикэлэрэ “тобуктаабыт”, иэстэрин кэмигэр төлөөбөтөхтөр, “счетчикка” ылларбыттар. Онон энергетикаҕа эбийиэктэрэ Кытай бас билиитигэр киирэр кутталламмыт. Ол аата, кытайдар балары модернизациялатан баран босхо ылаары харчы иэстээбит буолан тахсаллар. Дьэ, бу “судаарыстыбаннай өй-мэй” диэбэккин дуо, кытайдар да, кыргыстар да өттүлэриттэн.

Оччотугар тугуй? Акаары буолаҥҥын аҕыйах ахсааннаах буолан тахсаҕын. Кытайдар Гонконг куоракка баар норуоттар икки ардыларынааҕы суут нөҥүө Кыргыстан энергетикаҕа эбийиэктэрин барытын бэйэлэрин хонтуруолларыгар ылар кыахтаахтар. Били, сэбиэскэй саҕана тутуллубут уон биэс дуу, уон алта дуу гидроэлектростанция баар буолуохтаах. Онон дойду баар-суох “табаара” электроэнергетика буолара.

Дьиҥэ, иэс кээмэйин туһунан дааннайдар араастар. Холобур, “Рамблер” этэринэн, Бишкек судаарыстыбаннай иэһэ былырыын 4,7 млрд дуолларга тиийбит, онтон 2,5 млрд дуоллар – Кытай иннигэр.

Кыргыстан урбаана барыта Кытайтан тутулуктаах. Ол курдук, Дьокуускай куораттааҕы кыргыстар эргиэннэрэ, ол-бу “норуодунай маҕаһыыннара” барыта – Кытайтан. Дьиҥ хаһаайыннара кытайдар, эбэтэр Кытай уйгуурдара буолуон сөп.

Манна диэн эттэххэ, кыргыстар аймахтарыттан уйгуурдартан улаханнык дьаарханаллар. Билэр киһим этэринэн, кинилэр ортолоругар “радикальнай исламы” тутуспат буоллаххына, эйигин киһинэн аахпат дьон элбэх үһү. Ону таһынан, ол “аймахтарбыт” барытыгар курдары сылдьар кытайдыы майгылаах буолан биэрбиттэр курдук. Кыргыс кэтэҕин тарбаныар диэри, уйгуур “эрбэх үрдүгэр үстэ эргийэ” охсор эбит.

Дьиҥэ, кыргыстар уонна узбектар атааннаһыыларын төрдө эмиэ итиннэ сытар. Узбектар эргиэҥҥэ-урбааҥҥа ордуктар, түргэнник атахтарыгар тураллар, байаллар. Ордурҕааһын. Биһигини “супту уулаан” байаллар-тайаллар диэн санаа кулута буолуу, онтон сылтаан “ис буһуута”.

***

Өссө биир аймахтарбыт казахтар да олус бэрдэ суох туруктаахтар. Хайдаҕын да иһин, ньиэп-гаас харчытыгар олорор дьон буоллаҕа – экспорт 70 бырыһыана.

2016 сыллаахха ил баһа Нурсултан Назарбаев кыыһа Дарига премьер-миниистир солбуйааччытынан олорон этэн турар: “Биһиги соҕурууҥу улуу ыалбыт Кытай – биһиги дьылҕабыт”.

Мээнэ тылласпат дьахтар буоллаҕа, ол 2016 сыллаахха бырабыыталыстыба сир кодексыгар уларытыы киллэрбитэ: 1,7 мөл. гектар тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сири аукцион нөҥүө атыылыырга быһаарбыттара, ону таһынан омуктар сири 25 сылга тиийэ “түүлэһэр” бырааптаммыттара.

Биллэн турар, казахтар “сирбитин кытайдарга биэрэн эрэллэр” диэн аймаммыттара, бырачыас бөҕөтүн тэрийбиттэрэ да, былаас кум-хам тутан кэбиспитэ. Тоҕо диэтэххэ, Кытай харчыта суох дойду экэниэмикэтэ “хоос” гынар туруктаах. Гаас-ньиэп Кытайга барар, төттөрү электроникаттан саҕалаан, “казах саныыра барыта” кэлэр.

Ол курдук, кытайдар ньиэп-гаас салаатыгар инвестиция эрэ угар буолбатахтар, бу салаа дьоҕус тэрилтэлэрин атыылаһан ырааппыттар диэн буолар. Улахаттары эмиэ диэххэ сөп. Алашонькоу диэн Кытай сиригэр тиийэр гаас уонна ньиэп турбаларын тоҕус миллиард дуоллартан тахса үбү уган туппуттар. Аны туран, Актөбө уобалаһыгар ньиэп хостооһуна бүтүннүүтэ кытайдар хонтуруолларыгар киирбитэ быданнаабыт.

Ис иһигэр киирдэххэ, Кытай Казахстаҥҥа бэйэтигэр анаан тутуу бөҕөтүн ыытар диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, Казахстаны Европаны кытта эргинэргэ транзит аартыгын курдук көрөллөр. Кытай аныгы Торҕо суолун “экэнэмиичэскэй курдааһынын” (ЭПШП) туһунан кэнсиэпсийэтин билэр буолуохтааххыт. Онно туһуланар тырааныспар инфраструктуратын тутууга Казахстан аҥнарын-бохторун кэтэһэн олоруохтара дуо, онон Кытай инвестициялары бэйэтин эрэ киэҥ кэскилигэр анаан угар диэххэ сөп.

“Казахмыс” диэн албын ааттаах хампаанньа кыһыл көмүс, алтан, сыынка, никель, хром, алюминий хостооһунугар монополиһынан буолар. Бу хампаанньа дириэктэрдэрин сэбиэтин улахан аҥаара Великобритания гражданнарынан буолаллар уонна бүүс-бүтүннүү Кытай кирэдьииттэригэр үлэлиир эбит. Холобур, 2015 с. алтан-молибден баайдаах Актоҕойу туһаҕа таһаарыыга балтараа миллиард дуоллар чэпчэтиилээх кирэдьиит ылбыттар. Ол иһин “Казахмыс” алтаны Кытайга ырыынак сыанатынааҕар чэпчэкигэ атыылыыр. Уопсайынан, “Казахмыс” бородууксуйатын 80 бырыһыаныттан тахсата Кытайга барар.

Онон Казахстан “сирин баайа” дуу, Кытай бас билиитэ дуу, мөккүөрдээх соҕус суол.

Казахстан Кытай кирэдьииттэрин уонна инвестицияларын “иннэтигэр” эмэһитинэн эпсэри олорбута быданнаабыт дойду.

Кытайдар европалар уонна атын арҕааҥы бааннар курдук “киһи бырааба”, “дэмэкирээтийэ дэмэ” диэн ирдэбиллэринэн аччыыһырбаттар, кирэдьииттэрин улгумнук, чэпчэкитик уонна 20 сылга тиийэ биэрэллэр.

Улахан экэниэмикэ баттыыра биллэр суол. Ол эрэн атыны этээри гынабын. Британия чинчийээччитэ Симона Боненберг-Рич этэринэн, сир баайыттан киирэр үп элиитэ иһигэр “тыаһа-ууһа суох” үллэһиллэр диэн. Инвестиция, кирэдьиит бэлиитикэтэ эмиэ чып кистэлэҥинэн ыытыллар. Ол эбэтэр, “буржуй” омугуттан тутулуга суох – глобалист. Онон “тутулуга суох судаарыстыба” төһөтө-хаччата элиитэтэ төһө моҕуһуттан тутулуктаах. Тутулуга суох буола сатыыр эбэтэр саҥа сайда сатыыр судаарыстыбаларга “компрадор-буржуазия” диэн баар – атыыламмыт “бэйэ дьоно”. Охторуллубут тииттэн тииҥин ичигэстээччилэр.

Суолласта, сулласта СУР.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: