Yakutians.com

Новости Якутии

Тиэтэйдэ…

Хомолтолоох сонун, ыар сүтүк… Саха сирин Бэчээтин күнүгэр биллиилээх суруналыыс, суруйааччы, улахан хоһоонньут Муттуххай Бороҥ күн сириттэн күрэннэ. Үтүөкэн дьон мэлдьи да урутаан бараллара баар.

Валерий Васильевич, Убай Валерка, Муттуххай Бороҥ – саха омукка улахан бэйиэт буолан иһэн баран хаалла.

Тиэтэйэр курдукпун, тоҕо эрэ,

Тоҕотун бэйэм да билбэппин,

Ыксыырга дылыбын, эмиэ да,

Ол эрэн ону мин таайбаппын…

Ыксыыр этэ. Кэнники аҕыйах сылларга үлэ бөҕөтүн үлэлээтэ – хоһоон бөҕөтүн суруйда, кэпсээҥҥэ-сэһэҥҥэ эмиэ кииристэ, кинигэ бөҕөтүн таһаартарда.

Сатаннын-сатамматын, синэ биир,

Өһөспөр, хара күүспүнэн,

Сатаҕай санаам утаҕынан

Өһүллүбэт өтүү хатабын.

Валерий Васильев, Убай Валерка туора киһи дэбигис өйдөөбөт киһитэ этэ. Чахчы да оҕолуу өс киирбэх, утарытынан аһаҕас эрээри, дьиҥ иһигэр олус кытаанах майгылааҕа.

Муттуххай Бороҥ диэн таптал аата – эбэтэ ааттаабыт. Оҕо сылдьан кугастыҥы эбэтэр, атыннык эттэххэ, бороҥ баттахтаах буолааччы. Сытыы баҕайы, мэнигэ сүр. Былыргы дьон дьүһүннүүрү олус сатыыллара, бука, “сүүрэн-көтөн муттукулдьуйар” диэн ааттаабыт буолуон сөп.

Убай Валерка. Киһи барыта киниэхэ убай-быраат, эдьиий-балыс. Оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас. Кимиэхэ да тойон-хотун умса көрбөт, кими да кыра-хара диэн үрдүнэн көрбөт – барыларын кытта тэбис тэҥ, барыларын кытта былыргыттан билсэрдии сыһыаннаах буолааччы. Хор, ытыска уурбуттуу аһаҕас санаалаах үтүө киһи оннук буолар баҕайыта.

Лирик-бэйиэт быһыытынан кини хоһоонноругар бэрт үгүс ырыа айылынна. “Убаай, бу мин хоһооммор ырыа айбыттар” – диэн хайаан да ыытар буолара. Ону баара, төрүкү да ыһыллаҕас киһи ону мунньар, харайар диэн суох буоллаҕа.

Кытаанах санаалаах киһи. Төһө да ыарытыйдар дьирээлэһэн туран төрөөбүт-үөскээбит Үөдүгэйин нэһилиэгэр баһылыктыы сылдьан барда. Тойон буолар баҕаттан дуу, ботуччу биэнсийэҕэ тахсар туһуттан дуу буолбатах. Дойдубар туох эрэ үтүөнү оҥорбут, сайыннарбыт, саҥа үрдэлгэ таһаарбыт киһи диэн “оҕотук” санаанан салайтарар дьон билигин да бааллар. Олортон биирдэстэрэ Муттуххай Бороҥ этэ. Сатаннын-сатамматын.

Баар эбит бас билэр соҕотох

Бу кытта кырдьыбыт кыдьыгым,

Биир бэйэм кимиэхэ да эппэтэх

Билинэр мин эрэ кырдьыгым.

…………………………………………….

Ол эрэн сирдээҕи олоххо

Баар эбит дьиҥ олох кырдьыга,

Туһугар кими да билиммэт

Олохпут тып-тыйыс сокуона.

Олох тыйыс сокуона илдьэ барда талааннаах бэйиэти – Муттуххай Бороҥу. Тыла-өһө сыллата дириҥээн, сэттэнэн-сэлээннэнэн, толкуйа дириҥээн, далааһыннанан барар буоллаҕына – бу талаан. Ол ситэ арыллыбакка хаалла. Тиэтэйэ-саарайа сатаата даҕаны…

Кини дьабыныгар көппүтэ буолуо диэн биһиги, доҕотторо, итэҕэйэбит.

Доҕотторуҥ Виталий Сур уонна Валерия Теменхон  

Ыспыраапка:

Васильев Валерий Васильевич – Муттуххай Бороҥ. 1963 сыллаахха ахсынньы 15 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Читатааҕы индустриальнай-педагогическай техникуму, М.К. Аммосов аатынан СГУ саха салаатын, СР НА ГЧИ аспирантуратын, РФ Президенин иһинэн норуот хаһаайыстыбатын уонна государственнай сулууспа академиятын бүтэрбитэ.

2003 сылтан Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, 2016 сылтан Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

2017 сыл балаҕан ыйыттан Үөһээ Бүлүү улууһун “Үөдүгэй нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгынан талыллан үлэлээтэ.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: