Бу Орто дойдуга кимиэхэ да ситтэриэхчэ ситтэрбэтэх биир умсулҕаннаах кирбии баар — аан дойдуну баһылааһын. Бэтэрээнэн дьон туһунан этиллибэт, “улахаттар” тустарынан этиллэр. Бу хаһан да “күрдьүккэ көтөҕүллүбэт” мэҥэ сорук. Киһи-аймах үөскүөҕүттэн ыла баар көстүү — Александр Македонскайтан, Аттилаттан саҕалаан Наполеоҥҥа, Гитлерга тиийэ. Бу биһиги билэрбитинэн, оттон сири-буору аннынан кистэлэҥ сэрии тиһигин быспакка барара сэрэйиллэр быһыы.
Сэбиэскэй сойуус “уота суох сэриигэ” хотторбутун кэнниттэн АХШ тумус дьоно “история түмүктэннэ” диэн өйдөбүлү соҥнообуттара. Мантан инньэ “историяны бэйэбит уруһуйдуубут” диэбит быһыылара.
Оннук эбит буоллаҕына, киһи-аймаҕы салайар “атыыр албас” наада буолан тахсар. Оннук ньыманан АХШ бүтүн судаарыстыбалары, кэнтиниэннэри террор нөҥүө “чурумчулаан сиэтээһини” талбыттарын, холобур, Югославияны буомбалааһынтан көрбүппүт.
Американецтар биирдии бэйэтэ 1 мөл. дуолларга турар 2 тыһыынча кынаттаах ракеталарынан Сербия ПВО-тын ытыалаабыттара дуо? Суох, кинилэр куораты, олорор дьиэлэри, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар эбийиэктэри – балыыһалары, электростанциялары, уу ханаалларын буомбалаабыттара. Сотору соҕус дьон-сэргэ дойду салалтатыгар туруорсан киирэн барбыта: американецтарга утарсымаҥ, эһиги утарсар буолаҥҥыт бу айылаах буолан эрэбит диэн.
Бу, туох да саарбаҕа суох, терроризм буолар. Түмүгэр 2 тыһыынчаттан тахса эйэлээх олохтоох суорума суолламмыта биллэр. Официальнай көрдөрүү итинник, дьиҥэ төһөтүн ким да билбэт.
***
Хайдаҕын да иһин НАТО, АХШ уонна Арассыыйа икки ардыларыгар сэрии курдук сэрии буолар кыаҕа суох дииллэр. Ороскуота уонна алдьатыыта сүрэ бэрт. Кыайыылаах, ол эбэтэр сэрииттэн “ас таһаарынааччы” суох буоларыгар тиийэр. Оттон ким эрэ баайын хаҥаппат буоллаҕына туохха наадалаах сэрии буолуой!
Дьэ, АХШ хайдах курдук албаһы булбут эбитий.
Армия армияны кытта буолбакка, террористар бөлөхтөрө гражданскай нэһилиэнньэни кытта сэриилэһэр. Холобур, ону Сирия араллааныттан илэ-бааччы көрөбүт. Террористар Сирия армиятын кытта “муос муоска” хаһан да киирсибэттэр, куота көтө сылдьан араас хайысханан олохтоох нэһилиэнньэҕэ, социальнай эбийиэктэргэ саба түһэллэр. Армия террористар маннык абына-табына этэрээттэрин хайдах да тутатына кыайар кыаҕа суох. Буолаары буолан куораттарга. Холобур, устуоруйаҕа да көстөрүнэн, бэриммэтэх куорат урусхалланнаҕына эрэ кыайтарар – Сталинград, Берлин… Ол аата, олохтоох нэһилиэнньэни эмиэ кыдыйан кэриэтэ туран.
Саамай “кэрэтэ”, маннык сэрии “кэппиэйкэҕэ” турар. Аны туран, буруйдаах суох. Террористары хайа дойду, кимнээх сэрии сэбинэн, үбүнэн-аһынан хааччыйаллара биллэр даҕаны, ол дойдуну быһаччы буруйдуур кыаҕыҥ суох. АХШ мээнэҕэ аан дойду үрдүнэн “террору утары” сэриини биллэрбит үһү дуо?
Кылаабынайа, сэриилиэххин баҕарар дойдуҥ аттыгар баар дойду экэниэмикэтин эһиэххэ, дьадаҥы дьон араҥатын элбэтиэххэ наада. Дьэ, бу маннык дойдуттан 100 буолуохтааҕар 50 дуолларга дьон төбөтүн быһыта тыытарга бэлэм дьону төһө баҕарар сүүмэрдиэххэ сөп. Төһөнү? Украинаттан 1 тыһ. боевик тахсыа суоҕа дуо? Чечня сэриитигэр быһаччы сэриилэһэр террорист ахсаана 2 тыһыынчаттан элбээбэтэҕэ диэн буолар. Санаан көрүҥ, 1 мөл. нэһилиэнньэлээх Чечня дуу, 40 мөлүйүөннээх Украина дуу. Террор сэриитигэр 1 тыһыынча боевик кимиэхэ да хотторбот күүс диэн этэллэр.
Билигин санаан көрүҥ, Арассыыйа ханнык эрэ куоратыгар Украинаттан, Крым ваххабиттарыттан тэриллибит террор этэрээттэрэ куорат хас да оройуонугар олорор дьиэлэргэ, балыыһаларга саба түстүннэр? Туох да бокуойа суох өлөрөн-өһөрөн бардыннар – террор сыала-соруга оннук. Армия манна төһө туһалаах буолуой? Ол дьиэлэри, балыыһаны, ол оройуону бүтүннүү урусхаллаан туран эрэ дьону “быыһыыр” кыахтаах. Ол кыайыы буолуо дуо?
Милиция-полиция, Сирия холобуруттан ыллахха, террористарга эрэ туһалаах тэрилтэлэринэн буолаллар дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, террористар бастаан полиция дьиэлэригэр саба түһэллэр, бастаан онтон сэбилэнэллэр. Салгыы ол сэбиргэллэринэн байыаннай чаастары атаакалыыллар, улахан тиэхиньикэнэн хааччыналлар.
Оттон Арассыыйа тулатыгар төһө элбэх быстар дьадаҥы дойду баарый? Кыргыстан, Таджикистан, Узбекистан уо.д.а. Онуоха сүҥкэн улахан Украина эбилиннэ. Дьэ, ити дойдулартан чэпчэки “сыаналаах” үлэһит илии, холобур, Дьокуускайга төһө дугуйдана сытарый? Барыта хонтуруолланар дуо? Тугунан дьарыктаналларый? Ваххабиттар кинилэр ортолоругар суохтар, ол эйгэҕэ тардар, сүүмэрдиир үлэ барбат диэн ким бигэтик этэр кыахтааҕый? ФСБ диэн тэрилтэ төһө үлэлиирий? ССРС эстиитин санаатахха, КГБ диэн туох да туһата суох тэрилтэ буоларын билбиппит. Судаарыстыба эстибитэ, оттон “безопасность” хааччыйыахтаах тэрилтэбит аах-маах олорон биэрбитэ. Өссө көмөлөспүтэ дуу?
Оннук буолбатар бэрт этэ.
Онон бары да “буорахтаах буочука” үрдүгэр олоробут. Онуоха саамай алларытар оһол-төрүөт төрдүнэн омугумсуйуу буолар. Омугунан эбэтэр итэҕэлинэн атааннаһыы.
СУР.
Похожие новости
Строительная Якутия-1: Поздравляю вас, Ил Дархан, соврамши!
“КлиКра сокуона”: Олохтоох салайыныыны — нэһилиэктэринэн!
Владимир Поскачин: Пришло время принять на себя ответственность!