Yakutians.com

Новости Якутии

Таптал уонна кэскил-V

   Автор: Виталий СУР.

Саха омук демографияҕа кэскилин туһунан Эллэй эһэбит кэс тыла баарын билэбит. Кини Омоҕой баай мааны кыыһыттан тоҕо аккаастаммытай, тоҕо мара кыыһы ойох ылбытай? Төрүөхтээх, элбэх оҕолоох буолсук диэн! Кыргыттар төһө күүгэннээхтик бырылаччы ииктииллэрин кэтээн көрөн баран. Мааны кыыс быста-быста барбах тыккыратар буоллаҕына, көйгө кыыс барахсан күүгэннээхтик күүгүнэччи ииктиирин биһирии көрөн…

Быһата, саха омук демографиятын туһунан бэйээмэ. Эллэй эһэбит кэриэс-хомуруос тылларын үтүгүннэрэн…

Поэма

VI

Айыылар - Исторический

Тапталлаахтар күнү-дьылы

Билбэт улуу дьоллоохтор,

Тапталлаахтар күнү-дьылы

Олус ааҕар сордоохтор.

Бииргэ сылдьар, бииргэ үөрэр

Биир киһи буоллаххына,

Кимэр, кибэр, элэс гынар

Кэми билбэт буоллаххына —

Кэтэһэргэ, күүтэргэ

Күн күлүгэ ыйанар

Чуумпу чуораан көхөтүгэр,

Суохта´һарга, чуҥкуйарга

Ый сырдыга элэк гынар

Үрүҥ түүммүт көхсүтүгэр.

 ***

Туймаада килбиэннээх киэлитин,

Нэлэйэр күөх сирэм симэҕин,

Наскыйар хатыҥын чараҥын,

Налыйар толору күөллэрин –

Үрдүнэн чыычааҕын чуораана,

Аннынан уу тыаһын хобото!

Чараҥҥа көрсүһэр сүрэхтэр

Үрүҥ түүн сипсиэрин истэллэр.

Соноҕос ыҥыырдаах мэччийэр,

Күрдьүгэс күрүөнүн кэбийэр. 

Сыл-хонук куйаарга ыллара

Сырсыһар кэрэдэк былыттыын,

Таптаһар сүрэхтэр тыллара –

Үйэ саас тухары биир кэм тыын:

Дуолан уол томороон куолута,

Туҥуй кыыс саарбахтыыр саҥата.  

– Харачаан харахтар симиктэр,

Санааргыыр курдуктар дуу, барбах,

Ис санааҥ куруһун тэйитэр

Эбиттэр буоллаҕа дуу, хайдах?

– Сµрэхпэр — икки күөл чүөмпэтэ,

Күн-күлүк дьирбиитин кэриэтэ.

Биирдэрэ хараҥа көрдүгэн —

Түгэҕин бэйэбэр биллэрбэт,

Атына күн тэйэр көлүкэ –

Хараҕы саатырдар, көрдөрбөт.

– Ол аата хайдаҕый, сэгэриэм,

Айманар курдуккун дуу, тугуй?

Мин этэр тылларым, биэбэйиэм,

Ол тоҕо сир-саарбах курдугуй?

Көлдьүҥҥэ көх буолар кыдьыгы,

Билбэппин мин оҕо эрдэхтэн,

Сырсабын мэлдьитин кырдьыгы

Кучуйар эгэлгэ элбэхтэн!

Айыылар аан дойду арҕаһын,

Айарга-тутарга түстүүллэр,

Адьарай аймаҕа ол түһүн,

Үрэйэр мөккүөрү соҥнууллар.

Ол сэ´һэн туһунан өйдөтө,

Бэлэспэр силлээбит бэйэтэ,

Мин аҕам сиэр-майгы иҥэрэн —

Хааһахха соһуллан иһээрэн[1]

– Доҕоччуок, эн чугас бу бэйэҥ,

Ыраахха даҕаны дайаҕын,

Саҕахха талаһар сэһэниҥ

Арҕаһар ыраатан хаалаҕын:

Болҕомто уурбаккын, бадаҕа –

Су´һуохпун ыһаргын кэтэһэ,

Эдэр саас буоларын дьахтарга

Баар эрэ ымсыырдар албаһа.

– Эдэр саас бу орто дойдуга

Уот ылар кэриэтэ болдьохтоох,

Дьахтары, уоланы кырдьыыга

Төгүрүк төгүлүк сирдиэхтээх:

Эдэр саас эргийэр быһыыта —

Ол оҕоҥ улаатар эрчимэ,

Күүс-күдэх хас да бүк үүнүүтэ —

Удьуоруҥ тэнийэр үөскэмэ!

— Ол аата сааһырдах аайытын,

Эдэргэр түһэҕин дуу, хайдах?

Кырдьыга, са´һарҕа сарыалтан

Атына, көрдөххө, дьэ, саарбах:

Хайата даҕаны кытархай,

Иккиэнин кэрэтэ баһырхай.

– Хор, оннук! оҕоттон тахсыахтаах

Иккистээн эдэриҥ эргиирэ,

Кэскилиҥ оччонон сырдыахтаах

Удьуоруҥ утумнаан уһуура…  

– Эр ки´һи этэрэ — эпчиргэ,

“Оол — онно!” диэн баран ыппыккын

Иһирик эргимтэ чэрчигэ

Оноҕос эн көрдүү барбаккын:

Бу буолар дьахтарга тиксэрэ,

Түҥ бүтэй иһигэр эрэйэ!

– Суох, доҕор, оноҕос көрдөөһүн,

Иккиэммит суол тэлэр үлэтэ,

Ычыкын ойууру кэрдээ´һин

Эр ки´һи— үллүктээх үйэтэ!

Аска дуу, эбэтэр, арбахха

Оноҕос түһэрэ биллибэт —

Ырбаны ха´һан да саарбахха

Ытыалыыр букатын сатаммат! 

Билэҕин, уу уоту умуорар,

Уот уоттан кытары хаптайар.

Кыыс оҕо олохтон сыһыйар,

Ол олох оҕоттон салҕанар.

Оттон мин кэскилгэ этэрим —

Хоруйу тус бэйэм сүгэрим!

– Доҕоруом, көнөтүк эттэххэ

Өһүргэс санааны тутума,

Дьахтары киһинэн аахтахха,

Мин эмиэ тыллаахпын баалаама.

Сирдээҕи силиги ситэрэр

Соруктан мин куотуом буоллаҕай,

Дьылҕабар кэтэһэр дьаһалтан

Хайаан, дьэ, ким туора хаамыаҕай.

Ол эрэн баҕарар эбиппин,

Кыл түгэн да буоллар, мин дьолу! 

Сорук диэн буолбатах, дьол диибин —

Көрөбүн мин түһээн дьол суолун…

– Киһиэхэ сирдээҕи аналын

Түстүүртэн атын дьол биллибэт,

Үөһэттэн ыйаахтаах дьылҕатын

Баайыыта хайдах да силлибэт.

Ол буолар киһиэхэ дьол суола –

Хаан тардар дьонунан сэлэлээх,

Сүөһү-ас иччитин со´һуона

Кэскилгэ туһааннаах сэмсэлээх…

Этиһиэх-иллэһиэх кэриэтин,

Онуоха-маныаха диэритин,

Мин ньүкэн сүрэхпэр тыгардыы

Чап-чараас тымтыкта умат дуу? 

    

– Суох, доҕор, тымтыкпыт инчэҕэй,

Буруота бэрт буолуо, итэҕэй.

– Сарсыарда күн тахсыа, умайыа.

– Билигин күн киириэ, умуллуо…

– Бу сону санныгар быраҕын,

Дьыбардаах бу киэһэ, дьагдьайыаҥ.

– Суох, доҕор, Ый кыыһа буолабын,

Үрүҥ түүн дьолунан туолабын…

– Кыыс оҕо санаата сааскы күн

Кэриэтэ буоларын этэллэр,

Күн бүгүн тугу да туойдаргын

Эн кэрэҥ алыба эбиллэр:

Эллэйи муннуттан сиэтэргэ

Көҥүллээх эбиккин бу киэһэ!

Кэпсэтэр сүрэхтэр тэйсэллэр,

Сиик сөрүүн сүмэтин тэпсэллэр…

Үрүҥ түүн үллүгүн үрэйэн,

Чуорааннаах чуумпуга уйдаран!

Таптал быһах биитинии

Сырдаан көстөр саҕах буолар,

Таптал халлаан сиигинии

Санаа тиийбэт суола буолар, —

Аан дойдуга туох баарын

Икки аҥыы хайытар,

Аан дойдуга туох баарын

Игирэҕэ кубулутар!

Соноҕос кэтиирдии кылардыыр,

Үүнүгэр аарыга кылырдыыр.  

***

Айыылар - Исторический

Аал Луук мас үс дойду киэлитин

Өтөрү үөлэстээн үүннэҕэ,

Ол үөлэс устунан дьол тыынын

Өллөйдүүр үйэлээх буоллаҕа.

Аллараа дойдуга силиспит

Өбүгэ үгэһэ үөтүүлээх;

Ортоку дойдуга бэйэбит

Төрүүрбүт-үөскүүрбүт үөрүүлээх;

Үөһэнэн Аал Луук мас баай күөҕэ

Удьуорбут, утуммут силигэ —

Тоҕус аан халлааҥҥа талаһа

Тарҕанар кэскилгэ суол аһа!

Ону баара бу! Ону баара бу!

Сили´һин сүмэтин эмэллэр,

Куруҥах оҥорон кэрбииллэр,

Дьардьама буланнар кирэллэр

Өлбүтү өлөрөр үөдэннэр —

Өбүгэ үйэлээх алгыһа

Куорсуна сиппэтэх дабыдал,

Аал Луук мас халлааҥҥа дала´һа

Буоларын оннугар хохудал[2]

Бу буолар абаа´һы ырата,

Түүннэри-күннэри сырата. 

Дьэ, хайдах ыччат дьон дьылҕата

“Көстүбэт” аймаҕын долгутар —

Умнаһы сүлүһүн абата[3]

Бурут[4] от оҥорон тарҕатар?

Көлдьүн көр күрэҕин аатырда

Бырдахтыы куйаарга ыһаллар —

Ол ыама хараҕы саатырда

Дьиҥ баары кустукка суурайар; 

Ол сылдьан ээр-сэмээр кэриэтин

Умнастан сэбирдэх тонууллар,

Удьуор кут тарҕанар бэлиэтин

Лаглай баай лабааны солууллар:

Туҥуй кыыс кутугар мэҥэстэн

Көрүлүү халлааҥҥа көтөллөр,

Ол кэннэ удьуорун мэҥиэстэн

Иччитэ суоҕунан көрөллөр…

***

Таптал кыһыл оҕолуу

Бүөбэйдиири эрэйэр,

Эрэл үөһ´э таалалыы

Эрэйи эҕирийэр.

Эҕирийэр тымныы салгын

Тула аа-дьуо хойдорун,

Билэр, сылдьар ыллык суолун

Хаһыҥ уоран таарыйарын.

Оччоҕо игирэ өй-санаа

Арахсар аатыгар барарын,

Этэр тыл алыптаах амтана

Туманныы дьайҕаран хааларын,

“Атаахтыыр албына, — дии саныыр,

Уол оҕо букатын кыһаммат. —

Бадаҕа, ааспыты сааһылыыр,

Кэм-кэрдии ыгарын ылыммат”.

Кэрэ кыыһы күөйэ көтөр

Төһө буолуой уолаҥҥа,

Бүччүм сиргэ сырсан ситэр

Хоруй ылар халаҥҥа:

– Доҕоччуок, үрүҥ түүн халлааҥҥа

Сулустар чыпчыҥныы тыкпаттар,

Сай орто көҕөрөр далаҥҥа

Дьыбары хайдах да ыспаттар:

Оччоҕо бу хантан тулалыыр

Наҕылга сөрүүн тыал илгийдэ,

Суолбутун сэргиирдии сэлэлиир

Күөх нуоҕай хомуна хоҥкуйда?

– Сир анна муус болгуо буоллаҕа,

Ол тыына аргыары үрдэҕэ…

 

– Санаабар буоллаҕа, хайдах дуу,

Күннэтэ эн тэйэн иһэҕин,

Ойуччу очуоска турардыы

Уйаҕас санаабын аймыыгын:

Алҕаска аллараа сууллуохтуу,

Эбэтэр халлааннаан көтүөхтүү…

– Түргэнник да үүннэ сарсыарда,

Ситэри көрбөтүм мин түүлбүн…

Супту ыт оҕото ньаҕыйда, —

Хамматым букатын мин уубун… 

– Көҥдөй аан куйаары кэрийэр

Силлиэлиин-буурҕалыын эллэһэн,

Үс дойду силбэһэр бэлэһэр

Турбутум мин эдэр эрдэхтэн, —

Соҕотох титирик кэриэтэ,

Алгыстаах тылларбын кэритэ.

Уот кураан суоһугар хаппытым, —

Суланар диэн тугун билбэтим,

Иэдээҥҥэ эриллэн ииммитим, —

Кэп туонар тойугу эппэтим:

Ол бэйэм эн кэрэ бэйэҕэр

Эккэ ыт кэриэтэ буоллаҕым,

Тиниктээх уҥуоҕу кэтэһэр

Эриэн ыт киэбигэр киирдэҕим!

– Күөл тула сүөһүлэр сылдьаллар,

Бурут от баар сирин булаллар…

Өлөрү-тиллэри билбэттэр,

Сүлүһүн да буоллун, сирбэттэр.

– Доҕоччуок, күн бүгүн сатаммат

Курдук дуу сэһэммит-сэппэммит?

Үөр сүөһү холуттан ырааппат

Үһү дуо сылыктыыр сэдиппит?

Кэбиһий, доҕоруом, санааргыыр

Саппахтаах салгыны билимэ,

Сир үрдүн сирэри айыыргыыр

Өбүгэ үгэһин кэһимэ.

/Салгыыта тахсыаҕа/


[1] Эллэй бу дойдуну буларыгар аҕатын хааһахха со´һон испит диэн буолар.

[2] Хохудал — туран эрэ хаппыт мас

[3] Аба — хабархай булкаастаах (щелочь) уу. 

[4] Бурут от — уулаах сиргэ үүнэр дьааттаах от (цикута).

Поделиться
%d такие блоггеры, как: