Автор: Виталий СУР.
Саха омук демографияҕа кэскилин туһунан Эллэй эһэбит кэс тыла баарын билэбит. Кини Омоҕой баай мааны кыыһыттан тоҕо аккаастаммытай, тоҕо мара кыыһы ойох ылбытай? Төрүөхтээх, элбэх оҕолоох буолсук диэн! Кыргыттар төһө күүгэннээхтик бырылаччы ииктииллэрин кэтээн көрөн баран. Мааны кыыс быста-быста барбах тыккыратар буоллаҕына, көйгө кыыс барахсан күүгэннээхтик күүгүнэччи ииктиирин биһирии көрөн…
Быһата, саха омук демографиятын туһунан бэйээмэ. Эллэй эһэбит кэриэс-хомуруос тылларын үтүгүннэрэн…
Поэма
III
Омоҕой бу орто дойдуга
Эркиннии эрэнэр киһитэ,
Арчылыыр-айхаллыыр алкыйга
Айаабыт, аайдаабыт эрэтэ —
Баараҕай Баатылы ойуун дуу,
Хомурҕаннаах Хамырҕан этэ дуу?
Хайата даҕаны үөһэттэн
Айдарыы ааттааҕа эбиттэр,
Иккиэнэ даҕаны үөдэнтэн
Үгүөрү үөтүүлээх эбиттэр:
Алдьархай аартыгын бүөлүүргэ,
Буор саха билбэтин билэргэ.
Ойуурга суор-тураах хахаарда,
Баараҕай дьон иһэр туоһутун,
Омоҕой ыҥырбыт ол аата
Дьиэтигэр ойууннуур дьоннорун.
Эт киһи толкуйа эргийэр
Ийэ сир сиксигин сирийэн,
Кэм-кэрдии кэриитин кэрийэр
Наай гыннар, ааспыты бэрийэн —
Айыылар ааннарын тоҥсуйар
Аналлаах буолбатах буоллаҕа,
Соргуну сулардаан соруйар
Соруктаах буолбатах буоллаҕа.
Ол курдук, кэскили кэбиһэр
Күрэхтээх күннэрин күөнүгэр,
Үөрүүнү-көтүүнү көлүйэр
Эгэйдээх кэмнэрин көрүгэр,
Абааһы аймаҕа албаҕа
Албаһын алкыйар алгыска —
Ыҥырар буоллаҕа оҕонньор,
Ойууннуур дьоннорун олоҕор.
Баһылык ойууннуун ини-бии
Кэриэтэ буоллаҕа түҥ былыр,
Тойону үс дойду иитиниин
Ситимниир холорук тыллабыр —
Бу ойуун кыырыытын анала,
Көрүүтүн, үөтүүтүн далана.
***
Омоҕой ыар-нүһэр кырдьаҕас,
Эппитэ ыппыт ох кэриэтэ
Уон үйэ тухары табыгас
Уйаҕас удьуору кэритэ:
-Тоҕус сыл томтойо туоллаҕа,
Билэҕит, Эллэй эр кэлбитэ,
Эрэйдээх-буруйдаах солуга
Бу тула ороҕун тэппитэ:
Санатар кэриэтэ түүл көрдүм,
Саҥаттан барытын көбүттүм.
Ар-дьаалы! Арчылаах алаһам
Арааннаах аартыгын үрдүнэн
Дьэргэлгэн дьарҕаалаах саламам
Дьаралык дьылҕатын иҥэрэн —
Бу мүччµ түһүөхтүү ыйаммыт
Сымыыкка сууламмыт икки кут:
Биирдэрэ — Ныкаа Куо Харахсын,
Иккиһэ — Аан Эмчэй барахсан!
Ким эрэ сэргэтин баһыгар
Уоһаҕа ыһыллар үгэһэ
Кыыс оҕо дьылҕатын батыһар
Олоххо тардыһыы күрэҕэ:
Алдьаммыт сымыыттан субай хаан
Удьуортан удьуорга тыгыаҕа —
Күкээрэр күлүгүм арыаллаан
Үйэҕэ арчылыы сылдьыаҕа.
Эбэтэр абааһы аймахтан
Сытыган сыралҕан дьаардыаҕа,
Оччоҕо кыймаҥнас сойуоттан
Эриэн үөн аймаҕа тарҕыаҕа —
Тоҕойго айабын тардыаҕым,
Сиэн дьонум тыынынан аһыаҕым…
Ол оннук алдьархай буолбатар,
Куохтуйа[1] куолута туолбатар!
Улуукан ойуунум Хамырҕан!
Куо Ньыкаа Харахсын төлкөтүн
Түөрэҕин түһэрэн көрүүй дуу,
Кыыс кута сууламмыт сымыытын
Харыстыы, хараанныы сырыт дуу!
Эллэй эр соргулаах сорсуна
Быа диэни билбэтэх айаас ат,
Олоххо уу дьоруо айана
Сирдээҕи силиктэн туораабат:
Халлааҥҥа тэс биэрэр тэһиинэ
Кыабака быатыгар салҕааһын,
Арҕаһар удьуорун утума
Сүгэһэр кэриэтэ ындааһын.
Арчылаа, Эллэй эр Ньыкаалыын
Ыал буолар уруйдаах суолларын,
Айыыһыт алакыы айхалын,
Иэйиэхсит илгэлээх эгэйин!
Талыы дьон таллана тахсыыта
Бу умнас устунан барыаҕа,
Тойон уус томторго туруута
Кырыс сир үктэллээх буолуоҕа!
Уруйдаах ойуунум Баатылы!
Аан Эмчэй үс кута уоһахтаах,
Таас бүтэй сымыытын биэрэбин,
Куһаҕан куодаттан[2] куомуннаах
Кэйиитин киэр охсуо көрөбүн!
Эмчэйгэ олоҕун эргиирэ
Силис от кэриэтэ буолуохтаах,
Күөх кырыс тиэргэни симиирэ
Тураҥ буор күдэнин сабыахтаах:
Силистэн силискэ тардыһан,
Тараҕай сирдэргэ тарҕыахпыт,
Түөрт саха төрүөҕэ табыллан
Томторго толору туруохпут!
Дьэ, оннук! Бу орто дойдуга
Барыта кэрдиистээх-кээмэйдээх,
Ким эрэ төлкөтө үрдэлгэ
Төрүкү үөтүллэн төрүөхтээх.
Онуоха тирэнэр тирэҕэ —
Хатырык хаххалаах хара уус,
Туллубат тулааһын туруга —
Этирик түөстэрдээх иттэ уус!
***
Хамырҕан обургу
Харахсын сымыытын
Хап гына хаппыта,
Хаппарга укпута.
Хайырҕас халлааҥҥа,
Хайыһан көөрбүтэ,
“Хаах-хуух!” — диэбитэ,
Харахтан сүппүтэ.
Баараҕай Баатылы
Барыкка-сарыкка
Барбахтык барыҥнаан
Барара кэлбитэ:
Бөрөлүү улуйан
Бар-дьону бутуйан —
Субу, дьэ, сундулуйан,
Сонно, дьэ, сургулдьуйан…
IV
Омоҕой ыратын кытары
Эллэй Эр бэйэтин санаата
Дьэ төһө, доҕоттоор, ыпсары
Сөпсөһөр эбитий, ол аата?
Харах нөҥүө таптаһан,
Тойук туойсан, хоһуйсан,
Атас уолу соруйсан,
Дьүөгэ кыыһы үлэһэн,
Илдьиттэһии ырааппыт,
Сиэттиһиигэ да тиийбит.
Туох диэҥ баарай, — Омоҕой,
Отой сыыһа эппэтэх,
Күн сарсын да уруу-той
Буолуон сөбүн сыыспатах.
Ол эрэн, доҕоттоор, ол эрэн…
Эллэй эр тутуһар олуга
Хайдаҕын билиэххэ диэтэххэ,
Ис дьиҥин дьоһуннаах толкуйга
Баарынан туруорар буоллахха —
Билбэтим, билбэтим, билбэтим…
Бэйэҕит быһаарыҥ ис дьиҥин.
Эллэй эр Ньыкааҕа биир киэһэ
Маннык диэн тойуктаан эппитэ
Чуор көҥдөй салгынныын силбэһэ
Үйэ-саас сиэр-майгы буолбута:
– Кэрэхтээх кэскилим таайыыта
Чэчириир чэчэктии сэгэйэр,
Күөх нуоҕай – көмүс күн аалыыта,
Сырдыгы батыһан өнүйэр –
Бу орто дойдуга ыччакка
Талаһыы ыйааҕа – сырдыкка!
Дьол-соргу тоҕуоһар томторун
Тус бэйэм нүөл буортан куттарбын,
Үрдэлгэ далаһа үктэлин
Биир бэйэм бигэтик туттарбын:
Иҥиирим сыыйыллыа да буоллар,
Ырабыт ырыалыы бүк туоллар!
Бу халлаан анныгар суол үгүс,
Иичэхэй-баачахай да соҕус.
Ол эрэн сыныйан көрдөххө,
Биирдиилээн төрдүттэн түөстэххэ:
Тойон суол үс эрэ көрүҥнээх,
Үс эрэ угуйар майгылаах.
Баар эбээт оччоттон-баччаҕа,
Сэрииттэн ас тардар аймаҕа,
Кырыымчык, тиийиммэт олоҕу
Судургу быһаарыы олбоҕо:
“Бэрт этэ буоллаҕа!” — диэх иһин
Бэрт үөһэ бэрт баарый, туох иһин?
Быт курдук олоруу ньымата
Хаан иһэр аймахха — дьол-соргу.
Ол эрэн бүгүйэх үйэтэ
Холобур үһү дуо булгуччу:
Ол уулуур торбоһуҥ өлүүтэ –
Буолуоҕа эн дьылҕаҥ өлүүтэ.
Үһүс суол муҥурун биллэрбэт
Үтүмэн үлэнэн солонор,
Ол ханна тиэрдэрэ кэмнэммэт,
Көлөһүн күүһүнэн холонор:
Айарга-тутарга чыпчаал суох,
Туох баарый, ол ону туорайдыах!
Үс саха төгүрүк төрүөхтээх
Үллэрин-балларын туһугар,
Өлөрсүү үгэһин сүөрүөхтээх
Үйэни баттыырын туһугар:
Үс аҥыы үрэйсии ухханын
Үтэйэн үөдэҥҥэ үүрүөхтээх,
Биэс аҥыы бурайсыы буруйун
Букатын булуҥҥа умнуохтаах!
Айыылар халлааҥҥа суруйан
Дьон-сэргэ тускулун түстүүллэр,
Үрүҥ күн анныгар туһаайан
Дьиэ-кэргэн соргутун сыыттыыллар, —
Удьуордаан тойоргуур айылҕа
Баар бөҕө, тоҕо суох буолуоҕай,
Ол эрэн тойокко-хотукка,
Кулукка-чаҕарга, нэктэлгэ
Төрүкү араарыы хайдаҕый?
Буор сирэй, буор саха сатаҕай,
Өллүн да, төрөөтүн даҕаны —
АҺыыта ама диэн буоллаҕай!
Мас саха, уу саха, буор саха.
Булчуттар, балыксыт аймаҕа,
Нүөл буортан үтэйбит күөх сайга
Сүөһүнү үөскэтии албаһа!
Бу бары сахалар, көҥүллэр,
Ыйаахтаах тойоҥҥо күндүлэр!
***
Туох да суох… Туҥуй кыыс онуоха
Утары этэрдээх буолуо дуо.
Билбитэ-көрбүтэ киниэхэ
Эргийэр эрэйдээх бу дойду…
Бүгүн манна үчүгэй,
Бүгүн таптал өрүкүйэр.
Сарсын түбүк түбүлүө,
Барыта күлүгүрүө —
Күһүн кэлиэ, сэбирдэх түһүө,
Тостубут мутук уһуга көстүө…
Ханна эрэ, күн көһөн
Арҕаа диэки күрэммэт,
Оттон күүһэ өһүллэн,
Улаҕааҕа умсубат
Үтүө дойду баар дииллэр
Киирбэт күннээх Үтүгэн —
Сэттэ дьолтон тиһиллэр
Биир кэлим бүппэт түгэн!
Сырдык сыдьаай ырата
Ыраах сулус кэриэтэ.
Ньыкаа отой ыраатар
Сай санаатын кэритэ —
Сиртэн-буортан быдайан,
Саҕахтары арыйан…
***
Туймаада тунаархай тунала
Түүн устун оргууйдук устара,
Киһиэхэ олоххо анала
Дьикти дуо, түүлүгэр көстөрө?
Билбэтим хайдаҕын, ол эрэн,
Хас түүлү батыһыах аньыыта —
Күн сирэ харааччы иирэрин
Аҕалыах абааһы дьаабыта.
Иччилээх түүл көҥөс көтөрдүү
Эйиэхэ үрдүгэр айманар,
Туох эрэ төлкөнү төргүүтүү
Арахпат албыны алкыйар.
Ол курдук Ньыкааны хас да түүн
Батыһар бэрт дьикти биир көстүү.
Куба кыыл тостубут кынатын
Соһоро тураҥ буор устунан,
Халлааҥҥа кубулҕат былыты
Сайыһар курдуга кэп туонан:
Айманар-кэйинэр тойуга
Тимири кыһыйар курдуга —
Ыар сүтүк аһыыта-абата
Хаһыырар сүрэҕи хайыта…
Үнүөхтүүр хара сир буоругар,
Үөр сүөһү үөл сааҕар биккиллэ,
Киирэр күн кытыастар уотугар
Умайар бүтэһик эрэлэ!
Күүс-күдэх бҮтэһик уоҕунан,
Ол кыыһар халлааҥҥа талаһар,
Тостубут кынатын сосуһан
Илистэн хоҥкуйдар хоҥкуйар:
– Ким миигин ылыаҕай түһэҕэр,
Илдьиэҕэй Сайсары күөлүгэр…
Ол эбэ түлүктээх түгэҕэр
Көй халлаан сарыала түстэҕэ,
Дьэрэмэ дьэргэлгэн күөнүгэр
Дьэлтэччи тэйитэн эрдэҕэ…
Ньыкаа кыыс налыйбыт кубаны
Көтөҕөр түркүннүүр түөһүгэр,
Түүл түөкэй түргэтиир абынан
Баар буолар Сайсары күөлүгэр —
Ол сылдьан бу айыы кыылыгар
Сүбэлээх буолара, быыһыгар:
– Албыҥҥа кииримэ, умсума
Көй халлаан күлүгэ далайга,
Өлөргүн-сүтэргин булума
Быһымах былаҕай балайга!
Куба кыыл дьиримнэс долгуҥҥа
Уйдаран киирэрэ үөс ууга,
Саҥардыы сатыылыыр тумаҥҥа,
Суураллар бүтэҥи чуумпуга…
Кыыс манна айманан уһуктар —
Сүрэҕэ толору иэйиинэн!
Күн тахсар бэлиэтэ суһуктар
Көстөллөр аһаҕас дьиэлинэн.
Сайсары үрдүнэн ыйаммыт
Кубаҕа майгынныыр аас былыт…
Эриэн ыт тыа диэки дьаадьыйда,
Аас былыт салгыҥҥа дьайҕарда.
[1] Куохтуйа — и4сэлээх иччи, сиэччи.
[2] Куода — та´һыттан биллибэт дьиэк, хайдыы.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…