Yakutians.com

Новости Якутии

ТҮМЭР бастыҥнары ТҮМЭР

2020.02.29 күнүттэн 2020.03.06 күнүгэр диэри СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ, “Учительская газета” тутулуга суох педагогическай таһаарыы (Москва к.) уонна “Клуб “Учитель года РС(Я)” өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай тэрилтэ “Регионнар икки ардыларынааҕы  үөрэҕирии II ТҮМЭР Форума” диэн быйылгы сыл улахан масштабтаах тэрээһинин олус үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыттылар. Бу Форуму толкуйдаабыт уонна тэрийбит киһинэн Үөһээ Бүлүүтээҕи Д.С.Спиридонов аатынан 4N орто оскуола дириэктэрэ, “Учитель года РС(Я)” кулууп” өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай тэрилтэ салайааччыта, 2010 сыллааҕы “Учитель года России” Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх финалиһа Юрий Васильевич Кынатов буолар. Бу ТҮМЭР Форум Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 14 площадканан тэриллибит. Олорго ыҥырыллан кэлбит  Арассыыйа аатырбыт учууталлара, “Учитель года России” араас сыллаах абсолютнай кыайыылаахтара, лауреаттара, финалистара, Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын (ВОШ) призёрдарын, БКЭ-ни (ЕГЭ) 100 баалга туттарбыт үөрэнээччилэри бэлэмнээбит учууталлар бэйэлэрин авторскай семинардарын ыыппыттар. Бу 14 площадкалар истэригэр, Уус Алдан улууһун Суотту, Бүлүү куорат, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй куорат, Өлөөн, Ньурба, Хаҥалас улууһун Өктөм оскуолалара, Дьокуускай куорат 33 уонна Табаҕатааҕы оскуолалара бааллар.

ТҮМЭР Форум Үөһээ Бүлүүтээҕи чааһа 2020.03.03-04 күннэригэр олус үчүгэйдик тэриллэн аастылар. Манна Ю.В.Кынатовка улуус үөрэҕин салалтатын (нач. Борбуев С.О.),  Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи  лицей- интернат (дир. Федотова Н.К.), Үөһээ Бүлүүтээҕи Д.С.Спиридонов аатынан 4N орто оскуола (дир.Кынатов Ю.В.) кэлэктииптэрэ күүс- көмө буоллулар. Ыҥырыллан кэлбит улахан учууталлар, ССРС норуодунай учуутала, педагогическай наука кандидата, физика учуутала, тойон П.П.Головин, Кубань үтүөлээх учуутала, “Учитель года- 2000” кыайыылааҕа, математика учуутала, тойон А.И.Семке, Москва к. 1520 N оскуолатын дириэктэрэ, “Учитель года России-2012” күрэх абсолютнай кыайыылааҕа, нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, хотун В.В.Кириченко, Челябинскай уобалас Магнитогорскай к. 5N орто оскуолатын литэрэтиирэҕэ, религия култууратын төрүттэригэр, светскэй этикэҕэ учуутала, “Учитель года России- 2014” кыайыылааҕа, хотун А.Ю.Стельмахович учууталларга авторскай семинардары ыыттылар, күрэхтэргэ жюри састаабыгар киирэн үлэлээтилэр. “Учительская газета” (Москва к.) спец. кэрэспэндьиэнэ Б.О.Кутенков бу улахан ТҮМЭР Форуму кэтээн көрдө, хаһыатыгар матырыйаал бэлэмнээн сотору таһаарыахтаах.

Уһулуччу улахан таһымнаах ТҮМЭР Форум Үөһээ Бүлүүтээҕи чааһыгар үс улахан күрэх ыытылынна: Үөһээ Бүлүүтээҕи Д.С Спиридонов аатынан 4N орто оскуола уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей- интэринээт баазаларыгар нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларыгар I- кы “Кубок Надежды и Света” диэн Ю.В.Кынатов учууталларыгар Н.И.(Гоголь) Николаеваҕа уонна С.Г.Егороваҕа анаммыт күрэҕэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей- интэринээт баазатыгар математика учууталларыгар А.И.Семенов Кубогын IV-с уонна физика учууталларыгар А.А.Егоров Кубогын I- кы күрэхтэрэ олус үрдүк таһымҥа ыытылыннылар. Элбэх улуустартан күрэхтэспит учууталлартан кыайан финалга үстүү киһи таҕыста. Олортон, нуучча тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр абсолютнай кыайыылааҕынан Бурнашева Наталья Михайловна (Үөһээ Бүлүүтээҕи Д.С.Спиридонов аатынан 4N ОО), 2 миэстэҕэ Никитин Григорий Евгеньевич (Сунтаар улууһа, Устье ОО), 3 миэстэҕэ Иванова Яна Васильевна (Ньурбатааҕы Н.Н.Чусовской аатынан техническай лицей), математикаҕа абсолютнай кыайыылааҕынан Семенова Таисия Николаевна (Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Бараахап аатынан 1N ОО), 2 миэстэҕэ Филиппова Христина Петровна (Ньурбатааҕы Н.Н.Чусовской аатынан техническай лицей), 3 миэстэҕэ Иванов Герман Федотович (Кырыкый С.Е.Дадаскинов аатынан ССОО), физикаҕа абсолютнай кыайыылааҕынан Захаров Родион Никитич (Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей- интернат), 2 миэстэҕэ Егоров Александр Николаевич (Кэбээйи улууһун Мукучу гимназията), 3 миэстэҕэ Спиридонов Александр Дмитриевич (Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Бараахап аатынан 1 N ОО) буоллулар. Үс абсолютнай кыайыылаахтартан ордон тэрийээччилэр быһаарыыларынан Супер Кубогынан Семенов Таисия Николаевна, Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан 1 N орто оскуола математикаҕа учуутала, Новосибирскай государственнай университет  выпускнига, наҕараадаланна.

Эмиэ бу кэмҥэ эдэр учууталларга анаммыт “Үрдүк Дабаан” диэн күрэх үгэс курдук Харбалаахтааҕы Н.Г.Золотарев- Николай Якутскай аатынан орто оскуолаҕа (дир. Руфов В.А.) үрдүк таһымҥа ыытылынна. Манна абсолютнай кыайыылааҕынан Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан 1 N орто оскуолаҕа үөрэммит, билигин Дьокуускай к. 26-с N орто оскуолатын информатикаҕа учуутала Алексеев Алексей Александрович буолла. 1 миэстэҕэ Бочкарева Екатерина Александровна, Үөһээ Бүлүүтээҕи Д.С.Спиридонов аатынан 4 N орто оскуолатын начаалынай кылаастар учууталлара, 2 миэстэҕэ Ильина Сайаана Владимировна, Үөһээ Бүлүүтээҕи М А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей- интэринээт английскай тылга учуутала, 3 миэстэҕэ Егорова Айталина Ивановна, Бүлүү улууһун Халбаакы орто оскуолатын учуутала таҕыстылар.

Улахан ТҮМЭР Форуму тэрийбит салайааччыларбытын, күрэхтэр кыайыылаахтарын эҕэрдэлээн биэриэххэйиҥ!

Биһиги корр.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: