Yakutians.com

Новости Якутии

Сунтаар улууһугар экотуризм хайысхата сайдар кэскиллээх

Кулун тутар 12 күнүгэр, Кэмпэндээйи нэһилиэгиттэн 50 км тэйиччи «Тумара» диэн сиргэ экотуризм хайысхатынан бизонарий паркатын үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу экологическай бырайыак – бизон биһиги дойдубутугар төрөөн, үөскээн, тэнэһийэ сылдьыбыт диэнисторическай суолтатын хаҥатар сыаллаах.

Манна туризм сайдарыгар бары ирдэнэр усулуобуйалар тэриллибиттэр, ол курдук түргэн кэм иһигэр үлэһиттэргэ уонна ыалдьыттарга саҥа скандинавскай тииптээх дьиэлэр тутуллубуттар. Эһиил бизоннар ахсааннарын хаҥатар сыалтан өссө эбии аҕалар былааннаахтар. Бу кэскиллээх бырайыагы өссө сайыннарарга диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолор дьоҕурдарын сайыннарар уонна доруобуйаларын чэбдигирдэр «Сир уустара» киини кытта бииргэ ыкса үлэлэһэн оҕолорго экскурсия тэриллэр буолуо, инникитин улууспут нэһилиэгин оскуолаларын барытын хабыахтара.

Историяҕа киирэр улахан суолтаталаах тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, СӨ Экологияҕа, сир баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Сахамин Афанасьев, «Таас-Юрях Нефтегазодобыча»  хампаанньа бэрэстэбиитилистибэтин салайааччыта Петр Алексеев, СӨ Экология министиэристибэтин булт уонна кэрэ сирдэр департаменын салайааччыта Дьулустаан Михайлов, СӨ Экология министиэристибэтин ууну туһаныы уонна айылҕаны үөрэтии департаменын салайааччытын солбуйааччы Владислав Белигура, СӨ Экология министиэристибэтин балык көрөөһүнүн салаатын исписсэлииһэ Геннадий Белолюбскай, Кэмпэндээйи нэһилиэгин баһылыга Александр Игнатьев, улуустааҕы экология салаатын салайааччыта Сергей Николаев уонна олохтоох нэһилиэнньэ кыттыыны ыллылар. Дойдубут кэрэ көстүүлээх айылҕатын, баайын-дуолун кэлэр көлүөнэҕэ чөл хаалларан, экологическай туризм сайдарын туһугар бары бииргэ түмсэн үлэлиэх тустаахпыт диэн, кэлбит ыалдьыттар санааларын үллэһиннилэр.

“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: