Күһүҥҥү ойуур уота дьону-сэргэни салыннарда. Ааспыт икки-үс хонукка долгуйар Дьокуускайы буруо тумнара сыста — былыттаах күннэр тураннар буруо аллараанан тарҕанна. Сахалыы эттэххэ, сатыылаата. Ол дьон санаатын эбии алдьатта, ааспат-арахпат ыарыылаах дьоҥҥо, кырдьаҕастарга, оҕоҕо-дьахтарга ыараханнык дьайда.
Ону кытта социальнай ситимнэринэн араас сурах-садьык тарҕанна. Холобур, Чурапчыттан суол оҥорооччулар биллэрбиттэринэн, ханнык эрэ матасыыкыллаах киһи уоттаан баран куоппут. Эккирэтэн көрбүттэр да, сиппэтэхтэр. Аны биир киһи сөмөлүөтүнэн көтө сылдьан уоттуулларын: “Бэйэм көрбөтөҕүм буоллар итэҕэйиэм суох этэ” — диэбитэ баара.
Ол да иннинэ итиниэхэ майгыннаах “сыыһа-халты сибидиэтэлистибэлэр” үөһэнэн-аллараанан бааллара.
Бу тугуй? Төһө кырдьыктаах эбэтэр сиикэйдии дьэбэлэйдээһиннэрий? Ама, үрүҥ күнү өрө көрөн туран оннук сидьиҥнии быһыыланааччылар бааллар дуо, сахалар ортолоругар? Холобур, Чурапчыга, ама, Арассыыйа арҕаа арҕаһыттан кэлэн уоттууллара буолуо дуо, матасыыкылынан буола-буола…
Уһук Илин диэки уонна Сибиир сиксигинэн уоруйахтар маһы босхону үрдүнэн кэрдээри соруйан уоттууллар диэн баар. Ол кырдьык, дьэ, баар буолуон сөп. Мас хатырыга, сымалалаах тас өттө эрэ умайар баҕайыта, иһэ чөл сылдьар.
Оттон Чурапчыга ким Кытайга анаан мас кэрдээри туруммут үһү! Онуоха сөптөөх мас баар дуо онно? Суола-ииһэ?
Биллэн турар, суох. Оччотугар бу сурах сымыйаны тарҕатааһын, онон дьон-сэргэ санаатын сүүйээһин, баар быһыыны-майгыны дьалкыҥната сатааһын дуо!
Эс, суол оҥоһуутугар чэрдээх илиилэринэн үлэлии сылдьар дьон сымыйалаан тугу туһаналлар? Устууга кэпсиир киһи, саҥатыттан сэдиптээтэххэ, мэник-тэник оҕочоос буолбатахха дылы.
Оччотугар сымыйа буолбатах диэни тутуһабыт дуо? Оччоҕо быраабы араҥаччылааччылар үлэлэрэ-хамнастара, түргэннэрэ-тарҕаннара, хоһууннара-сылбаахылара ырылыччы көстүөхтээх күннэрэ-дьыллара үүммүт буолбатах дуо? Ол тыа суолунан сылдьыбыт матасыыкылы ир суолун ирдээһин, дьиҥэ, улуу уустук дьыала буолбата ини — халлааннаан көппөтөх, сирдээн тимирбэтэх буоллаҕына.
Оччотугар маннык ыйытыктар күөрэйэллэр.
- Сымыйа сурах тарҕатыллар биричиинэтэ туох буолуон сөбүй?
- Кырдьык буоллаҕына, кэрдиллэр, атыыланар кэскилэ суох ойууру тоҕо уоттуохха нааданый?
Бу икки ыйытыкка биир эрэ хоруй баар буолуон сөп: дьону-сэргэни былааһы утары туруоруу!
- Кураан күһүн тахсар баһаардары туһанан былааһы хоруотааһын. Холобур, умайбыт от оннугар атын эрэгийиэнтэн от атыылаһан тиэйтэрэргэ хара баһаам харчыны бюджеттан хайытаары гыналлар диэн сааҕынаһыы..
- Ыаһах аайы ыстал буолбут “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа балаһыанньатын Госдума быыбара чугаһаабытынан сөһүргэстэтээри, устунан Саха сирин Ил Дарханын аатын-суолун кэрбээри — соруйан уоттааччылар кырдьык баар буоллахтарына.
Холобур, маннык суруйуулар тарҕаналлар: “Өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар таҥнарыахсыттар олороллор. Едростар. Ол иһин хамсааһын суох”.
Бу икки быһыыны хайаларын даҕаны быраабы араҥаччылааччылар интэриэһиргиэхтэрин сөп этэ. Хайдах ойууру соруйан уоттаан баран көҥүл сылдьыахтаахтарый? Сымыйа сураҕы тарҕатааһын тоҕо туох да содула суох буолуохтааҕый? Төһөтүн да иһин, суут-сокуон баар дойдутугар олоробут диэн буолар.
Ол эрэн, ама, соруйан уоттааһын туһунан сымыйа эбэтэр алҕас ини диэн итэҕэйиэҕи баҕарыллар.
Суҥхарда – СУР.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…