Yakutians.com

Новости Якутии

Соҕурууларга саарбахтаммат, сахалары да быһа этиллибэт

Үгүс дьон мунаарыан мунаарар:  конституцияҕа уларытыылары тоҕо «биир бакыатынан» куоластаталларый диэн. Сөптөөх ыйытык. Кырдьыга да, итиччэ элбэх уларытыыны тус туһунан куоластыыр ордук сиэрдээх курдук.

Референдум боппуруоһугар болҕомтобутун ууруохха: «Вы одобряете изменения в Конституцию Российской Федерации?»

Манна саамай “дьээбэтэ” «изменения» диэн тылга сытар. Норуот конституцияны уларытыыны (көннөрүүлэри буолбатах) «можно» диир түгэнигэр салгыы оһол-төрүөт төрдө буолбут 1-кы уонна 2-с главалары уларытыахха сөп буолар. Дьэ, бу манна бааллар – норуоту, Аар Арассыыйаны хорон сиири мэктиэлиир ыстатыйалар. Ону кимнээх утаралларый? «Олигархтар», Ельцин саҕаттан былааска хорҕойбут чунуобунньуктар бөлөхтөрө, кыраныысса таһыгар баайдарын кистээбит дьон, ол иһигэр хара баһаам  былаас бэрэстэбиитэллэрэ уонна уоруйах урбаанньыттар, АХШ баһылыктаах арҕааҥы дойдулар, ол дойдулары үҥэр таҥара оҥостор биһиги либэрээл өйдөөхтөрбүт, рейтиннэрэ арҕааҥы ааҕыныстыбалартан тутулуктаах  бөдөҥ иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэр, арҕааҥы граннартан аһааан-сиэн олорооччулар. Ол эбэтэр, үөһээҥи эргимтэ бүтүннүүтэ – «айар интэлигиэнсийэ» диэн ааттанар араҥаттан саҕалаан, Путин чугас эргимтэтигэр тиийэ!

 Владимир Путин ханнык эрэ офшорга кистээн сытар харчыта да, хамсаабат баайа да суох. Баара буоллар булбуттара, «сааттаах остуолбаҕа» туруорбуттара ырааппыт буолуо этэ. Сергей Лавров кистэлэҥ баайдаах диэбэттэр. Шойгу уонна атын «силовиктар» эмиэ «ыраастар». Дьиҥэ, Путин эргимтэтэ олус чараас буолуон сөп.

Кинилэр Кудрин, Чубайс уонна кинилэр хамаандаларын курдук аан дойдутааҕы үп кииннэриттэн көмүскэллээх адьырҕалар төгүрүктээһиннэригэр сылдьаллар.

Маннык холобурда көрүөҕүҥ. Эн улахан тэрилтэҕэ отдел салайааччытаҕын. Түөрт үлэһиттээххин, онтон үһэ бу үлэҕэ билсиинэн киирбит улахан тойоттор оҕолоро.

Дьэ, оччотугар отделы эн салайарыҥ дуу, ол «оҕолор» салайаллара дуу биллибэт буолан тахсар.

Онон сүүрбэ сыл устата Путин тугу гына сылдьыбытай диэн боппуруос оччо-бачча хаачыстыбата суох буолан тахсар. Итинник үрдүкү таһымҥа дьону «оннуларын буллартааһын» манан дьыала буолбатах. Ааспыт үйэ отутус сыллара буоллар ини.

Ол эбэтэр, Арассыыйа, арҕааҥы дойдулар ыйыыларынан буолбакка, бэйэтин көҥүлүнэн сайдарыгар Владимир Путин олук уурарыгар НОРУОТ ӨЙӨБҮЛЭ НААДА! Ол иһин парламент быһаарыытынан уларытыллар кыахтаах ыстатыйалары НОРУОТ ДЬҮҮЛҮГЭР таһаарда.

Ол иһин куоластааһын боппуруоһугар Конституцияны уларытыы (изменения) туһунан этиллэр. Көннөрүүлэр (поправки) туһунан этиллибэт. Биирдиилээн уларытыылар манна туох да суолталара суох, онон барыларын бииргэ — эбэтэр «баар», эбэтэр «суох». Боппуруос оннук турар.

Дьэ, Конституцияны уларытыы кимнээххэ кутталлааҕый? Биллэн турар, сир баайын, норуот баайын куорҕаллыыр «күөх истэргэ». Ол иһигэр арҕааҥы транснациональнай корпорацияларга.

Бэл, боппуруос нуучча грамматикатын өттүнэн сыыһа суруллубут диэн хаахайдаһа сырыттылар. Уоскуйуҥ, диэтилэр тыл учуонайдара. Бу: «Вы одобряете изменения, ВНОСИМЫЕ в Конституцию РФ?» — диэн боппуруос кылгатыллыбыт көрүҥэ буолар. Онно туох да сыыһа суох, туора-маары өйдөбүл үөскээбэт.

От ыйын 1 күнүгэр барыта быһаарыллыаҕа. Норуот өйөөтөҕүнэ Конституцияны дьиҥнээхтик уларытыы саҕаланыа диэн баар. Ол аата, 1-кы уонна 2-с балаһалары уларытыы барыахтаах. Конституционнай мунньах туһунан сокуон ылыллыахтаах, Конституционнай мунньах састааба таҥыллыахтаах уонна, дьэ, тутулуга суох Арассыыйа Төрүт сокуона оҥоһуллуохтаах.

Кырдьыга да, сиртэн хостонор баай Арассыыйаҕа эрэ кэтэх бас билиигэ сылдьар. Уоннааҕы дойдуларга, Саудовскай Аравияттан Норвегияҕа тиийэ, судаарыстыбаннай хампаанньаларга түмүллэллэр.

Омук сокуоннарыттан, үп-харчы нөҥүө дьайар омук хабалатыттан мүччүрүйэр кэм кэллэ. Владимир Путин бүтэһик түһүмэҕэр барытын норуот быһаарыытыгар таһаарда.

Кини биир эрэ тирэхтээх – Арассыыйа норуота. Улуу нуучча норуота кинини өйүүрүгэр мин саарбахтаабаппын, оттон саргылаах сахалар даҕаны оттон-мастан тутуһа үөрүйэх буолуохтаах этибит. Онон быһа этиллибэт.

Суолласта, сулласта – СУР.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: